КОЛОБОК

Назад

(Нуучча остуоруйата)

Оҕонньордоох эмээхсин олорбуттара үһү. Арай биирдэ оҕонньор эмээхсиниттэн көрдөспүт:

— Эмээхсиэн, миэхэ колобок астаан кулу.

— Тугунан астатаары гынаҕын? Мээккэ бурдук суох.

— Ээ, эмээхсиэн! Ампаар иһин сиппий, сүһүөхтэри хоруй да, мээккэ бурдук бэлэм буолуо дии.

Эмээхсин дьэ ол курдук гыммыт, сиппийэн, хоруйан икки ытыс бурдугу булан сүөгэйгэ мэһийэн, колобок оҥорон арыыга буһаран баран, түннүккэ сойута уурбут.

Колобок сытарыттан салгыбыт да түннүктэн сабараанньаҕа, сабараанньаттан окко, онтон суолга үҥкүрүйэн түспүт – ол курдук суол устун төкүнүйэ турбут. Колобок суол устун төкүнүйэн испит, ол истэҕинэ Куобах көрсө түһэн эппит:

— Колобок, Колобок! Мий эйигин сиэн кэбиһиэм.

-Суох, одьоо харах, эн миигин кыайан сиэҥ суоҕа, хата иһит эрэ, мин эйиэхэ ырыа ыллаан биэриим.

Куобах кулгааҕын хоротон иһиллээбит, оттон Куобах ыллаабытынан барбыт:

Мин Колобокпун, Колобокпун!

Ампаартан сиппиллибитим,

Сүһүөхтэртэн харбаммытым,

Сүөгэйгэ сөтүөлээбитим,

Оһоххо олордуллубутум,

Түннүккэ сойутуллубутум,

Оҕонньордоох эмээхсинтэн

Оннооҕор куоппутум,

Куобахтан-эйиигиттэн,

Куотар улахан буолбатах!- инньэ диэн баран, Колобок куота турбут. Куобах ону одуулаһан эрэ хаалбыт.

Колобок ойуурга ыллык устун төкүнүйэн испит, ол истэҕинэ сур Бөрө көрсөн эппит:

— Колобок, Колобок! Мий эйигин сиэн кэбиһиэм.

-Сур Бөрө, миигин сиэмэ, мин эйиэхэ ырыа ыллаан биэриим. Уонна Колобок ыллаабытынан барбыт:

Мин Колобокпун, Колобокпун!

Ампаартан сиппиллибитим,

Сүһүөхтэртэн харбаммытым,

Сүөгэйгэ сөтүөлээбитим,

Оһоххо олордуллубутум,

Түннүккэ сойутуллубутум,

Оҕонньордоох эмээхсинтэн

Оннооҕор куоппутум,

Куобахтан даҕаны

Куоппутум курдук,

Эйиигиттэн – Бөрөттөн –

Куотар уустук буолбатах!- диэн баран, Колобок төкүнүйэ турбут, Бөрө кинини көрөн эрэ хаалбыт.

Колобок ойуур устун төкүнүйэн испит, ол истэҕинэ, лабаалары тоһуталаан, талахтары бүк баттаан, Эһэ иһэр эбит.

— Колобок, Колобок! Мий эйигин сиэн кэбиһиэм.

-Эн баҕас туора баппаҕай, хантан миигин кыайан ситиэххиний? Хата мин ырыабын истээхтээ.

Колобок ыллаан барбыт, Эһэ иһиллээн даллайан турбут.

 Мин Колобокпун, Колобокпун!

Ампаартан сиппиллибитим,

Сүһүөхтэртэн харбаммытым,

Сүөгэйгэ сөтүөлээбитим,

Оһоххо олордуллубутум,

Түннүккэ сойутуллубутум,

Оҕонньордоох эмээхсинтэн

Оннооҕор куоппутум,

Куобахтан да куоппутум,

Бөрөттөн да куоппутум,-

Эйиигиттэн-Эһэттэн –

Куотар уустук буолбатах!- диэн баран, Колобок төкүнүйэ турбут, Эһэ кэнниттэн көрөн эрэ хаалбыт.

Колобок төкүнүйэн испит, ол истэҕинэ Саһыл көрсө түһэн эппит:

— Дорообо, Колобок! Тоҕо баҕас  бэркиний, тэтэркэйгиний!

Колобок, хайҕаабыттарыттан үөрэн хаалан, ырыатын ыллаабыт, Саһыл истибитэ буола-буола улам чугаһаан испит.

Мин Колобокпун, Колобокпун!

Ампаартан сиппиллибитим,

Сүһүөхтэртэн харбаммытым,

Сүөгэйгэ сөтүөлээбитим,

Оһоххо олордуллубутум,

Түннүккэ сойутуллубутум,

Оҕонньордоох эмээхсинтэн

Оннооҕор куоппутум,

Куобахтан да куоппутум,

Бөрөттөн да куоппутум,-

Эһэттэн эмиэ куоппутум,

Саһылтан – эйиигиттэн,

Сатаан куотар дөбөҥ.

-Алыстаахай да ырыа!-диэбит Саһыл.- Ол гынан баран кырдьан хаалан, кыайан истибэппин ээ. Чэ эрэ, муннубар олорон баран, аны биирдэ ыллаа.

Колобок ырыатын хайҕатан, үөрэн, эмиэ ыллаабытынан барбыт:

-Мин Колобокпун, Колобокпун!!! –диэн эрдэҕинэ, Саһыл кинини «хап» гыннаран ылан сиэн кэбиспит.

// Кэскил: Сборник для детей дошкольного возраста /Составители: А.А. Егорова, М.П. Захарова.-2-е изд., дополненное, переработанное.-Дьокуускай:Бичик, 2002.-С.5-7.

Обновлено: 12.02.2024 — 07:34

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован.