ТААБЫРЫННАР
Тик-так барабын, бириэмэни билэбин диир баар үһү.(Чаһы)
Күүтэллэр-күүтэллэр да,
Кэллэҕинэ куоталлар (Ардах)
Турдарбын халлааҥҥа тиийиэм диир баар үһү (Суол)
Кыһын, сайын биир өҥнөөх баар үһү? (харыйа)
Кыната суох көтөр, суола суох устар баар үһү (былыт)
Төбөтө суох да сэлээппэлээх,
Соҕотох атахтаах да, саппыкыта суох баар үһү (тэллэй)
Сайын бороҥ, кыһын маҕан баар үһү (куобах)
Тииттэн тииккэ ыстанабын,
Эриэхэни сиибин диир үһү (Тиин)
Кыһынын утуйар, сайынын көстөр баар үһү (Эһэ)
Дьиэ кыыла буолабын, күнү быһа утуйабын, түүнүн туран кутуйахтыыын диир баар үһү (куоска)
Дьиэни харабыллыыбын, кими да киллэрбэппин диир баар үһү (Ыт)
Хонууга күүлэйдиир,
Күөх оту кэбийэр,
Үрүн ас арааһынан
Эһигини күндүлүүр (Ынах)
Тыаһа суох сыбдыҥныыбын,
Куоттарбакка ойоммун,
Кутуйахха тойоммун
Хайа ким билэрий, ханнык кыыл эбиппиний (Куоска)
Күнү быһа ас көрдөөн
Ыппыт тумсунан буору тиҥсирийдэ,
Бадарааҥҥа буккуллан.
Көстүбэт дьүһүннэннэ. (Сибиинньэ)
Сайын оҕуруокка
От күөхтэр, сибиэһэйдэр,
Кыһынын иһиккэ
Тууһанан ууруллаллар (Оҕурсу)
Буорҕа үүнэр буоламмын
Буор курдук дьүһүннээхпин,
Килиэби солбуйар
Иккис аһылык буолабын. (Хортуоппуй)
Битэмииним чааһынан
Инники соҕус буолуом,
Миигин куобахчаан курдук кэрбээтэххинэ
Муус доруобай буолуҥ. (Моркуоп)
Миигин баҕас, атастаар,
Эндэппэккэ билэҕит,
Элбэх, элбэх ырбаахылаахпын да,
Биирэ да тимэҕэ суох. (Хаппыыста)
Мин ханна да,
Хаһан да, кими да
Атаҕастаабаппын.
Ол эрээри миигин көрдүлэр да,
Улаханныын-кыралыын ытаһаллар. (Луук)
Кини от күөҕэ, бөкүнүк,
Үрүллэр шар курдук төгүрүк,
Быстаххына – кини кыһыл, Амсайдаххына-мин-минньигэс (Арбуз
Күөл ортотугар көмүс кытах уста сылдьар уьу . (Күн)
Эдьиийэ ыалдьыттыы кэллэҕинэ, балта саһан хаалар үһү.(Күн уонна ый)
Арҕаа дьаам аттаннаҕына, көмүс чыычаах ыллыыр үһү. (Халлаан сырдыыра)
Аҕаһа иһэрин көрдөҕүнэ, балта саһан хаалар баар үһү. (Халаан сырдыыра уонна хараҥарара)
Күҥҥэ биирдэ көстөн ааһар дьааһык баар үһү.( Түүн )
Сулустар быыһынан көмүс тыы уста сылдьар үһү. (Ый)
Киһи хараҕар көстүбэт да, аан дойдуну барытын тутан турааччы баар үһү. (Салгын)
Аан дойдуну үүт курдук дьүһүннээн, күлүк курдук ырбаахылаан утутар баар үһү. (Туман)
Халлаантан арыы-сыа санньылыйбыт үһү. (Кустук)
Саһар алааска саҥара сатаабыт баар үһү. (Ой дуораана)
Илиита-атаҕа суох да буоллар, олбуор аанын аһар баар үһү. (Тыал)
Түүн ытаабыт, сарсыарда сатараабыт, күнүһүн кийииттээбит баар үһү. (Тибии)
Айдаана суох айанныыр, күүгээнэ суох көтөр баар үһү. (Былыт)
Бастаан чаҕылыс, онтон ньирилис, онтон күллүгүрүс баар үһү.(Этиҥнээх былыт)
Албын оҕонньор арбаҕаһа аатырбыт. (Саһыл)
Бөтөс ыт бөтөн хаалбыт үһү. (Бөрө)
Уордаахтык орулуур, чаҕааннаахтык часкыйар баар үһү. (Эһэ)
тоҥмот, итиигэ хаппат саппыйаан баар үһү. (Мурун)
Хотоҥҥо куукаакылар көтө сылдьаллар үһү. (Кулгаах)
Ыалдьыбат да ынчыктыыр, сүтэрбэт да күрдүүр баар үһү. (Сибиинньэ)
Күн тура-тура сири салыыр баар үһү. (Сиппиир)
Алаас ортотугар маҥан кубалар олороллор үһү. (Чааскылар)
Уу аһылыктаах, уот олбохтоох баар үһү. (Чаанньык)
Биир харыйа уон ордуга икки салаалаах үһү (Төгүрүк сыл)
Туохтааҕар да элбэх, туохтааҕар да кэбирэх баар үһү (Хаар)
Буут тууска да бустар, тууһа биллибэт муунта эт баар үһү. (Сымыыт)
Үөскээбитин өрүү өйдөөбөт, сыттым диэн сынньаммат, утуйдум диэн уута хаммат Сүҥ Хаантан төрүттээх түүн бараан Ийэ хотун баар үһү. (Сир)
Ким кыһын ойуурга аччык кэрийэ сылдьарый? (Бөрө)
Ууга төрөөбүт, ууттан куттанар баар үһү. (Туус)
Ким бэйэтин иһигэр таҥастааҕый? (Чүмэчи)
Ат анала тугуй? (Сэргэ)
Тииттэн тирэхтээх тиҥсирики сүүрүк баар үһү (Тииҥ)
Сааһыгар биирдэ кэппитэ алдьаммат таҥас баар үһү. (Тирии)
Саас сүтэр, кыһын тиллэр баар үһү. (Хаар)
Күн кыыһын күөх солко былаата көҕөрөр үһү. (Халлаан сырдыыра)
Соҕуруу дойдуттан кырбас эт кыырайан кэлэр үһү. (Кус)
Ийэтэ иҥэрсийэ хаалбыт, оҕото ойон хаалбыт. (Саа эстэрэ)
Бары кинини таптыыллар, оттон кини диэки көрдөхтөрүнэ мырдыччы тутталлар үһү. (Күн)
Маҥан таҥастаах, маҥан эттээх, барыга туттуллар Майбары тойон баар үһү. (Хатыҥ)
Быыкайкаан сүөһүчээн сүүс көмүс манньыаты сүгэ сылдьар үһү. (Собо)
Айыы уола көмүс курунан далбаатыыр үһү. (Чаҕылҕан)
Үтүө киһи сылга биирдэ киэргэнэр үһү.(Тыа)
Икки хайа икки ардыгар саһыл мөхсөр үһү. (Тыл)
Балаҕан үрдэ барчанан сабыллыбыт. (Сулустаах халлаан)
Халлааҥҥа тиийэр тумустаах, икки күкүр таас кынаттаах барылыыр бар өксөкү кыыл, илин диэкиттэн кэлэн, тумулга иҥэн хаалар үһү. (Бырдах)
Сиэмэтэ да суох үүнэр (Баттах)
Түүлээх хааһах иһигэр хостоотор да бараммат мал баар үһү. (Өй)
Тыаһа суох саба барыйан кэлэр баар үһү. (Түүн)
Сайын саҕынньах кэтэр, кыһын устан кэбиһэр баар үһү. (Тыа)
Сүгэтэ суох муосталаммыт баар үһү. (Муус)
Кэнэн үрэҕэ кэтэҕинэн сүүрүгүрэр үһү. (Күөс оргуйара)
Туохтан да тутааҕа суох ыйанан турар баар үһү. (Ый)
Муус түннүгү сүкпүт оҕолор ханна баҕарар сырсаллар. (Тарбахтар, тыҥырахтар)
Икки сыгынньах оҕо ытаһа-ытаһа сырсар үһү.(Хайыһар)
Байҕал балыга оонньообут үһү. (Дьүкээбил)
Таҥаһын биир сылга түөртэ уларыттар баар үһү. (Сир)
Элбэх ойуулаах көбүөргэ кыһыл көмүс кылабачыйа оонньуур үһү.(Ый)