Никифоров И.П.

НИКИФОРОВ ИСАЙ ПРОКОПЬЕВИЧ

(1915-1976)

1915 с. ыам ыйын 1 күнүгэр Исай Прокопьевич Хаҥалас улууhун 5-с Малдьаҕар нэhилиэгэр төрөөбүтэ. Сунтаарга тиийэн, Тойбохой оскуолатын бүтэрэр. 1934-1939 сс. Дойдутугар кэлэн сэбиэскэй уонна профсоюзнай уорганнарга үлэлээбитэ. 1939 с. Биир бөдөҥ айымньыта- «Ыстапаан» диэн сэһэнэ – күн сирин көрбүт. Бу сэһэнэ үксүн ааптар олоҕор олоҕуран суруллубут.

1940 с. ССКП чилиэнэ. 1943 сыллаахха армияҕа ыҥырыллыар диэри «Кыым» хаһыат отделын сэбиэдиссэйэ этэ.

Прозаик, драматург быһыытынан биллэр. Аармыйа5а 1943 с. Дьокуускай байаҥкамаатынан ыҥырыллыбыт. 1944 с. Ыам ыйыььан 1-кы Укоаинскай фроҥҥа сэриилэспит. 112-с стрелковай дивизия старшай лейтенана. Командование бойобуой сорудахтарын туйгуннук толорбута. Сэриигэ көрдөрбүт бойобуой үтүөлэрин иhин Исай Прокопьевич Кыhыл сулус уордьанынан, мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Сэрии кэнниттэн хас да сыл устата журналист быhыытынынан, үрдүкү дуоhунастарга үлэлээбитэ. 1949 сыллаахха Новосибирскайдааҕы партийнай оскуоланы үөрэнэн бүтэрбитэ. Байыаннай тиэмэ сүҥкэн оруннаах. Сэһэннэрин сүрүн дьоруойдара-сэбиэскэй хамандыырдар уобарастара. «Олох иһин охсуһуу» сэһэнигэр  ссылкаҕа кэлбит бассабыыктар дьадаҥы сахалар өйдөрүгэр-санааларыгар сабыдыаллара кэпсэммит.Н. Заболоцкайы кытта «Тарабукиннар дьиэ кэргэннэрэ» диэн пьеса суруйбут.

1949-1953 сылларга «Эдэр коммунист» хаһыат редакторынан, кэлин «Хотугу сулус» сурунаал эппиэттиир секретарынан үлэлээбитэ. Покровскайга «Знамя Советов» оройуон хаһыатыгар эрэдээктэрдиир. Онтон суруйар үлэнэн дьарыктанар. 1976 с. Балаҕан ыйын 3 күнүгэр өлбүт.

Бу сылларга Исай Прокопьевич бөдөҥ прозаическай айымньылары айбыта. 1939 сылга «Ыстапаан» диэн сэhэни, онтон салгыы «Суор кыланар сиhигэр», «Илин былдьаhыы», «Сүрэх кэпсиир», «Саллааттар» диэн айымньылары айбыта.

Сэрии туһунан сүрүн айымньылара, кинигэлэрэ:

  •  Саллааттар: сэһэн.-Дьокуускай, 1951.
  • Илин былдьаһыы: сэһэн.-Дьокуускай, 1972.
  •  Саллаат өрүү саллаат: сэһэн, кэпсээн.-Дьокуускай, 1993.

И.П. НИКИФОРОВ кинигэлэрэ оскуола фондугар:

1.Сүрэх кэпсиир: кэпсээн – Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1974. – 344 с. – Иьинээ5итэ: Сурэх кэпсиир; Ыстапаан.

2.Илин былдьаьыы: сэьэн – Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 2006. – 152 с.

 3.Саллаат өрүү саллаат: сэьэн, кэпсээн /А.Д.Васильев ойуута.– Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1993. – 128 с. – Иьинээ5итэ: Эргиллии; Бытыктаах киьи; Кэпсээн; Секретарь сырытта; Уустар; Тутаах боппуруостар; Саабыс; Сэбээрин; Колхозка араас дьон бааллар; Инникини кэруу; Олохсуйуу; Улэ дьоно; МТС уьаайбатыг

             II. Хаьыаттарга, сурунаалларга тахсыбыт айымньылар:

4.Баян. Суурбэ биир кун. Кубул5ат. Улахан суолга: кэпсээннэр // Хотугу сулус. — 1965. — № 3 . С. 131-138.

5.Куртуйах чаранар: сэьэн // Хотугу сулус. – 1966. — № 2. — С.113-118.

6.Хоммотох хоноьо: сэьэн // Хотугу сулус. – 1970. — № 7. – С. 73-75.

7.Командировка5а: сэьэн // Хотугу сулус. – 1971. — № 2. – С. 58-63.

8.Көмүс ухханыгар: сэьэн // Хотугу сулус. – 1973.- №4. – С. 3-51; № 5. – С. 11- 64.

9.Н. Габышев Хорсун сэрииһит, дьоһун суруйааччы (Исай Никифорович Никифоров ө: сааһын туолуутугар) //Хотугу сулус .-1975.-№5.-С.95-100

10.Исай Никифоров Сүрэх кэпсиир (Сэһэнтэн быһа тардыы) //Кыайыы: Саха фронтовик суруйааччыларын хоьоонноро, кэпсээннэрэ /В.С. Артемьев уруьуйа.-Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1985.- С.44—55

11.Исай Прокопьевич Никифоров // А.А. Николаев-Сиэн Чохчо Үйэлэри уҥуордуур сырдык мөссүөннэр.-Дьокуускай: Дани-Алмас, 2015.- С.41

IV. Суруйааччы оло5о уонна айар улэтэ

12.И. П. Никифоров айымньыларын оскуолаҕа үөрэтии : учууталларга, үөрэнээччилэргэ аналлаах көмө пособие  / [хомуйан оҥордо Т. П. Самсонова]. – Дьокуускай : «Алмаас» изд-во, 2015. – 162 с.

13.Габышев, Н. Саллаат суруйааччы / Н. Габышев // Хотугу сулус. – 1965. — № 3. – С.87.

14.Габышев, Н. Хорсун сэрииьит, дьоьун суруйааччы / Н. Габышев // Хотугу сулус. – 1975.- № 5. – С. 95-100.

15.Доҕорбут кэриэһигэр: некролог // Хотугу сулус. – 1976. — № 9 – С. 112.

16.Исай Никифоров // Егоров А., Протодьяконов В., Павлова В. Писатели Якутии.-Якутск: Кн. изд-во, 1981.-С.146

17.Габышев, Н. Саллаат иэьин толорбута / Н. Габышев // Хотугу сулус. – 1985. — № 5. – С. 110-112.

18.Васильев, Г. А. Буойун – суруйааччы / Г. А. Васильев // Хотугу сулус. – 1986. — № 8. – С. 89-90.

19.Суорун Омоллоон. Ахтар, суохтуур эбиппин / Суорун Омоллоон// Чолбон. – 1990. — № 5. – С. 95-97.

20.Тумат, С. Кинилэргэ сугуруйэбит: [А5а дойду көмүскэлигэр кыттыбыт суруйааччылар]  / С. Тумат // Чолбон. – 2000. — № 5 . – С. 31-34.

21.Харитонов, П. Н. Сурэх кэпсээнэ / П. Н. Харитонов // Чолбон. – 2000. — № 5. – С. 89-90.

22.Исай Никифоров // Писатели земли Олонхо: биобиблиогр.справочник – Якутск, 2000. – С. 293-295.

23.Соловьев, Н. Е. Үтүөкэн до5ор этэ // Соловьев Н.Е. Төрөөбүт холумтаным – Дьокуускай, 2004. – С. 124-128.

24.Габышев, Н. Биир дойдулаахпыт Исай Никифоров //  Кытыл-Дюра :   / ред.-сост. Аммосова (Мордовская Л. Д.)]  — Якутск : 2005. – С. 66-71.

25.Аммосова, Л. Д. Чинчийиэххэ, уэрэтиэххэ, аатын уйэтитиэххэ / Л. Д. Аммосова // Ханалас (Покровскай). – 2005. – Ыам ыйын 4 к.

26.КириллинД.  Ревкомовец уола – буойун суруйааччы / Д. Кириллин // Чолбон. – 2005. — №5 . – С. 85-88.

27.Кириллин, Д. В. Писатель-фронтовик И. П. Никифоров // Хангаласский улус : история, культура, фольклор / Администрация муницип. р-на «Хангалас. улус (район)», Ин-т гуманитар. исслед. АН РС(Я) ; [сост. Д. С. Аргунов, Н. С. Попов, П. Н. Харитонов ; отв. ред. д. ист. Наук В, И. Федоров]. – Якутск : Бичик, 2007. – С. 283-286.

28. Буойун суруйааччылар 1941-1945 /хомуйан оҥордо: С.Ф. Константинова.-Дьокуускай: Бичик, 2020.-50 с.

ВИДЕО

Саллаат, суруйааччы, журналист (Исай Прокопьевич Никифоров 95 сылыгар анаан)

«Эр санаа», к 75-летию Победы и 105-летию И.П. Никифорова

Обновлено: 17.03.2023 — 15:12

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован.