Стихи о Первом Президенте РС(Я)

Сборник стихов, посвященные Первому Президенту Михаилу Ефимовичу Николаеву.

МАХТАЛ ЭЙИЭХЭ

Наталия Борисова- Нарыйа

Махтал эйиэхэ, Эркээни эбэм! 

Улуу уолу төрөппүккэр, 

Сылаас хонньугар Өктөм сиригэр 

Биhиктээн оҕолообуккар! 

Эркээни эбэ нэлэhийэр ньуурунан 

Ахсым ат арҕаһыгар көтүтэр, 

Хаҥыл хаҥаластар хаан сыдьааннара 

Хотой кэриэтэ көҥүлгэ дьулуhар. 

Махтал эйиэхэ, Өлүөнэ эбэбит! 

Улуу киhини угуттаан 

Улаатыннарбыккар, 

Өлүөнэ очуостары кытаанах, ньыгыл 

Эрдээх сүрэхтээх оҥорбуккар, 

Махтал эйиэхэ, Сахам Сирэ! 

Саха саарынын норуоккар ууммуккар, 

Саха саргытын салайар киhини 

Биhиэхэ бэлэх ыыппыккар.  

Үгүс үйэлэргэ өлбөөдүйүө суоҕа, 

Саха баарын тухары Кини аата 

Көҥүл кэриэтэ күндү буолуоҕа.

// Наталия Борисова -Нарыйа Махтал эйиэхэ //Хаҥыл.-2012.№3.-С.18

*******

М.Е. НИКОЛАЕВКА

Горохов Х.П.

Саха омук өлбөт-сүппэт

Саргытыгар тирэх буол!

Сүр-кут, дьылҕа күрэппэт

Суолун-ииһин булан тур!

Сарсыҥҥылаах, сандал күннээх

Санааҕыттан арахсыма.

Сырдык ыра хабыр түүннээх

Син биир тулуй, сабыстыма

Сурах-садык аал луук мастыы

Силигилии ситэ турдун.

Суруй, таһаар алмаас таастыы

Сүппэт-өспөт -СОКУОН модун!

Сибэккилээх ситии-хотуу

Сириэдийбэт сонно тута.

Сылайбакка сыыдам охтуу

Сырыт ылбыт сыалгын кытта.

Самаан сайын сылааһыныы

Саныыр дьонуҥ ааккын ааттыы.

Сүрэх, дууһа ымыытыныы

Сүбэлэстин дьылҕаҥ сымныы.

Сарсын  эмиэ саҥа күүс-уох

Санныгыттан тайаныахтын.

Самнар, сүтэр билгэ суох,

Соргуҥ көтөр кынаттаннын!

*******

УМНУЛЛУБАТ УОН СЫЛ: М.Е. Николаевка

Моисей Ефимов

 Оол туруук таастан өндөл халлааҥҥа 

Хомпоруун хотой өрө көттө. 

Көҥүл көччүйдэ көҕөрөр урсуҥҥа 

Саатыыр сарыалга сүтэ-көстө. 

Ону көрөппүн көҥүлгэ көҕүйүү

Эрчимирдэр тэтимэ миэхэ билиннэ. 

Өбүгэм хааныттан бэриллибит өрүкүйүү

Сөҕүрүйбэт тыына сүрэхпэр тилиннэ.

Көҥүл эрэ этэ үрүҥ күн анныгар 

Саха барахсан ыраламмыт ырата, 

Үтүмэн үйэлэргэ Көҥүл тyhyгap 

Тохпута көлөһүнүн, кыа хаанын тохпута. 

Бопсууну-хаарчаҕы улуу тулуурунан 

Тулуйбута, тулуйбута. Онтон дьэ биирдэ 

Ол күүппүт Көҥүлэ, былыт быыhынан 

Күн тыгарын курдук, көстү түспүтэ. 

Онно эгди буолбута бэйэтин бэйэтэ

Салайынар ыратын ытыhыгар ылан. 

Кэскил кэрэлэнэр кэмэ ол этэ- 

Урааҥхай саха умнубат уон сыла.

Былдьаппат инибит былаҕайга ама 

Ол онно түhэриммит төлкөбүт түөрэҕин! 

Сарыал күлүгэ суох дьэҥкир халлааҥҥа 

Сандаарда ыhар сардаҥа сүүмэҕин.

Күндэлэс күлүмҥ күн диэки үөһэ 

Күөрэйдэр күөрэйэр хомпоруун хотой. 

Көҥүлгэ тардыһыы күлүмэх күүһэ 

Ханныктаах да харгыhы бурайар-хотор.

*******

БАСТАКЫ ПРЕЗИДЕНТ

(М.Е. Николаевка анаан)

Н.П. Корякин-Уран Ньукулай

Мунньан Дархан саҕаттан

Майгы буолан тэнийбит,

Муҥутуур өй түөлбэтэ

Муҥурданан хаалбакка

Хаҥаласка сайдыбыт

Хатан санаа тыллыбыт.

Тыгын Дархан сэриитэ

Тула үүммүт сэлиитэ,

Туймаадаҕа кииннэнэн

Туругуран барбыта.

Хаҥаластан төрүттээх

Хотой бэрдэ түммүттээх.

Силипиэнтэп саҕаттан

Силис тардан аатыран,

Саха омук олоҕун

Саргыларын тутарга

Мэхээлэбит салайар

Миҥэ атын мииммитэ.

Эркээниттэн тардыылаах

Эрэл саргы санаалаах,

Эллэй Боотур кэриэтэ

Элбэх саҥа суоллары

Мэҥэ бэлиэ туруоран

Мэхээлэбит тыырбыта.

Бастакыбыт барҕардын,

Баараҕай мас буолуохтун!*

Удьуор тыыммыт ууһаатын

Уруйдана туруохтун!

Мааны бастыҥ киһибит

Мэхээлэбит аатырдын!

Николай Павлович Корякин-Уран Ньукулай, ССРС физкультураҕа, спортка туйгуна, СР үөрэҕириитин  туйгуна ССРС уонна САССР көҥүл тустууга, хапсаҕайга маастара, норуот талааннааҕа, Үөһээ Бүлүү

*******

КҮННЭЭХ БЫЛААХ

Саха маҥнайгы Президенэ Михаил Николаевка

Михалева Н.В. -Сайа

Күннээх халлаан лоскуйун 

Мин илиибэр ылабын, 

Сахам ыра санаатын 

Түөспэр ыга тутабын. 

Айыым сирин үрдүнэн 

Алгыс аман күүhүнэн 

Киирбэт күнү дьүhүйбүт

Килбиэн кэми өйдүүбүн: 

Күнтэн эрэ тэһииннээх 

Күн улууhа буоларга 

  Күннээх былаах ыҥыра 

Күлүмүрдээн кэлбитэ. 

Хара былыт халыйбат, 

Хаардаах самыыр баhыйбаm 

Халлаан унаар урсуннаах 

Хаарыан кэмэ күүппүтэ! 

Ыра санаа-ытык сирдьит 

Ырааҕы да чугаhаnnыm, 

Көҥүллэммэт Көҥүл кэрэ

Ырыаларын ыллаппыт …

*******

САХА ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭТИН БАСТАКЫ ПРЕЗИДЕНЭ

М.Е. Николаевка

Иван Мигалкин

Саха норуотун бэйиэтэ

Михаил Ефимович, Эн,

Бастакы Президент үрдүк аатын

Чиэстээхтик сүгэҥҥин,

Бар дьонуҥ итэҕэлин сүгэҥҥин,

Бар дьонуҥ итэҕэлин ылаҥҥын

Буолбутуҥ биһиэхэ-

Ытык-мааны майгылаах,

Ырааҕы өтө көрөр уратылаах,

Муҥутуур чыпчааллаах,

Эркин курдук эрэллээх

Итэҕэйэр Аҕа Баһылыкпыт!

Халлааҥҥа харбаһар сүдү хайалар

Майгынныыллар-

Норуот чулуу дьонугар,

Кинилэр бастакынан ылаллар

Буурҕа, силлиэ ытылҕанын,

Бары баар ыар охсууну,

Сүрэҕи аалар ыарыытын…

Ол эрэн, ньыгыл таастыы

Күүстээх майгыланан

Түөстэрэ кииллийэр,

Сүрэхтэрэ

Кэрэнэн уһаарыллар.

Кинилэр үрдүккэ тардыстар буоланнар –

Күн сылааһын, олох кэрэтин

Урутаан аныыллар,

Норуоттарын иһин эрдээхтик туруулаһан,

Сырдык кэскили төрдүттэн унаарыталлар,

Үрүҥ түүннэрдээх сайаҕас-сайыҥҥылыы

Сайдам санааны

Бар дьонноругар уһугуннаран,

Толору сиппит айылҕалыы

Сир Ийэни өрүү күөҕүнэн сириэдитэллэр.

Михаил Ефимович, Эн,

Олоҕу умсугутар Одун Хаантан

Оҥоһуллаҥҥын –

Өйдүүн-санаалыын,

Эттиин-сиинниин чочулаҥҥын,

Урукку дьыллар кулан уорҕаларыттан

Тымыр-хаан тардаҥҥын,

Чыҥыс Хаантан дьылҕаланаҥҥын,

Норуоккар сүдү Тапталы

Үрүҥ күннүү өрө тутаҥҥын –

Үтүмэн үлэни, кэлэр кэскиллээҕи

Бар дьоҥҥор оҥоортуҥ

Номох буолан, үйэлэри уҥуордуон эрэнэбит,

Олоххо үтүө холобуруҥ –

Сырдыкка тардыстар үөрэхпит!

Аал Луук мастыы сылын ахсын суугунаан

Үтүөнү, Кэрэни Үйэлээҕи

Төрөөбүт норуоккар

Истиҥник сэһэргиэ диэн итэҕэйэбит!

*******

БАСТАКЫ БЭРЭСИДИЭҤҤЭ

Наталья Попова

Саханы сахалыы саҥарпыт

Саҥалыы саргыны түстээбит

Сөһүргэстээн олорбут норуотун

Сүһүөҕэр туруоран алҕаабыт

Сайдыыны үөрэхтэн саҕалаан

Саҥалыы көрүүтүн киллэрбит

Саргылаах ис турук бигэтин

Сахалыы сиэринэн тускулаан

Сахалар баарбытын биллэрбит

Сайдыыны, көҥүлү аҕалбыт

Саҥалыы тутулу сааһылаан

Сахабыт сиригэр тыа сирэ

Сайдарын алааска көрүүтүн

Сиэрдээхтик олоруу чөл кутун

Сөргүтэр хайаан да наадатын

Сыһыыга сүөһүнү элбэтэн

Сылгыны, табаны ууһатан

Саргылаах ситими сөргүтэн

Сайдыыны сахалыы сиэринэн

Салгыырга норуотун сирдээбит

Сахабыт саарына киһиэхэ

Сүһүөхтээх бэйэбит сүгүрүйэн

Саргылаах махталы тиэрдэбит!

*******

ҮЙЭЛЭЭХ ҮЛЭ КӨСТҮҮТЭ

Биир дойдулаахпытыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Президенигэр М.Е. Николаевка

Сысоева Раиса Петровна

Кэскилгэ туhаайбыт, 

Ыччакка анаабыт 

Үйэлээх үлэни- 

Төлкөлөөх тутуулары 

Көрөннөр үөрэллэр, 

Сүрдээҕин сөҕөллөр, 

Дъэ бу баар -баараҕай 

Бар дьоҥҥо анаммыт 

Балысхан баҕабыт туолуута, 

Бараммат кыhамньы ксөтүүтэ, 

Өркөн өй үтүөтүн 

Өлбөөрбөт туоһута 

Баараҕай тутуулар 

Баалларын тухары 

Бар дьоммут туһаныа, 

Барыны ситиhиэ, 

Бараммат кыахтаныа. 

Бу буолар барыта 

Барааммат баай, 

Үйэлээх үлэ 

Өспөт өйдөбүлэ, 

Өһүллүбэт өйөбүлэ.

Бу үтүө тутуулар 

Үйэттэн үйэҕэ 

Сайдыыга салайыахтара, 

Билииттэн билиигэ, үрдүккэ

Көлүөнэ ыччаты угуйуохтара. 

Үйэттэн үйэҕэ 

Ахтыллыа туруоҕа, 

Ыччакка анаабыт 

Кэскилгэ туhаайбыт, 

Олоххун анаабыт 

Төрүттэммит төлкөҥ,

Үйэлээх үлэлэриҥ!

Эйиэхэ тиэрдэбит 

  Баҕабыт бастыҥын,

Махталбыт маанытын, 

Алгыспыт үтүөтүн! 

// Р. Сысоева Этиэм этэ эйиэхэ…, Өктөм, 2014.- С.67. 

*******

УОЛ ОҔО УЛАН БЭРДЭ (М.Е. Николаевка ананар)

Михаил Тимофеев, саха норуодунай поэта

Үгдэрийбэт үүдэhини, 

Сындалыйбат сындааһыны, 

Үрдүк тыынтан үөттэриини, 

Өй-сүрэх, үлэ дьайаанын 

Үрүҥ Айыы Иэйэхситэ 

Киhи аайы биэрбэтэх. 

 Оттон Эн: «Бу дойдум», — диэҥнин, 

Уол оҕо улан бэрдэ, 

Сир уһугар тиийтэлээҥҥин, 

Салгынынан, сиргэ да 

Сырыылары сылдьан биэрдиҥ, 

Тибиилэри киэр тэптиҥ … 

 Эн тутуспут дьиэҕин-уоккун, 

 Олордубут маскын-оккун 

Хайа тыал хастыы охсуоҕай? 

Хаан-уруу дьоҥҥор хаалыаҕа. 

Баттах эрдэ маҥхайбыта –

Махтал тэҥэ буолуохтаах. 

Үгдэрийбэт үүдэhиннээх, 

Сындалыйбат сындааһыннаах, 

Үрдүк тыынтан үөттэриилээх, 

Өй-сүрэх, үлэ дьалыҥнаах 

Уол оҕо улаан бэрдин 

Уруйдуоҕуҥ, сэгэрдээр!

*******

ҮС ХОЧО (М.Е. Николаевка)

Тимофеев М.

Эркээни, Туймаада, Энсиэли — 

Элиэнэ Эбэ үс хочотун — 

Барҕатын түhэрбит Эллэйи 

Бар- дьоммут уруйдуу туруохтун! 

Хос ырыата 

Үс хочо күөх ача өҥ буорун 

Үүнүүнэн чэлгитиэҕиҥ! 

Ол тэҥэ сахабыт норуотун 

Ахсаанын элбэтиэҕиҥ! 

Сахалар бу сиргэ үөскээммит, 

Сайдыыны тэнитэ түстээммит, — 

Үлэни, үөрэҕи  үүннээммит 

Үрдүк дьол диэн тугун билиэхпит. 

Хос ырыата

Үс хочо күөх ача өҥ буорун 

Үүнүүнэн чэлгитиэҕиҥ! 

Ол тэҥэ сахабыт норуотун 

Ахсаанын элбэтиэҕиҥ! 

Эркээни, Туймаада, Эҥсиэли 

Дорҕоонноох ырыата дуорайдын 

Тахсар күн сарыала чаҕылхай 

Таас дьиэбит эркинин сыдьаайда 

Хосырыата

Үс хочо күөх ача өҥ буорун 

Үүнүүнэн чэлгитиэҕиҥ! 

Ол тэҥэ сахабыт норуотун 

Ахсаанын элбэтиэҕиҥ!

*******

БАСТАКЫ БЭРЭСИДИЭН М.Е. НИКОЛАЕВКА

 Удьурҕай, саха норуодунай поэта 

Улуунан аатырбыт Сойууспут ыhыллан 

Буккуурдаах, дьалхааннаах олохпут кэлбитэ, 

Хоммуньуус баартыйа төрдүттэн ытыллан 

Аныгы былааспыт түҥнэри тиэрбитэ. 

Сир-дойду үрдүнэн бүтүннүү үрэллэн 

Оҥорон таһаарыы күдэҥҥэ көппүтэ, 

Баайбытын-дуолбутун барытын үллэстэн 

Атыыны- тутууну барытын эспитэ. 

Куулунан харчыны coһoммyт-сыһаммыт 

Табаары тымтыктаан булбат да буолбуппут, 

Бары да кыттыһан, ол онно сыыһаммыт 

Кэмсинэн харахпыт ууланан туолбуппут. 

Ол кэмнэр саҕана барыбыт сирдьиппит, 

Суолбутун тэлээччи үтүөкэн киhибит 

Харса суох санаатын киллэрэн барбыта, 

Ыллыктаах тылларын бар дьоҥҥо эппитэ. 

Бэйэни дьаһанар көдьүүһүн ыйбыта, 

Саҥаттан саҥаны киллэрэн испитэ, 

Былааhы дьиҥнээхтик илиигэ ылбыта, 

Салайар үлэҕэ соругу тиспитэ. 

Сахатын сиригэр элбэҕи туруорсан 

Үйэлээх тутууну үгүһү хаалларда, 

Кэмиттэн кэмигэр бэйэтэ салайсан 

Инники күөннэргэ эрэллээх таһаарта. 

Аныгы ыччаппыт билиигэ тардыһар 

Соругун туруоран олоххо киллээртэ, 

Тус туспа өйүнэн арахсан хайдыhан 

Көдьүүһү ылбаты куруутун биллээртэ. 

Чөл олох туһугар эрчимнээх сылдьарга 

Биэтэккэ бастакы тиийэргэ эппитэ, 

Кэнэҕэс инники кэлиэхтээх сылларга 

Сахалар ахсааммыт элбиирин ыйбыта. 

Сомоҕо буоламмыт кыайыылаах тахсары, 

Инники кэскили төрүттээн ыйбыта, 

Улуукан омуктуун биир тэҥҥэ аахсары, 

Итэҕэл ылбыта, барытын кыайбыта, 

Бастакы куруутун, бастакы аатырыа 

Үйэлэр тухары ааттана туруоҕа,

Кэнэҕэс көлүөнэ ыстаалтан хатарыа,

Кытаанах таастартан чочуйан суоруоҕа.

Билигин даҕаны ыйара-кэрдэрэ,

Барыбыт туһугар баҕарар баҕата

Ыллыктаах тыллара куруутун күүтүүлээх,

Дьоһуннаах этиитэ өрүүтүн кэскиллээх.

*******

Стихотворение писателя Владимира Фёдорова, написанным в благодарность нашему

первому Президенту Михаилу Ефимовичу Николаеву

Летит Земля планетой голубою,

Спрессовывая время все сильней.

Вот десять лет остались за спиною,

А кажется, как будто десять дней.

А кажется, совсем-совсем недавно

Вы шли по залу в первый раз,

И клятва та над книгой самой главной

Была из президентских фраз.

Поднявшись на развалинах Союза,

Блеснув надежды трепетным лучом,

Вы в трудный миг не побоялись груза

И под него подставили плечо.

Вы в трудный час не убоялись доли,

Не пожалели сердца и души,

Порой один, как рыцарь в чистом поле,

Вы брали непростые рубежи.

И ветра нас холодные хватили,

И сто тревог стояло на дворе,

Но что б другие там не говорили,

Мы жили в мире, дружбе и добре.

Когда одни ломали и стреляли.

Другие надрывались болтовне,

Мы уголь и алмазы добывали

И золото давали всей стране.

Мы строили республику и веру,

Духовность поднимали в высоту.

И Вы всегда, во многом были первым,

Борясь за нашу каждую мечту.

Открыв дорогу красоте и силе,

Давая пищу духу и уму,

Вы нас с семью единую сплотили,

И знаем мы, в грядушем потому

Останетесь Вы в ярком ореоле

Своих проблем, смятений и побед.

Вы были первым в самой трудной школе,

И всем другим идти за вам вслед.

И зря пыжатся «творцы»,

Пытаясь всё замазать и ославить,

Пусть после Вас останутся дворцы,

А хижины любой бы смог оставить.

Пусть после Вас останутся сиять

Духовный храм и светлый храм науки

Лицом к лицу лица не увидать,

Зато его увидят наши внуки.

Пусть время дальше по орбите мчиться,

Но мы его задержим на момент,

Чтобы от нас от всех Вам поклониться,

Наш первый всенародный президент

********

БАСТАКЫ ПРЕЗИДЕНТ ТУҺУНАН ЫРЫА

П. Н. Харитонов-Ойуку

Сахабыт сириттэн, хотугу кыраайтан,

Бастакы президент буолбутуҥ. 

Норуотуҥ иннигэр күөҥҥү тураҥҥын 

Андаҕар тылларын биэрбитиҥ. 

Урааҥхай сахаттан, 

Дуулаҕа нууччаттан 

Айыллан кэлбитин биhиэхэ. 

Уруйбут-айхалбыт 

Бараммат махталбыт 

Барыта ананнын эйиэхэ! 

 Сахаада саргытын, көҥүлүн көмүскээн, 

Сааскылыы самныбат оҥордуҥ.

Элиэнэ, Эдьигээн, туундара үрдүнэн 

Ылланар киһибит эн буоллуҥ. 

Хоту сир-барыбыт инники кэскилэ, 

Барҕарыа дойдубут, — диэбитиҥ. 

Россия күн-айыы дьоннорун Өлүөнэ очуостара 

Саас-үйэ тухары бииргэбит!

*******

М.Е. НИКОЛАЕВУ: К деятельности на посту Президента РС (Я)

В.Ф. Чернявский

Впервые! – Первый Президент!

Вступили на нелегкий выбор – путь

И данный уникальный прецедент

Зеркально отражает его суть.

Шаги в историю во всем весомы,

На белый лист ложился след.

Известны людям разные приемы

Из слов, бегущих человеку вслед.

Ведь тем величен каждый пионер,

Что новые творит всегда дела.

Вы сами, по себе, особенный пример-

Запущенная вперед, летящая стрела.

Была ли здесь лишь только самоцель? 

Реальный критик даст ответ! 

Одно известно, что святая цель 

фундаментом легла в рабочий госпакет. 

Набор идей не был надуман 

и шли вопросы на большой запрос! 

Как дальновидный в жизни штурман, 

политиком отслеживали в курсе снос. 

Как капитан, стояли у штурвала, 

судьба и не могла вдруг стать иной, 

опасности в пределах риска-интервала 

умело, смело обходили стороной. 

Под бурю, шквал аплодисментов 

соратники поднимут за победы тост! 

Под зрелый голос многих оппонентов — 

как сфинкс встаете на подмост ! 

Нас всех сближают узы братства, 

как наведенный в дружбе мост. 

В пространстве Северного Царства 

за Вами остается Всенародный Пост! 

Обновлено: 12.11.2022 — 03:58

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован.