Яковлев Семен Степанович

Семен Степанович Яковлев  – Эрилик Эристиин торообутэ 130 сыла

(1892-1942)

Назад

Эрилик Эристиин (Яковлев Семен Степанович) (24.01.1892—06.10.1942) — саха бэйиэтэ, прозаига.

Олоҕун олуктара

1892с. тохсунньу 24 күнүгэр Боотур Уус улууһун (билиҥҥи Чурапчы улууһа) Чакыр нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

Гражданскай сэрии кэмигэр — кыһыл бартыһаан.

1923 сыллаахтан бэчээттэнэр буолбута.

1924 сылтан — ССКПчилиэнэ, 1938 сылтан — ССРС Суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.

1928 сыллаахха «Чолбон» сурунаалга «Соһуччу үөрүү» диэн бастакы сэһэнэ тахсыбыта.

1931—1942 сылларга Эрилик Эристиин айар үлэтигэр өрө көтөҕүллүү кэмэ этэ. «Бассабыык Тиихээн», «Тулаайах Уйбаанчык» бэйиэмэлэргэ кини революционер-бассабыык дьылђатын көрдөрбүтэ. «Революция уолаттара», «Аймалђан» сэһэннэр атын омук — Казахстан, Бурятия — национальнай дьоруойдарын олохторуттан суруллубуттара.

Суруйааччы 1942 сыллаахха, хараҕынан көрбөт буолар, бу кэмҥэ «Маарыкчаан ыччаттара» арамаанын бүтэрэр. Бу арамаан кэнники сахалыы, нууччалыы хаста даҕаны бэчээттэммитэ. Саха Сирин Суруйааччыларын Сойууһа уонна Эрилик Эристиин аатынан сопхуос сыл аайы тыа сирин олођун туһунан суруллубут бастың уус-уран айымньыга бэриллэр литературнай бириэмийэни олохтообуттара. Эрилик Эристиин төрөөбүт сиригэр Чурапчы улууһун Чакырыгар киниэхэ аналлаах түмэл дьиэ аһыллыбыта.

Тахсыбыт кинигэлэрэ

Суорума соруктаммыт: Пьеса. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1931. — 28 с.

Бассабыык ТиниггабичДьокуускай: Кинигэ кыһата, 1934. — 23 с.

Уйбаан Дууһа: Кэпсээн. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1934. — 23 с.

Тулаайах Уйбаанчык: Поэма. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1935. — 41 с.

Революция уолаттара: Сэһэн. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1936. — 66 с.

Аймалҕан: Сэһэн. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1937. — 88 с.

Кэриэс туолуута: Сэһэн. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1939. — 88 с.

Маарыкчаан ыччаттара: Роман. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1942. — 206 с.

Талыллыбыт айымньылар. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1948. — 352 с.

Талыллыбыт айымньылар. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1954. — 544 с.

Кэпсээннэр уонна пьесалар. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1963. — 190 с.

Айымньылар: 2 томнаах. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1969. — Т. 1 — 596 с. — Т.2 — 520 с.

Революция уолаттара: Сэһэн, роман. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1979. — 360 с.

Маарыкчаан ыччаттара. Кэриэс туолуута. Кэпсээннэр. — Дьокуускай: Кинигэ кыһата, 1983. — 584 с.

Буура Дохсун: Олоҥхо. — Дьокуускай: Бичик, 1993. — 416 с.

Кини аатын үйэтитэн төрөөбүт Чакырыгар, Хоптоҕо, Чурапчы нэһилиэктэригэр өйдөбүнньүк туруоруллубута. 2007 сыллаахтан Семен Яковлев-Эрилик Эристиин аатын Чакыр орто оскуолата киэн тутта сүгэр.

Подробнее: https://xn--80aa7aggbp2b.xn--p1ai/article/39080

Поэт, прозаик, член Союза писателей СССР с 1938 г. Родился в 1892 в Чурапчинском улусе.

Олонхо Э. Эристин: «Талыы талба бухатыыр», «Хаалбат-сүппэт харыһыктаах хааннаах Харалаах Мохсоҕол», «Буура Дохсун»

Олонхо Эрилик Эристин в фонде библиотеки:

1.Эрилик Эристиин Буура Дохсун: Олоҥхо / В.С. Карамзин ойуулааһына.-Дьокуускай: Бичик нац. Кинигэ кыһата, 1993.-416 c.;

2.Э. Эристиин Айыы Дьөһүөл //Чолбон.-1992.-№1.-С.129 .

3.Яковлев С.-Эрилик Эристиин Айыы Дьоhуол: Олонхо //Хотугу сулус.-1967.-№1.-C.128-161; №2.-C.136-151

О жизни и деятельности

3.Олоҕун кэпсээнэ. Айар үлэтин кылгас характеристиката // Окороков Г.Г., Кардашевский Саха литературата. 9 кылаас.-Дьокуускай:Якутское кни. Изд-во, 1983.-С.88-96;

4.«Маарыкчаан ыччаттара»- саха маҥнайгы романа // Окороков Г.Г., Кардашевский Саха литературата. 9 кылаас.-Дьокуускай:Якутское кни. Изд-во, 1983.-С. 96-108;

5.Данилов Р.П. Үс  моһолу мүлчү түспүтэ:Ахтыы //Чолбон.-1992.-№1.-С.110-111;

6.Н. Тобуруокап Эрилик –Эристиин – олоҥхоһут // Эрилик Эристиин Буура Дохсун: Олоҥхо .-Дьокуускай: Бичик нац. Кинигэ кыһата, 1993.-С.3-4;

7.Эрилик –Эристиин // Писатели земли Олонхо: Биобиблиогр. Справочник /Сост.: Д. В. Кириллина.-Якутск:Бичик,2000.-С.438

8.Н. Тобуроков Э. Эристиин-олоҥхоһут суруйааччы//Чолбон.-2007.-№1.-С.81-82

Эрилик Эристиин

Яковлев Семён Степанович – Эрилик Эристиин «Хачыгыр». сахалыы аудиокнига. Сахалыы аудиокинигэ.

Эрилик Эристиин «Соһуччу үөрүү» кэпсээн

Эрилик Эристиин «Маарыкчаан ыччаттара» роман 1 глава

Эрилик Эристиин «Кэриэс туолуута» сэhэн

Эрилик Эристиин «Кыраттан орпут кэпсээн»

Эрилик Эристиин «Уйбаан дууһа» кэпсээн

Эрилик Эристиин «Бөтүҥнэр» кэпсээн

Эрилик Эристиин «Кыраттан орпут кэпсээн»

Обновлено: 25.01.2022 — 05:00

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован.