САХА СИРИН ТУОЙАБЫН.ПОЮ ЯКУТИЮ МОЮ
(Песни и стихи о Якутии)
РЕСПУБЛИКА КҮНҮГЭР…
Анастасия Егорова
Мин сахам норуотун
Саргылаах олоҕун,
Мин хоту кыраайым
Сандаарар кыраайым
Сандаарар кэскилин
Эһиги түстээҥҥит
Сайдабыт-үүнэбит,
Күөх халлаан анныгар
Көҥүллүк тыынабыт.
Улуукан да дьоннор
Олорон ааспыккыт,
Чулуукан уоланнар
Суолбутун аспыккыт.
Былатыан убайбыт,
Чаҕылхай Аммосов,
Бастыҥнар, саарыннар
Аржаков, Барахов.
Эһиги ааккытын
Махтана ааттыыбыт,
Үйэлэр тухары
Киэн тутта ахтабыт.
Киэҥ сайдыы суолунан
Сахалар хаамсабыт,
Төрөөбүт түөлбэни
Дойдуну таптыыбыт.
//Хоһоону доҕор оҥостон.-Дьокуускай, 2018.-С.8
ТАПТЫЫР ДОЙДУМ- ХАҤАЛАҺЫМ
Н.Борисова-Нарыйа
Эҥсиллэр сүүрүктээх эбэлээх,
Эркээни киэҥ хочо дойдулаах,
Эриэккэс дойдубун мэлдьитин
Ахтабын, саныыбын, суохтуубун.
Эһиэкэйдээн эрэр дьоннуу
Кэккэлэспит мырааннара
Эргийбиппин эҕэрдэлии
Эйэргэһэ көрсүөхтэрэ.
Эҕэрдэлии көрсүөхтэрэ
Лабыдьа таас хайалара,
Сиинэ сырдык сүүрүктэрэ,
Лиҥкир мастаах күөх Буотама.
Ама хайаан умнуохпутуй
Самартайбыт сыһыыларын,
Дьэдьэн сыттаах Чараҥмытын,
Хатыҥ мастаах Малтааныны.
Сүрэхтэртэн сүппэт өрүү
Быйаҥ оттоох Тойон Арыы,
Дьоһун дьону кынаттаабыт
Мааны кэрэ Малдьаҕарбыт.
Үлэттэн дьоллонор дьоҥҥунан,
Үрдүккэ дьулуһар дьолгунан,
Тапталлаах мин дойдум, Хаҥалас,
Өрүүтүн инники эн талас!
Үйэлэргэ үүн, чэчирээ,
Үөрүүм үрдүк өрөгөйө,
Таптыыр дойдум, Хаҥалаһым,
Дьолум-соргум уйата
//Хаҥыл.- 2013.-№5 июнь.-С.2
**************
ХАҤАЛАСТАР
Павел Харитонов
Халыҥ аймах хаҥаластар
Хоһууннук олорбуттар.
Кыайтарбатах боотур аттар
Көҥүл иһин охтубуттар.
Тоһуттубут кылыстара
Тумулларын толорбуттар.
Күүстээх албан ааттара
Кэнтик аайы хаалбыттар.
Түҥ үйэлэр солбуспуттар
Аан Дархан андаҕардыы.
Түүҥҥү уоттар умайбыттар
Ол тылларын ааҕардыы.
Боотурдары билэбин
Сир халлаантан ырааҕыныы,
Сулустардыын кэпсэтэбин
Барыларын кытары.
Бука бары тахсыбыппыт
Эһигиттэн эллэнэн.
Дьылҕабытын холбообуппут
Үтүргэннээх үйэттэн.
Кэнтик аайы охтубуттар
Кэриэстэрэ тилиннэ.
Хорсуннук олорбуттар
Хоһуун ааккыт эргилиннэ.
// Хаҥыл : Хаҥалас сурунаала / кыл. ред. Т. Галактионова. — Дьокуускай : Компания «Дани- Алмас», 2013, N 6 . – С.2
ӨКТӨМНӨР БУОЛАБЫТ!
Раиса Сысоева
Ил-эйэ туһугар
Инники испиттэр,
Тыгынтан тымырдаах,
Өлкөрөй өбүгэлээх
Өктөмнөр буолабыт.
Сахабыт саргытын
Салайсар аналлаах,
Сайдыыны түстэһэр
Самныбат санаалаах,
Өрөгөй үктэллээх
Өктөмнөр буолабыт!
Үөрэҕи-билиини,
Айдыыны тарҕатар,
Төлкөнү төрүттүүр
Төрүт сир дьонноро
Өктөмнөр буолабыт!
Сайдыылаах үйэҕэ
Саҥаттан саҥаны
Саҕалыыр, олохтуур
Үтүөкэн үгэстээх,
Үлэһит дьоннордоох
Өктөмнөр буколабыт!
Самныбат саргыбыт
Сайдарын туһугар,
Санааны салайан
Сахалар, түмсүөҕүҥ,
Өрөгөй ырыатын
Өктөмнөр ыллыаҕыҥ!
ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭ БЫЛААҔА
А.В. Константинов
Өрөспүүбүлүкэбит бүгүн
Көҥүл күнүн бэлиэтиир –
Өрөспүүбүлүкэбит былааҕа
Күөрэйдэ өрө тэлимнии!
Былаахпыт бэлиэтин анаарыах,
Билбэккэ салпакка быһаарыах.
Былаахпыт суолтатын кэпсиэххэ,
Бастатан дьүһүҥҥэ тохтуохха.
Былаахпыт түөрт өҥнөөх.
Бу халлаан күөҕэ өҥ
Былыта суох халлааны –
Эйэни туоһулаан көрдөрөр.
Ортотугар төгүрүк – үрүҥ күн,
Сахаҕа таҥара кэриэтэ
Үҥэр сүктэр бэлиэбит,
Итэҕэлбит туоһута.
Анныгар – үрүҥ сурааһын
Бу- хаарбыт дьүһүнэ,
Санаабыт ырааһын –
Кэрэһит бэлиэтэ.
Кэлэр кыһыл сурааһын –
Күүс, уох, кыах туоһута.
От күөҕэ сурааһын –
Күөх хонуу, чэчир күөх.
Айылҕалыын бииргэбит,
Ситиммит туоһута.
Кэнэҕэскэнчээри ыччаппыт –
Инникибит бэлиэтэ.
Былаахпыт анныгар тураммыт
Биир ньыгыл сомоҕо буолуоҕуҥ,
Былааһы кытары кыттыһан
Бигэ туругу төрүттүөх!
Бу кэлбит үйэҕэ түмсүүбүт
Омукпут дьылҕатын быһаарыа,
Сөптөөх сокуону ылыныы
Олохпут оҥкулун оҥоруо.
Харыстыах төрөөбүт тылбытын,
Тулалыыр айылҕа ийэни.
Харыстыах омукпут үгэһин,
Тирэнэр төрүт буор сирбитин.
Былаахпыт өрө күөрэйдин,
Бу сиргэ эйэни түстээтин.
Дойдубут чэчирии сайыннын,
Дьол, үөрүү үксээтин!
САХАМ СИРИН ТАПТЫЫБЫН
И.М.Гоголев- Кындыл
Сахам сирин таптыыбын –
Сайылыгын ырыатын,
Сааскы күнэ тахсыытын,
Сарыал тыгар күөх тыатын,
Сахам сирин таптыыбын.
Сахам сирин таптыыбын –
Саамал кымыс утаҕын,
Санньыар хомус тыаһыырын,
Саарба, саһыл бултааҕын
Сахам сирин таптыыбын.
Сахам сирин таптыыбын,
Санаа курдук дэлэгэй
Сандал күннээх сыһыытын,
Сайдар, үүнэр үчүгэй
Сахам сирин таптыыбын.
ТӨРӨӨБҮТ ДОЙДУБАР ТАПТАЛЫМ
Р. Баҕатаайысхай тыла
С. Павлова мелодията
Ийэлээх аҕаккам тылынан,
Итиитик – истиҥник саҥаран
Күөх оттоох балаҕан иһигэр
Көтөхсөн көрсүбүт үһүгүн.
Төрөөбүт күммүттэн аналым-
Төрөөбүт дойдубар тапталым.
Чараҥым чыычааҕа тылланан,
Алааһым дыргылла сыттанан
Сүрэхпэр дьулууру киллээртиҥ,
Сүрэхпэр эрчими биэрбитиҥ.
Ийэ сир – диэн иэйэр аат тылым –
Төрөөбүт дойдубар тапталым.
Эн модун сир тэҥэ кырдьыккын,
Эн үтүө өй тэҥэ сырдыккын,
Эн үөскүүр дьон курдук эдэргин,
Эн үүнэр мас курдук эрэлгин.
Төһөлөөх күүстээххин аналым,
Төрөөбүт дойдубар тапталым.
ХАҤАЛАС ДА ҮТҮМЭН СЫЛЛАРЫ УҤУОРДААН
Н.Н. Борисова-Нарыйа
Хаҥалас да үтүмэн
Сыллары уҥуордаан,
Көттөҕө биһиги
Хомторуун хотойбут.
Хаҥалас-мин дьолум
Хаҥалас-мин дьылҕам,
угуйар,
Сандаарар сулуһум.
Култуура үтүөкэн
Үлэһит дьонноро
Сыдьаайа сылдьабыт
Бар дьону айхаллыы.
Бу ыллыыр ырыабыт,
Туойар тойукпут,
Ананнын эйиэхэ,
Тапталлаах дойдубут.
Үйэлэри тухары
Үүн, чэлгий, чэчирээ,
Үтүөкэн дойдубут,
Хаҥалас барахсан!
Хаҥалас-мин дьолум,
Хаҥалас-мин дьылҕам,
Ыраахха угуйар
Сандаарар сулуһум.
Бу ылыыр ырыабыт,
Бу туойар тойукпут
Ананнын эйиэхэ,
Тапталлаах дойдубут.
Хаҥалас-мин дьолум,
Хаҥалас-мин дьылҕам,
Ыраахха угуйар
Сандаарар сулуһум.
// Айар тылбыт оһуора: [хомуурунньук] / [хомуйан оҥордо Л.Н. Колесова.-Дьокуускай: Дани-Алмас, 2019.-С. 9
БАРҔАРЫЫ ЫРЫАТА
С. Руфов тыла
Нууччалыы сахалыы тоҥ буору ириэрэ,
Олорор уонунан омуктар
Олоҥхо дойдута диэн ааттыыр сирдэрэ
Күн аххсын дьол иһин уһуктар.
Хос ырыата:
Бухатыыр Ньургуннуу барҕара сайдаммыт
Күүһүрэн-уоҕуран туруохха,
Бу орто дойдуга төрөөммүт-ууһааммыт
Уйгулаах олоҕу тутуохха
Хос ырыата:
Көмүспүт күлүмэ, алмааспыт килбиэнэ
Дьүкээбил уотунуун холбостун.
Илгэни диэлитэр эбэбит Элиэнэ
Уостары билбэккэ устуохтун.
Хос ырыата
Баайбытын-дуолбутун хантан иһиэххэ
Эйэлээх доҕордуу иһиэххэ
Эйэлээх доҕордуу үлэнэн,
Аан дойду күөнүгэр биллиэххэ-көстүөххэ
Өй-санаа, күн үөрэх күүһүнэн.
ТАПТЫЫБЫН САХАМ СИРИН
И. Павлов тыллара
А. Васильев мелодията
Таптыыбын кылгас сайыннаах
Тыйыс торообут дойдубун,
Кымыс, уут, суогэй быйаннаах
Куох сирэм саамал уйгутун.
Сипсийэр суугун аргыстаах
Тулалыыр бу кэрии тыабын,
Сурэ5и сууйэр алыптаах
Сахам сирин таптыыбын.
Туналыйар налыы алаас
Тор5о солконон тупсарын
Тыымпы куолугэр таалалаан
Тыал куолэьийэ устарын.
таптыыбын кылгас сайыннаах
Тыйыс торообут дойдубун,
Кымыс, ннт, суогэй быйаннаах
Сахам сирин таптыыбын
// О5о ырыалара-2. Мультимедийнай ырыанньык.-Дьокуускай: Бичик, 2019.-С. 47
ХАҤЫЛ ХААННААХ ХАҤАЛАСТАР
Наталия Борисова-Нарыйа
Хаҥыл хааннаах Хаҥаластар
Хаҥыл аты миинэннэр
Эркээнинэн, Туймааданан
Элэстэнэ көтүтэн,
Көҥүл босхо күөх дуолга
Тыалы кытта тыал буолан,
Холоруктуу эргийэн,
Хотой тэҥэ өрө дайа,
Көтөллөрө көччүйэ.
Ыһыахтары ыһаллара,
Айах чороон туталлара,
Саламаны аар мастарга
Бэлэх биэрэ ыйыыллара.
Көрдөһөллөр этэ мэлдьи
Үрүҥ Аар Тойонтон, Дьылҕа Хаантан
Өҥ быйаҥы, үтүө дьылы,
Алгыс баһа арыылааҕын.
Ыраас таптал, эрэнии
Кинилэргэ баар этэ.
Тоҥ уус бииһин кыргыттарын
Саамай кэрэ талбаларын
Талан кэргэн ылаллара.
Үс саханы үөскэтэ,
Түөрт саханы төрүттүү
Тулааһыны туруорбуттар,
Туругура олорбуттар.
Күүстээх- санаа, өркөн өй
Баһылыыра кинилэри
Саха бииргэ түмсүөхтээх,
Саргы бииргэ салаллыахтаах.
Бииргэ түмсэр буоллахха,
Кыайбатаҕы кыайыахпыт,
Үгүһү да ситиһиэхпит,
Үүнэ-сайда туруохпут.
//Хаҥыл.-№8, 2014 июнь.- С.14
*****
Түҥ былыр бу манна
Эркээни эбэҕэ
Сахалар мустаннар,
Ыһыаҕы ыһаннар,
Салама ыйааннар,
Оһуохай оонньооннор,
Бу сири сөбүлээн
Олорбут эбиттэр.
Бэл Дыгын кырдьаҕас
Кытаанах Кырдалга
Кыстыктаах буолара,
Хаан-уруу дьонунуун
Халыҥ үөр сүөһүтүн,
Сыспай үөр сылгытын
Сыһыынан, хонуунан
Иитиэхтээн олоорто.
Бу сири сөбүлээн
Алгыстаах тылынан
Арчылаан,
Көп суорҕан оҥостон,
Кыраман дойдуга
Үйэ-саас барбыта…
// Хаҥыл.-№8, 2014 июнь.- С.56
САХАМ СИРЭ БАРАХСАН
Якутия любимая моя
Сл. И. Гоголева
Муз. Г. Григоряна
Край любимый, край прекрасный,
Благодатная земля!
О тебе поем мы песни,
О Якутия моя!
Үрүҥ эһэ арҕаһыныы
Үллэр бааллаах хоту байҕал
Кытылыгар айар, ыллыыр
Сахам сирэ барахсан.
Оо, төрөөбүт күндү дойдум,
Таптыыбын эн ырыаларгын,
Хара улар хааһын курдук
Аалай кыһыл сарыалгын.
Олоҥхо да куйаарыгар
Эн хомуһуҥ тыаһын суохтуом.
Ханнык да сир халлааныгар
Эн сулускун мин суоллуом.
Где раскинулся широко
Ледовитый океан,
Там земля моя родная,
Там Якутия моя!
ЭРКЭЭНИМ БАРАХСАН
Борисова Н.Н.-Нарыйа
Таптыыр эбиппин эйиигин
Тапталлаах Эркээним хочотун,
Суохтуур да эбиппин мэлдьитин
Эн талба, эн кэрэ киэҥ дуолгун.
Эркээним, Эркээним барахсан,
Мин таптыыр, ытыктыыр киэҥ хочом.
Айылҕа маанылаах оҕото
Тапталбыт, үөрүүбүт биһиэнэ.
Ахтабын ханна да тиийдэрбин
Эн үрдүк арҕастаах мырааҥҥын,
Сибэкки симэхтээх кырдалгын,
Өлүөнэм суккуллар сүүрүгүн.
Эркээним киэҥ, холку дуолугар
Салгына ырааһын, кэрэтиэн,
Ыймахтыы истэрбин өрүүтүн
Эн мүөттээх минньигэс салгыҥҥын.
Эркээним, эн миэхэ мэлдьитин
Төрөппүт ийэлии күндүгүн,
Махатныам Дьылҕа Хаан Тойоммор
Эн ньуургар айыллан кэлбиппэр
//Сырдык үрүйэ.-Покровск.-С. 20-21; Ханыл.-№8, 2014 июнь.- С.14
ЭРКЭЭНИ ТУҺУНАН ЫРЫА
Тапыев В.Г.
Соҕуруу Ытык хайа
Тэллэҕиттэн тэнийбит,
Куллаты үрэх аана
Кытылыттан кэҥээбит.
Улуутуйар хочобут,
Күндэлэс Эркээнибит,
Таптыыр үтүө дойдубут,
Дьоһун-мааны бар дьоммут.
Өбүгэ сирэ-уота,
Улуу эбэ кытыла,
Ытык мастаах Ой бэстээх
Үс Тииттээх киэҥ аартыктаах.
Үрдүк мыраан киэргэллээх,
Чэлгийэр күөх алардаах,
Килбиэн ньуурдаах күөллэрдээх
Маанылаах түөлбэлэрдээх.
Киэҥтэн киэҥ түһүлгэлээх
Үрүҥ тунах ыһыахтаах,
Мүөттээх дыогыл сыттардаах
Долгуйар ходуһалаах
Үлэ, үөрэх аргыстаах,
Сырдык ыра санаалаах,
Дьолу түстүүр аналлаах
Кэскиллээх ыччаттардаах.
Саҥа үйэ суолунан
Үүнэ-сайда аргыстан,
Уйгу-быйаҥ олохтон
//Сырдык үрүйэ.-Покровск.-С. 75-276;
МИН ДОЙДУМ
Семен Данилов
Бу далай, бу халлаан сарыала,
Сүрэҕи угуттуур күөх салгын,
Бу йугу ыһыаҕын чараҥа,
Үлүскэн үөрүүбүт, бу дьолбут –
Барыта эн эбээт, мин дойдум!
Бу өлгөм үүнүүлээх алаастар,
Бу саһыл сыһыылаар, толооннор,
Бу көмүс үктэллээх хайалар,
Угуттаан таһымныыр үрэхтэр –
Барыта эн эбээт, мин дойдум!
Бу мичил күн түһэн саатаабыт
Киэҥтэн киэҥ уорҕалаах сир-дойду,
Бу «кэхтэр» — диэн тылы сатаабат
Кэрэммэт кэккэлээх ыччатым –
Барыта эн эбээт, мин дойдум!
Ньиргиэрдээх бу үрүҥ куораттар,
Киэҥтэн киэҥ уорҕалаах сир-дойду,
Бу «кэхтэр» — диэн тылы сатаабат
Кэрэммэт кэккэлээх ыччатым –
Барыта эн эбээт, мин дойдум!
Ньиргиэрдээх бу үрүҥ куораттар,
Киэҥтэн киэҥ куйаарар аартыктар,
Бу айар үлэбит этиҥэ,
Бу ыллыыр ырыабыт көмүһэ –
Барыта эн эбээт, мин дойдум!
// С. Данилов Хоһооннор. Орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар /С.П. Данилов; Хомуйан оҥордо С.И. Тарасов.-Дьокуускай:Бичик, 2005.-С.11
КИҺИЭХЭ – ТӨРӨӨБҮТ ДОЙДУТА
Семен Данилов
Киһиэхэ – төрөөбүт дойдута
Төрөппүт ийэтин кэриэтэ:
Сүрэҕин ытатан, ыллатан,
Норуот кырдьыгар үөрэтэр.
Киһиэхэ – төрөөбүт дойдута
Төрөппүт аҕаҕа холонор:
Тоҥорон, буһаран, эрчитэн,
Ньыгыл укулаат оҥорор.
Киһиэхэ – төрөөбүт дойдута
Таптыыр дьахтарын кэриэтэ:
Кини дьоло, хомолтото
Хоодуот, уйаҕас сүрэхтиир.
Киһиэхэ – төрөөбүт дойдута
Таптыыр оҕотун тэҥнээҕэ:
Кини кэскилин туһугар
Тыынын да толук ууруоҕа
// С. Данилов Хоһооннор. Орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар /С.П. Данилов; Хомуйан оҥордо С.И. Тарасов.-Дьокуускай:Бичик, 2005.-С.80
УМНУЛЛУБАТ УОН СЫЛ
Моисей Ефимов
Ол туруук таастан өндөл халлааҥҥа
Хомпоруун хотой өрө көттө.
Көҥүл көччүйдэ көҕөрөр урсуҥҥа
Саатыыр сарыалга сүтэ-көстө.
Ону көрөппүн көҥүлгэ көҕүйүү
Эрчимирдэр тэтимэ миэхэ билиннэ.
Өбүгэм хааныттан бэриллибит өрүкүйүү
Сөҕүрүйбэт тыына сүрэхпэр тилиннэ.
Көҥүл эрэ этэ үрүҥ күн анныгар
Саха барахсан ыраламмыт ырата,
Үтүмэн үйэлэргэ Көҥүл тyhyгap
Тохпута көлөһүнүн, кыа хаанын тохпута.
Бопсууну-хаарчаҕы улуу тулуурунан
Тулуйбута, тулуйбута. Онтон дьэ биирдэ
Ол күүппүт Көҥүлэ, былыт быыhынан
Күн тыгарын курдук, көстү түспүтэ.
Онно эгди буолбута бэйэтин бэйэтэ
Салайынар ыратын ытыhыгар ылан.
Кэскил кэрэлэнэр кэмэ ол этэ-
Урааҥхай саха умнубат уон сыла.
Былдьаппат инибит былаҕайга ама
Ол онно түhэриммит төлкөбүт түөрэҕин!
Сарыал күлүгэ суох дьэҥкир халлааҥҥа
Сандаарда ыhар сардаҥа сүүмэҕин.
Күндэлэс күлүмҥ күн диэки үөһэ
Күөрэйдэр күөрэйэр хомпоруун хотой.
Көҥүлгэ тардыһыы күлүмэх күүһэ
Ханныктаах да харгыhы бурайар-хотор.
КҮННЭЭХ БЫЛААХ
Н. Михалева-Сайа
Күннээх халлаан лоскуйун
Мин илиибэр ылабын,
Сахам ыра санаатын
Түөспэр ыга тутабын.
Айыым сирин үрдүнэн
Алгыс аман күүһүнэн
Киирбэт күнү дьүһүйбүт
Килбиэн кэми өйдүүбүн:
Күнтэн эрэ тэһииннээх
Күн улууhа буоларга
Күннээх былаах ыҥыра
Күлүмүрдээн кэлбитэ.
Хара былыт халыйбат,
Хаардаах самыыр баhыйбаm
Халлаан унаар урсуннаах
Хаарыан кэмэ күүппүтэ!
Ыра санаа-ытык сирдьит
Ырааҕы да чугаhаnnыm,
Көҥүллэммэт Көҥүл кэрэ
Ырыаларын ыллаппыт …
//Н. Михалева-Сайа Кистэлэҥ халлааным айыыта: хоьооннр.-Якутск:Бичик, 2006С. 15-16
САХАМ СИРЭ БАРАХСАН
И.М. Гоголев-Кындыл
Үрүҥ эһэ арҕаһыныы
Үллэр бааллаах хоту байҕал
Кытылыгар айар, ыллыыр
Сахам сирэ барахсан.
Оо, төрөөбүт күндү дойдум,
Таптыыбын эн ырыаларгын,
Хара улар хааһын курдук
Аалай кыһыл сарыалгын.
Олоҥхо да кыраайыгар
Эн хомуһуҥ тыаһын суохтуом,
Ханнык да сир халлааныгар
Эн сулускун мин булуом.
Үөрэр күммэр мин тулабар,
Эн чыычааҕыҥ ыллатын,
Ыадьар күммэр мин аттыбар
Эн хатыҥыҥ санаарҕаатын.
Киирбэт күннээх сүрэх курдук,
Түөспэр өрүү илдьэ сылдьыам,
Көҥүл, модун ийэ дойдум
Киэҥ дуолун сырдатыһыам!
// О5о литературатын антологията /Дьокуускай: Бичик, 2014.-2 с- кинигэтэ: орто уонна улахан кылаас о5олоругар [хомуйан оҥордулар: Е.М. Поликарпова уо.д.а.].-2017.-С.16.
ТАЛЫЫ-КЭРЭ САХАМ СИРЭ
Эллэй
Хотугу Муустаах муоралыын,
Туундаралыын, тай5алыын,
Чысхааннаах тымныы кыһынныын,
Уоттаах куйаас сайынныын –
Хаһан, ханна да буолларбын,
Өйбөр өрүү эн бааргын,
Таптыыр, ахтар
Талыы-кэрэм,
Ыллыыр-туойар
Сахам сирэ!
Сааскы көтөр саҥатыныын,
Үрэх устар тыаһыныын,
Ымыы чыычаах ырыатыныын,
От, мас мүөттээх сытыныын –
Хаһан, ханна да буолларгын,
Таптыыр, ахтар
Талыы-кэрэм,
Ыллыыр-туойар
Сахам сирэ!
Лена кыынньар долгунунуун,
Үтүө, хорсун дьоннордуун,
Оонньуур, күлэр оҕолордуун,
Үөрэ көрсөр доҕордуун –
Хаһан, ханна да бардарбын,
Өйбөр өрүү эн бааргын,
Таптыыр, ахтар
Талыы-кэрэм,
Ыллыыр-туойар
Сахам сирэ!
Көрбөт буолан да сыттарбын –
Көрүөх этим сырдыккын,
Дьүлэй буолан да хаалларбын –
Истиэх этим саҥаҕын.
Хаһан, ханна да буолларбын,
Өйбөр өрүү эн бааргын,
Таптыыр, ахтар
Талыы-кэрэм,
Ыллыыр-туойар
Сахам сирэ!
Киммин ыйыт, киэн туттаммын,
Эппиэттиэҕим – сахабын,
Совет сирин баай тайҕатын,
Алмаас кыраай уолабын.
Хаһан, ханна да бардарбын,
Өйбөр өрүү эн бааргын,
Таптыыр, ахтар
Талыы-кэрэм,
Ыллыыр-туойар
Сахам сирэ!
// Эллэй Ырыалар, хоһооннор, поэмалар: Орто уонна улахан саастаах оскуола о5олоругар .-Дьокуускай:Бичик, 2004.-С.129-130
БАСТАКЫ ПРЕЗИДЕНТ
Н.П. Корякин-Уран Ньукулай
Мунньан Дархан саҕаттан
Майгы буолан тэнийбит,
Муҥутуур өй түөлбэтэ
Муҥурданан хаалбакка
Хаҥаласка сайдыбыт
Хатан санаа тыллыбыт.
Тыгын Дархан сэриитэ
Тула үүммүт сэлиитэ,
Туймаадаҕа кииннэнэн
Туругуран барбыта.
Хаҥаластан төрүттээх
Хотой бэрдэ түммүттээх.
Силипиэнтэп саҕаттан
Силис тардан аатыран,
Саха омук олоҕун
Саргыларын тутарга
Мэхээлэбит салайар
Миҥэ атын мииммитэ.
Эркээниттэн тардыылаах
Эрэл саргы санаалаах,
Эллэй Боотур кэриэтэ
Элбэх саҥа суоллары
Мэҥэ бэлиэ туруоран
Мэхээлэбит тыырбыта.
Бастакыбыт барҕардын,
Баараҕай мас буолуохтун!
Удьуор тыыммыт ууһаатын
Уруйдана туруохтун!
Мааны бастыҥ киһибит
Мэхээлэбит аатырдын!
Николай Павлович Корякин-Уран Ньукулай, ССРС физкультураҕа, спортка туйгуна, СР үөрэҕириитин туйгуна ССРС уонна САССР көҥүл тустууга, хапсаҕайга маастара, норуот талааннааҕа, Үөһээ Бүлүү
ҮС ХОЧО
(М.Е. Николаевка)
Тимофеев М.
Эркээни, Туймаада, Энсиэли —
Элиэнэ Эбэ үс хочотун —
Барҕатын түhэрбит Эллэйи
Бар- дьоммут уруйдуу туруохтун!
Хос ырыата
Үс хочо күөх ача өҥ буорун
Үүнүүнэн чэлгитиэҕиҥ!
Ол тэҥэ сахабыт норуотун
Ахсаанын элбэтиэҕиҥ!
Сахалар бу сиргэ үөскээммит,
Сайдыыны тэнитэ түстээммит, —
Үлэни, үөрэҕи үүннээммит
Үрдүк дьол диэн тугун билиэхпит.
Хос ырыата
Үс хочо күөх ача өҥ буорун
Үүнүүнэн чэлгитиэҕиҥ!
Ол тэҥэ сахабыт норуотун
Ахсаанын элбэтиэҕиҥ!
Эркээни, Туймаада, Эҥсиэли
Дорҕоонноох ырыата дуорайдын
Тахсар күн сарыала чаҕылхай
Таас дьиэбит эркинин сыдьаайда
Хосырыата
Үс хочо күөх ача өҥ буорун
Үүнүүнэн чэлгитиэҕиҥ!
Ол тэҥэ сахабыт норуотун
Ахсаанын элбэтиэҕиҥ
АХТА САНЫЫР ДОЙДУБУТ
Раиса Сысоева
Дойдубун санааммын
Долгуйан ылабын,
Дуоһуйа ахтабын
Долгуйар күөх дуолу.
Холооно суох хочо
Чэлгийэр чээл күөҕүн.
Күөх уйгу быйаннаах
Үүнүүлээх алааһым.
Унаара көҕөрөр
Чээлэй күөх тыалара
Сөҕүмэр кэрэлэр
Сиэттиспит мырааннар.
Сындыыстыы сыыйыллар
Субуллар суоллара
Эйигин тиэрдиэҕэ
Бу кэрэ дойдуга
Талаһар, тардыһар
Тапталлаах дойдубут,
Эн үтүө ааккынан
Киэн тутта туруохпут.
//Р. Сысоева Этиэм этэ эйиэхэ…: Хоһооннор, алгыстар, анабыллар.-Өктөм, 2014.- С. 28
ТӨРӨӨБҮТ ДОЙДУМ
Раиса Сысоева
Ханна да сырыттарбын
Хаһан да умнубаппын,
Ахтан-санаан кэлэбин,
Курдаттыы тартарабын
Төрөөбүт дойдубар – Өктөммөр.
Еини киэҥ нэлэмэн хонуута
Ыраас уута, ыраах тыата,
Чэбдик, чэгиэн салгына
Кэлэр-барар киэҥ суола
Кими баҕарар тардар,
Кими баҕарар олохсутар.
Эн кэрэҕин киэҥҥинэн
Кэтит аһаҕас сиргинэн,
Ол иһин даҕаны бар дьонум
Киэҥ ыырдаахтар, күүстээх дьулуурдаахтар,
Үтүөҕэ, кэрэҕэ тардыһыылаахтар.
Эн киэн туттуоҥ кэлэр кэскилгигэн,
Кэхтибэт кэнчээри ыччаккынан,
Үйэлэргэ өлбөт-сүппэт
Үтүө ааттанан суол хаалларбыттарынан.
Ахта-саныы, тардыста, түмсэ туруохтара
Эн ытык сиргэр сүгүрүйэ.
//Р. Сысоева Этиэм этэ эйиэхэ…: Хоһооннор, алгыстар, анабыллар.-Өктөм, 2014.- С. 29
БУ МИН ДОЙДУМ
Раиса Сысоева
Өбүгэлиир дьоннорум
Өртөн ыла олохсуйбут
Эркээнилиир хочоҕо,
Өктөм ытык сиригэр.
Төрөөбүтүм мин манна
Төрүт сирбэр, түөлбэбэр,
Төлөрүйбэт аналланан
Төлкөм манна төрүттэммит.
Бу мин дойдум, мин сирим,
Дьонум-сэргэм, Доҕотторум,
Дьолум төрдө, мин дьылҕам,
Дьоллоох кэрэ кэмнэрим.
Кэрэтиэн кэрэ дойдум
Киэркэйбитэ, кэҥээбитэ,
Кэпсэлгэ киириэ кэлэр кэмҥэ
Кэрэхсэнэр кэскилэ.
Дойдум сирин дьоһун аатын
Дьолун туойан хоһуйуом,
Ыччат дьонун ыратын
Ырыа гынан мин ыыллыам.
//Р. Сысоева Этиэм этэ эйиэхэ…: Хоһооннор, алгыстар, анабыллар.-Өктөм, 2014.- С. 30
ХАҤАЛАСТАР БУОЛАБЫТ
Раиса Сысоева
Хаҥыл Хаҥаластар
Ханнык да кэмнэргэ
Хорсун санаалаах
Холобур буолар
Хоодуот дьонноох.
Холбоһор – түмсэр
Төрүттөлкөлөөх,
Эрдээх санаалаах
Эркээни эбэ ыччаттара
Өркөн өй эргийэр киинэ –
Өктөм сирин дьонноро
Буоларбытын өрө тутан
Өрүү инники –
Кыайыылааххотуулаах
Хоодуоттар буоларбытын
Үйэлэргэ өрө тутуҥ,
Үтүөнү үксэтиҥ,
Кэскиллээҕи олохтооҥ,
Төлкөлөөҕү төрүттээҥ,
Алгыһынан айыҥ – тутуҥ!
//Р. Сысоева Этиэм этэ эйиэхэ…: Хоһооннор, алгыстар, анабыллар.-Өктөм, 2014.- С. 31
КЭРЭТИЭН ЭРКЭЭНИМ
Раиса Сысоева
Кэрэтиэн Эркээним
Кэрэ киэҥ көстүүтэ,
Киэркэйэ туруохтун
Кэлэр да кэмнэргэ.
Бу мин дойдум, мин дьонум,
Төрөөбүт айылҕам,
Сүрэхпэр чугаскын
Арахпат аналбар.
Айылҕа анаабыт,
Айарга угуйбут
Амарах иэйиитэ
Ылбаҕай ырыата.
Эн буолууй, Эркээни,
Кэлэр кэм кэскилэ,
Кэхтибэт киэргэлэ,
Кэмнэммэт кэрэтэ.
//Р. Сысоева Этиэм этэ эйиэхэ…: Хоһооннор, алгыстар, анабыллар.-Өктөм, 2014.- С. 32
ХАҤАЛАС ААТТАНАН
Раиса Сысоева
Хаҥалас аапытын
Хайдахтаах дьоннорбут
Чөлүгэр түһэрэн
Ыччакка хаалларда.
Хомпоруун хотойго
Холоонноох хорсуттар
Холбоһон түмсэргэ
Холобур буолбуттар.
Ил-эйэ туһугар
Инники испиттэр,
Кэлэр кэм кэрдииһин
Кэскилин көрбүттэр.
Хоһууттар ааттарын
Хоһуйуҥ, ыччаттар,
Хотуулаах үлэнэн
Холобур буолаарыҥ.
Хаҥалас ыччата
Ханнык да кэмнэргэ
Хайҕалга сылдьыаҕа,
Ааттара ааттаныа.
Хаҥалас ыччата,
Ханна да эн сырыт,
Киэн туттар эн буолаар
Хаҥалас ааккынан.
//Р. Сысоева Этиэм этэ эйиэхэ…: Хоһооннор, алгыстар, анабыллар.-Өктөм, 2014.- С. 33
ХАҤАЛАС ДОЙДУТА
Раиса Сысоева
Ханна да суох кэрэ
Хаарыаннаах дойдубун
Ханыылыы көрөбүн
Күн Айыы сиригэр.
Хайдахтаах кэрэний
Хаҥалас дойдута,
Ханна да тэҥэ суох
Өлүөнэм очуоһа.
Харыһый харыстаа
Хампа күөх тыабытын,
Холооно суох хочо
Долгуйар чээл күөҕүн.
Хаҥалас , эн киэркэй
Үйэттэн үйэҕэ,
Сайда тур, чэчирээ,
Тапталлаах дойдубут.
//Р. Сысоева Этиэм этэ эйиэхэ…: Хоһооннор, алгыстар, анабыллар.-Өктөм, 2014.- С. 34
ТӨРӨӨБҮТ ТҮӨЛБЭМ
Раиса Сысоева
Түөрэҕим түспүт, төлкөм түстэммит
Төрүт сирим, төрөөбүт түөлбэм,
Кутум-сүрүм, айыллыбыт айылгым
Анаммыт аналым, аанньалларым.
Силис тардан, куорсун анньан
Төрүттэнэн сиппитим.
Олох олорон, оҕо төрөтөн
Ытык аналбын билбитим.
Тирэх ылан, күүс эбинэн
Сирбэр-уоппар сырыттарбыан,
Өйбөр-сүрэхпэр эрчим эбэр
Эрэл кыыма, төрөөбүт эйгэм
Самныбат санаа, үтүө дьулуур,
Уҕараабат уох, өһүллүбэт өй
Өр кэмнэргэ сылдьыстын.
//Р. Сысоева Этиэм этэ эүиэхэ…: Хоһооннор, алгыстар, анабыллар.-Өктөм, 2014.- С. 35
ПЕСНЯ О ЗЕМЛЕ ХАНГАЛАССКОЙ
Слова —Тарасова Л.И., мелодия А. Егорова
Живут на земле Хангаласской,
В долине великой реки,
Потомки Тыгына саха-ураанхайи
И пашенные ямщики.
Припев:
Мы-дети Земли Хангаласской,
Мы-мирные люди труда.
Историю помним, традиции ценим,
Свой край прославляем всегда.
Здесь дружной семьей проживают
Сельчанин, строитель, горняк.
Растят сыновей, мастерству обучают
И дедов заветы хранят.
Припев:
Булуус, Самартай и Эркээни,
Величие Ленских столбов
Хранят хангаласцы, как вечную ценность,
Потомкам на много веков.
Припев:
Поднялся над Леною-рекою,
Навстречу счастливой звезде,
Покровск наш любимый, гордимся тобою
И песни поем о тебе.
// Айар тылбыт оһуора: [хомуурунньук] / [хомуйан оҥордо Л.Н. Колесова.-Дьокуускай: Дани-Алмас, 2019.-С . 88-89
Назад