ЭБЭ, ЭҺЭ

ЭБЭ

Пётр Одорусов

Эбэ эрдэ уһуктар,

Эбэ хойут утуйар.

Эбэ курдук түбүктээх,

Эбэ курдук үлэлээх

Ким да баарын билбэппин,

Кимин кыайан эппэппин.

Эбэ дьиэтин дьаһайар,

Бэ сиэнин харайар.

Эбэ курдук эйэҕэс,

Эбэ курдук сайаҕас

Ким да баарын билбэппин,

Кимин кыайан эппэппин.

// Аа5ар кинигэ: тѳрѳппүт о5отугар аа5арыгар: [үс чаастаах] .3- кинигэ /хомуйан оңордулар: Л.В. Аргунова, С.М. Захарова.-Дьокуускай: Айар,-С. 58

*******

ЭҺЭ БААРА-ДЬИҤНЭЭХ ДЬОЛ

Пётр Одорусов

Эһэм миэнэ кырдьаҕас,

Ол эрээри сымнаҕам.

Дууһалыын да аһаҕас,

Санаалыын да сайаҕас.

Мин эһэбин таптыыбын!

Мин эһэбин хайҕыыбын!

Бардаҕына-ахтабын,

Кэллэҕинэ-кууһабын,

Үөрэтиитин-этиитин

Үөрэ-көтө истэбин.

Сээркээн сэһэн кэпсээнин

Сэҥээрэбин мэлдьитин.

Мин эһэбин таптыыбын!

Мин эһэбин хайҕыыбын!

Имэрийэ сылдьабын,

Иэйэн сыллаан ылабын.

Эһэм миигин таптыырын

Сэрэйэбин, таайабын.

Кинитэ суох букатын

Мүнүүтэ да буолбаппын.

Мин эһэбин таптыыбын!

Мин эһэбин хайҕыыбын!

Муудараһын, сүр өйүн

Ылынабын, өйдүүбүн.

Уһун кэмҥэ олорон

Кырдьар сааска бу тиийии-

Кырдьыга да, ситиһии.

Мин эһэбин таптыыбын!

Мин эһэбин хайҕыыбын

Эһэлээх диэн үчүгэй,

Эһэ баара дьиҥнээх дьол

Мин эһэбин таптыыбын!

Мин эһэбин хайҕыыбын

// Аа5ар кинигэ: тѳрѳппүт о5отугар аа5арыгар: [үс чаастаах] .3- кинигэ /хомуйан оңордулар: Л.В. Аргунова, С.М. Захарова.-Дьокуускай: Айар,-С. 59

Обновлено: 12.10.2023 — 05:47

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован.