ИЙЭ

ИЙЭ ТУҺУНАН ХОҺООННОР

ИЙЭҔЭ

Сылаас истиҥ мичээрдээх,

Сымнаҕас-намчы илиилээх,

Ийэ, ийэ барахсан-

Кини ийэ барахсан

Ким иннинэ туруоҕа

Күнү кытта сырсыаҕа,

Күлэ-үөрэ сылдьыаҕа

Күлүмүрдүү сырдыаҕа.

Таптыыр уолун күүтүөҕэ,

Таптыыр кыыһын кэтиэҕэ,

Түбүгүрэн да ылыа

Барытыгар кыһаныа.

Күнүһүн үлэҕэ буолуоҕа

Түүнүн түһээн көрүөҕэ,

Эн тускар кыһаныаҕа

Эрэллээх доҕоруҥ дэтиэҕэ…

Ыарыйдаргын ыксыаҕа

Аттыгар буолуоҕа,

Ыксары кууһуоҕа

Күнүн-ыйын бырыаҕа

// Попова-Айыына, Евдокия Иннокентьевна. Чобуо чуорааннарга : [хоһооннор] / Евдокия Попова-Айыына ; [аан тыл авт. А. Владимирова-Хабарова]. — Дьокуускай : Алаас, 2018. -С.4

**********

ИЙЭ

Иван Мигалкин

Ийэ – олоҕу бэлэхтиир,

Ийэ- олоххо маарынныыр,

Кини – күҥҥэ тэҥнэнэр       

Күн күбэй Ийэ дэтэр

// Сырдык иэйиим: [хоһооннор],Иван Мигалкин.-Дьокуускай: Бичик, 2019.-С. 362

*****

ИЙЭ

Розалия Николаевна-Уйулҕаана

Аан маҥнайгы тылбыт

“Ийэ” диэн буолар биһиэнэ,

Истинтэн истиҥ киһибит

Ийэ буолар биһиэхэ.

Дьикти иэйии илгийэр

“Ийэ” диэн тылтан,

Ити тылы иһиттэр

Оҕо тута уоскуйар.

“Ийэ” диэн нарын тыл

Таптыырга үөрэтэр,

Куһаҕантан куоттарар,

Үчүгэйгэ угуттуур

// Аа5ар кинигэ: тѳрѳппүт о5отугар аа5арыгар: [үс чаастаах] .3- кинигэ /хомуйан оңордулар: Л.В. Аргунова, С.М. Захарова.-Дьокуускай: Айар,-С. 46

*******

ХОМОТУМА ИЙЭҔИН

Татьяна Винокурова-Сабыйа

Эн бу сиргэ кэлбитиҥ

Ийэҥ эрэ баар буолан,

Эн бу күҥҥэ үөрбүтүҥ

Ийэҥ көрөн-харайан.

Ийэҥ үөрүө кыраттан-

Үчүгэй үөрэххиттэн,

Быыкаа да ситиһииттэн,

Көрсүө-сэмэй майгыттан.

Үлэни таптыыргыттан,

 Дьон-сэргэ хайҕалыттан

Дьоллонуоҕа астынан

Ордук ийэҥ барахсан.

Ийэн уйан дууһатын

Хаһан да долгутумаар,

Кини намчы сүрэҕин

Адьаһын уолутумаар.

Ийэҥ кэрэ сирэйин

Күлүгүрдэр буолумаар,

Кини сылаас мичээрин

Хомотон тоҥорумаар.

// Аа5ар кинигэ: тѳрѳппүт о5отугар аа5арыгар: [үс чаастаах] .3- кинигэ /хомуйан оңордулар: Л.В. Аргунова, С.М. Захарова.-Дьокуускай: Айар,-С. 66.

*****

ИЙЭБЭР

Ирина Михайлова

Ийэ буолар үрдүк чиэhи

Ийэкээм, чиэстээхтик толордуҥ,

Уон о5о ийэтэ буолуҥҥын,

Уон араас олоҕу түстээтиҥ.

Yйэҥ тухары үлэлээн,

Чиэстэнниҥ уонна дьоллоннуҥ,

Албан аат орденын ылаҥҥын,

Yйэ саас иилинниҥ эн түɵскэр.

Эн дьолуҥ, эн баайыҥ,

Оҕолоруҥ, сиэннэриҥ буолаллар,

Эн ааккын күндүтүк ааттатар,

Утумнуур ыччатыҥ элбэхтэр.

Олорууй, уhуннук ийэкээм,

Олох дьолун ɵссɵ билиий,

Сүүс сааhыгар тиийбитэ эн ийэҥ,

Эн эмиэ, сүүс сааскар тиийээрий,

Ийэккэм!

*****

Кривошапкин А.В. Ийэм оскуолата // Өбүгэм сирэ: Хоһооннор / Андрей Кривошапкин. (В. Сивцев тылб.).-Дьокуускай: Бичик, 2006.- С. 75-76

ИЙЭМ ОСКУОЛАТА

Сааһырар истэҕим ахсын

Кырдьаҕас ийэбин саныыбын.

Дьиҥэр, олох оскуолатын

Ким иннинэ аспытын:

-Туора киһи үөхтэҕинэ,

Үөхсэн хаһан да хардарыма.

Санааҥ дириҥинэн, көхсүҥ киэҥинэн

Киниттэн үрдүк буола сатаа.

Оччоҕо, баҕар, көмөлөһүөҥ

Олох суолугар муммукка,

Көнөр дьылҕаны көрдөһүөҥ,

Тахсыаҥ сырдык аартыкка.

Сутурук сутурукка бэрсэрэ,

Үөхсүү үөхсуунэн сабыллара

Үчүгэйгэ тиэрдибэтэҕэ,

Оннук суолунан барыма.

Арай куттас буолума

Дьонуҥ-сэргэҥ иннигэр:

Кыбыстыбакка охсуһан

Суобаһыҥ куолаһын истээр.

Күндү ийэм санаата улаханын

Оҕолорбор тиэрдэн хатылыыбын:-

Бэйэмсэх буолумаҥ, олоҕу харыстааҥ,

Куһаҕаҥҥа, куолдьаарга сыстымаҥ!

*****

Абаҕыыныскай, А. Ийэ барахсан// Кэскил : Төрөппүт, детсад иитэччитэ оҕоҕо ааҕар кинигэтэ / Хомуйан оҥордулар: А.А. Егорова, М.П. Захарова. – 2-с эбэн, тупсаран таһаарыы. -Дьокуускай : Бичик, 1992.- с.28

ИЙЭ БАРАХСАН

Этиҥ эрэ, оҕолоор,
Эһигини биһиктээн,
Киммит маннык оҕолоон
Киһи гынар бүөбэйдээн?

Күндү ийэ барахсан!

Күндү ийэ барахсан!


Этэр сылаас тылынан

Эмиэ киммит саататар,
Эҥин нарын ырыанан
Эһигини утутар?

Күндү ийэ барахсан!
Көмүс ийэ барахсан!


Этиҥ, киммит кичэйэн
Үтүө суолгаүөрэтэр,
Эһигини тэрийэн
Үөрэнэргэ көҕүтэр?
Кини, Кини барахсан!
Кини —ийэ барахсан!

*****

Тарасов А.Н. Ийэ барахсан баар буолан // Сырдык үрүйэ:Сборник произведений членов литературного клуба «Өлүөнэ долгуннара ».-Покровск, 2010.-С.79-80

ИЙЭ БАРАХСАН БААР БУОЛАН

Ийэ барахсан баар буолан
Эhээхэй о5олор кэлэбит,
Эмийин үүтүнэн аһааммыт
Улаатан киhи буолабыт  

Ийэ барахсан баар буолан
Олох салҕанар тохтообокко,
Бүппэт үлэ түбүгэ
Күөстүү оргуйар уостубакка.  

Ийэ барахсан баар буолан
Сайылык ыраас салгыныгар
Эйэлээх олох оҕолоро
Оонньоон-көрүлээн ааhаллар.

Ийэ барахсан баар буолан
Ынах ыанььыйан ыныранар,
Толору астаах остуоллар
Тото аhыырга ыҥыраллар

Ийэ барахсан баар буолан
Кыргыс-сэрии кэмнэригэр,
Эстэн-быстан хаалбакка
Үйэлэри уҥуордаанкэллэхпит

Ийэ барахсан баар буолан
Сайдыы-үүнүү балысхан,
Ийэ тулуурдаах үлэтэ
Олоҕу түстүү туруоҕа

*****

Алексеева Анастасия Ийэм // О,  как прекрасно слово «Мама!» / [Сост. М.С. Кайдалова].-Якутск: Бичик, 2008.- С. 7

ИЙЭМ

Мин ийэм,
Мин дьолум,
Мин тапталым,

Мин истиҥ иэйиилэрим
Эйиэхэ эрэ ананаллар.

Ийэм истиҥ тыллара
Мин олохпор ананар,
Ийэм сылаас таптала
Дууhабын уhугуннарар,
Ийэм эйэҕэс сыһыана
Үөрэхпэр кынаттыыр,
Ийэм эйэҕэс майгыта,
Үөрэтэр-такайар,

Ким баарый?

Ким баарый?

Ийэ, ийэ

Күн ийэ

Күндү ийэ

Барахсан!

*****

Прокопьева Саина Ийэбэр// О,  как прекрасно слово «Мама!» / [Сост. М.С. Кайдалова].-Якутск: Бичик, 2008.- С. 33-34

ИЙЭБЭР

Ийэ баар буолан,
Күн сирин көрөбүт,
Ийэ баар буолан,
Биhиги дьоллоохпут.

Ийэ истиҥ сүбэтинэн,
Олоххо элбэҕи билэбит,
Ийэ кэрэ мичээринэн

Тапталы, махталы билэбит.

Ийэм дьиэҕэ суоҕар

Тэhийэн олорбот курдукпун,
Ийэм дьиэҕэ баара

Сырдыгы, сылааhы сыдьаайар,
Араас минньигэс аһынан
Миигин көрсөн аһатар.
Араас өҥнөөх сабынан
‘Гаҥас баайан таҥннарар.

Ийэм куруук үөрэ- көтө
Олоххо дьолу эрэ биллин,
Оҕолорун дьоллорунан
Олоҕор yhун үйэлэннин.

Мин эмиэ ийэм курдук
Чөл олоҕу тутуһуом.

Ийэм үтүө холобурунан
Оҕолорбун кэрэҕэ угуйуом,

*****

Аввакумова Сахалиита Күндү ийэм// О,  как прекрасно слово «Мама!» / [Сост. М.С. Кайдалова].-Якутск: Бичик, 2008.- С. 35

КҮНДҮ ИЙЭМ

Сардаана сибэкки курдук ,
Нарын-намчы быhыылаах.
Сардаҥа кыыһар кыымын курдук,
Намыын, кэрэ мичээрдээх.

Сып-сылаастык кууһар

Сымнаҕас илиилээх,

Сайаҕас санаа аргыстаах,
Сандаарар сардаҥалаах.

Истиҥ, эйэҕэс сыһыаннаах ,
Иhирэх, истиҥ санаалаах,

Ийэм миэхэ күндүгүн!

Ийэм миэхэ кэрэҕин!

*****

Н. Саконская Разговор о маме // О маме: Стихи и рассказы.-М.:Детская литература, 1988.-С. 22

РАЗГОВОР О МАМЕ

От чистого сердца
Простыми словами
Давайте, друзья,
Потолкуем о маме.
Мы любим её

Как хорошего друга,
За то, что  у нас

С нею всё сообща,

За то, что, когда

Нам приходится туго,
Мы можем всплакнуть

у родного плеча.

Мы любим её и за то,

Что порою

Становятся строже

В  морщинках глаза.

Но стоит с повинной

Прийти головою –

Исчезнут морщинки,

Умчится гроза.

За то, что всегда

Без утайки и прямо
Мы можем доверить
Ей сердце своё.

И просто за то,

Что она-наша мама,

Мы крепко и нежно любим её.

*****

Е. Благинина   Мама спит // О маме: Стихи и рассказы.-М.:Детская литература, 1988.-С. 22

Мама спит, она устала …
Ну, и я играть не стала!
Я волчка не завожу,

А уселась и сижу.

Не шумят мои игрушки,
Тихо в комнате пустой,
А по маминой подушке
Луч крадётся золотой.

и сказала я лучу:

— Я тоже двигаться хочу.

я бы многого хотела:

Вслух читать и мяч катать.
Я бы песенку пропела,

Я б могла похохотать …

Да мало ль я чего хочу!
Но мама спит, и я молчу.

Луч метнулся по стене,

А потом скользнул ко мне.
«Ничего, — шепнул он будто, _
Посидим и в тишине!»

*****

Суорун Омоллоон  Эһиги ийэҕит// Егорова А.А., Захарова М.П. Кэскил. Оскуола5а киириэн иннинээ5и саастаах саха о5олоругар хрестоматия. Иккис тахсыыта. -Дьокуускай : Саха Республикатын национальнай кинигэ изд-вота, 1992.- с.34

ЭҺИГИ ИЙЭҔИТ

Оҕолоор, эһигини ким ордук таптыыр, аһынар?

-Көмүс ийэҕит. Күндү маамабыт.

Эһигини ким ордук харыстыыр, хатаҕалыыр?

Күндү ийэҕит. Көмүс маамаҕыт.

Оттон эһиги ийэҕит тылын кэстэххитинэ, ким ордук хомойоруй?. Ким хара5ын уута тахсарый?

Барыта эһиги күндү ийэҕит эрэйдэнэр, санааргыыр

*****

Василий Алексеев  Ийэ //Алаас тыала буолуохпут: таптал туһунан хоһооннор /Василий Алексеев; [хомуйан оҥордо, эрэдээксийэлээтэ С.Т. Руфов].-Дьокуускай:Бичик, 2009.-С.112

Көлүөнэ бөҕө ааһыаҕа,

Күн син биир тыга туруоҕа _
Эрэл быстыбат утаҕа

Эйиэхэ эрэ буолуо5а

Улахан, кыра да дэннин-
Омук чэчириир анала,
Түөрэҕэ эмиэ мэлдьитин
Түмүллэр эбээт бу тылга.

Иһирэх, үтүө санаалаах

Иэйэр чараас сүрэхтээххин,
Уoттaaҕap да сылаас, аптаах
Уратылаах мичээрдээххин.

Эн өрүү икки атахтаах
Имэҥнээх тапталын салгыаҥ-,
Уонна бу дойду аньыылаах
Мөккүөрүн сымната сатыаҥ …

Оннук аналыҥ. Кыыс-дьахтар
Ууһат биhи кэскилбитин,
Төлөөн аас ытык алааскар
Төлөрүйбэт сүдү иэскин!

*****

Р. Сысоева Күн күбэй ийэбэр // Этиэм этэ эһиэхэ…Хоһооннор, алгыстар, анабыллар.-Өктөм, 2014.-С. 60

КҮН КҮБЭЙ ИЙЭБЭР

Ийэкээм, мин күндү ийэкээм,

Эн миэхэ туохтан да күндүгүн,

Эн бааргын өрүүтүн сүрэхпэр,

Олоххо анаммыт дьылҕабар.

Эйигин куруутун ахтабын,

Эйиигин мэлдьитинисуохтуубун,

Өрүүтүн, үйэ саас тухары

Эн ааккын күндүтүк ааттыаҕым.

Ийэкээм, олорбут олоҕуҥ

Миэхэҕэ, эн сиэҥҥэр салҕанар

Олохпор үөрүүгэ, кэскилбэр эрэлгэ

Анаабыт алгыһыҥ сирдиэҕэ

****

Егорова С.Е. Ийэбэр эппэтэх тылларым // Сырдык үрүйэ:Сборник произведений членов литературного клуба «Өлүөнэ долгуннара ».-Покровск, 2010.-С.43

ИЙЭБЭР ЭППЭТЭХ ТЫЛЛАРЫМ

Кэрэ да тыллары,

Нарын да тыллары,

Ийэбэр эппэккэ

Хаалбытым кыһыытыан!

Кэрэ да бэлэҕи,

Минньигэс да аһы

Ийэбэр ууммакка

Хаалбытым кыһыытыан!

Үчүгэйи оҥорбокко

Хойутаабыт куруһуон!

Хойутаамаҥ оҕолор,

Кэмсиниэххит мин курдук

*****

Амма Аччыгыйа Ийэ: хоһоон //Кэпсээннэр. Хоһооннор : [орто уонна улахан саастаах оскуола ҕолоругар] / Амма Аччыгыйа ;[хомуйан оҥордо, киирии тылы суруйда Д. В. Кириллин]. – Дьокуускай : Бичик, 2005. – 139,[2] с. : портр. ; 20 см. – (Саха суруйааччылара- оҕолорго.- с. 139

           ИЙЭ
Күн сирин көрдөрөн
Көмүскээн-харыһыйан ииппит,
Күүһүрдэн-улаатыннаран
Көччөх гынан көтүппүт,
Көлөһүннээх дьүһүннээх.
Күкүр-икир таҥастаах
Көмүс күндү күкүллэхпин –
Күн ийэм эмээхсин эрэйдээҕи
Ыраатан-тэлэһийэн сылдьаммын
Эмиэ өйдөөн тиийэн кэллим,
Өйдөөт, үөһэ тыынан ыллым…

Ычах кыра буоламмын,
Ытанньах муҥнаах эрдэхпинэ
Ытыы-ытыы эрэйдэнэрэ,
Ыллаан-туойан саататара,
Ырыган тобугар олордоро,
Ыксары кууһан ылара…

Тымныыттан күрэтэн,
Тырыттыбыт
Ырбаахынан үллүйэрэ.
Итииттэн саһыаран,
Илбирийбит былаатынан бүрүйэрэ.
Этэр тылын минньигэһэ,
Итии тыынын эйэҕэһэ
Эккирэтэ сылдьан баар, —
Экчи умнуо суохпун!..
Ийэбин, күн-күбэй ийэбин,
Эмиэ өйдөөн тиийэн кэллим,
Өйдөөт, өрүкүйэ аҕынным…

Утуйан-нухарыйан сыттахпына
Оргууй, оргууй хаамара,
Сылаас, сылаас баҕайытык
Сыллаан, уураан ааһара.

Ыарытан ыксыыр күннэрбэр
Ыга кууһан сытара.
«Күөрэгэйим көттөҕүнэ
Күнүм-ыйым сүттүн,
Күнүнэн көмүллүүм», — диэхтээн,
Көнө-күндү хараҕа
Күөл уунан туолара…
Күн ийэ диэнтэн
Күһэлтэни көрбөтөх,
Күөх окко күөлэһийэр
Көҥүл оҕо сааспар
Күлэ-үөрэ көрсөрүн,
Күллээх таҥаспын тэбиирин
Күндүтүк өйдүүбүн!

Ороммор уһуктан сыттахпына
Уҥуох илиитинэн имэрийэрэ,
Араас тапталлаахтык саҥарара,
Ааспыт өттүн ахтара,
«Атаҕастабылтан арахсаар» — диирэ…

Алыс мэник уолчаан
Атастарбын кытары
Айаас сылгы буолан
Алаас тыатын туораан
Атаралаан сылдьаммын
Алдьаппытым ааҕыллан,
Абырахпыт элбиирэ, —
Аттыбар куруук баар,
Адьас умнуо суохпун!..

Ийэм эрэйдээх, эйиэхэ
Эдэр сааспынан андаҕайан
Экчи тылбын этэбин:
Элбэх сааһыҥ адаҕыйан,
Иэгэйэ кырдьар кэмнэргэр,
Эрэйгин, ахтаргын билбэккэ,
Эйиэхэ эргиллэн кэлбэккэ,
Эйигин быраҕан бараммын,
Иэтэр-туотар буоллахпына, —
Эрэйдэнэн-буруйданан ииппиккин
Экчи ыттыы былдьаабыт,
Хааннаах хара көлөһүҥҥүн
Хара суордуу халаабыт,
Ханныктан даҕаны хараҥа
Хара түөкүн буоламмын,
Халыҥ үйэм устатыгар
Харыаста-кэмсинэ сылдьыым,
Ханыыттан кыбыста кырдьыым…

*****

И. Артамонов Иллэҥ суох, ийэккээм!: хоһоон //Хоһооннор, поэмалар: [орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар] /Иннокентий Артамонов ; [хомуйан оҥордулар: И.В. Мигалкин, З.В.Мигалкина]. – Дьокуускай : Бичик, 2010.- с.27; то же //Чычып – чаап: Кыра оҕолорго хоһооннор/ Иннокентий Артамонов. – Дьокуускай : Бичик, 2004.- с.31; то же //Артамонов, Иннокентий Иванович Күөх хонуу : Кыра саастаах оҕолорго хоһооннор.- Якутскай : Кинигэ изд-вота, 1974. – 72 с. : с ил.- с.32

ИЛЛЭҤ СУОХ, ИЙЭККЭЭМ!

Ваня уол күннүктээн
Ойуулуур, ойуулуур,
Икки, үс этээстээн
Дьиэлэри оҥортуур.

Кырачаан уолчаанын
Ийэтэ ынырда:
«Кэл, Ваня, аһаарый,
Алаадьыҥг тымныйда».

Амарах ийэтэ
Аһылык бэлэмниир,
Үлэһит киһитэ
Бу курдук эппиэттиир:

«Иллэҥ суох, ийэккээм,
Мин дьиэбин бүтэриим,
Ааннарын кэрэчээн
Ойуулаан киэргэтиим».

Онуоха ийэтэ
Иһигэр мичээрдиир:
«Эн ити кимиэхэ
Тутаҕын дьиэҕин?» — диир

 Уолчаана уһуннук
Толкуйдуу барбата,
Хап-сабар чобуотук
Хоруйдуу оҕуста:

«Аҕалаах ийэбэр —
Эһиэхэ биэрэбин.
Этээстээх мин дьиэбэр
Ыҥырыам эһэбин».

Ийэтэ уолчаанын
Убураан ылбыта:
«Эн дьиэҕин тутаҥҥын
Бүтэр дуу», — диэбитэ.

Ваня уол ырыалаах
Этээстээх дьиэ тутар:
«Мин ийэм, мин аҕам
Дьиэлэрэ буоллуннар».

Остуолга алаадьы,
Сылаас үүт бэлэмнэр,
Кырачаан Ваняны
Күүтэллэр, күүтэллэр.

*****

Баал Хабырыыс (Вешинов Гаврил-Григорьевич) Ийэ: хоһоон // Талыллыбыт айымньылара: Хоһооннор уонна поэмалар. – Якутск : Якуткнигоиздат, 1968.-С.244

ИЙЭ


Эмэккэ эмэр кэмнэртэн,
Иккилээх-үстээх эрдэхтэн
«Ийэ» диэн тылы этэрбит, —

Ийээ, чэ көтөх!—дэһэрбит.

Оҕус кэйээри күрдьүөттүүр,
Ыт сиэри өрө баргыйар,
Ким эмэ мөҕөр, күөмчүлүүр,
Кутгаан даҕаны дьарыйар…

—Ийээ, кэл, быыһаа!—дэһэрбит,
Ийэбэр этиэм! — дэһэрбит.

Оҕо оонньуурун былдьатар,
Убайын сүүрэн куоттарар,
Ытаан маккырыы-маккырыы
Ыксаан: «Ийээ!» — диэн хаһыытыыр.

Ийэттэн ордук күүстээҕи,
Ийэттэн ордук өйдөөҕү,
Ийэттэн ордук кэрэни
Оҕо эрдэхтэн кербөккүн.

Ол иһин таптыыр сирбитин
Ийэ дойду диэн ааттыыбыт,
Күндүттэн-күндү диирбитин
Ийэҕэ тэҥнии саныыбыт.

*****

Баал Хабырыыс (Вешнинов Гаврил-Григорьевич) Ийэ: хоһоон // Талыллыбыт айымньылара: Хоһооннор уонна поэмалар. – Якутск : Якуткнигоиздат, 1968.- С. 421-422

ИЙЭ СҮРЭҔЭ

Вешников Гаврил Григорьевич-Баал Хабырыыс

Бары билэбит биһиги

Ийэ эйэҕэс сүрэҕин,     

Бигиир, биэбэйдиир биһигин,

Көтөҕөр итии ньилбэгин.

Иринньэх, кыра эрдэххэ,

Ийэ сүрэҕэ –оҕоҕо.

Күндүттэн күндү биһиэхэ

Күн күбэй ийэ олоҕо.

Киэһэ: «Утуй!» — диэн бигиирэ,

Кини илиитин сылааһа,

«Күөрэгэйим, күнүм»,-диирэ

Күн аайы өйдөнөн ааһар.

Ама, хаһан, ким өйүттэн

Ааһан, умнуллан арахсыай

Көччөх оҥорон көтүтэр

Күн күбэй ийэ барахсан!

Баҕар, эн улаат, түспэтий,

Тиэргэнтэн, ыыртан тэлэһий –

Дьолгор, үөрүүгэр, үлэҕэр

Мэлдьи баар ийэҥ сүрэҕэ.

Киһи барыта ийэлээх,

Кинини күндүтүк саныыр.

Киһи барыта сүрэхтээх,

Ийэни истиҥник таптыыр.

*****

Баал Хабырыыс Ийэ ырыата: хоһоон //Аччыгый атастарбар : кыра саастаах оҕолорго /Баал Хабырыыс ; [ред. С. Ф. Софронов ; көрөн таһаарда А. С. Сыромятникова]. – Якутскай :САССР Госиздата, 1948. – 22, [2] с. : ил. ;

ИЙЭ ЫРЫАТА
Күөгэйэ уһунна
Күлүмнүүр сырдык ый.
Эн дьолуҥ туһунан
Мин ырыа ыллыыбын.

Ол көмүс толбоҥҥо
Көҕөрөн, күндээрэн
Долгуйа оонньоото
Тайҕа хаар көбүөрэ.

Кылааннаах кырсаҕа
Сылаастык сууланан,
Кыраайбыт барахсан
Кылбаара нуурайда.

Эн эмиэ утуй диэн
Ньилбэкпэр, илиибэр,
Быыкайкаан биэбэйиэм,
Мин аргыый бигиибин.

Саргынан салаллан
Сыл кэлиэ, сыл ааһыа.
Бу халлаан анныгар
Эн көҥүл улаатыаҥ,

Оччоҕо мин түөспэр
Бигэммэт буолуоҕуҥ.
Соргулаах үчүгэй
Олоҕу булуоҕуҥ!

Эйигин бигиэҕэ
Бу халлаан, бу кыраай.
Эйигин билиэҕэ
Киэҥ байхал, Гималай.

Москва куоракка
Кырдьаҕас ийэҕин
Аҕыйах чааһынан
Сынньата илдьиэҕиҥ.

Эйигин бигиэҕэ
Буурҕалаах океан.
Эйигин билиэҕэ
Советскай күөх кыраай

Кылааннаах кырсаҕа
Сылаастык сууланан,
Кыраайбыт барахсан
Кылбаара нуурайда.

Эн эмиэ утуй диэн
Ньилбэкпэр, илиибэр,
Быыкайкаан биэбэйиэм,
Мин аргыый бигиибин.

Күөгэйэ уһунна
Күлүмнүүр сырдык ый.
Эн дьолуҥ туһунан
Мин ырыа ыллыыбын.

*****

Волгина, Т. Ийэбэр бэлэх// Кэскил : Төрөппүт, детсад иитэччитэ оҕоҕо ааҕар кинигэтэ / Хомуйан оҥордулар: А.А. Егорова, М.П. Захарова. – 2-с эбэн, тупсаран таһаарыы. -Дьокуускай : Бичик, 2002.- с.26.

ИЙЭБЭР БЭЛЭХ

Чээлэй күөх сибэкки
Кэрэтин талан,
Ийэбэр бэлэхтиэм —
Истиҥник иэйиэм.

Ийэкэм барахсан
Долгуйа үөрүе,
Мин күндү бэлэхпин
Сүрэҕэр тутуо.

*****

Одорусов,П. Биһиги маамабыт: хоһоон // Үрүйэчээн : [алын кылаас оҕолоругар ааҕар кинигэ / хомуйан оҥордулар: Г. С. Гаврильева, Л.С. Заровняева ; худож. Н. Н. Николаева]. -Дьокуускай : Бичик, 2012.-с. 15; то же Кэскил : Төрөппүт, детсад иитэччитэ оҕоҕо ааҕар кинигэтэ / Хомуйан оҥордулар: А.А. Егорова, М.П. Захарова. – 2-с эбэн, тупсаран таһаарыы. -Дьокуускай : Бичик, 2002.- с.60

БИҺИГИ МААМАБЫТ

Күн сирин үрдүгэр
Күн курдук саныырбыт,
Күндүттэн күндүбүт
Күн күбэй ийэбит —
Биһиги маамабыт.

          ***
Амарах сүрэхтээх,
Аһыныык дууһалаах,
Сайаҕас санаалаах,
Сымнаҕас майгылаах —
Биһиги маамабыт.

              ***
Үөрэрдиин үчүгэй,

 Күлэрдиин минньигэс,

Көрөрдүүн минньигэс,

Тыынардыын ичигэс —

Биһиги маамабыт.

              ***
Күнүһүн үлэлээх,

Киэһэтин түбүктээх,

Бэрийэр-харайар,

Биһиэхэ кыһанар —

Биһиги маамабыт.

*****

И. Горнай Ийэ: хоһоон// Сибэккичээн : орто саастаах оҕолорго хоһооннор / Иван Горнай ; А.Е. Евстафьев ойуулара. – Дьокуускай : Бичик, 1999. –

           ИЙЭ

Аҥардас тапталын уоҕунан
Ийэ арыт соҕотоҕун
Иитэлээн таһаарар уонунан
Эмдэй-сэмдэй оҕолорун.
Эһиги хомотор буолумаҥ
Ийэҕитин, оҕолорум.

Кини улахан оҕотунан
Көрдөрөр кыра оҕотун:
Ийэҕит дьиэнэн-хотонунан
Эргийиэр диэри олоруҥ,
Дьиэҕитин-уоккутун хомунан
Дьикти бэлэҕи оҥоруҥ.

Ийэ итиннэ олоҕунан,
Эдэрдэргэ холобурун,
Этиэ, мэктиэлиэ иэйэн туран
Элбэх оҕолоох ордугун,
Элбэх оҕо ийэтэ буолан
Итии тапталы булбутун.

Оттон бэйэтэ уутун умнан
Оҕолуур ыалдьар оҕотун,
Арыт түүҥҥү түннүккэ туран
Алгыыр ыраах баар оҕотун —
Ийэ оҕотун олоҕунан
Олорон ааһар олоҕун.

Кэрэ диэн кыыһынан, уолунан
Киэн тутта ийэ олордун,
Эйэҕэс мичээрин уотунан
Ийэ сир иэнин толордун!
Эһиги хомотор буолумаҥ
Ийэҕитин, оҕолорум.

*****

Иванова, Г. Ийэм : хоһоон // Эрбэкэ-сэрбэкэ : хоһооннор / [сост.: МарияСтепановна Кайдалова, Розалия Петровна Осипова] ; Самона Курилова ойуулара. -Дьокуускай : Бичик, 2005. – 47 с. : ил. ; 17 см. – (Кырачааннарга).

ИЙЭМ
Ийэм миэнэ иистэнньэҥ.
Миэхэ тиктэ ырбаахы.
Ийэм тикпит таҥаһын
сөбүлээммин кэтэбин.
Үөрэ- көтө дайабын.

*****

Кондратьев, А. Ийэ мичээрэ// Аптаах холбуйачаан : Хоһооннор, остуоруйалар, кэпсээннэр, таабырыннар / Хомуйан оҥордо Г.А.Кирова. – Дьокуускай : Бичик, 1999.-с. 146; то же Кэскил : Төрөппүт, детсад иитэччитэ оҕоҕо ааҕар кинигэтэ / Хомуйан оҥордулар: А.А. Егорова, М.П. Захарова. – 2-с эбэн, тупсаран таһаарыы. -Дьокуускай : Бичик, 2002.- с.67; то же Лоокуут тойуга : оҕолорго хоһооннор / Аким Кондратьев ; [Т. Е. Шапошникова ойуулара]. -Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1988.- 24 с. : ил.-с.13

ИЙЭ МИЧЭЭРЭ

Ийэ мичээрэ
Истиҥ, кэрэ:
Күн уотуттан
Күндү курдук,
Көй салгынтан
Күүстээх курдук.

Ийэ мичээрэ
Элбэххэ үөрэтэр:
Эйэҕэс буоларга,
Эйэни буларга,
Сырдыгы эрэ
Сыдьаайа сылдьарга.

Ийэ мичээрэ
Искэр иҥэрэр:
Олоххо тапталы,
Бар дьоҥҥо махталы,
Эр хорсун санааны,
Эрэллээх буолууну.

*****

А. Николаев Ийэ: хоһоон // Тыытымаҥ чыычаах уйатын / А. Николаев ; [ред. И сост. С. Т. Руфов ; И. И. Попов уруһуйдара]. -Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1979. – 22, [2] с. : ил.-с.6

ИЙЭ

Эн, ийэ, кыраҕын харайа,
Уһун түүн хаста да тураҕын,
Кинини эмиийдии, аһата,
Эн эрэ олорор буолаҕын.
Аттыгар сыталлар эйиэнэ
Арыый да улааппыт дьонноруҥ.
Кинилэр тустара диэн эмиэ
Киэҥ, элбэх түбүгү көрсөрүҥ.
Оҕоһут ийэ, мин эйигин
Олус да долгуйа көрөбүн,
Эн элбэх өрүттээх эрэйгин
Эргитэ санааммын сөҕөбүн.
Аччыгый бу кыра киһибит
Амарах аанньала буолаҥҥын,
Биһиги барыбыт ийэбит,
Биһиккэ төҥкөйөн тураҕын.
Ийэлэр биһиэхэ кыһаллан
Итиччэ, бу бачча буолбуппут,
Оччугуй эрдэххэ хараллан,
Олохпут аартыгын булбуппут.
Айхаллаан ыллыаҕыҥ ийэни —
Амарах сүрэхтээх киһини.
Оҕолоор, ытыктааҥ ийэни,
Улахан сыаналаах киһини!

*****

Семенов Г. Ийэм тигэр туоһунан : хоһоон/ Отонноох оҥоойук / Гаврил Семенов-Серкин ; [аан тыл авт. И. Мигалкин ; ойуулаата А. Р.Богатырева]. – Дьокуускай : Бичик, 2010.- с.- 16

Ийэм тигэр туоһунан
Ыаҕайаны, тууйаһы.
Сайын кэлиэ сотору
Отоннуохпут дии бары.

*****

К. Сосин Иэхэй – чуохай: хоһоон// Эһэлээҕим тиэргэнигэр: төрөппүт оҕотугар ааҕарыгар/ Константин Сосин; А.Филиппова ойуулара.- Дьокуускай:Бичик, 2015.- с.19

ИЭХЭЙ-ЧУОХАЙ!
Иэхэй-чуохай!
Үчүгэйиэн!
Иэхэй-чуохай!
Үөрдэхпиэн!
Иэхэй-чуохай!
Өрө тэйэ,
Иэхэй-чуохай!
Эккириибин.
Иэхэй-чуохай!
Иэхэй-чуохай!
Ийэм кэллэ!
Ийэм кэллэ!

*****

Тимофеев, М. Аҕалаах ийэм// Кэнчээри : (оҕо садын иитээччилэригэр, төрөппүттэргэ уонна педучилище үөрэнээччилэригэр) / К. И. Васильева, А. П. Алексеева ; [худож. И. Пестряков]. – Дьокуускай : Бичик, 2000.-с. 4

АҔАЛААХ ИЙЭМ

Сайын аҕам, ийэм
Отууга хоноллор.
Дэҥ кэриэтэ кэлэн
Өйүө оҥостоллор.
Аҕам косилканан
От оҕустарааччы,
Ийэм массыынанан
Оту мустарааччы.
Арыт мин отууга
Ас илдьэн биэрэбин.
Оччоҕо отууга
Мин хонон кэлэбин.

*****

 Тимофеев, С. Ийэҕин харыстаа// Кэскил : Төрөппүт, детсад иитэччитэ оҕоҕо ааҕар кинигэтэ / Хомуйан оҥордулар: А.А. Егорова, М.П. Захарова. – 2-с эбэн, тупсаран таһаарыы. -Дьокуускай : Бичик, 2002.- с.108; то же Доҕордуулар : кыра саастаах оскуола оҕолоругар [хоһооннор] / Степан Тимофеев ; [худож. В. С.Парников]. – Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ
изд-вота, 1973. -с.28

ИЙЭҔИН ХАРЫСТАА

Степан Тимофеев

Атаахтатар, үөрэтэр,
Амарах сүрэхтээх ийэкэҥ.
Аан дойдуну ититэр
Аламай күҥҥэ эрэ тэҥ.

Үчүгэй киһи буоларгар
Өрүү кини кыһанар,
Арыт-арыт мөхтөр да,
Атаас, иһигэр аһынар.

Аччыктыаҕа оҕом диэн
Араас аһынан аһатар.
Сыллаан-уураан киэһэтин,
Сылаас ороҥҥо утутар.

Тахсан буорга киртиппит
Таҥаскын өрүү сууйар.
Сытыаҕын да баҕардар,
Сылайан, хойут утуйар.

Ыарыйдаххына кини эрэ
Ыксыа, ытыа, айманыа.
Түүнү быһа арахпакка
Таскар олорон ыарыылыа.

Мэниккин уонна аны
Киртийбит да бэйэҕин
Таһыйдаҕына даҕаны,
Таптыыр эбээт эйигин.

Ийэ диэн күндү киһи,
Киниэхэ тэҥнээх ким баарый?
Ийэ диэн күн киһи,
Кинини өрүү харыстаарыый!

*****

Фролов, В. Ийэм туһунан // Аптаах холбуйачаан : Хоһооннор, остуоруйалар, кэпсээннэр, таабырыннар / Хомуйан оҥордо Г.А.Кирова. – Дьокуускай : Бичик, 1999.-с.146

ИЙЭМ ТУҺУНАН

Кулун тутарга ханна эрэ саас унаарар,
Онтон манна кыстык хаар тунаарар.
Ийэм суоҕар күн анна
Күлүгүрэр, көйгөтүйэр.
Төһө да тымныы буоллар,
Ийэм мичээрин мин,
Сыдьаайар күн көрбүтүнүү,
Сылаастык саныыбын.

*****

Эллэй Герой ийэтигэр: хоһоон //Хоһооннор, поэмалар: [орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар] /Эллэй ; [хомуйан оҥордо Н.З.Копырин]. – Дьокуускай : Бичик, 2004.- с.116

ГЕРОЙ ИЙЭТИГЭР

Ытаама, ийээ, ытаама,
Оҕоҥ мээлэ өлбөтө:
Кыайыыга сирдиир знамя —
Кини өлбөт өҥөтө.

Былыргы кэмҥэ ким үҥүү,
Өргөс-кылаан туппутай? —
Ол күнүн сирин көмүскүү
Ньургун Боотур турбута.

Ыраах соҕуруу бырааттан
Ыар ынчык туруута —
Араҥаччылыыр санааттан
Оҕоҥ буойун буолбута.

Ол, ханна киллэм сир күөҕэр
Оонньуур халлаан кустуга,
Булгунньах модун түөһүгэр —
Буойун уолун унуоҕа.

Умнуллубат ол дойдуга
Хоту туундара уола,
Кини Ийэ дойду туһугар
Хотой хорсуна буолла.

Най-хара танка минэлээх
Өлүү уота түллэрэ, —
Эн оҕоҥ, этин илиилээх,
Ону үлтүрүтэрэ.

Оннук биир хааннаах хапсыыга
Кини хаһыытаабыта,
Сытыы ыстаал ыстыыга
Сындыыс уоттаммыта:

— Уруйдан үгүс үйэҕэ,
Уйгулаах Украинам! —
Өстөөх моҕой сүнньүгэр
Өргөн кылыс саалынна.

Кыдыйыллан, к;ыа хааныгар
Өстөөх аймах уһунна.
Кыһыытыан! Кыайыы ааныгар
Хаарыан оҕоҥ оҕунна…

Өлбүтүн иһин, бэрт аата
Бары сиргэ таптанна.
Таптаата саха тайҕата,
Таптаата Украина.

Кини унуоҕар күн кыыһан,
Көбүөр симэх тэтэрдэ,
Көнүллэммит дойду кыыһа
Клен маһы үүннэрдэ.

Ытаама, ийээ, ытаама,
Оҕоҥ мээлэ өлбөтө:
Кыайыыга сирдиир знамя —
Герой өлбөт өҥөтө.

*****

Эллэй Таптыаҕыҥ ийэни!: хоһоон //Хоһооннор, поэмалар: [орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар] /Эллэй ; [хомуйан оҥордо Н.З.Копырин]. – Дьокуускай : Бичик, 2004.- с.10

ТАПТЫАҔЫҤ ИЙЭНИ!

Күн көрүө — от үүнүө,
Сибэкки тэтэриэ.
Күнэ суох туох үүнүөй? —
Күөх сирэм күкээриэ.

Ол тэҥэ — күн тэнэ
Эн ийэҥ, мин ийэм.
Ийэтэ суох иинэн,
Иһийиэ сир ийэ.

Күндүттэн күндүнү,
Кэрэттэн кэрэни,
Күөх сирэм сир күнүн —
Таптыаҕын ийэни!

Ийэттэн төрүүллэр
Генийдэр, геройдар,
Долгуннуу үксүүллэр,
Үүнэллэр норуоттар.

Эн, кини уонна мин
Ийэттэн кэлбиппит,
Ийэбит эмиийин
Илгэтин испиппит.

Күндүттэн күндүнү,
Кэрэттэн кэрэни,
Күөх сирэм сир күнүн
Таптыаҕын ийэни!

Хараҥа хаххалыа —
Күн өһөн барыарыа,
Былыты тыал ыһыа —
Күн күлүм чаҕыллыа.

Оҕотун сор булуо —
Ийэҕэ күн өһүө,
Оҕото дьоллонуо —
Күн курдук күлүмнүө.

Күндүттэн күндүнү,
Кэрэттэн кэрэни,
Күөх сирэм сир күнүн —
Таптыаҕыҥ ийэни

Үрдүк күн соҕотох,
Аан дойдуҥ эмиэ биир,
Ийэ сир оҕото,
Эн ийэҥ эмиэ биир.

Ийэккэҥ сүрэҕэ
Эн түөскэр тэбиэлиир.
Лениннии ийэҕэр
Эрдээхтик иитилин!
Күндүттэн күндүнү,
Кэрэттэн кэрэни,
Күөх сирэм сир күнүн
Таптыаҕыҥ ийэни!

Эн Ийэ дойдугун,
Ийэҕин таптыыр буол,
Оҕоҕун-уруугун
Ийэлии иитэр буол!

Ханна да бардаргын —
Ыл ийэҥ алгыһын,
Ханна да буолларгын –
Ийэҕин эн аҕын!

Күндүттэн күндүнү,
Кэрэттэн кэрэни,
Күөх сирэм сир күнүн —
Таптыаҕыҥ ийэни!