Саха сирэ

Назад

МИГАЛКИН, Иван. Киэн тутун, эн саха буоларгынан: хоһоон // Үтүө аргыс: хоһооннор, кэпсээннэр, сэһэннэр/ хомуйан оҥордулар: Г.А.Кирова, Е.М.Малышева.- Дьокуускай: Бичик, 2003.- с.136

КИЭН ТУТУН, ЭН САХА БУОЛАРГЫНАН

Ханнык да кэмнэ, ханна да сылдьан

Киэн тутун, эн саха буоларгынан —

Сахалыы намыын сананан,

Дууһаны күүркэтэр оһуокайынан.

Сымыйалыыр диэни

билбэтэх өбүгэлэргинэн,

Тоһуттар тымныыттан

толлубатах удьуоргунан.

Күүстээх тапталга

бэриниилээх кыргыттаргынан,

Ыалдьыты үөрэ көрсөр

Аламаҕай санаалаах эмээхситтэргинэн.

Ханнык да кэмҥэ, ханна да сылдьан

Киэн тутун, эн саха буоларгынан!

*******

ИЙЭ ДОЙДУГА ТАПТАЛБЫТ: хоһоон// Талыллыбыт айымньылар: кэпсээн, хоһооннор, поэмалар, тылбаастар, ахтыылар, ыстатыйалар/ Макар Хара.- Дьокуускай: Сайдам, 2016.- с.269

ИЙЭ ДОЙДУГА ТАПТАЛБЫТ

Ийэ дойдуга тапталбыт уотун

Эккэ-хааҥҥа иҥэрбит эбит

Көмүс чыычааҕын, күндү оҕотун

Көтөҕөн, көччүтэн эмнэрбит

Ийэбит эмиийин үүтүнүүн,

Этэн сиппэт үөрүүтүнүүн.

Ийэ дойдуга тапталбыт уотун

Эккэ-хааҥҥа иҥэрбит эбит

Барыбыт Улуу Ийэ дойдутун

Барҕардар төрөөбүт сирдэрбит

Отун-маһын мүөттээх сытыныын,

Отонноох ойуур күөх тыатыныын.

Ийэ дойдуга тапталбыт уотун

Эккэ-хааҥҥа иҥэрбит эбит

Бар дьоҥҥо аныыр олохпутун

Маҥнайгы суолугар киллэрбит

Эйэҕэс ийэлиин, аҕалыын

Ииппит сырдык оскуолалыын.

Ол да иһин бу тапталбыт уота,

Олохпут уһун суолун сырдата,

Өлбөөдүйбэт күн буолан тыкпыт,

Үтүөҕэ, үрдүккэ ыҥырбыт,

Саҥаны айбыт, кэрэни туойбут

Саргылаах сааспыт сандаара буолбут!

*******

ТУОЙ-ЫЛЛАА САХАМ СИРЭ: хоһоон// Талыллыбыт айымньылар: кэпсээн, хоһооннор, поэмалар, тылбаастар, ахтыылар, ыстатыйалар/ Макар Хара.- Дьокуускай: Сайдам, 2016.-  с.272

ТУОЙ-ЫЛЛАА САХАМ СИРЭ

Дьолго, сырдыкка Ньургун Боотурдуу дьулуһуу,

Дуулаҕа нуучча норуотунуун доҕордоһуу,

Туппут, туругурпут олоҕун уруйдуу

Туой-ыллаа, дьикти кэрэ,

Дьоллоох Сахам сирэ!

Буулаҕа күүспүт ол доҕордоһуу буолбутун,

Бурдук күөх муората буолан долгуйбутун,

Бухатыырдар төрөөбүт Ийэ дойдубутун

Туой-ыллаа, дьикти кэрэ,

Дьоллоох Сахам сирэ!

Алмаас буолан ол доҕордоһуу арылыйбытын,

Аламаҕай маҥан күннүү чаҕылыйбытын,

Айар талба талааннары арыйбытын

Туой-ыллаа, дьикти кэрэ,

Дьоллоох Сахам сирэ!

Күөрэгэйгин ыллатар күөх сааскын чэлгитэн,

Күөнэххин оонньотор күөллэргин дэбилитэн,

Көҥүл Үлэ знамятын үрдүктүк күөрэтэн,

Туой-ыллаа, дьикти кэрэ,

Дьоллоох Сахам сирэ!

*******

ЧУГДААРАР ЭН ЫРЫАҤ ЫЛЛАНАН: хоһоон //Сааскылыы сайаҕас ырыалаах / Макар Хара.- Саха сиринээҕи кинигэ изд-та, 1979.- с.28

ЧУГДААРАР ЭН ЫРЫАҤ ЫЛЛАНАН

(П. А. Ойуунускай туһунан ырыа)

Күөнтээбит күлүк түүн төрөөҥҥүн,

Көҥүл күн сырдыгын көрдөөҥҥүн

Эн көрсө түспүтүҥ дьолгунуун —

Ильич эрэллээх дьонунуун.

Ол үтүө дьоннуун биир тыыннанан,

Ол хоһуун дьоннуун биир суолланан,

Булбутуҥ күн сирин кырдьыгын,

Булбутуҥ көҥүл күн сырдыгын.

Эн этиҥ чугдаарар тойуктаах,

Эн этиҥ этигэн хомустаах,

Ийэ тыл илбиһин, иччитин

Эккинэн-хааҥҥынан билбитиҥ.

Төлөннөөх сүрэххин, талааҥҥын

Төрөөбүт норуоккар анааҥҥын

Чугдаарар эн ырыаҥ ылланан,

Чугдаарар эн аатыҥ ааттанан!

*******

ТАПТАЛЛААХ КУОРАТЫМ: хоһоон// Соргу көтөҕүүтэ: хоһооннор/ Ойуку.- Дьокуускай: Бичик, 2019.-с.18

ТАПТАЛЛААХ КУОРАТЫМ

Күндэлэс Өлүөнэ үөһүттэн

Күн киирбэт дойдутун булбуттар.

Эһэбит Эллэйбит кэмиттэн

Эйигин сахалар талбыттар.

Ол онтон ылата ылламмыт

Эргиспит кытыла-биэрэгэ.

Үрүҥ түүн кытары саас аайы

Эргиллэр эйигин көрсөөрү.

Уол оҕо, кыыс оҕо күлүүтэ

Уулуссаҥ, болуоссат аайытын.

Күн оһуор оһуохай үҥкүүтэ

Киэргэтэр эдэр саас куоратын.

Бу Эргис, бу Хоруол тумсугар

Букатын эриэккэс олорор.

Тулалыы эргиччи уотугар

Түүн-күнүс сүрэҕиҥ дьулуһар.

Бульварыҥ, фонтаныҥ сиккиэрэн

Сарыалы сууланан тупсаҕын.

Күндэлэс куоратым киэһэрэн

Күлүккүн көрүнэ тураҕын.

*******

ТӨРӨӨБҮТ ДОЙДУМ: хоһоон// Соргу көтөҕүүтэ: хоһооннор/ Ойуку.- Дьокуускай: Бичик, 2019.-с.18

ТӨРӨӨБҮТ ДОЙДУМ

Эн алыптаах олоҥхоҕор

Уһаарыллан улааппытым.

Үүт көлүйэҥ үөһүнэн

Өлүү суолун туораабытым.

Ньургун Боотур атынан

Тойон Арыыбын эргийэрим.

Баттаммыт айынаат аймаҕын

Босхолуоҕум!» — андаҕайарым.

Олоҥхо тылынан кэпсэтэн

Сүүс омуктуун сэлэстим.

Кинилэрдиин атах тэпсэн

Кылыһахтаан ылластым.

Эн аптаах тылыҥ ырата

Миигин бухатыыр оҥорбута.

Хаттыгастаах халлаантан

Орто дойдуга аҕалбыта.

Мин санаабар, бүгүн эмиэ

Салҕанар олоҥхо үйэтэ.

Муустаах байҕал, Өлүөнэ,

Кини үүт көлүйэтэ.

*******

Ийэ дойдум: хоһоон //Умсулҕан / Василий Алексеев.- Дьокуускай: Бичик, 2004.- с.36

Ийэ дойдум

Ийэ дойдум,

Мин дьолум,

Мин үөрүүм, соргум буолаҕын,

Эн сүүс омук

Сылаас, сырдык

Көмүс ньээкэ уйатаҕын.

Киэн туттабын

Эн тылгынан

Бу ырыам сурулларыттан,

Мин сиэним

Эн ааккынан

Бигэнэн улаатарыттан.

Көҥүл сирим,

Саҥа нэлим

Аартыктаргын арыйаҕын,

Мэлдьи үөрэн,

Төлөннүрэн

Эдэрдэргин ыҥыраҕын.

Ийэ дойдуом,

Бииргэ буолуом

Эн үөрүүгэр, хомолтоҕор,

Туруом күнүҥ,

Эн көҥүлүҥ

Күөмчүлэммэтин туһугар!

*******

Богатырев, Роман. Саха дьылҕата: хоһоон //Таатта улууһа. Сүүс сыл, сүүс суруйааччы .- Ытык Күөл, 2012.- с.314

САХА ДЬЫЛҔАТА

Дьылҕа тыйыс ыйааҕа

Саха омук тобоҕун

Мутук тостор тымныы сиргэ

Хоту диэки кыйдаабыт.

Саха бастаан туттубут

Сүөһү хонор хотонун,

Онон тыыннаах хаалларбыт

Икки муостаах доҕорун.

Онтон сыспай сиэллээҕин

Кэлин кэмҥэ уһуйан,

Кыһын тоҥон хоргуйбат

Хаһан аһыыр оҥорбут.

Саха икки, сүөһү икки

Хоту сири баһылаан

Биһи эрэ баарбыт дэнэн

Уһун кэмҥэ олоортор.

Сыллар сылга эбиллэн

Үйэ буолан көтөллөр,

Саҥа дьылы даҕаһан

Саҥа үйэ арыллар.

Онтон бүгүн сүүрбэ биирис

Сайдыы чыпчаал үйэтэ.

Хоту дойду, чысхаан тымныы

Кэлии дьону чаҕыппат.

Кытай кыыһа күлэр-үөрэр,

Аһын-үөлүн атыылыыр,

Хара омук туруу уола

Тутуу тутар, ойох ылар.

Өйдөөх дэммит омуктар

Баайдаах сири баһылаан,

Үлтү тэпсэн, сүргэйэн

Баайын бары орууллар.

Барҕа баайбыт доллар буолан

Ханна эрэ суккуллар,

Саха баайа аатыран

Омук дьонун байытар.

Оттон саха ыраах холку,

Хотон туттар, көнтөс хатар;

Күрдьэх угар өйөнөн

Олох төрдүн анаарар.

«Саха тыынын өллөйө,

Чөрөс муостаах ынаҕа,

Саха көтөр кыната

Саха дохсун сылгыта».

Өйдөөх тыллар, сырдык санаа

Арыт куолу буолаллар,

Хоргус, кэнэн майгыны

Толук түһэн сабаллар.

Саха өһөс майгыта,

Номох буолбут ньоҕойо

Сайдыы хорук суолугар

Мэһэй буолан күөннүө дуо?

Хаһан эмэ кэмэ кэлиэ

Саха эмиэ сайдан туруо.

Сирин баайын суоттуу ороон

Барыстаахтык эргитиэ.

Сүөһү куттаах төрүт дьонун

Номох гынан өрө тутуо,

Чөрөс муостаах ынаҕар

Өйдөбүнньүк туруоруо.

*******

ЕФИМОВ, М.Д. САХА СИРИН ЫЧЧАТА: хоһоон // Оҕо литературатын антологията/ [хомуйан оҥордулар: В.Н. Луковцев, М.Г.Макеева; редкол. А.В.Егоров уо.д.а.].- Дьокуускай: Бичик, 2015.- с.75

САХА СИРИН ЫЧЧАТА

Таатта талыы хонуутугар

Таалалаахтаан үөскээбит

Саха сирин ыччата

Сайдам, чэбдик бэйэлээх

Саха сирин ыччата.

Дьааҥы таастаах хайатыгар

Дьаарбайталаан улааппыт

Саха сирин ыччата,

Сайаҕастай санаалаах

Саха сирин ыччата.

Үрдүк үөрэх аартыгынан

Үөрэ-көтө дабайар

Саха сирин ыччата,

Сайдар, үүнэр аналлаах

Саха сирин ыччата.

Күргүөм күүстээх үлэлэргэ

Күүһэ-уоҕа ахсаабат

Саха сирин ыччата,

Сатал-дьоһун туттуулаах

Саха сирин ыччата.

Элбэх араас омуктардыын

Эйэ дэмнээх, доҕордуу

Саха сирин ыччата,

Саргы туһун толкуйдуур

Саха сирин ыччата.

*******

Слепцов, Н.И. Ийэ дойдум: хоһоон // Таатта улууһа. Сүүс сыл, сүүс суруйааччы .- Ытык Күөл, 2012.- с.111

ИЙЭ ДОЙДУМ

Төрөөбүт, үөскээбит ийэ дойдум

Чемпион тымныылаах күндү уоругум,

Эйигиттэн ханна да уларыйбаппын

Хайа да сылаас сиргэ атастаспаппын.

Чысхааннаах хатан дьыбаргынан

Чыһыыра, чуһуура сыллаталыыгын,

Томороон-модороон тымныыгынан

Тохтоло суохтук уураталыыгын.

Ардыгар хатан тыалларгынан

Амтана биллэрдик таарыйталыыгын,

Хатыылаах хабыр хаарыйыыгынан

Хайаан да амсата салаталыыгын.

Дойдум кыыдааннаах тымныыта

Дьэбирдик таптыыргын биллэрэҕин,

Үйэлээх сааспар бииргэ сылдьыыта

Үүрүллэн, өллөхпүнэ эрэ сүтэҕин.

Доруобуйаны дьоһуннук тупсаран

Үйэлээх сааһы уһатан, туоратан,

Төрөөбүт төрүт буорум дьоллуо

Дьоллоохтук олохпун олордуо.

*******

Пахомов, Николай. Мин дойдум: хоһоон //Таатта улууһа. Сүүс сыл, сүүс суруйааччы .- Ытык Күөл, 2012.- с.222

МИН ДОЙДУМ

Балкыырдаах муус муора,

Аҥааттар туундара,

Лиҥкиниир киэҥ тайҕа,

Адаархай сис хайа,

Нэлэмэн өҥ хочо,

Үс хатыҥ Өлүөнэ,

Илгистэр Индигиир,

Дьалкыырдаах дьэс Дьааны,

Өргөстөөх үөл Өлөөн,

Хаҥыл диэн Халыма,

Аргыардаах Анаабыр,

Айгыстар Алдаммыт,

Бүөм түөлбэ Бүлүүбүт

Биһиги дойдубут

Сахалар аналбыт,

Баһылыыр далайбыт,

Киэн туттар кыраайбыт.

Ыччаппыт биһигэ,

Инники кэскилэ,

Сайдыыбыт сиһигэ,

Олохпут тиһигэ.

*******

Пахомов, Николай. Сахабын: хоһоон //Таатта улууһа. Сүүс сыл, сүүс суруйааччы .- Ытык Күөл, 2012.- с.222

САХАБЫН

Сахалыы саҥарар дьолбунан

Олус да киэн тутта саныыбын,

Ылбаҕай ыпсыылаах тылбынан

Барыны барытын алгыыбын.

Хаптаҕай сайаҕас сирэйбин

Астына күн аайы көрөбүн,

Ол онтон дуоһуйуу ылабын

Манньыйа, долгуйа үөрэбин.

Мин Саха буоламмын мындырбын,

Тымныылыын хатыһан тыйыспын,

Буурҕалыын буурдаһан сымсабын,

Уот куйаас сырайан сырдыкпын.

Иэдээҥҥэ мин сытан биэрбэппин,

Мээлэҕэ мэҥиэҕэ киирбэппин,

Сохсону эргийэ тумнабын,

Доҕууртан бургуйа куотабын.

Албыны ыраахтан билэбин,

Ол иһин тэскилии сиэлэбин,

Кэнниттэн сэрэнэн кэлэбин,

Уонна дьэ, мүчүйэ күлэбин.

Миигиттэн иэйиэхсит астынар,

Сахатын уолунан киэн туттар,

Ыырдарбын, ыллыкпын ыраастыыр,

Олоҕум аартыгын харыстыыр.

Ол иһин мин эрэл кыымнаахпын.

Моһолго күөнтэһэр кыахтаахпын.

Инники айанныыр сыаллаахпын.

Онтубун ситиһиэх тустаахпын

*******

Попов, Леонид. Сахам сирин таптыыбын: хоһоон // оҕо литературатын антологията/ [хомуйан оҥордулар: В.Н. Луковцев, М.Г.Макеева; редкол. А.В.Егоров].- Дьокуускай: Бичик, 2015.- с.62

Сахам сирин таптыыбын

Сахам сирин таптыыбын —

Сайылыгын ырыатын,

Сааскы күнэ тахсыытын,

Сарыал тыгар күөх тыатын,

Сахам сирин таптыыбын.

Сахам сирин таптыыбын —

Саамал кымыс утаҕын,

Санньыар хомус тыаһыырын,

Саарба, саһыл бултааҕын

Сахам сирин таптыыбын.

Сахам сирин таптыыбын,

Санаа курдук дэлэгэй

Сандал күннээх сыһыытын

Сайдар, үүнэр үчүгэй

Сахам сирин таптыыбын.

*******

ИЙЭ ДОЙДУ ТАПТАЛА: хоһоон// Айымньылар. 1 т. Күнү көрсөр чыычаахтар: хоһооннор, поэмалар, кэпсээннэр, сэһэн, остуоруйалар, пьесалар / Бүөтүр Тобуруокап.- Дьокуускай: Бичик, 2010.- с.35

ИЙЭ ДОЙДУ ТАПТАЛА

Эмиийдээбит ийэбит

Сылаас түөһүн санатан

Минньигэһин эбитин

Ийэ дойду таптала!

Суолга — үтүө аргыстыы,

Хараҥаҕа — сырдыктыы,

Кыһын — сааскы сыламныы,

Сайын — сөрүүн салгынныы

Кини биллэр биһиэхэ

Эриэккэстик-истиҥник,

Кини киирэр сурэххэ

Этиллибэт кэрэтик!

Таптыыр күндү Ийэбит —

Уйгу дуолан дойдубут,

Көҥүл, күннээх олохпут,

Күн санаалаах норуоппут!

Сааспыт аны уһаатын

Сүүһүнэн да сылларга —

Барыта Эн аналыҥ,

Барыга Эн иннигэр!

Эмиийдээбит ийэлии

Сурэхпитин манньытан,

Минньигэһин эбитин

Ийэ дойду таптала!

*******

САХАМ СИРИН ААТТААТЫЛАР: хоһоон// Айымньылар. 2 т. Дойдум дьоллоох туонатыгар: хоһооннор, поэмалар, балладалар / Бүөтүр Тобуруокап.- Дьокуускай: Бичик, 2013.- с.59

САХАМ СИРИН ААТТААТЫЛАР

Аан дойдуну кууһан ааһар

Радио долгуннара

Киһи аймах кулгааҕар

Сахам сирин —

Алмаас сирин

Хайҕаан, сөҕөн ааттаатылар.

Мөлүйүөнүнэн тарҕыы көтөр

Тыллаах кынат хаһыаттар

Бар дьон ааҕар хараҕар

Сахам сирин —

Көмүс сирин

Хайҕаан, сөҕөн суруйдулар.

Мин дойдум киэҥ кэскилин

Көрөр суду мунньахха

Ыйар улуу былааҥҥа

Сахам сирин

Барҕа баайын

Хайҕаан, сөҕөн ааттаатылар.

Нуучча, кытай, омук дьоно

Миигин кытта кэпсэтээри

Өртөн билэр доҕор курдук

Сахам сирин —

Төрүт сирбин

Хайҕаан, сөҕөн ааттаатылар.

*******

САХААДАМ БАРАХСАН! САХААДАМ! : хоһоон// Айымньылар. 2 т. Дойдум дьоллоох туонатыгар: хоһооннор, поэмалар, балладалар / Бүөтүр Тобуруокап.- Дьокуускай: Бичик, 2013.- с.59

САХААДАМ БАРАХСАН! САХААДАМ!

Буур таба буурҕалыы ытыллар үөрдэрэ

Муоһун дьүкээбил төлөнүн силэйэр,

Күөх кырса кылаанын мөһүүрэ килбиэнэ

Күн көрбөт, күн киирбэт дуолугар тэлгэнэр.

Туус маҥан тунал хаар дойдукам —

Туундарам барахсан! Туундарам!

Аламай күн түһэн көччүйэр күөллэрдээх,

Алтан от анньыллан күөгэҥниир күөхтэрдээх,

Анаҕы-сылгыны ааратар чараҥнаах,

Алаадьы-саламаат, сөҥ сүөгэй салгыннаах,

Аан маҥнай атыллаан хаампытым —

Алааһым барахсан! Алааһым!

Хайата алмаастаах, үрэҕэ көмүстээх,

Хара киис, уот саһыл, сыа тайах кэһиилээх,

Унуора көстүбэт улуукан уораҕай,

Балкыырдаах байҕаллыы дьалкыллар баараҕай

Аһаппыт, сылыппыт алгыстаах алаһам —

Аар тайҕам барахсан! Аар тайҕам!

Урааҥхай саханы ууһатан дьоллообут,

Уонунан омуктуун буруотун холбообут,

Илгэлээх итиилээх, бурҕаҥнас тымныылаах,

Иҥнэри билбэккэ инники дьулуурдаах,

Самныбат саргыга аналлаах

Сахаадам барахсан! Сахаадам!

*******

САХАМ ЧҮӨЧЧЭР АЛААСТАРЫН : хоһоон// Айымньылар. 2 т. Дойдум дьоллоох туонатыгар: хоһооннор, поэмалар, балладалар / Бүөтүр Тобуруокап.- Дьокуускай: Бичик, 2013.- с.60

Сахам чүөччэр алаастарын

Сүөгэй сыттаах салгыннара

Сүрэхпин уртаан ааһыҥ,

Сүрэхпэр иҥэн хаалыҥ.

Сахам халыҥ тайҕаларын

Таабырыннаах суугуннара

Сүрэхпэр оонньоон ааһыҥ,

Сүрэхпэр иҥэн хаалыҥ.

Сахам туллук кыргыттарын

Күөрэгэйдээх куоластара

Сүрэхпин мүөттээн ааһыҥ,

Сүрэхпэр иҥэн хаалыҥ.

Сахам сирин урсуннарын

Айар дьалыҥ дуорааннара

Сүрэхпин күүрдэн ааһыҥ,

Сүрэхпэр иҥэн хаалыҥ!

*******

СИР ШАРЫН КЫРЫАЛААХ ЧАНЧЫГАР: хоһоон// Айымньылар. 2 т. Дойдум дьоллоох туонатыгар: хоһооннор, поэмалар, балладалар / Бүөтүр Тобуруокап.- Дьокуускай: Бичик, 2013.-с.62

Сир шарын кырыалаах чанчыгар

Мин олоробун,

Чымарҕан тымныытыгар,

Өгүрүк куйааһыгар

Тоҥон, буһан дьоллонобун.

Туохха да биэрбэппин

Бу түөрт өҥнөөх хотугубун,—

Саас дьэрэкээн,

Күһүн арыы саһыл,

Сайын күлүм күөх,

Кыһын

Кыыда маҥан дойдубун!

Булуоххут суоҕа

Сир үрдүгэр

Эһиги маннык сири!

Крым мэлдьи күөҕүн,

Арктика наар үрүҥүн

Салҕа көрөн,

Тэһийбэппин.

*******

САХАМ СИРИН ТАПТЫЫБЫН: хоһоон// Айымньылар. 2 т. Дойдум дьоллоох туонатыгар: хоһооннор, поэмалар, балладалар / Бүөтүр Тобуруокап.- Дьокуускай: Бичик, 2013.-с. 115

САХАМ СИРИН ТАПТЫЫБЫН

Кыһын түүҥҥү дьүкээбил

Булчуттарга салюттуур,

Сайын кустук күлүмэ

Отчуттары уруйдуур

Сахам сирин таптыыбын,

Таптыыбын Сахам сирин!

Кыһын халыҥ хомурах

Туундаратын үллүйэр,

Сайын солко будьур от

Алаастарга күөгэйэр

Сахам сирин таптыыбын,

Таптыыбын Сахам сирин!

Кыһын буурҕа тойуга

Олоҥхолоон утутар,

Сайын чыычаах ырыата

Утуппакка угуйар

Сахам сирин таптыыбын,

Таптыыбын Сахам сирин!

Кыһын көмүс мөһүүрэ

Күлүмнэрин уматар,

Сайын дьэргэл сибэкки

Ыһыаҕынан ытыллар

Сахам сирин таптыыбын.

Таптыыбын Сахам сирин!

*******

САХАМ ДЬОНО, ЭҺИГИ: хоһоон // Үөрүүбүн тэҥинэн үллэстэбин= Делю со всеми радость: хоһооннор/ Иван Мигалкин.- Дьокуускай: Бичик, 2012.- с.118

САХАМ ДЬОНО, ЭҺИГИ

Сахам дьоно, эһиги —

Таптыыр Мүрүм алааһыныы

Киэҥҥит, холкугут, намыыҥныт.

Дыргыл сыттаах ньургуһуннуу

Нарыҥныт, сэмэйгит, тулуурдааххыт.

Сахам дьоно, эһиги —

Хатан хомус ырыатыныы

Кэрэни саҕар майгылааххыт.

Сардаана үүнэн турарыныы

Күҥҥэ, олоххо тардыстаҕыт.

Сахам дьоно, эһиги —

Былыргы уран чорооннуу

Сатыыгыт ыалдьытымсах буолууну.

Сахам дьоно, эһиги —

Тыһыынчанан саастаах сулустаргыт,

Быдан дьыллартан умайаҕыт,

Айылҕа курдук уһун үйэлээххит,

Ийэ сир курдук өлбөт аналлааххыт!

*******

САХАМ СИРИН ТУҺУНАН: хоһоон // Өссө хаамса түһүөххэ: хоһооннор/ Семен Руфов.- Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ изд-та, 1987.- с.141

Саха сирин туһунан

Ыйытаҕын ардыгар —

Кистээбэккэ, баарынан

Кэпсиим эрэ сурукпар.

Бэйэҥ да сөҕүөҥ этэ

Биһиэхэ сырыттаргын —

Сымыыт буһар итиитэ

Сыыгыныыр манна сайын.

Дьиктиргиигин, быһыыта —

Өссө истэн абыран:

Болгуо тостор тымныыта

Түһэр кыһын сатаран.

Саамай дьиҥнээх хараҥа

Сахаларга баар арай —

Күһүҥҥү түүн саҕана

Харах тэстиэх им-балай.

Сырдык эмиэ ситэри

Бу дойдуга буолааччы —

Күнүстэри, түүннэри

Күн эргиччи тыгааччы.

Киһи киэнэ тыйыһын

Булуоҕуҥ эмиэ мантан —

Толлубаттар букатын

Ханнык да ыар дьулаантан.

Сүрэх киэнэ нарына

Син биир манна буолуохтаах

Ол киһи куустаҕына

Уҥуох тостор кутталлаах.

Сүүһүн туолбут оҕонньор

Сүөһү маныыр, балыктыыр,

Биэстээх оҕо, оннооҕор,

Оҕус сиэтэн туһалыыр.

Олох-дьаһах, культура,

Ол-бу сайдыы, массыына —

Соҕурууттан да туура

Суох буолуохтаах атына.

Саха сирэ, баҕардар,

Кэлин ордон туруоҕа,

Соҕуруулар киэн туттар

Дойдулара буолуоҕа…

Омуота суох этэбин:

Олоруохха үчүгэй.

Сымыйалыыр диэтэргин

Кэлэн көрөн итэҕэй!

*******

МИН САХАБЫН: хоһоон // Иэйиим сырдык сыдьаайа: хоһооннор, поэт туһунан ахтыылар, библиогр. ыйынньык/ Василий Саввин .- Дьокуускай: Бичик, 2008.- с.20

МИН САХАБЫН

Улуута суох норуоттан

Удьуордаах урааҥхайбын,

Умса тарт, тиэрэ бырах —

Хаптаҕай сирэйдээх сахабын.

Аан дойдуга атын маннык

Айылгылаах омук суох,

Атыттартан итэҕэс

Сананымыах, доҕоччуок!

Сахалыы саҥабыттан

Саатыам суоҕа ханна да! —

Сиргэ саха омук баарын

Санаттын мин бу ырыам да!

*******

ИИЭ ДОЙДУ: хоһоон// Көмүс чүмэчи: хоһооннор/ Иван Алексеев.- Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ изд- та, 1988.- с.18

ИИЭ ДОЙДУ

Күн сирин көрдөрбүт

көмүс ийэм барахсан

сылаас-сылаас илиитинэн

Мин утуйбут биһикпин

чуумпутук бигээбиккин,

Аар тойон аҕакайым

аргыардаах аартыктары

хорсуннук тэлэн

Хоһулайбыт дьулҕаанынан

олох киэҥ суолугар

сирдээн киллэрбиккин,

Умнуллубат

маҥнайгы учууталым

эйэҕэс саҥатынан

истиҥник

Үтүөҕэ,

кэрэҕэ ыҥырар

кэс тыллары оҕо сүрэхпэр

иҥэрбит эбиккин,

Иитиллибит, үөскээбит

Ийэ дойдуом,

Күндү Ийэ дойдуом!..

Үрдүк үөрэх кыһатын

Үрүҥ көмүс халҕанын

Өрөгөйдөөхтүк саппыт күммэр

Өйдөтөн ааспыт эбиккин сэмээр

Төрөөбүт төрүт сирбин

Үйэм тухары

үлэнэн үөрдэр

ытык иэстээхпин.

Дьэ итинтэн ыла

мин итии көлөһүнүм,

мин былчыҥым, күүрүүм,

мин олоҕум бүтүннүү

Умуллубат уоттаах төлөннүү

Кутуллан киирбитэ,

Күлүмнээн көстүбүтэ

Эн эрэ

сарсыардааҥы аалай саһарҕаҕар,

Сырдык таммах буолан

сыккыстаан түспүтэ

Эн эрэ

үлэнэн айар муораҕар,

Кыым курдук кылбаҥнаабыта

Эн эрэ

кыайыыларга сылдьар

кытыастар Кыһыл Знамяҕар!

Үстэ өлөн,

Үстэ тиллэн да туран,

Үс олоҕу олорорго бэлэммин буолбаат,

Эн эрэ

ыраас халлааныҥ

атын дойдулар саҕахтарыттан

чаҕылхайдык арылыйарын туһугар,

Эн эрэ

түллэҥниир байҕалыҥ

атын дойдулар далайдарыттан

модуннук,

улуутук долгуннурарын туһугар,

Эн эрэ

сиҥнибэт ойууруҥ

атын дойдулар мастарынааҕар

толуутук,

хойуутук силигилии үүнэрин туһугар!..

Олоҕум сандаархай сарсыардатыгар,

күндээрэр күнүскүтүгэр,

киэһээҥи да боруоругар

Мин

часовой курдук кыраҕытык,

Сэргэхтик

турбутум,

турабын

Эн ытык

тимир граница5ар…

Тыыннааҕым тухары

Талаанньыт бииһин

хааннаах тарбаҕар

Тыыттарыам эрэ суоҕа

Эн биир да

нүөл сэбирдэххин,

күндү сибэккигин,

Ымыы чыычаахтарыҥ

көмүс уйаларын,

Ыспыт бааһыналарыҥ

толуу туорахтарын.

Хаһан баҕарар

Өстөөх кирдээх атаҕа

Кэһиэ эрэ суоҕа

Уллуҥах устатын да саҕа

Эн күөх кырыскын,

Эн толооҥҥун, сыһыыгын,

Өрөгөй ыстаал набаатынан

Өстөөххө өрө кылбаҥнатыаҕым

Өһүллүбэт өһүөммүн,

кытаанах кырыыспын

Иһит эрэ, Ийэ дойдуом!

Кэнэҕэс

Кэм-кэрдии кэлэн,

Кэхтибиг кэннэ

«Дьонун-сэргэтин туһугар,

Дойдутун дьолугар

Ол киһи олоҕун килбиэнин

Олорчутун биэрбитэ» дииллэрин

Мин сиэннэрим үөрэ иһиттэллэр,

Киэҥник олук үктээн истэллэр,

Төрөөбүт буорга ытык иэс

Төлөммүт диэхтэрэ баар этэ.

Ийэ дойдуом,

Ийэ дойдуом!..

Көлүөнэттэн көлүөнэ,

Киһиттэн киһи

Сүрэҕин кыымынан

Сөҕүрүйбэт уоттанаҥҥын,

Олоҕуҥ хардыытынан

Укулаат кынаттанаҥҥын,

Кэрэҕэ дьулуурунан

Кэскилгин айаҥҥын,

Аан дойдуну маяктыы ыҥыраары

Албан ааттан,

Туругур,

Үүнэ,

өрөгөйдүү,

чэлгийэ тур

Үйэттэн- үйэлэр тухары!

*******

МИН САХАБЫН: хоһоон // Дорообо, кэлэр кэм! /Иван Алексеев.- Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ изд- та, 1964.- с.5

МИН САХАБЫН

Мин сахабын.

Дьүкэбил кытархай төлөнүнэн

Күлүмнүүр халлааннаах буоламмын,

Кыыдааннаах тымныынан,

кыйдааннаах силлиэнэн

Кыскыйбахтыыр кыһыннаах буоламмын,

мин сахабын.

Мин сахабын.

Хаар кыраай аргыарын таптыыр

Күп-күөх кырсалаах буоламмын,

Хобо чуораанынан чыҥкыныыр

Көтөр кынат табалаах буоламмын,

Мин сахабын.

Мин

киэҥ нэлэмэн дойдубар

Сүүс Голландия

киириэх этэ.

Төрөөбүт норуотум

сүрэҕин кэриэтэ

Улуу Лена

долгуннура сытар.

Ньургун Боотурум

күүрээннээх тойугун

туойан доллоһуттахпына

Тимир дорҕооннор

сыыйылла тохтуохтара,

Уөмэх-чүөмэх үктэнэн

дэгэйбэхтии ойдохпуна

Оһуорум үҥкүүтүн

Эриэккэс хамсааһыннара

эйэҥэлэһэн тахсыахтара.

Хатан тыллаах

хаарыан хомуһум

Домбра тойугунуун

хаан уруулуу,

Этэн-тыынан

эҥээритэр оһуохайбар

Эт сурэҕим

эгэлгэтэ баар.

Мин сахабын.

Батталтан ытаабыт харах уута

Былыр бу буорга

туус буолан тохтубута…

Былыр

Бүлүү

муустаах түрмэтигэр

Тимир санаатын

тоһуттарбатаҕа

улуу Чернышевскай.

Революция кыымнарын

Саха сүрэҕэр

Сардырҕаччы ыһар этилэр

Серго,

Ярославскай.

Мин халлааммын

көҥүл сардаҥатынан

күлүмнэтэ сырдатаары

Ол сирдьиттэр

саҥардахтарын аайы

Революция сүүрээнэ

тымырбар биллэрэ.

Революция күүрээнэ

кулгаахпар иһиллэрэ…

Мим сахабын.

Киэһээ аайы

сып-сырдык

сулус күлүмнүүр,

Ити

мин университетым

сүрэҕи телөннүүр

Аан дойду хараҕа

дьикти тааһы хайгыыр, —

Ити

мин алмааһым

аралыйа сырдыыр.

Янцзыцян рабочайа

Хотугу хоһоону aaҕap, —

Ити

мин поэтым

кытайдыы саҥарар.

Арыт киэһэ

Отелло

сахалыы муҥатыйар, —

Ити

мин артиһым

оонньуур, айар.

Мин сахабын,

дьоллоох,

көҥүл сахабын.

Киһи аймахха

история генийин

бэлэхтээбит нууччалыын,

Күннээх Украиналыын,

кулүмүрдэс Кавказтыын

Коммунизм сардаҥатын

керсө барабын.

Мин

Марна хочолорун,

Рейн сыһыыларын

Лена эбэм

күөх алааһыныы саныыбын,

Рим металлистарыныын,

Тулон докердарыныын

Сир үрдүн

көҥүлүн,

эйэтин айабын.

Ааттааҥ,

ахтыҥ

мин сэмэй,

боростуой ааппын:

Мии

көҥүл,

дьоллоох.

үлэһит сахабын!

1958 с.

*******

М. К. АММОСОВ ПАМЯТНИГАР САНАА: хоһоон // Дорообо, кэлэр кэм! /Иван Алексеев.- Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ изд- та, 1964.- с.11

М. К. АММОСОВ ПАМЯТНИГАР САНАА

Дьылҕа-хаантан буолбатах,

Сурэҕим-быарым

үүйэ тутан,

Ытаан-соҥоон буолбатах,

Кэс санааны санаан,

Кэлэн турабын

Памятник аттыгар…

Тыаллаах күн…

Көмүс күн

саста былыт муоратыгар.

Былыттар, ыар-тоҥ былыттар,

Бу мин үйэм

Тимир кынатын

ситэ баттаары

бачча үлүгэр адаарыстыгыат,

Биитэр мин

будулҕаннаах буурҕаны,

аймалҕаннаах дьыллары

саныырбын таайан

Хараара бадылыһан таҕыстыгыат!!

Кырдьык…

Ол кэмҥэ,

саха бастакы

революционнай көлүөнэтэ

уһаарыллар күнүгэр,

Уоттаах- төлөннөөх

Улуу буурҕа

ытылла турара,

Огдолҕонноох олох

адаархай баалларын

аргыардаах үөһүгэр

Икки үйэ

иккм кылаас түөс

түөс түөһүттэн анньыһара

Максим Кирович!..

Улуу Ленин

Россияны атаҕар туруорар

төлөннөөх тылларын

дуораана буолан.

Революция полководецтара —

Ярославскай,

Серго

Оттубут кутааларын

Сирэлийэр төлөннөрө буолан.

Кый хотугу кыраайга

Аҕалсыбыккыт

Кыһыл Октябрь

кытыастар күнүн уотун,

Дьадаҥы caxaҕa туттарбыккыт

Эргэ олох кырыһын

Тиэритэ уурар

Социализм ыстаал булуугун.

Дьэ онтон ыла

Хаар-муус,

силлиэ-буурҕа

ытыыр дойдутугар

Эрчимнээх этиҥнээх

Күөх саас

Күөгэйэн кэлбитэ,—

Аччык, дьудьэх

Саха сирин

Сырдыкка салайбыт,

Кэнэн, туҥкэтэх

Саха киһитин

Xapaҕын аспыт

Үгүс да

Үтүөлээх-өҥөлөөх

дьон эбиккит,—

Өрүү тыыннаах,

Сырдык буолуо

эһиги кэриэскит!

Максим Кирович!..

Саҥа,

Эдэр көлүөнэ

айан суолугар

Киирдэ

Эн суоххуна…

Күн-дьыл,

олох диэн

ардыгар

Ыар да сүтүктээх,

аһыылаах буоллаҕа…

Ликбезтэн —

ученайга,

буквартан — университекка,

Олоҥхоттон — операҕа,

оскуолаттан — академияҕа

Тиийэн кэллилэр

Күүрээннээх олоххун

Анаабыт дьонуҥ,

Октябка

төрөөбүт оҕолоруҥ.

Дьэ эрэ,

Саха ыччата!

Аҕа көлүөнэҥ

Араҥас сулустуу

сырдаан ааспыт олоҕун

Ытык знамя курдук

инники илдьэн,

Аралыйа күлүмнүүр күн

аалай килбиэнэ оҥорууй!

Хаһан эрэ

ол көлүөнэ

хаан-уруу Сахаҥ сирэ

Коммунизм

хотугу ячейкаҕа буолуон

баҕарар этэ,

Саха oҕoтo

Доҕордуу нууччалыын,

узбектыын бииргэ

Чайковскай симфониятын

дьириһитиэн

баҕарар этэ.

Биһи эдэр көлүөнэбит

Саха сирин

үйэлэр тухары

айгыраабакка турар

Сардаҥалаах

аар баҕаҕын оҥорсуо,

Киэһээҥи күммүт

киирэн эрэр боруоругар

Кэлэр көлүөнэҕэ уунарбыт,

кэриэстиирбит

ол буолуо.

*******

САХАМ РЕСПУБЛИКАТА: хоһоон // Хоһооннор, поэмалар: [орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар] /Иннокентий Артамонов ; [хомуйан оҥордулар: И.В. Мигалкин, З.В.Мигалкина]. — Дьокуускай : Бичик, 2010.- с.103

САХАМ РЕСПУБЛИКАТА

С.Луковцев мелодията

Кэрэтиэн билигин

Киэҥ Лена кытыла

Киэргэнэн-симэнэн турара,

Кынаттаах долгуна

Баалынан ытылла,

Күн диэки чөмчүүгүн ыһара.

Хос ырыата:

Алмаастыы тырымнаа.

Көмүстүү күлүмнээ,

Сахам Республиката!

Кыайыынан хардыылаа,

Инники чүөмчүлээ,

Сахам Республиката!

Кэрэтиэн билигин

Туймаада сыһыыта

Күргүөмнээх үлэнэн күүрүүтэ,

Үөрүүнү уруйдуур

Оһуокай ырыата

Күөх тыабыт үрдүнэн көтүүтэ.

Хос ырыата.

Алмаастыы тырымнаа.

Көмүстүү күлүмнээ,

Сахам Республиката!

Кыайыынан хардыылаа,

Инники чүөмчүлээ,

Сахам Республиката!

Кэрэтиэн билигин

Сахабыт дойдута

Күннэтэ күүһүрэн сайдара,

Көҥүлү көрсүбүт

Саргылаах норуота

Кэлэр кэм кэскилин айсара.

Хос ырыата.

Алмаастыы тырымнаа.

Көмүстүү күлүмнээ,

Сахам Республиката!

Кыайыынан хардыылаа,

Инники чүөмчүлээ,

Сахам Республиката!

*******

ТАПТАЛЛААХ САХАБЫТ ДОЙДУТА: хоһоон // Хоһооннор, поэмалар: [орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар] /Иннокентий Артамонов ; [хомуйан оҥордулар: И.В. Мигалкин, З.В.Мигалкина]. — Дьокуускай : Бичик, 2010.- с.104

ТАПТАЛЛААХ САХАБЫТ ДОЙДУТА

С.Павлова музыката

Барҕа баай быйаҥнаах кыраайбыт

Киэҥ сырдык аартыгын аһыахпыт,

Көҥүлүн күөрэччи тутаммыт,

Самныбат саргытын айыахпыт.

Хос ырыата:

Тапталлаах Сахабыт дойдута,

Чэчирии, чэлгийэ үүнэ тур!

Доҕордуу эйэлээх норуота

Үйэттэн үйэҕэ туругур!

Ирбэт тоҥ буорбутун тобулан

Ньургуһун тахсарын кэриэтэ,

Хотугу халлааны сырдатан

Көһүппүт күн-дьолбут күөрэйдэ.

Хос ырыата.

Тапталлаах Сахабыт дойдута,

Чэчирии, чэлгийэ үүнэ тур!

Доҕордуу эйэлээх норуота

Үйэттэн үйэҕэ туругур!

Харахпыт аһыллан сырдаата,

Үөрүүттэн өй-санаа уһуктар,

Оһуохай айхаллыыр ырыата

Киэҥ Лена баалларын санатар.

Хос ырыата.

Тапталлаах Сахабыт дойдута,

Чэчирии, чэлгийэ үүнэ тур!

Доҕордуу эйэлээх норуота

Үйэттэн үйэҕэ туругур!

Сарсыҥны сырдыкка тардыһар

Олоҕу саҥалыы тутуохпут,

Көмүстүү, алмаастыы чаҕыллар

Дьолбутун бэйэбит булуохпут.

Хос ырыата.

Тапталлаах Сахабыт дойдута,

Чэчирии, чэлгийэ үүнэ тур!

Доҕордуу эйэлээх норуота

Үйэттэн үйэҕэ туругур!

*******

САХАМ СИРИГЭР МААЙ КЭЛЛЭ: хоһоон // Хоһооннор, поэмалар: [орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар] /Иннокентий Артамонов ; [хомуйан оҥордулар: И.В. Мигалкин, З.В.Мигалкина]. — Дьокуускай : Бичик, 2010.- с.105

САХАМ СИРИГЭР МААЙ КЭЛЛЭ

Е.Олбутцева мелодията

Сахам сиригэр Маай кэллэ

Элбэх да кэрэ кэһиилээх,

Үтүөкэн, амарах сүрэхтээх

Эйэҕэс ийэлии күн күлэн.

Хос ырыата:

Сахам сиригэр Маай кэллэ,

Сахам сиригэр Маай кэллэ.

Сахам сиригэр Маай кэллэ

Туллуктуун барсыбыт кэриэтэ,

Толооҥҥо маҥан хаар сүппүтэ

Киэҥ Лена кытылын киэргэтэ.

Хос ырыата.

Сахам сиригэр Маай кэллэ,

Сахам сиригэр Маай кэллэ.

Сахам сиригэр Маай кэллэ

Хаас кыһыл атаҕа иэдэстээх.

Сибэкки алааска үҥкүүлээн

Оһуохай ырыатын кэрэхсээн.

Хос ырыата.

Сахам сиригэр Маай кэллэ,

Сахам сиригэр Маай кэллэ.

Сахам сиригэр Маай кэллэ:

Хоту сир дьонугар Маай тыала

Аҕалла Москва параадын

Сатарыыр ньиргиэрдээх ураатын.

Хос ырыата.

Сахам сиригэр Маай кэллэ,

Сахам сиригэр Маай кэллэ.

*******

ТӨРӨӨБҮТ ТӨРҮТ БУОРУМ — САХАМ СИРЭ!: хоһоон // Көтүү: хоһооннор, поэмалар. К.Попов оҥоһуута/ И.Артамонов.- Якутскай: Кинигэ изд-та, 1978.- с. 77

ТӨРӨӨБҮТ ТӨРҮТ БУОРУМ — САХАМ СИРЭ!

Эн күөрэгэй ырыалаах алаастаргын,

Эн бултаах-алтаах халыҥ тайҕаларгын,

Эн балыгынан күндүлүүр күндү күөллэргин,

Эн күрүлгэннээх сүүрүктээх үрэхтэргин,

Эн ырыа долгуннаах модун өрүстэргин,

Эн кырса мааны туундараҕын,

Эн былыттыын аалсар хаардаах хайаларгын —

Бука-барытын, бука-барытын,

Оо, таптыыбын, төрөөбүт төрүт буорум —

Сахам сирэ!

Кыһынын мутук тостор

Хабараан тымныыгын,

Сайынын сүрэҕи уматар

Өҥүрүк куйааскын,

Ханна да,

Ханнык да бэйэлээх дойдуга

Ыраатап, тэлэһийэн сылдьаммын

Мэлдьитин долгуйа ахтабын,

Ахтабын, оо, төрөөбүт торүт буорум —

Сахам сирэ!

Эн үүнэр аналлааххын,

Эн үрдүүр дьылҕалааххын.

Эн алмаас сарыаллааххын.

Эн күн төрүүр көмүс хайатаҕын,

Эн Россия маанылаах кыыһаҕын!

Эйигинэн кпэн туттаммын.

Сүрэҕнм үорүүтүн, уруйун-айхалын

Партияҕа, бар- дьоммор анааммын

Мин бүгүн ыллыахпын- туойуохпун баҕарабын,

Оо, төрөөбүт төрүт буорум-

Сахам сирэ!

*******

ТАЛЫЫ-КЭРЭ САХАМ СИРЭ: хоһоон // Ырыалар, хоһооннор, поэмалар: орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар/ Эллэй.- Дьокуускай: Бичик, 2004.- с.129

ТАЛЫЫ-КЭРЭ САХАМ СИРЭ

Хотугу Муустаах муоралыын,

Туундаралыын, тайҕалыын,

Чысхааннаах тымныы кыһынныын,

Уоттаах куйаас сайынныын —

Хаһан, ханна да буолларбын,

Өйбөр өрүү эн бааргын,

Таптыыр, ахтар

Талыы-кэрэм,

Ыллыыр-туойар

Сахам сирэ!

Сааскы көтөр саҥатыныын,

Үрэх устар тыаһыныын,

Ымыы чыычаах ырыатыныын,

От, мас мүөттээх сытыныын —

Хаһан, ханна да буолларбын,

Өйбөр өрүү эн бааргын,

Таптыыр, ахтар

Талыы-кэрэм,

Ыллыыр-туойар

Сахам сирэ!

Лена кыынньар долгунунуун,

Үтүө, хорсун дьоннордуун,

Оонньуур, күлэр оҕолордуун,

Үөрэ көрсөр доҕордуун —

Хаһан, ханна да бардарбын,

Өйбөр өрүү эн бааргын,

Таптыыр, ахтар

Талыы-кэрэм,

Ыллыыр-туойар

Сахам сирэ!

Көрбөт буолан да сыттарбын —

Көрүөх этим сырдыккын,

Дьүлэй буолан да хаалларбын —

Истиэх этим саҥаҕын.

Хаһан, ханна да буолларбын,

Өйбөр өрүү эн бааргын,

Таптыыр, ахтар

Талыы-кэрэм,

Ыллыыр-туойар

Сахам сирэ!

Киммин ыйыт, киэн туттаммын,

Эппиэттиэҕим — сахабын,

Совет сирин баай тайҕатын,

Алмаас кыраай уолабын.

Хаһан, ханна да бардарбын,

Өйбөр өрүү эн бааргын,

Таптыыр, ахтар

Талыы-кэрэм,

Ыллыыр-туойар

Сахам сирэ!

*******

МАКСИМ АММОСОВ: хоһоон// Самныбат саргы/ Эллэй.- Саха сиринээҕи кинигэ изд-та, 1979.- с.36

МАКСИМ АММОСОВ

Биир кэргэн сүүс омук сүрэҕэ

Эн түөскэр тэбэрин курдуга,

Эн үтүөҥ үйэттэн үйэҕэ

Өрүүтүн ахтылла туруоҕа.

Баай сыабын — батталы өһүлэр

Охсуһуу уоттарын уматан,

Кун Ленин үөрэппит өрүөлэ,

Көппүтүҥ Эн улуу Ленаттан.

Өктөөптөн Эн трибун куолаһыҥ

Өстөөххө этиҥнии күүрбүтэ,

Өй-сүрэх аайытын Эн тылыҥ

Уот сиэмэ буолбута, үүммүтэ.

Ол тылтан сандаарар саргыны

Булуна, баай-тойот кулута,

Океан оргуйар баалыныы,

Уонунан уоҕуран турбута.

Бүгүн да истэллэр саҥаҕын

Сахалар, киргизтэр, казахтар,

Эн барбыт килбиэннээх суолларгын

Ханнык да тибиилэр саппаттар.

Эн Колчак фронун туорааҥҥын,

Москваҕа, Ильичкэ тиийбитиҥ,

Саргылыыр ыйааҕы ылаҥҥын,

Сахаҕа аҕалан биэрбитиҥ,

Караганда таас чо5ун хастара

Эн казах сиринэн хаамарыҥ,

Эн киргиз чабаанын кытары

Ала-Тоо хайаҕа тахсарыҥ.

Таптыырыҥ үлэһит киһини,

Кини да таптыыра Эйигин,

Киниэхэ туох бары кэрэни

Бaҕapap этэ Эн сурэҕиҥ.

О, Максим! Эн ыраҥ барыта

Олоххо чэчирии тэнийдэ,

Казахстан, Киргизтан норуота

Тюльпаннаах истиэптии чэлгийдэ.

Эн сахаҥ олоҕун кэрэтэ

Олоҥхо тойугар ахтыллар

Кэхтибэт аал-дууптуу киэркэйдэ,

Талаана алмаастыы чаҕыллар.

Эн эдэр саастаргын санатар

Ленаҥ киэҥ хочото, күөх тыалар

Эйигин ахтыбыт курдуктар,

Санаарҕаан суугунуу тыаһыыллар…

Ол ырыа курдук сир бэртэрэ

Оҕолоон ииппиттэр эйигин,

Ол иһин сүтүктээн:—Кэлээрэй!—

Диэн этэр курдуктар билигин.

— Кэлээрэй!—диэн этэр курдуктар

Илиҥҥи, арҕааҥы мырааннар —

Былатыан этэрэ: «Куобахтар

Максимтан хаһан да куоппаттар».

Эн таптыыр Сэргэлээх алааһыҥ

Күөҕүнэн күөгэйэ таҥынна.

Эн күҥҥэ сыламнаан сытаргын

Өр кэмҥэ бэс чагда аҕынна.

Били эн чаҕыллар эдэргэр

Тыл эппит кулуубуҥ оннугар

Элбэх да этээстээх таас дьиэлэр

Якутскай куораккар турдулар.

Өйдүүгүөн: ол кулууп дьонугар

Эн уоттаах тыллары эппиккин: —

Үрүн- пан урусхал буолуоҕа,

Кыһыл куүс кыайыаҕа!— диэбиккин.

Бу кэмҥэ Эн тыыннаах буолларгын,

Дьэ эмиэ сценаҕа тахсаҥҥын,

Этиэҕиҥ этэ ээ уруйдаан

Эйэ, дьол кыайыытын туһунан.

Биир кэргэн сүүс омук сүрэҕэ

Эн түөскэр тэбэрин курдуга,

Эн үтүөҥ үйэттэн үйэҕэ

Өлбөккө ахтылла туруоҕа.

*******

БЫЛАТЫАН ОЙУУНУСКАЙ: хоһоон // Самныбат саргы/ Эллэй.- Саха сиринээҕи кинигэ изд-та, 1979.- с.39

БЫЛАТЫАН ОЙУУНУСКАЙ

Ааспыт кэммин мин ахтыым —

Мэлдьи тиллэн бу кэлэр:

Ойуунускай Былатыан

Хоһоон ааҕар, тыл этэр,

Улуу Октябрь буойуна,

Революция трибуна,

Олоҥхоһут улуута,

Тойуксуппут чулуута,

Ыраахтааҕы былааһын

Хандалытын киэр ыһан,

Хара норуот турарын,

Эргэ олох эстиитин,

Тэмтэрийбэт саргыбыт,

Тэҥнэһиибит кэлиитин —

Ойуунускай ыллыыра,

Уруйдуура, алгыыра.

Уокка сиэтэн, араастаан

Муҥнаан, бандьыыт өлөрбүт

Герой кыһыл байыастар

Өлүктэрин көмөрбүт…

Ойуунускай Былатыан

Өстөөх хааннаах дьыалатын

Кырыыр, саанар тыллара

Этиҥнии сааллаллара:

Генераллар, кулаактар

Баандалара самныаҕа,

Норуот хааны халытар

Өстөөх кыыллыы дьыалатын

Үйэлэргэ кырыаҕа.

Кутаа уокка умайбыт

Хорсун кыһыл байыастар,

Уот сиэмэлэр буолаҥҥыт,

Дойду устун таргыаххыт!

Ойуунускай Былатыан

Тыла сааллар этиҥнии,

Ону толоон, хайа, тыа

Тураллара иһиллии.

Ааспыт кэммин мин ахтыым

Тиллэн, көстөн бу кэлэр:

Ойуунускай Былатыан

Хоһоон ааҕар, тыл этэр.

Сир-планета устунан,

Хара түүнү хайытан,

Сардаҥанан сандаардан,

Лочур-лочур охсунан,

Локомотив айанныыр.

Өстөөх бииһэ хаһыытыыр:

— Бачча балай хараҥа

Барыйан турдаҕына,

Ханна, ханна бараҕыт,

Хампы түһэн хаалыаххыт!

Тилир- тилир тэбинэн,

Тимир көлө лиҥкинэс

Куолаһынан хоруйдуур:

— Коммуналыыр мин дойдум!

Маҥай аллаах өстеөхтөр,

Баабыр кыыллыы түһүөххүт,

Барар суолбун бүөлүөххүт—

Барчаланан өлүөххүт!

Күрсэн ылбыт кыайыыта

Күүскэ үөрдэн-көтүтэн,

Ойуунускай Былатыан

Хоһоон ааҕар, тыл этэр…

Ордук кэрэ кэлэрин

Сүрэхтэрэ таайаннар,

Саха дьоно кинилиин

Бүттүүн үөрэн ыллыыллар.

Туолуохтара, эрэниҥ,

Биэстии сыллаах былааннар.

Кыһалҕаны билбэттэр —

Дьоллоох дьоннор сахалар.

Дьокуускайы киэргэтэ

Үүнүөхтэрэ күөх садтар,

Алданнааҕы көмүстүү

Үөрэх, сайдыы күлүмнүө,

Өргөйүө күнүс, түүн,

Өстөөх үлтү охсуллуо,—

Инньэ диэн, халлаан сырдаан,

Күммүт ойор кэмигэр

Ойуунускай Былатыан

Ырыа ыллыыр, тыл этэр

Итигэннэ ыҥыртыыр

Дойдутун поэттарын:

Октябрь улуу кыайыытын,

Туруҥ, туойуҥ, чугдаарыҥ!

*******

П. А. ОЙУУНУСКАЙГА: хоһоон //Талыллыбыт айымньылар / Чаҕылҕан.- Саха сиринээҕи кинигэ изд-та, 1972.- с.14

П. А. ОЙУУНУСКАЙГА

Поэт тыыннаах тылынан,

Эдэр сүрэх уотунан

Үүнэр дьоллоох норуотугар

Үөрэ-көтө туойбута,

Үйэлэргэ охсуллар

Үрдүк санаа үөскэтэн,

Үлэ чиэһин, үллэр күүһүн

Үөһэ-үөһэ күндээртэ.

Кини ыллыыр тахсар күнү,

Сарсыардааҥы сардаҥаны,

Кини олох -минньигэс мүөтүн

Саргы хоһоонунан туойар.

Поэт, поэт — уоттаах талаан!

Норуот нарын итии тыынын

Иччитэ, дьоло буолан

Күлэр сааһы күөгэтэн

Күөрэгэйдии туойуохтун!

Киһи киһи буолуоҕуттан

Килбиэн сайдыы иэнинэн,

Санаа үрдүк мындаатынан,

Кэнэҕэски коммуна

Сандал ыраас олоҕун

Сайа көрөн туойуохтун!

Сүрэх уотун күөдьүтэн

Санаа күүһүн түмүөхтүн!

*******

МАКСИМ АММОСОВ: хоһоон // Хоһооннор, остуоруйалар, кэпсээн, тылбаас: орто саастаах оскуола оҕолоругар/ Чаҕылҕан.- Дьокуускай: Бичик, 2004.- с.23

АММОСОВ МАКСИМ

Хас кыайыы, хас үүнүү

Хардыытын ахсын

Харахпар күлүмнүүр

Аммосов Максим.

Самныбыт саргылаах

Сахабыт сирин

Саар сиэнэ — баай, кулаах

Саралаан сиирин.

Тэлитэ тэбэргэ

Ахсаабат бастыҥ,

Тэтимнээх тыын бэргэн

Аммосов Максим!

Сахабыт махтанар:

Батталтан тахсыым.

Батаһа уот панаар

Аммосов Максим.

Партия этиитин—

Былаанын тиэрпит,

Олохпут ситиитин

Оҥорсор сирдьит!

Кыракый омуктар

Хотулуу илин

Тыалара уһуктар

Тыаһыыр ол иһин.

Хас кыайыы, хас үүнүү

Хардыытын ахсын

Харахпар күлүмнүүр

Аммосов Максим.

*******

ТӨРӨӨБҮТ КЫРААЙ ТУҺУНАН ЫРЫА: хоһоон // Хоһооннор, остуоруйалар, кэпсээн, тылбаас: орто саастаах оскуола оҕолоругар/ Чаҕылҕан.- Дьокуускай: Бичик, 2004.- с.25

ТӨРӨӨБҮТ КЫРААЙ ТУҺУНАН ЫРЫА

(Е. Гальперинаны үтүктүү)

Киэн үрэх үрдүн чэлгитэн

Тыа ии буолан симиир,

Кини күлүгүн киэргэтэн

Дьирбии долгун бигиир.

Ол кэрэтин көрө туран

Олус үөрэн туойдум:

Эйиэхэ тэҥнээх дойду суох,

Мин төрүөбүт дойдум!

Оонньуу күлэ, мин иннибэр

Оруос долгулдьуйар,

Охсуллар оттоох киэҥ сирбэр

Хотуур кылбалдьыйар.

Ол быйаны көрө туран

Унаар дуолга туойдум:

Эйиэхэ тэҥнээх дойду суох,

Мин төрүөбүт дойдум!

Сипсийэргэ дылы гынар

Сибиэһэй сөрүүн тыал.

Сэбирдэҕинэн долгуйар

Ситэн турар күөх тыа.

Ойуур тыаһын истэ туран,

Олус үөрэн туойдум:

Эйиэхэ тэннээх дойду суох,

Мин төрүөбүт дойдум!

САХАБЫН, САХАБЫН ДИИ ТУРУОМ: хоһоон// Хоһооннор/ Алексей Бродников.- Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ изд-та, 1977.- с.72

*******

САХАБЫН, САХАБЫН ДИИ ТУРУОМ

Кэриэйгэ, кaзaaxxa холуугун,

Кэпсэтэн иһэҥҥин тохтуугун.

Ардыгар монголга аныыгын,

Ардыгар эмиэ да саарыыгын.

Сүүс омук албаннаах аатыгар,

Сүүс омук алыптаах баайыгар

«Сахабын» биэрбэтшин, доҕоруом,

Сахабын, сахабын дни туруом.

*******

ДЬОН-НОРУОТ СААСКЫТА: хоһоон// Хоһооннор, поэмалар- Сергей Васильев.- Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ изд-та, 1958.- с.316

ДЬОН-НОРУОТ СААСКЫТА

Дьон-норуот дуулаҕа дьулуурун күүһүнэн

Хотугу кыраайбыт уорҕата киэркэйдэ,

Күөх кырыс чэлгийэн, көбүөрдүү симэнэн,

Киэҥ киллэм унаара-мэнээрэ долгуйда.

Күндээрэр күн уота күлүмнээн таҕыста.

Дьол-соргу чыычааҕа уйатын тутунна.

Таас хайа тоҥ чэҥэ сүүрүккэ суулунна.

Үргүбүт сылгылыы айманан уһунна.

Тапталлаах Өлүөнэ күөх нуолур биэрэккэ

Таһымнаан таҕыста киэҥ хочо устунан,

Ол курдук, олохпут харгыны билбэккэ,

Барҕарар улуу дьол дьуолкалаах суолунан.

Дьон-норуот дуулаҕа дьулуурун күүһүнэн

Хотугу кыраайбыт уорҕата киэркэйдэ,

Күөх кырыс чэлгийэн көбүөрдүү симэнэн

Киэҥ киллэм унаара-мэнээрэ долгуйда.

*******

КУСТУК ӨҤҮНЭН: хоһоон// Хоһооннор, поэмалар- Сергей Васильев.- Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ изд-та, 1958.- с. 320

КУСТУК ӨҤҮНЭН

Баай кустук өҥүнэн

Сир иэнин симиэҕиҥ.

Күөх сады уүннэрэн

Тиксиигэ тиэрдиэҕиҥ!

Киэҥ Лена биэрэгэ

Чэлгийэн иһиэҕэ,

Хотуттан соҕуруу

Солко кур курдуоҕа.

Уйгулаах күндү мас

Отоно тэтэриэ,

Кэрэкээн лабаата

Киистэтин иилиниэ.

Киэҥ Лена биэрэгэ

Чэлгийэн иһиэҕэ,

Хотуттан соҕуруу

Солко кур курдуоҕа.

*******

ТОРҔО КҮӨХ ДОЙДУГА: хоһоон// Хоһооннор, поэмалар- Сергей Васильев.- Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ изд-та, 1958.- с. 321

ТОРҔО КҮӨХ ДОЙДУГА

Торҕо күөх дойдуга

Тулааһын буоллун диэн,

Киэҥ Ийэ дойдубут

Кэскилэ буоллун диэн —

Балысхан баай нефтээх

Бакуну айыахпыт;

Туолбаттан бензини

Турбанан сүүрдүөхпүт.

Торҕо күөх дойдуга

Тулааһын буоллун диэн,

Киэҥ Ийэ дойдубут

Киэргэлэ буоллун диэн —

Алтаны, алмааһы

Алларан ылыахпыт,

Сомоҕо көмүһү,

Ыас курдук эллиэхпит!

Торҕо күөх дойдуга

Tyлааһын буоллун диэн,

Советскай норуоппут

Симэҕэ буоллун диэн —

Үс күннээх саһылы

Үөскэтэ туруохпут,

Кылааннаах кырсаны

Кыһанан бултуохпут!

*******

САХАМ СИРИНИИ: хоһоон// Талыллыбыт айымньылар. т2 : хоһооннор/ Сергей Васильев- Борогонскай.- Дьокуускай:Бичик, 2008.- (Саха литературатын классиктара).- с.19

САХАМ СИРИНИИ

Сахам сиригэр маарынныыр киһи

Саймаарыйар киэҥ даҕаны

санаалаах буолуо этэ!

Сахам сиригэр маарынныыр киһи

Салаҥ баай даҕаны

санаалаах буолуо этэ!

Дьаптал, ньыгыл таас арҕастаах

Дьааҥы үйэлээх хайатыныы —

дьайаан үрдүк санаалаах буолуо этэ!

Кутуллар дохсун тардыылаах

Хотун Лена сүүрүгүнүү —

кутуллар-суккуллар санаалаах буолуо этэ!

Улуу дьүкээбил төлөнүнүү —

Унаар халлааны умата күлүмнүүр

омуннаах санаалаах буолуо этэ!

Арыл-чаҕыл алмаас курдук,

Албаннаах кытаанах буолуо этэ;

Хонуу-толоон хомураҕын курдук,

Кулан ыраас буолуо этэ;

Сайылык сибэккитин курдук,

Сандаар ыраас сиэдэрэй буолуо этэ;

Олоҥхо аргыһын курдук,

Уйан-уйаҕас буолуо этэ,

Эрчимэннии эрдээх буолуо этэ!

*******

САХАМ СИРЭ БАРАХСАН: хоһоон//Өксөкүлээх сэргэ: хоһооннор/ Иван Гоголев.- Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ изд-та, 1979.- с.343

САХАМ СИРЭ БАРАХСАН

Үрүҥ эһэ арҕаһыныы

Үллэр бааллаах хоту байҕал

Кытылыгар айар, ыллыыр

Сахам сирэ барахсан.

Оо, төрөөбүт күҥдү дойдум,

Таптыыбын эн ырыаларгын,

Xapa улар хааһын курдук

Аалай кыһыл сарыалгын.

Олоҥхо да кыраайытар

Эн хомуһуҥ тыаһын суохтуом,

Ханнык да сир халлааныгар

Эн сулускун мин булуом.

Үөрэр күммэр мин тулабар

Эн чыычааҕыҥ ыллаатын,

Ыалдьар күммэр мин аттыбар

Эн хатыҥыҥ санаарҕаатын.

Киирбэт күҥҥүн сүрэх курдук,

Түөспэр өрүү илдьэ сылдьыам,

Көҥүл, модун ийэ дойдум

Киэҥ дуолун сырдатыһыам!

*******

УОН СЭТТЭ: хоһоон//Өксөкүлээх сэргэ: хоһооннор/ Иван Гоголев.- Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ изд-та, 1979.- с.390

УОН СЭТТЭ

Хохочой күөл түҥ тыатыгар

Билигин да суор кыланар,

Оо, хара суор, эн комсомол,

Уоттаах хаанын испитин дуо?

Уон сэттэлэр эрэ этэ…

Эмискэ хаар кытарбыта…

Уон сэттэ дьол кэхтибитэ,

Уон сэттэ сор ааҥнаабыта.

Уон сэттэ өй дуораана

Ыҥырар түүн тыа кэтэҕэр,

Суохтар, суохтар бүгүн манна,

Уон сэттэни ааҕар кэҕэ.

Ыраахтан уон сэттэ түннүк

Ыалдъыттары ыҥырбат дии,

Уон сэттэ чуор куолас сөҥнүк

«Өстөөх өһүн умнумаҥ!»—диир.

Сүрэхтэрбит ынчыктыыллар

Уон сэттэ оспот баастан,

Сиргэ суостаах Хохочой баар,

Суор кыланар хааны суохтаан.

*******

САҺЫЛ СЫҺЫЫ: хоһоон//Өксөкүлээх сэргэ: хоһооннор/ Иван Гоголев.- Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ изд-та, 1979.- с391

САҺЫЛ СЫҺЫЫ

Бу кыра алааска аарыма уу-чуумпу

Бочуоттаах харабыл кэриэтэ дьиппиэрэр,

Манна бэл күөрэгэй ырыата судургу

Байыаннай бирикээс кэриэтэ иһиллэр.

Хатан тымныы,

Хабыр хапсыы…

Саһыл Сыһыы,

Саһыл Сыһыы!..

Бу эргэ балаҕан, бу тиэргэн иһигэр

Букатын сатаммат солуута суох күлсүү,

Барыарбыт муннуктан Ян Строд чиэс биэрэр,

Бааһырбыт саллаат хаан чалбахтан үнүехтүүр.

Уордаах хаһыы,

Дьулаан быһыы!..

Саһыл Сыһыы,

Саһыл Сыһыы!..

Билигин даҕаны бэриммэт этэрээт

Бэргэнник саманна ытыалыыр өстөөҕүн,

Барыбыт сүрэхпит уордаахтык тэбиэлээн

Бу Саһыл Сыһыыга кыргыстын өрүүтүн.

Андаҕардыы

Дуораһыйдын:

Саһьгл Сыһыы,

Саһыл Оыһыы!..

*******

ХОХОЧОЙ: хоһоон//Өксөкүлээх сэргэ: хоһооннор/ Иван Гоголев.- Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ изд-та, 1979.- с413

ХОХОЧОЙ

Сырылас тьтмныылаах дьиппиэр күн этэрээт

Сыарҕаҕа олорон походка барбыта,

«Үөрүүнэн эргиллээр өстөөххүн өһүөннээт!»

Кырдьаҕас Бүлүүбүт далбаатыы хаалбыта.

Ат тыына бурҕаҥныыр,

Этэрээт айанныыр,

Эдэркээн эрэттэр

Өлүү баар диэбэттэр.

Хохочой сис тыата барыаран турара,

Хас лабаа хоонньугар алдьархай саһара,

Саа тыаһа соһутта түҥ ойуур им-дьимин,

Оо, буулдьа, харыстаа эдэр дьон сүрэҕин!..

Харыстыа дуо буулдьа?

Хаантан хаар кытарда,

Ийэ сир, бырастыы,

Эдэр саас, бырастыы!..

Уон сэттэ комсомол кэриэһин ытыктаан

Дьон тохтоон ааһаллар

Хохочой тыатыгар,

Үтүө аат хаһан да өлбөтүн туоһулаан

Ол онно боростуой обелиск кылбайар.

Хохочой, Хохочой,

Оо, санньыар Хохочой!..

Чэлгийэр сандал саас,

Чэчириир эдэр саас!

*******

МИН САХАБЫН: хоһоон// Лирика/ Иван Гоголев.- Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ изд-та, 1965.- с.35

МИН САХАБЫН

Мин сахабын. Ахсаана суох

Сыл олорбут курдукпун,

Миигин өйдүүр дөбөҥө суох,

Мин кэнэммин, мин уустукпун.

Оо, көрдөргүөт мин сүрэхпин,

Сир курдук үгүс чэрдээх,

Киһи аайы кэпсээбэппин,

Саха сэмэй үгэстээх.

Мин төрүүр, мин көмүллэр

Төрүт дойдум — хоту кыраай,

Кэрэ эрэ диэн этэр

Сымыйа! Кини араас.

Кыһын көтөн иһэн, тоҥон

Суор кыланаат манна сууллар,

Сэмэлээмэҥ миигин, дьон,

Ытыыр этим мин ардыгар.

Ытыыр этим сөтөл буолбут

Ийэм кэбин туоннаҕына,

Ытыыр этим кыһалҕа, муҥ

Оҕом имин кубарыттаҕына.

Мин да тириим чараас эбээт,

«Инородец» диэн абардар,

Кытарбыт тимир бэчээт

Суолун курдук сүрэхпэр баар.

Мин дьүһүнүм бүрэ соҕус,

Килбик буолуо мичээрим,

Эр бэртэрэ да олус

Сэнээбэттэрэ ол эрээри.

Мин сахабын, мин киһибин,

Дьүкээбил сардаҥатын,

Буурҕа тыаһын сүүмэрдээммин

Олоҥхону айбытым.

Мин кынаттаах атым көтөр

Будул былыт уҥуоругар,

Чуордук кистиэ, баҕар, өтөр

Ый туналҕан толоонугар.

Мин тоҥ буору тобулу

Түспүт ыар көлөһүнүм

Алмаас таас буолбут. Ону

Ордугургуу көрөр күн.

Мин баарбын сир айыллыаҕыттан,

Баар буолуом саас тухары.

Мин сахабын. Миигин кытта

Доҕордоһуҥ, билсиҥ бары.

*******

Саха дьылҕата: хоһоон//  Таҥара кийиитэ/ Моисей Ефимов .- Дьокуускай: Бичик, 2009.-с.49

САХА ДЬЫЛҔАТА

Саха хаһан олорбутай

Чэпчэки олоҕу?

Эҥээринэн тэлбитэ

Эрэйи-муҥу.

Саргыбытын самнараары

Садаҕалыы сатаабыттара,

Тыын быһаҕаһынан

Тыыннарбыттара.

Дьаһаах хомуйаары

Дьакыйбыттара.

Ыраахтааҕы ыйааҕынан

Ыкпыттара-түүрбүттэрэ,

Ыга үктээбиттэрэ.

Былаас былдьаһыыта,

Күүстээх өттөйүүтэ —

Барыта, барыта

Биһиги үрдүбүтүнэн

Барбыта.

Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин

Өрөгөйдөөх буурҕата

Өрө ытыллыбыта.

Көҥүлбүт кэллэ,

Күммүт таҕыста диэн

Күө-дьаа буолан эрдэхпитинэ,

Уол аҕатыныын,

Убай быраатыныын

Утарыта буолар,

Уолуктаһан турар,

Кыһыл, үрүҥ, аатыран

Кыа хааны тохсор

Кырасдаанскай сэриитэ

Кыпчырыйбыта.

Күлүмнүүрбүтүн

Көмпүттэрэ,

Көмүс унуоҕун

Көтөхтөрбөтөхтөрө.

Силипиэнтэптэрбитин

Сир үрдүттэн

Симэлиппиттэрэ,

Алампабытын

Адаҕалаан

Аан дойдуттан

Арахсыытын

Алыс түргэтэппиттэрэ.

Онтон олохпут

Оннун булан,

Дьолбутун-соргубутун

Дьоһуннаах соҕустук

Түстэнэн эрдэхпитинэ,

Түҥ-таҥ баран,

Омугумсуйууну көрдөөһүн

Оргучуйан тахсан,

Махсыыммытыттан

Малыйбыппыт.

Былатыаммытын

Былдьаппыппыт.

Айыы сирин

Атыйахтаах уулуу

Аймаабыт

Адьырҕа фашизм

Тыһыынчанан ыччаппыт

Тыынын быспыта.

Ол эрээри

Одун хааммыт

Оҥоһуута оруннааҕынан,

Чыҥыс хааммыт

Ыйааҕа тыйыһынан

Сүппэккэ-өспөккө

Сүүрбэ биирис

Сүпсүктээх үйэҕэ

Ситэр-хотор ыралаах

Син тиийэн кэллибит.

Ыйдаҥаҕа дьиэрэтэн

Ыллыыр ырыаларым,

Саһарҕаҕа көҕүйэн

Саҥарар саҥаларым,

Мантан инньэ

Малыытыба ааҕардыы

Төрөөбүт норуотум

Төлкөтүн түөһэр,

Ииччэх-бааччах

Инники дьылҕатын

Иитин-саҕатын көрдөөн

Ичээнниир идэлэннэ.

Сайдыы сөҕүмэрэ

Салаллан иһэрин

Санаа, сылыктаа,

Саха киһитээ.

Оччугуй омугуҥ

Олоҕор ханнык

Уларыйыы тахсыаҕын

Удумаҕалыаҥ этэ.

Улахан алаастаргын

Уһаты-туора түспүт

Гаас, ньиэп турбалара

Хаһан даҕаны

Харахтаан көрбөтөх

Халыҥ баайы

Хамаҕатык биэриэхтэрэ.

Онтон хайдах туһанаргын

Оҥкуллуох тустааххын.

Сатаатаххына,

Саргыҥ салаллыа,

Салыйан хааллаххына,

Самныыга барыаҥ.

Үчүгэй даҕаны

Үтүө-мөкү

Өрүттээх буоларын

Өрүү умнума.

Саҥалыы дьаһалларга

Саталгын — дьоҕургун,

Өркөн өйгүн

Өрө күүрт.

Энчирээбэт эрчимҥин

Эргиччи өрүкүт!

Таҥас-сап

Талбатын,

Ас-үөл

Амтаннааҕын

Өрөһөлүү тиэнэн,

Өрүкүйэ сүүрэн,

Тимир суол обургу

Тиҥинээн иһэр.

Ону кытта бииргэ

Омук-омук

Ордук хоһууттара,

Сытыылара -хотуулара,

Сылбырҕа бэртэрэ,

Өйдөөхтөн өйдөөхтөрө,

Саталлаахтан саталлаахтара

Кэллэр кэлиэхтэрэ,

Түмүстэр түмсүөхтэрэ.

Ахсааммыт төһө да

Аҕыйаҕын иһин,

Симэлийэн хаалбат

Сиэрин ситиһиэххэ,

Баһыйтаран барбат

Баҕанан салайтарыахха,

Тэҥҥэ кэпсэтэр

Тэрээһиннэ тэриниэххэ.

Уруккуну-хойуккуну

Улаҕалаан толкуйдуур

Улуу убайбыт

Өксөкүлээх Өлөксөй

Өлөр-тиллэр түгэннэ

Өрүһүлтэ буолар

Сүбэтин-аматын

Сөргүтэн көрүөҕүҥ.

Этиитин-үөрэтиитин

Эппитигэр-хааммытыгар

Энчирэппэккэ иҥэриниэҕиҥ.

Тэгил дойду

Тэтиэнэхтэрин кытта

Тэҥҥэ аахсар

Тэтимнээх буолуоҕуҥ.

Бэртэртэн бэттибэт

Билиини мунньунуоҕун.

Туруйаҕа холоонноох

Туруу-дьорҕоот уолаттарбыат,

Угаайыга киирбэккэ,

Уоттаах утахха

Умса-төннө түспэккэ

Киэц ыырданыҥ,

Кэрэни кэскиллээҥ.

Кыталыкка тэцнээх

Кынталдьыспыт бэйэлээх

Кыраһыабай кыргыттарбыат,

Урааҥхайы ууһатар,

Уһун үйэлиир

Аналгытын умнуман,

Атыттарга аралдьыйыман.

Саха аймаҕы

Саас-үйэ тухары

Салҕаан иһэргэ

Иэйиэхсиккит иэйбитин

Иһирэхтик ылынын,

Төрөтөр оҕоҕутун

Төлкөлөөҥ,

Иэримэ дьиэҕитин

Иччилээҥ.

Оччоҕо дьэ

Омоҕойтон саҕаламмыт

Оҥоһуубут туругуруо.

Эллэй эһэбит саҕаттан

Эрэйи-мускууру

Энчирээбэккэ туоруур

Эрэлбит эбии

Эрчимирэн туруо.

Тыгын кырдьаҕастан

Тымыр-сыдьаан тардыммыт

Буулаҕа модун дьулуурбут

Булгуруйуо суоҕа.

Сатала суох сайдыылаах

Саҥа үүммүт үйэҕэ,

Саха барахсаан,

Үтүмэн сылларга

Үҥпүт-сүгүрүйбүт

Ыраас-сырдык ыран

Ытыскар түһүөҕэ.

Арассыыйа хонноҕор

Алтыһан үөскээбит

Араас омуктаргыныын

Доҕордоһуун, өссө

Добун күүстэниэ,

Бырааттаһыын, кэҥээн

Быйаҥыҥ дэлэйиэ.

Хаарыаннаах оннук дьылҕа

Хас биирдии киһиттэн

Тутулуктааҕын өйдөөн

Туруулаһа туруоҕун!

Үрдүк Айыыларбыт

Үөтүүлэрэ оннук.

Урааҥхайтан удьуордаахпытын

Умнумуоҕуҥ!

Саха буоларбытын

Саныаҕыҥ!

*******

ТӨРӨӨБҮТ ДОЙДУБАР: хоһоон//Талыллыбыт айымньылар: үс томнаах,2 т.: Хоһооннор/ Семен Данилов.- Якутскай: кинигэ изд-та, 1985.- с.376

ТӨРӨӨБҮТ ДОЙДУБАР

Ыраах айаннартан ыран, сылайан,

Төһө да сындалыйан истэрбин,

Эн тускунан бу саҥа ырыаларбын

Мин алмаз оҕуруолуу тиһэбин.

Эн салгыҥҥынан дуоһуйа тыыннахпына —

Мин көхсүм кэҥиир, дууһам сырдыыр,

Эн эрэ ырыаларгын ыллаатахпына —

Дьон-сэргэ миигин астына сэргиир.

Эн байанайдаах тыаларгар мин киирэбин,

Соргубар эрэнэ, суһал хаамыынан.

Эн саһыл сыһыыларгар алгыс этэбин,

Иэйиэхсит ийэ чалбарыын тылларынан.

«Аан дойду аҕыс аартыгын арҕарбыт —

Аан дойду киһитэ»— диэн алҕаһыыллар.

Уолуҥ мутуга төһө да үрдээн чэлгийдэр —

Силиһэ син биир эн буоргар сытар.

Мин баҕарабын эн тоһуттар тымныыгын

Сүрэҕим сылааһынан сымнатыахпын,

Эн ыллыыр саргылаах ылбай ырыаларгын

Аан дойдуга дьиэрэтэ ыллатыахпын.

Эн сүдү түбүгүҥ, эн ыалдьар кыһалҕаҥ —

Мин сүрэҕим, мин санным сүгэһэрэ,

Эн үрдүк үөрүүҥ, эн барҕарар кыаҕыҥ —

Мин санаам, мин дууһам өрөгөйө.

Бу орто туруу бараан аан ийэ дойдуга

Эн эрэ, эн эрэ тускар олоробун,

Ийэлээтэр ийэбин, аҕалаатар аҕабын

Эйиигин, эйиигин эрэ хоһуйабын.

Мин аан дойду аартыктарын арҕарабын

Эн эрэ, эн эрэ, дьолуҥ туһа диэммин,

Арыт… Арыт мин хахай хаана хааннанабын

Эн эрэ, эн эрэ, соргугун көмүскээммин.

*******

ДОЙДУБАР ТАЛАҺАБЫН: хоһоон//Талыллыбыт айымньылар: үс томнаах,2 т.: Хоһооннор/ Семен Данилов.- Якутскай: кинигэ изд-та, 1985.- с.374

ДОЙДУБАР ТАЛАҺАБЫН

Ураанай кус ийэ күөлүгэр

Тыыннааҕын тухары төннөр.

Мин сүрэҕим ийэ буоругар

Мээр курдары тартарар.

Дьолум миэнэ төһөтүнэн —

Дойдубар талаһабын.

Муҥум миэнэ төһөтүнэн —

Дойдубар талаһабын.

Үөрүүм үрдүк буоллаҕына —

Дойдубар талаһабын.

Хомолтом холуон буоллаҕына —

Дойдубар талаһабын.

Чэгиэн-чэбдик буоллахпына —

Дойдубар талаһабын.

Ыар ыарыы ыксаттаҕына —

Дойдубар талаһабын.

Арбана хай5аннахпына —

Дойдубар талаһабын,

Балыырга баттаттахпына —

Дойдубар талаһабын.

Өҥүрүк куйаас кэллэҕинэ —

Дойдубар талаһабын,

Тоһуттар тымныы түстэҕинэ —

Дойдубар талаһабын.

Олох дьиҥэр баҕардахпына —

Дойдубар талаһабын,

Өлуү туһунан санаатахпына —

Дойдубар талаһабын.

Тапталы да таайбыт чааспар,

Тапталтан да маппыт сахпар —

Син биир, син биир талаһабын

Төрөөбут алаһабар,

Этиҥ эрэ миэхэ, дьонноор,

Төрөөбүт, төрүт буоругар

Ким, хаһан таласпатын,

Ким, тоҕо тардыспатын.

Көтөрүн тухары төннөр

Ураанай кус ийэ күөлүгэр.

*******

АҔА ДОЙДУНУ ТУОЙУУ: хоһоон//Талыллыбыт айымньылар: үс томнаах,3 т.: Хоһооннор/ Семен Данилов.- Якутскай: кинигэ изд-та, 1985.- с7

АҔА ДОЙДУНУ ТУОЙУУ

Сүүс араас омук өлбөт өйүн-санаахын холбообут,

Сүүс сүдү омук сөҕүмэрдээх кутун-сүрүн туппут —

Айыллан төрөөбүт аан дархан аҕа дойдуом,

Эйигин туойаары бу сөһүргэстээн турдум.

Эн дьүкээбил тыыннаах уотунан күлүмнүү оонньуур

Хотугу холоруктаах хараҥарбат хатын

халлааннааххын,

Эн күн сыралгар тоҕус кустугу толбоннуур

Соҕурууҥу солко нуоҕай дойдулардааххын.

Эн үлүскэннээх өрүстэриҥ өрүстэн уорааннаахтар,

Эн байанайдаах тайҕаларыҥ тайҕаттан таһыччылар,

Эн сандаархай куораттарыҥ куораттан улахаттар,

Эн чэлгиэн дэриэбинэлэриҥ дэриэбинэттэн

байылыаттар.

Эн бараммат баайыҥ баһын-атаҕын ааҕан сиппэппин,

Эн тугунан тутаххын долуой даҕаны билбэппин,

Эн үс байҕал үллэр долгуна бүүрүктээххин,

Тоҕус сорҕо хайа ньыгыл таас тулааһыннааххын.

Эн сүүрэр чоруун атахтааҕыҥ, күндү кылааннааҕыҥ

Tайааннаах тайҕаларгын таптаан төлөһүйэр,

Эн көмүс хотоҕойдооҕуҥ, ырыаһыт чыычааҕыҥ

Эн айыыһыт хаан айылҕаҥ кэрэмэһинэн киэркэйэр.

Эн күндүл далайдарыҥ көйгүөр дириҥнэригэр

Көмүс хатырыктааҕыҥ лапчаана даладыйар,

Эн дириҥ ньир бараан халыҥ дьапталҕа түгэххэр

Көй көмүһүҥ күлүмнүүр, аламааһыҥ арылыйар.

Эн дириҥ нэмилгэннээх уораҕай киэлийэҕэр

Газ диэн ааттаах сатамматах салгын кыаҕыҥ

иһийэр.

Нефть диэн идэмэрдээх итии хааныҥ дэбилийэр,

Уран диэн улуутуйар улуу күүһүҥ ньиргиһийэр.

Эн арыт олоҥхо улуу бухатыырын санатаҕын,

Ардыгар кыыс оҕо туналҕаннааҕын курдуккун,

Арыт иэйиэхсит хотун ийэни маарынныыгын,

Ардыгар туран эрэр уолаҥҥа холооннооххун.

Хаһан эрэ мин санаам уот буолан умуллан

хаалыаҕа,

Мин салгын кутум күөх буруо буолан көтөн

хаалыаҕа.

Мин саҥарбыт саҥам муус болуо буолан тоҥуоҕа.

Оччоҕо даҕаны мин ийэ кутум эйигин туойа

сылдьыаҕа.

II

Мин эйиигин туойуохпун баҕарабын —

Эн ааспыт алдьархайдаах аартыккын,

Эн бүгүҥҥү муҥутуур бэйэҕин,

Эн кэнэҕэски кэрэ кэскилгин —

Айыы бухатыырын дархан тылларынан.

Мин эйиигин туойуохпун баҕарабын —

Эн сириҥ симэҕин, күнүҥ күлүмүн,

Эн чыычаахтарыҥ чуопчаар ырыаларын,

Эн ньургуһуннарыҥ күннээх нарыннарын —

Кыыс уолу туойар дьоллоох кылыһаҕынан.

Мин эйиигин туойуохпун баҕарабын —

Эн бар дьонуҥ айылгы санааларын —

Кинилэр өлбүтү тириэрэр дьайыыларын

Халлаан куйаарын кыайар баҕаларын

Ийэ барахсан амарах алгыһынан.

Арай мин наар дьаҥсыйыахпын баҕарабын —

Эйиигин холуннарар хара санаалаахтары

Сыыла сылдьан сыарҕаҥ быатын быһааччылары,

Көҥүлгэр быһахтанар маҥай аллаахтары —

Хара кырыыс хааннаах тылларынан.

*******

БЫЛЫРГЫТТАН САХА ТАПТЫЫР: хоһоон//Талыллыбыт айымньылар: үс томнаах,3 т.: Хоһооннор/ Семен Данилов.- Якутскай: кинигэ изд-та, 1985.- с.131

БЫЛЫРГЫТТАН САХА ТАПТЫЫР

Былыргыттан саха таптыыр

Мандаар, өҥнөөх оһуору.

Кини онон кистии сатыыр

Эстии, муҥ, сор суоһуурун.

Саха өһөс.

Өрүү көрдөөх.

Самныа суоҕа, caapaaмa.

Айыылартан соргу көрдөөн

Симиэ сайын салама.

Тымныы кыһын хобдох дьиэтин

Тымтыгынан сырдата,

Оһуор-дьарҕаа тылын иэтэн,

Олоҥхотун айбыта.

Ол кэм ааспыт.

Көҥүл күнэ

Күлүмүрдүү сыдьаайбыт,

Сүүрбэ үйэ дэбилгэнэ

Муҥ, сор мууһун уһаарбыт.

Аны аас-туор, быстыы, ыарыы

Сахаларга суоһаабат.

Суоһуур аны алыс барыы

Холуочутар алыба.

Оо, мин дойдуом — мин сулуһум!

Үйэлэргэ өһүмэ,

Улуу Союз сүүс сулуһун

Суһумугар сүтүмэ.

Хаалыыҥ, самныыҥ хаарын кытта

Ууллан, уостан хаалбатын

Кустук өҥнөөх,

Кымыс сыттаах

Сахаҥ намыын саҥата.

*******

МИН ДОЙДУМ: хоһоон//Семен Данилов. Талыллыбыт айымньылар. Икки томнаах.2 т. Хоһооннор, поэмалар.- Якутск: Кн.изд-во, 1977.- с.15

МИН ДОЙДУМ

(Садофьевтыы)

Бу далай, бу халлаан сарыала,

Сүрэҕи угуттуур күөх салгын,

Бу уйгу ыһыаҕын чараҥа,

Үлүскэн үөрүүбүт, бу дьолбут —

Барыта эн эбээт, мин дойдум!

Бу өлгөм үүнүүлэөх алаастар,

Бу саһыл сыһыылар, толооннор,

Бу көмүс үктэллээх хайалар,

Угуттаан таһымньгыр үрэхтэр,—

Барыта эн эбээт, мин дойдум!

Бу мичил күн түһэн саатаабыт

Киэҥтэн киэҥ уорҕалаах сир-дойду,

Бу «кэхтэр» — диэн тылы сатаабат

Кэрэммэт кэккэлээх ыччатым —

Барыта эн эбээт, мин дойдум!

Ньиргиэрдээх бу үрүҥ куораттар,

Киэҥтэн киэҥ куйаарар аартыктар,

Бу aйap үлэбит этиҥэ,

Бу ыллыыр ырыабыт көмүһэ —

Барыта эн эбээт, мин дойдум!

*******

ӨЛҮӨНЭ ЭБЭКЭМ: хоһоон//Семен Данилов. Талыллыбыт айымньылар. Икки томнаах.2 т. Хоһооннор, поэмалар.- Якутск: Кн.изд-во, 1977.- с.83

ӨЛҮӨНЭ ЭБЭКЭМ

Мин күнү көрбүтүм,

Мин манна үүммүтүм —

Бу налыы сыһыыбар,

Бу чараҥ аларбар.

Үөрэниэххэ, үүнүөххэ

Үчүгэй да дойду,

Үчүгэй да дойду —

Өлүөнэ эбэкэм.

Мин үлэ үөрүүтүн,

Мин олox күндүтүн

Билбитим чэлгийэр

Бу кытыл сирдэрбэр.

Үлэлиэххэ, үөрүөххэ

Үчүгэй да дойду,

Үчүгэй да дойду —

Өлүөнэ эбэкэм.

Мин сырдык тапталбын,

Мин хоһуун хотойбун

Булбутум, сэгэрдэр,

Бу өрүс биэрэгэр.

Үрдүк таптал биһигэ,

Үчүгэй да дойду,

Үчүгэй да дойду —

Өлүөнэ эбэкэм.

Дьолунан толору,

Үөрүүнэн ситэри—

Ким маннык дойдуну

Таптаабат буолуоҕай?!

Үтүөкан дьоннрдоох

Үчугэй да дойду —

Үчүгэй да дойду —

Өлүөнэ эбэкэм.

*******

ИЙЭ ДОЙДУМ: хоһоон//Семен Данилов. Талыллыбыт айымньылар. Икки томнаах.2 т. Хоһооннор, поэмалар.- Якутск: Кн.изд-во, 1977.- с.121

ИЙЭ ДОЙДУМ

Олох охсуулаах суолугар

Уолум мунаара сылдьыа диэн,

Харысхастаах санаатыгар,

Төрөөбүт дойдум — мин ийэм —

Хотугу халлаан чолбонун,

Кремль рубин сулуһун

Мин аартыкпар умаппыт.

Төрөөбүт ыырбыттан тэйэн,

Арахсан аттанар суолбар,

Ийэ дойдум миигин эрэнэ

Ыраах атаарар чааһыгар —

Буспут моонньоҕон хараҕынан,

Таптыыр амарах хараҕынан,

Сайыһа көрөн хаалар.

Оттон мин улахан суолу

Тобулан айанныыр күммэр,

Улуу дойдум миигин — уолун,

Күчүмэҕэйи көрсөр күммэр,

Күөгэйэр алаас хатыҥын

Күөх сэбирдэх былаатынан

Далбаатыы алгыы хаалар.

Ырар, сылайар, ычахтыыр

Сындалҕаннаах ыар күннэрбэр,

Хараастар, ытыыр, ынчыктыыр

Мин кыһалҕалаах күннэрбэр,

Күөрэгэй дьоллоох ырыатын

Көмүс чуораан кылыһаҕын

Күйгүөрүнэн көччүтэр.

Оттон мин тоҥу тобулан

Дойдубар туһалыыр күммэр,

Биитэр булбатаҕы булан

Бар дьоммор хайҕанар күммэр,

Халлаан сырдык кустугунан,

Сир симэҕин чулуутунан

Уолун киэн тутта уруйдуур.

Олох охсуулаах суолугар

Уолум мунаара сылдьыа диэн,

Харысхастаах санаатыгар,

Төрөөбүт дойдум — мин ийэм —

Хотугу халлаан чолбонун,

Кремль сырдык сулуһун

Мин аартыкпар уматар.

*******

РЕВОЛЮЦИЯ МУЗЕЙЫГАР CAHAA: хоһоон//Семен Данилов. Талыллыбыт айымньылар. Икки томнаах.2 т. Хоһооннор, поэмалар.- Якутск: Кн.изд-во, 1977.- с.129

РЕВОЛЮЦИЯ МУЗЕЙЫГАР CAHAA

Октябры көрсө төрөөбүт киһи,

Баттыгастаах баай суостаах сирэйин —

Мин көрбөтөҕүм киһини киһи

Көлө гынан көлүнэрин.

Самнайбыт саха балаҕаныгар

Аас-туор аргыарын билбэтэҕим.

Сырдыгы сабар, хараҥаҕа хаайар

Ыраахтааҕы ыйааҕын истибэтэҕим.

Чоочо баай хабалатыгар түбэһэн,

Мин хаанынан ытаабатаҕым,

Додор да кулубанан дьүүллэнэн

Халлаан таһыырыгар бааллыбатаҕым.

Мин сүрэхпэр ити барыта

Иҥпит эбит хамначчыт ийэм

Эмиийин сылаас үүтүн кытта

Эппэр-хааммар сайан киирэн.

Ол иһин мин — аныгы киһи —

Ол хара кырыыстаах үйэни

Эппинэн-хааммынан билбиттии

Өлөр өһүнэн өстүйэбин.

Бүгүн эмиэ манна кэлэммин

Октябры оҥорбут бухатыырдар

Үс күлүктэригэр сүгүрүйэммин,

Кинилэр биэрбит көҥүллэрин,

Кинилэр биэрбит дьоллорун

Ыһыктыбат андаҕары андаҕайдым.

*******

Ийэ дойдум, мин тиийбиппэр: хоһоон//Семен Данилов. Талыллыбыт айымньылар. Икки томнаах.2 т. Хоһооннор, поэмалар.- Якутск: Кн.изд-во, 1977.- с.298

Ийэ дойдум, мин тиийбиппэр,

Иэйэн аргыый тыалырда,

Итииргээбит мин түөспэр

Илгэтинэн аҥыйда.

Сылайбытыҥ буолуо, сэрэн,

Сымнаҕастык хаамп диэхтии

Чараҥ кемүс сэбирдэҕин

Мин анныбар тэлгэттэ.

Отоннообут тыам оргууй,

Умнубутуҥ буолуо диирдии,

Олоҥхоһут тойугун

Уорастыйа ыллаан биэрдэ.

Ийэ дойдум мин тиийбиппэр,

Быйаҥ барҕа сытынан

Эҕэрдэлээн көрүстэ,

Ыал торҕо буруотунан…

Бар дьонум мин тиийбиппэр,

Ахтылҕаммын таайбыттыы,

Алыс маанылаан көрүстэ,

Остуол тарда, ыалдьыттыы.

Онно олох күөстүү кыынньар,

Саҥа сайдыы, саҥа көстүү…

Ол эрээри, ол быыһыгар

Оҕо сааспын көрүстүм.

Сүрэҕи-быары сымнатар

Ийэ дойду курдук кэрэ,

Кирдьигэ да күн анныгар,

Доҕотторуом, туох кэлиэй?!

*******

САХАМ СИРИН САРСЫАРДАТА: хоһоон//Семен Данилов. Талыллыбыт айымньылар. Икки томнаах.2 т. Хоһооннор, поэмалар.- Якутск: Кн.изд-во, 1977.- с.344

САХАМ СИРИН САРСЫАРДАТА

Туруҥ!

Туруҥ — туойуҥ!

П. Ойуунускай.

Оттор төбөлөрүн

имэрийэн ааста,

Сэрэниин-сэрэнэн,

Сиккиэр тыал.

Ой тыаҕа соҕотох татыйык

«Чууп!»— диэтэ,

Тырып гынна,

Онтон

Талах чыычааҕа…

Сыыр чыычааҕа…

Айылҕа бары

Нарын тыллааҕа,

Тохтоло, тутулуга суох,

Чуопчааран турда:

«Турар-турбат!

Бары туруҥ!

Туруҥ!

Туруҥ!

Кыыс иминии кыыспыт

Кылбаарар сарыалы көрсүҥ.

Кылбаарар сарыал курдук,

Кыыс үчүгэй буолан туруҥ.

Туруҥ!

Туруҥ!

Турар-турбат бары туруҥ!

Добун дойду

Тупсубутун көрүҥ!

Тосхойор дьоло

Дьоһунун сөҕүҥ!

Уонна

Уталыппакка,

Уостубакка,

Ахсаабакка,

Арахпакка

Үрүлүйэн туруҥ,

Үлэлээн барыҥ!»

Бэйэ эрэ!

Ханна эрэ

Бастакы халҕан «лап» гынна,

Ыанньыйбыт ынах,

Ыанньыксыты көрөн,

«Ыарыый даа» диэбиттии,

Ыҥыранна,

Ханна эрэ массыына собуоттанна,

Ханна эрэ оһох оттулунна.

Ханна эрэ…

Олох уһугунна,

Үлэ саҕаланна.

Кыыс «һайдыыр» саҥата,

Күөрэгэй көйгүөрэ,

Трактор тарылас тыаһа,

Атыыр барылыыра,

Оҕус мөҥүрүүрэ —

Мин хоһооммор

Олох тойуга буолан,

Уйгу ырыата буолан,

Көрүлүү, оонньуу

Көнньүнэн кутулунна.

Бу аата —

Сахам сиригэр

Саймаарда

Сайаҕас бэйэлээх

Сааскы сарсыарда.

*******

САХАМ СИРИН ТУҺУНАН САНАА: хоһоон//Доҕордоһуу чорооно: хоһооннор/ Василий Гольдеров.- Якутскай: Саха сиринээҕи кинигэ изд-та, 1970.- с.3

САХАМ СИРИН ТУҺУНАН САНАА

Кураан, тымныы дьайыҥнаах,

Кубулҕаттаах айылҕалаах

Сахам сирэ,

Сахам сирэ!

Эн кыыдаан кыһыҥҥын

Сылытыһа,

Эн самаан сайыҥҥын

Уһатыһа,

Эн кэтит киэлигин

Киэргэтиһэ,

Эн албан ааккын

Аатырдыһа,

Айыллыбыппыт эбээт биһиги,

Охтубат оҥоһуулаах

Урааҥхай сахалар.

Ол иһин

Орто дойдуга үктэнээтин,

Быраман дьыллартан,

Былыргы үйэлэртэн ыла

Айыы бухатыыра буолан,

Айылҕаҥ аҕыс уон аҕыс

Ааһар албаһын

Арыйа,

Тоҕус уон тоҕус

Уларыйар кубулҕатын

Уҕарыта,

Хараҥа сыдьааннаргын кытта

Харса-хабырыһа

Сатаабыппыт даҕаны

Саллан барбыппыт,

Самнан испиппит…

Төлкөлөнөн айыллыбыт

Төрөөбүт буорбут,

Иитиллэргэ анаммыт

Ийэ сирбит,

Сахам сирэ,

Сахам сирэ!

Инньэ гынан

Иннибит кылгаан,

Ииммит чугаһаан —

Уһун охсуһууттан

Улугуран,

Тэҥэ суох хапсыһыыттан

Тэмтэрийэн,

Саныыр санаабыт

Сарбыллан,

Өйдүүр өйбүт

Өһүллэн барбытыгар,

Өй ылан —

Өлөөрү гынан

Өрүһүттэрээри,

Быстаары гынан

Быыһаттараары,

Улуу Ленин сирдьиттээх

Өрөгөйдөөх

Өктөөбүрүскэй

Өрөбөлүүссүйэҕэ кыттыһан,

Күн сирин көмүскүүр

Күүстээх омуктар бухатыырдарын

Көмөлөһүннэрэн,

Атын омуктар ааттаахтарын

Ааттаһан аҕалтаран,

Күүһү түмэн

Күүркэйэн,

Өйү холбоон

Өрөгөйдөөн,

Биһиги,—

Улугуран барбыт

Урааҥхай сахалар,

Сүүрбэһис үйэ саҥатыгар

Сөһүргэстиирбит уурайан

Сүһүөхпүтүгэр турбуппут,

Алларыйбымпыт ааһан,

Атахпытыгар үктэммиппит.

Биһиги,

Уһун үйэлэммит

Урааҥхай сахалар,

Урукку дьылларга

Урусхаллана сыһан баран,

Өрдөөҕү кэмнэргэ

Өлөһө сыһан баран

Өйдөммүппүт:

Аҥардас омук күүһэ

Аһары аччыгый буолар эбит,

Соҕотох омук өйө

Соччо ырааппат эбит диэн…

Саманнык санаанан

Салайтаран,

Халыҥ омуктары кытта

Ханыылаһан,

Улуу омуктары кытта

Уруурҕаһан,

Кыччыгый омуктары кытта

Кыттыһан,

Аал уоппутун тигинэттибит,

Алаһа дьиэбитин сириэдиттибит.

Сайаҕас санааламмыт,

Саргылаах олохтоммут

Сахам сирэ,

Сахам сирэ!

Дьэ билигин

Аҕыс уон аҕыс

Ааһар албаскын

Арыйдыбыт,

Тоҕус уон тоҕус кубулҕаккын

Тобуллубут.

Суостаах чоххун

Суорба хайалар анныларыттан

Сууһаран,

Умайар салгыҥҥын

Улахан дириҥтэн уһуурдан,

Уот гынан оттон —

Уорааннаах кыһыммытын сылыттыбыт

Айылҕаҥ араас көстүүтүн

Албаһынан кубулутан,

Аламай күн сырдыга гынан,

Алаһа дьиэ ахсын сандаардан —

Самаан сайыммытын уһаттыбыт.

Кылааннаах түүлээҕинэн

Кылбаҥнаатыбыт,

Көмүһүнэн күлүмүрдээтибит;

Алмааһынан аралыйа сырдааммыт

Аан дойдуга аатырдыбыт;

Үөрэх үрдээн

Өркөн өйдөннүбүт,

Доҕордоһуубут чиҥээн

Дуолан күүстэннибит!

Онон биһиги,

Улахан соргулаах

Урааҥхай сахалар,

Уйгубут —

Уолбат ойбон,

Быйаҥмыт —

Быстыбат өрүс,

Үөрүүбүт —

Өлбөөдүйбэт өрөгөй,

Олохпут —

Умсубат түөрэх!

*******

ОЙУУНУСКАЙ СУЛУҺА: хоһоон // Киэҥ иһит кэһиэхтээх. Сүрэҕим лирическэй дневнигэ: талыллыбыт хоһооннор / Сэмэн Руфов.- Дьокуускай: Бичик, 2011.- с167

ОЙУУНУСКАЙ СУЛУҺА

1936 сыаллаахха Уус Алдан Чараҥыгар П.Ойуунускай ыһыахха сылдъан тыл эппит трибуната уонна хатыҥ чараҥ быыһыгар киниэхэ анаан буор сулуһу быспыттарын омооно саҥардыыҥҥа диэри бааллара. Олору caҥapдaн оҥоро, харайа тураллара, мемориалънай суругу саайбыттара буолуо диэн эрэнэбин.

Автор

Ойуунускай ыһыахха

Сылдьыбытын кэриэстээн,

«Буор сулуста быһыахха», —

Диэн эппиттэр чып кистээн.

Оргууй ону тулалаан

Төҥкөһөммүт турдубут —

Сүрэх тэбэр ойуолаан,

Сорох харах уутуйбут…

Кимнээхпитин ыйыта,

Үрдүк күҥҥэ дьулуһа,

Өрө көрө сыппыта,

Ойуунускай сулуһа.

Ойуунускай, Омуоһап

Уонна Сиидэр Бараахап…

Хас аат-сулус ыытар сап

Сардаҥатын санаа хап!

Бу сулуска сирдэтэн

Охсуспуттар кинилэр,

Аны, ааттыын мэлитэн,

Кыһыл сулус көмүллэр…

Суох, тыыннаахтар! Халлаантан

Чаҕылыһа тыгаллар,

Умнуллубат ааттартан

Сүрэххэ күүс кутуллар.

Өрүү сырдааҥ, умайыҥ

Өлбөт-сүппэт Сулустар!

Кинилэргэ тардыһыҥ

Тыыннаах саха тыллаахтар!

*******

МАКСИМ АММОСОВ: хоһоон // Ааттал: хоһооннор, поэмалар/ Василий Сивцев.- Дьокуускай: Бичик, 1993.- с.14

МАКСИМ АММОСОВ

Oҕo сааспар кистээн кэпсэтэр

Убайдарым тылларыгар

Эн ааккын умсугуйан истэр

Тугэннэрим баалларыгар

Билигин мин махтанабын,

Аһаҕастык ахтабын.

Онтон студенческай сылларым

Дууһабар кынат ууннэрбиттэрэ,

Билбитим кырдьык кыайарын:

Максим, Платон тиллибиттэрэ.

Саха ыччатын киэн туттуута,

Холобур оҥостор идеала

Максим Аммосов буолбута.

Халлааны кун сарыала

Сэргэхситэрин кэриэтэ

Норуокка киһи чулуута

Өйү-санааны көтөҕүүтэ

Сүҥкэн эбит суолтата.

Максим хоодуот көрүҥэ,

Хара баттаҕын толбоно,

Кэтит санна, киппэ туөһэ

Ханнык баҕарар эдэр дьоҥҥо

Умсугутардыы көстөрө,

Бэйэтигэр тардара.

Ол иһин тута өйдөнөрө

Кини тугу туруорсара.

Саха сиригэр автономия

Бэриллэрин туһугар

Хас да күннээх дискуссия

Бутэр-буппэт уһугар

Максим киирбитэ Лениҥҥэ,

Ис санаатын кэпсээбитэ.

Сөбүлээн мичээрдиирэ

Революция сирдьитэ.

Казахтарга казахтыы,

Киргизтэргэ киргизтии

Саҥа олоҕу ырытардыы

Саха уола кэпсиирин

Сөҕөн билигин ахталлар

Аас төбөлөөх аксакаллар.

Казахстан истиэбигэр

Киров тиийэн кэлбитигэр

Максимныын биир ыйга

Командировка, айаҥҥа

Уйаннарын-хатаннарын

Үөрэтиһэн тураллар.

Трибуҥҥа маарынныырын

Дьоннор эмиэ умнубаттар.

Чаҕылхай Максим барахсан

Мэлдьи дьон ортотугар

Ытыктабылга сылдьан,

Үлэ-хамнас хаамыытыгар

Кылгас олоҕун атаарбыта,

Норуокка таптаппыта.

История — халбас харата:

Ыар кэм, харах уута.

Тиран бардам былааһа

Сабардаабыта дойдуга.

Чиэһинэй дьоннор: маршаллар,

Партийнай үлэһиттэр—

Бииртэн биир умсаллар…

Түрмэ элбиир, саа эстэр.

Бытыктаах тойон суута суох

Максиммытын туттарар.

Сымыйа сууту тохтотуох

Ханнык да күүс суоҕа абардар.

Илиитин, тылын быстаран

Хаарыан киһибит турбута,

Очуос урдугэр кыната тостон

Сөҥмүт хотойу саната…

Оо, Максим, тугу санаан

Турбутуҥ буолуой оннук:

Хаардаах Сахаҥ сирин ахтан

Биитэр Платон хоһоонун!..

Санаарҕаама, хотой киһи,

Ыччаттарыҥ, сахаҥ дьоно

Хас кун аайы үлэлиир,

Үөрэнэр сүдү дьоллоро —

Эйиэхэ үтүө өйдөбүнньүк,

Эйигин салгыыр үгэспит.

Норуот сүрэ5эр күндүтүк

Эн аатыҥ дириҥник иҥмит.

1989

*******

ОЙУУНУСКАЙ: хоһоон // Ааттал: хоһооннор, поэмалар/ Василий Сивцев.- Дьокуускай: Бичик, 1993.- с.16

ОЙУУНУСКАЙ

Айар тыл умсулҕаныгар

Дуоһуйууну ылаҥҥын

Мичилийбит хараххар

Үрдук дьолгун булабын.

Оо, кыһыылаах даҕаны,

Баҕаҥ хоту айбатаҕын,

Олоххун бука барытын

Айар үлэҕэр анаабатаҕыҥ…

Өксөкүлээх, Алампа

Өтө көрбүт суолларын

Кэҥэтэҥҥин, уран тылга

Кыаҕы-күүһү аҕалбытыҥ.

Орто дойдун- олоҥхотун

Ордугургуур аан дойду.

Кырдьыксыт «Кыһыл Ойуун»

Уруйдаабыт саҥа олоҕу.

«Улуу Кудаҥса» уордайыыта

Аны саҥалыы өйдөннө —

Искусство айымньыта

Өлбөт-сүппэт өрөгөйдөннө.

Ойуунускай баар курдук,

Кимнээҕэр да ордуктук

Үлэлии-хамсыы, ыллыы-туойа,

Билигин даҕаны угуйа.

Оччоҕо мин баҕарабын

Туох эрэ кэскиллээҕи,

Умнуллубат үйэлээҕи

Баһырхайдык айыахпын.

Кырдьык мэлдьи кыайара,

Үтүө аат тиллэ турара

Күүспэр күүһү миэхэ уунар,

Эрэлбин улаатыннарар.

Сымыйа буруйга түбэһэн,

Кунуҥ хараҥарар чааһыгар

Төрөөбүт буоргар үктэнэн

Көмүллүөххун санаабыккар

Төһө күүстээх эрэлгин

Cахаҥ дьонугар эппиккиний,

Дириҥ тапталыҥ иэйиитин

Кэриэс хаалларан биэрбиккиний!..

Трагедия салҕана турар —

Биһиги була да иликпит

Билиҥҥэ диэри эн сытар

Көмүс уҥуоххун. Билбэппит.

Аат курдук ааттааххын,

Суол курдук сурахтааххын —

Ойуунускай аатынан

Саха киһитэ киэн туттан

Көҥүл кэпсиир кыахтанна,

Кырдьык кыайда, кынаттанна.

Үс саха үлускэн үөрүүтүгэр,

Үйэлээх кэпсэлигэр

Ойуунускай күн аата

Олоҥхо курдук иһиллиэҕэ,

Алмаас курдук ааттаныаҕа,

Көмүс курдук күлүмнүөҕэ.

*******

ТӨРӨӨБҮТ ИЙЭ БУОР ДОЙДУБУН: хоһоон // Айымньылар. т.1. : Эйэттэн күндү суох бу сиргэ: хоһооннор/ Савва Тарасов.- Дьокуускай: Бичик, 2014.- с.20

Төрөөбүт ийэ буор дойдубун

Хаһан да киһиэхэ баар буолар

Хаан хабан, эт тардан сылдьыһар

Аргыһыҥ — айанныыр суолларгар,

Алгыһыҥ — оттуохтаах аал уоккар…

Төрөөбүт Ийэ буор дойдубун

Мин сүрбэр, мин куппар холбуубун.

Күн уотун ытыспар түһэрэн

Көөчүктүү, дьоллонон күлбүппэр,

Долгуйан, күөх сааһын эргитэн

Тоҥсуйта түннүкпэр-үөлэспэр…

Төрөөбүт Ийэ буор дойдубун

Мин талах биһикпэр холуубун.

Күөгэйэр күннэрбэр сүһүөхпүн

Булларан бу улуу үйэҕэ

Көтүппүт өркөннөөх өҥөтүн

Хос сиэним кытары билиэҕэ.

Төлөммөт иэстээхпин ол туһар

Төрөөбүт Ийэ буор дойдубар.

Кэлин да маҥхайбыт төбөбүн

Төҥкөтөн кэс тылбын этиэҕим:

Ким кэлбит күн сирин үөрүүтүн

Киниттэн хайаан да билиэхтин

Төлөннөөх тапталым, сылдьыһаар

Төрөөбүт Ийэ буор дойдубар

Үйэ-саас, күн сыдьаай сырдыгын

Көрүөхтэн төннүөхпэр диэритин

Мин манна олорон ааспыппын

Дьолум диэн киэн тутта этиэҕим

Төрөөбүт Ийэ буор дойдубун.

*******

Прохоров, Михаил. Сахам сирэ: хоһоон// Таатта улууһа. Сүүс сыл, сүүс суруйааччы.-  Ытык Күөл, 2012.- с.319

САХАМ СИРЭ

Сахам сирэ-

Күлүмнүүр халлааҥҥа,

Күлүмүрдэс күҥҥэ

Күөгэйэн тахсар,

Көмүс күөмэйдээх

Күөрэгэй чыычаахтаах.

Сахам сирэ-

Киҥкиниир киэҥ

Кэрии кэтэх тыатыгар

Кэхтибэт күөмэйдээх,

Кэрэ чуор куоластаах

Кэрээбэт кэҕэлээх.

Сахам сирэ-

Кырыымпа кэриэтэ

Кынкынас куоластаах

Кынталдьыгас бэйэлээх,

Кыраһыабай дьүһүннээх

Кыталыктай көтөрдөөх.

Сахам сирэ-

Үҥкүүлээн битийэр,

Ырыанан хардыылыыр.

Үөрүү-көр арыаллаах,

Үлэ, дьол аргыстаах

Үтүөкэн ыччаттаах.

Обновлено: 19.04.2022 — 05:20

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован.