Ааҕыы процеһын туһунан тугу билэбин?
Ааҕыы диэн — саҥарар саҥа суругунан формата буолар. Тоҕо диэтэххэ ааҕыы- буукубалары көрүүнү уонна көрбүтү иҥэриниини кытта сибээстээх.
Буукубалар саҥарар саҥаны сурукка тиһэргэ (шифрдыырга) эбэтэр дешифровкалыырга (ааҕарга) туттуллар дэгиттэр бэлиэлэр диэн билинэбит. Ааҕыы кэмигэр бу буукубаларбытын — көрөбүт, көрөн билэбит, ханнык дорҕоон бэлиэтэ буоларын быһаарабыт, суруллубут тылы дорҕоонноохтук саҥаран таһаарабыт, тыл суолтатын өйдүүбүт. Көрөргүт курдук, ааҕыы кырачаан киһиэхэ олус судургута суох суол. Ол да иһин ааҕарга анаан үөрэнэр наада.
Специалистар ааҕыыны уустук психофизиологическай процесс диэн этэллэр. Араас механизмнар уонна фактордар (туохха эмэ сабыдыаллыыр биричиинэлэр) хардарыта дьайсыыларын түмүгэр ааҕабыт. Ол курдук: көрөр, саҥарар, истэр, өйдүүр дьоҕурбут барыта кыттыһар.
Ааҕыы — буукубалары, сүһүөхтэри, бүтүн тыллары көрөн билэртэн саҕаланар. Суруллубут сурук араас физическай свойстваларынан (размерынан, дьүһүнүнэн, хайдах суруллубутунан) киһи ньиэрбинэй аппаратыгар импульстары үөскэтэр, бу импульстар мэйиигэ баар центрдарга тиийэллэр. Мэйии бу импульстары тутан баран харах көрбүтүн дешифровкалыыр: мэйиигэ ууруллан өйдүү сылдьар буукубалар араас уобарастарын (суруллубуттарын, дорҕооннорун, уос, тыл хайдах хамныылларын уо.д. а.), ол кэннэ мэйии саҥарар, истэр механизмнарга сигналлары ыытар. Ол түмүгэр ааҕа олорооччу айаҕынан дорҕооннору, бүтүн тылы, этиини таһаарар, аахпытын өйдүүр.
Киһи «иһигэр» да ааҕа олорор буоллаҕына саҥарар уонна истэр органнар син биир үлэлииллэр. Арай саҥа таһаарбат буолан саҥарар органнар олус кыратык хамсыыллар (микродвижения), ол иһин ааҕа олорооччу кинилэри хамсыыллар дии санаамыан сөп. Истэр орган бу да түбэлтэҕэ син биир үлэлиир. Арай ис турукка туһуланар диэххэ сөп.
Онон хайдах да ааҕарга ( дорҕоонноохтук да, искэр да буоллаҕына) буукубалары көрдөрбүт эрэ импульстары туппут мэйии саҥардар, истэр механизмнарга сигналлары ыытарын кытта кинилэр үлэлээбитинэн бараллар.
Ааҕар дьоҕуру иитэн таһаарарга манныгы чуолкайдык өйдүөххэ наада диэн специалистар этэллэр: ааҕыы бэйэ- бэйэлэригэр хардарыта дьайар икки өрүттээх. Биирэ, хараҕы хамсатар, саҥарар, истэр процесстары киллэрэр; иккиһэ- ааҕыы ис хоһооно ааҕа олорооччуга туох өйү- санааны, иэйиини биэрэрэ. Оччотугар ааҕыы маннык компоненнардаах: көрөн ылыныы, саҥарыы, аахпыты быһааран өйдөөһүн. Төһөнөн ааҕыыны баһылыыгын да бу үс компонент бэйэ- бэйэлэрин икки арда чугаһаан, хардарыта дьайсыылара күүһүрэн иһэр.
Саҥа ааҕа үөрэнэр оҕоҕо ааҕыы процеһа туох уратылардааҕый?
1. Хараҕынан баара эрэ биир буукубаны «хабан» ылар, бу буукубатын «билээри» атыттары кытта тэҥнии сатыыр, соҕотохтуу бу эрэ буукубаны этиэн баҕарар, ону баара бүтүн сүһүөүҕү ааҕыахтаах.
2. Саҥа ааҕар оҕо хараҕа строчкалары кэрийэ параллельнайдык хамныырга өссө үөрэнэ илик. Буукубалары, сүһүөхтэри төннө — төннө хастыыта да ааҕар буолан сотору- сотору ааҕа олорор строчкатын сүтэрэр. Ааҕара сайдан: бүтүн сүһүөхтэри, тыллары ааҕар, болҕомтото улаатан истэҕин аайы бу ааһар.
3. Аахпытын түргэнник өйдүүр буолбат. Тоҕо диэтэххэ болҕомтото барыта кэриэтэ техническэй ааҕыыга барар, ол иһин тылы ааҕан бүтэрэн да баран бу тылы өйдөөбөт. Ааҕарын кытта тэҥҥэ буолбакка, кэнниттэн «өйдүүр».
4. Саҥа ааҕар оҕо тылы араастаан сэрэйэ сатыыр: бастакы сүһүөҕүнэн, ойуутунан. Дьэ бу сэрэйэ сатыыра үксүгэр сыыһа да буоллар оҕо ааҕыыга өйдөөн- санаан сыһыаннаһарын туоһута. (уопуттаах ааҕааччы эмиэ сыыһыа да буоллар сэрэйэринэн дьарыктанар). Сэрэйэн сыыспытын тутатына хас биирдии буукубаны, дорҕоону анализтаан, сүһүөҕүнэн аахтаран көннөрүллэр.
Бу ыарахаттары барыларын ааһан ааҕар буоллаҕына даҕаны дьиҥнээх ааҕар дьоҕур иитиллиэ ыраах.
Методическай литератураҕа ааҕар дьоҕур уратытынан кини түөрт хаачыстыбатын суруйаллар.
1. Беглость — бэриллибит бириэмэ устата төһө элбэх тылы өйдүүр гына түргэнник, ыарырҕаппакка ааҕара.
Ааҕыы түргэнэ араас элбэх фактордартан турар: харах далыттан (төһө элбэх тексты биир көрүүгэ тутан ылара. Строкалары көрөрө биир тэҥиттэн, ойуолууруттан, түргэниттэн уо.д.а.) , регрессия ахсааныттан ( хараҕа эрдэ өйдөөн көрбүт тылыгар хаста да төннөн ойуолуура), текст ис хоһоонуттан, шрифтан, оҕо болҕомтотуттан, артикуляциятыттан (дорҕооннору этэргэ саҥарар органнар үлэлэрэ, кинилэр балаһыанньалара), сөпкө, сыыһа тыынарыттан, ааҕарга төһө интэриэстээҕиттэн уо.д.а.
2. Правильность — тыллары уларыппакка, алҕаһаабакка ис хоһоонун өйдүүргэ мэһэйдээбэт гына биир тэҥник сөпкө ааҕыы.
3. Сознательность — ааптар тугу этиэн баҕарбытын, суруйарыгар туох ньымалары туттубутун өйдөөһүн уонна аахпыкка бэйэтин сыһыанын быһааран өйдөөһүн.
4. Выразительность — атын дьоҥҥо аахпытын ис хоһоонун, бэйэтин сыанабылын кэпсиир кыахтааҕа.