ОСКУОЛА
БИҺИГИ ОСКУОЛАБЫТ
Р. Сысоева
Хаҥалас сиригэр
Хаалыаҕа үйэлэргэ
Өктөмҥө, төрүттэммит
Өркөн өй уйата.
Бигэ билии биһигэ-
Биһиги оскуолабыт.
Бу манна олохтонно
Үөрэх үрдүк аартыга,
Бу манна үмүөрүстүлэр
Үгүс сиртэн үөрэнэ,
Үөрэх үрдүк чыпчаалыгар
Үктэнэргэ уһуйулла.
Үөрэппит ыччаттарбыт
Тэлиэхтэрэ киэҥ суолу,
Киэҥ сиринэн тэлэһийэн
Төннүөхтэрэ төрүт сирдэригэр-
Төлкөлөммүт түөлбэлэригэр
Төлөрүйбэт түөрэхтэнэн,
Солбуллубат соруктанан.
Үйэлэргэ өлбөөдүйбэтин
Өркөн өй өспөт күүһэ-
Үөрэххэ тардыьыы, дьулуһуу,
Бигэ билиини батыһыы,
Таптыыр идэни баһылааһын-
Умсулҕаннаах Айар Үлэ!
Оскуола тула түмсүөҕүҥ,
Саргыбытын салайсыаҕыҥ!
Кэскилбитин кэҥэтиэ5иҥ!
*****
ҮӨРЭММИТ ОСКУОЛАБЫТ
Р. Сысоева
Умнуллубат уйабыт
Кэлэр кэммит кэрэһитэ
Саҥа үйэбит сарсыҥҥыта
Үүнэр үйэбит үктэлэ.
Сайдыылаах Саҥа үйэ5э
Саҥаны –кэрэни саҕалааччы
Сайдыылаах ыччаты бэлэмнээччи,
Саҥаттан саҥа ситиһиилэн!
Үүнэр үтүө үйэҕэ
Үтүөнү –кэрэни үксэтээччи,
Үгүс үтүө ыччаттарыҥ
Үтүө ааккын үрдэтиннэр
Сайдыы саҥа суолунан
Саха сирин сарсыҥҥыта
Салалларын туһугар
Сайда үүнэ тураргар
Алгыспытын аныыбыт!
******
ҮТҮӨКЭЭН ОСКУОЛА
Сысоева Р.П.
Үйэлэргэ дьон-сэргэ
Үгүс сыллар устата
Үрдүк ыра оҥостубут
Үүнэр сайдар баҕата
Үүнэр үйэҕэ үктэл буолан
Үтүөнү, кэрэни үксэтиэ,
Үтүө суолга сирдиэҕэ!
Сырдык үөрэх суолунан
Сарсыҥҥыбыт салаллар,
Сайдар-үүнэр саҕахтар
Аартыктара арыллар,
Үтүө суолга үктэнэн
Үүнэр ыччат сайдыаҕа,
Үрдүк дьулуур күүһүнэн
Үйэлэргэ өлбөт-сүппэт
Үтүө суолу хаалларыа.
Кэнчээрилиир ыччаппыт
Кэрэхсэнэр кэскиллэниэ,
Кэлэр кэммит кэрэтин
Кэхтибэт дьылҕалаатын!
******
ОСКУОЛАБАР
С. Иванов тыллара
Ф. Фомина мелодията
Хаҥаласка аан маҥнай
Аанын аста оскуола
Сурук-бичик билии төрдө
Буукубаарбыт баар буолла
Ытык хайа үрдүттэн
Көстөр кэрэ Эркээни
Үүнэр сайдар кэскиллээх
Күндү дойдум Өктөмүм.
Онтон ыла Өктөмҥө
Сыллар хонук буоланнар
Сибэккилии чэчирээн
Ыччаттарбын үүнэллэр
Олох кэрэ аартыгар
Үрдүк үөрэх суолунан
Дойдум дьоно киэн туттар
Үтүө дьоннор тахсаллар
*****
ОСКУОЛА
М.П. Васильева
Кэрэ сайыммыт ааһан
Көмүс күһүммүт үүнэн,
Оскуолабыт аһыллан
Үөрэнэр кэммит тиийэн кэллэ.
Саҥа таҥас кэтэммин
Суумкабын сүгэммин,
Үөрэ-көтө үөрэнэ
Оскуолабар тиийиэҕим.
Аҕынным даҕаны
Оскуолам барахсаны,
Билиигэ сирдиир
Учууталым кэпсээнин.
Уһун сайыны быһа
Биһигини суохтаан,
Чуумпуран турбут оскуолам
Оҕо саҥатынан туолуоҕа.
*****
ОСКУОЛАҔА ҮӨРЭНИЭМ
Е. Васильев
Сэттэ сааспын туоламмын,
Син улааппыт киһибин.
Ийэм миэхэ мичээрдиир,
Имэрийэр: «Үөрэн», — диир.
Саҥа форма кэтэммин,
Саҥа суумка сүгэммин,
Саҥа суолга киирэммин,
Саҥа киһи иһэбин.
А -тан, Б -тан саҕалаан,
Ааҕыам уонна суруйуом,
Арахпакка дьулуһан
Ахсаан суоттуом, ойуулуом.
Билии-көрүү кылаатын
Бииртэн-биири арыйыам,
Үөрэх үрдүк чыпчаалын
Үөһэ өрө дабайыам.
// Васильев, Е. Оскуолаҕа үөрэниэм: хоһоон // Аптаах холбуйачаан : Хоһооннор, остуоруйалар, кэпсээннэр, таабырыннар / Хомуйан оҥордо Г.А. Кирова. – Дьокуускай : Бичик, 1999.- с.157
*****
ОСКУОЛАҔА КИИРИЭХПИТ
К. Тууйаарыскай
Биһи бары кырабыт —
Садка сылдьар саастаахпыт.
Бары бииргэ мустабыт,
Көрү-нары тардабыт.
Кустаах хааһы үтүктэн
Куоталаһан ылабыт.
«Бөрө-саһыл» буоламмыт
«Куобахтары» сырсабыт.
Саһа -саһа көрдөһөн
Саамылаһа сүүрэбит.
Салаасканан тэлээрдэн
Сыыртан таптаан түһэбит.
Биһи бары кырабыт —
Сэттэбитин туолабыт.
Кэлэр сыллаах күһүҥҥэ
Оскуолаҕа барыахпыт
// Туйаарыскай, Константин. Оскуолаҕа киириэхпит: хоһоон// Аптаах холбуйачаан : Хоһооннор, остуоруйалар, кэпсээннэр, таабырыннар / Хомуйан оҥордо Г.А. Кирова. – Дьокуускай : Бичик, 1999.-с. 156
*****
ДОРООБО, ОСКУОЛАБЫТ!
Итиитик саныы сылдьабыт,
Иитиллэр оскуолабыт!
Эн ыччаттарыҥ кэлэммит
Эҕэрдэ этэн эрэбит.
Сайыны быһа утуктуу
Чуҥкуйбуккун умнубуккун —
Эн бугун уруккугунуу
Эмиэ көрүнэн туолбуккун!
Үтуө чаас! — диэн эҕэрдэлээн,
Ааныҥ урдуттэн уруйдуу,
Кыраасканан кулумурдээн
Кылбайан, тупсан тоһуйдуҥ.
Кулсуу-салсыы, көрдөөх күүгээн
Көрудуөр иһин толорор,
Эйигин ахтан эрдэлээн
Кэллибит бары оҕолор.
Сылы быһа билиигиттэн
Сылайбакка кэпсээн биэриэк;
Ийэ дойдуга эрдэттэн
Итии тапталбытын иитиэ
// Руфов, С.Т. ДОРООБО, ОСКУОЛАБЫТ! : хоһоон// Оҕо литературатын антологията/[ хомуйан оҥордулар: В.Н.Луковцев, М.Г.Макеева; редкол.: А.В.Егоров уо.д.а.] .- – Дьокуускай : Бичик, 2015.- с.84
*****
ҮӨРЭППИТ ОСКУОЛАБАР
Дорообо,
Үөрэппит оскуолам,—
Мин олоҕум маҥнайгы хардыыта.
Мин үтүөҕэ баҕарар баҕам,
Мнн дьолум бастакы сардаҥата.
Чуораан тыаһынан кылыгыраан,
Көрүстүлэр күүлэҥ, кирилиэһиҥ
Таҥнары сүүрэн, көрүлүү айдааран
Өйдүүбүн
Биһиги үөрэтэн,
Маҥнайгы хараҥаччыларбытын
Эн кылааһыҥ иһиттэн
Көтүтэн таһаартыырбытын.
Кемүс уйаларын иһиттэн
Көтөллөрө көҥүл оҕолоро,
Күргүөмнээх күүс үлэнэн
Күндү олоҕу оҥоро.
Уруккуҥ курдук эн тураҕын
Мин учууталлаабыт оскуолам.
Эн боруоккун эмиэ атыллаатым
Уон сыл буолан баран.
Уон сайын, эн кырдалгар түһэн,
Кыталыктар кыҥкынаһан аастылар.
Эн кыһаҥ итии төлөнүттэн
Саҥа сибэккилэр таҕыстылар.
Киэн туттабын, мин оскуолам,—
Эйигин бүтэрэн тахсыбыттар
Кыргыһыыга буурҕа буолан’,
Кыайыы этиҥэр кыттыспыттар.
Кинилэри дьол муостатыгар
Биһиги үктэннэрэн биэрбиппит,
Өстөөҕү түүнүктээх уйатыгар
Түҥнэрэргэ үөрэппиппит.
Киэн туттабын
Үөрэппит оҕолорбунан,—
Уотунан оонньообуттары уот буолан,
Кылыһынан тииспиттэри кылыс буолан,
Кыргыһыыга кыайбыттарынан.
Үерэппит ыччатым
Эн ааҥҥын
Саппыта уон сылын туолуута,
Суруйбута албан ааттарын
«Катюша» субуруйар уота.
Кэллилэр көмүс киистэнэн
Күлүмүрдүүр үлэ күннэрэ,
Сыһыыга сылгылар кистииллэр,
Ходуһаҕа косилка сүүрдэ.
Киэн туттабын үөрэппит оҕолорбунан
Үлэҕэ кинилэр бастаатылар,
Артыал буруотун унаарытан,
Алтан сэргэни астылар.
// ҮӨРЭППИТ ОСКУОЛАБАР: хоһоон // Кымыс ырыата: ырыалар, хоһооннор, поэмалар /П.Тулааһынап.- Якутскай, Саха сиринээҕи кинигэ изд- та, 1969.- с.298