САХАЛЫЫ АУДИОКИНИГЭЛЭР

ИЛ ДАРХАНТАН ИСТЭР КИНИГЭ.

Назад

Г

ГОГОЛЕВ И.М.-КЫНДЫЛ

Саха народнай поэта, дэгиттэр талааннаах прозаик, драматург Иван Михайлович Гоголев-Кындыл «Хара кыталык» романа норуот бүттүүн дьылҕатын көрдөрөр. Норуот талааннаах, дьоҕурдаах дьоно ыар олоххо, сөптөөх суолу тобулар кыахтара суох буолан, дьылҕалара төттөрү дьон-сэргэ ортотугар «хара кыталык» буолаллар. Роман норуот муудараһын, айымньытын кытары ыкса сибээстээҕэ ааҕааччыны/истээччини ордук тардар, абылыыр.
Романы ааҕар — Николай Гоголев, СӨ култууратын
туйгуна, Ю.Е. Платонов аатынан СӨ Судаарыстыбаннай эстрада театрын кэпсэтии жанрын артыыһа

Хара кыталык

I кинигэ I түһүмэх. I кинигэ II түһүмэх; I кинигэ III түһүмэх; I кинигэ IV түһүмэх

II кинигэ I түһүмэх. II кинигэ II түһүмэх ; II кинигэ III түһүмэх ; II кинигэ IV түһүмэх

III кинигэ I түһүмэх . III кинигэ II түһүмэх, III кинигэ III түһүмэх ; III кинигэ IV түһүмэх

Д

СЕМЁН ПЕТРОВИЧ ДАНИЛОВ

Саха народнай поэта Семен Петрович Данилов истиҥ иэйиилээх, дириҥ ис эйгэлээх хоһоонноругар олох көстүүлэрин сүрэҕин нөҥүө аһаран, кэрэни, кэскиллээҕи, үйэлээҕи анааран, судургу, дьэҥкэ тылынан хомоҕойдук хоһуйар. Суруйааччы киһи дьылҕатын уонна норуот кэскилин өрө тутар, аныгы олох, киһи туһунан бэлиэ, философскай түмүктээһиннээх хоһоонноро таҥыллан киирдилэр.
Айымньылары ааҕар — Зоя Багынанова, Саха АССР үтүөлээх, СӨ народнай артыыһа, П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыһа

Анда5ар

Бииргэ үөрэммиттэргэ

Ийэбэр

Кэс тыл

Лирика

Мин аатым

Мин кэриэһим

Өксөкүлээх туһунан баллада

Өрүү талас тохтообокко

Саха саҥата (5 кл.)

Саха дьахтарыгар

Саха таптала

Саха эмээхситтэрэ

Сэрии суола

Тыллар

Төрөөбүт алааспар

Хомус

СОФРОН ПЕТРОВИЧ ДАНИЛОВ

Саха народнай суруйааччыта, психологическай ойуулааһын маастара Софрон Петрович Данилов «Эмээх­син», «Сахалыы саҥарар иһин», «Кии сыта», «Ырыа», «Көрсүһүү», «Саха», «Сурук», «Кыайыы», «От үрэххэ» философскай далааһыннаах айымньылара олоҕу мындырдаан, сыныйан көрөргө, махталынан ылынарга үөрэтэллэр, үтүө майгыга, киһилии сиэргэ иитэллэр.
Айымньылары ааҕар — Николай Гоголев, СӨ култууратын туйгуна, Ю.Е. Платонов аатынан СӨ Судаарыстыбаннай эстрада театрын кэпсэтии жанрын артыыһа

Кии сыта

Көрсүһүү

Кыайыы

От үрэххэ

Саха

Сурук

Ырыа

Эмээхсин

Сахалыы саҥарар иһин (5 кл.)

З

НИКОЛАЙ МАКСИМОВИЧ ЗАБОЛОЦКАЙ-ЧЫСХААН

Прозаик, драматург, кириитик, тылбаасчыт Николай Максимович Заболоцкай-Чысхаан «Сайылыкка», «Үрүҥ сүүрүктэр» айымньытыгар саха киһитин олоҕор буолар суолталаах уларыйыылары, кэм ирдэбилинэн үөскүүр саҥа санаалары суруйааччы бэргэн тылынан, ураты уобарастарынан уус-ураннык тиэрдэр. Айымньы геройдара дьолго-соргуга тардыстар ыраланыылара күүстээх, кэскиллээх олох өрөгөйдөөһүнүн көрдөрөр сырдык тосхоллоох айымньылар.
Айымньылары ааҕар — Николай Гоголев, СӨ култууратын туйгуна, Ю.Е. Платонов аатынан СӨ Судаарыстыбаннай эстрада театрын кэпсэтии жанрын артыыһа

Үрүҥ сүүрүктэр

Сайылыкка (5 кл)

И

АЛЕКСЕЙ АНДРЕЕВИЧ ИВАНОВ-КҮНДЭ

Поэт, прозаик, драматург, кириитик, учуонай Алексей Андреевич Иванов-Күндэ «Ыллыыр ырыам», «Төрөөбүт сир», «Кии сыта», «Күлүмнүүр күммүт», «Төрөөбүт тыл» хомоҕой хоһоонноругар, «Марба», «Доромоонноох» социальнай проблеманы таарыйар кэпсээннэригэр саха киһитин характерын, быһыытын-майгытын, олоҕун нөҥүө норуот бүттүүн дьылҕата арыллар.
Айымньылары ааҕар — Зоя Попова, СӨ үтүөлээх артыыһа, П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыһа.

Доромоонноох

Күлүмнүүр күммүт

Марба

Төрөөбүт тыл (5 кл.)

Төрөөбүт сир (10 кл.)

Кии сыта (6 кл.)

Ыллыыр ырыам

К

АЛЕКСЕЙ ЕЛИСЕЕВИЧ КУЛАКОВСКАЙ-ӨКСӨКҮЛЭЭХ ¨ӨЛӨКСӨЙ

Саха литературатын, норуот инники дьылҕатын, кэскилин төлкөлөөбүт суруйааччы, учуонай-фольклорист, тыл үөрэхтээҕэ, үөрэҕи, билиини тарҕатааччы Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй «Байанай алгыһа», «Ортоку олук алгыһа», «Өрүс бэлэхтэрэ», «Өй, сүрэх икки мөккүөрэ», «Кырасыабай кыыс», «Ойуун түүлэ» үйэлээх айымньыларыгар киһи аймах сайдыытын, норуот дьылҕатын, олох философиятын, үрүҥ-хара бүппэт мөккүөрүн, саха омук ураты олоҕун-дьаһаҕын укулаатын анааран уус-ураннык ойуулуур.
Айымньылары ааҕар — Василий Борисов, СӨ үтүөлээх артыыһа, П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыһа

Байанай алгыьа

Кырасыабай кыыс (8 кл.)

Ойуун түүлэ (9 кл.)

Өрүс бэлэхтэрэ

Оттоку олук алгыһа

Өй, сүрэх икки мөккүөрэ

СЕРАФИН РОМАНОВИЧ КУЛАЧИКОВ-ЭЛЛЭЙ

Саха народнай поэта Серафим Романович Кулачиков Эллэй «Төрөөбүт дойдубар», «Саа уоһугар», «Капитан Гастелло», «Ийэбэр» гражданскай өрө күүрүүлээх, лирическэй иһирэх иэйиилээх хоһоонноругар норуот историятын кэрдиис кэмин ураты тыына, сэрии, охсуһуу күүрээнэ, үөрүүтэ-хомолтото, саҥа олох дьоло, кэскилэ хоһуйуллар.
Хоһооннору ааҕар — Петр Иванов-Добун, Хотугулуу-Илиҥҥи норуоттар тылларын уонна култууратын институтун устудьуона

Ийэбэр

Капитан Гастелло

Саа уоьугар

Төрөөбүт дойдубар

АНДРЕЙ ВАСИЛЬЕВИЧ КРИВОШАПКИН

Народнай суруйааччы, судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай деятель, эбээн литературатыгар проза жанра сайдыытыгар улахан өҥөлөөх Андрей Васильевич Кривошапкин «Апока туһунан кэпсээннэртэн сэһэнигэр» хотугу норуот олоҕо олус бэргэнник суруллар. Айымньыга кэпсэнэр сүрүн герой Апока, кини аҕатын, доҕотторун мүччүргэннээх сырыылара, хорсун-хоодуот майгылара, табаһыттар олохторо-дьаһахтара уус-ураннык ойууланар.
Айымньыны ааҕар — Елизавета Потапова, СӨ үтүөлээх артыыһа, П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыһа.

Апока туьунан кэпсээннэр

СЕМЁН НИКОЛАЕВИЧ КУРИЛОВ

Юкагир норуотун уһулуччулаах суруйааччыта Семен Николаевич Курилов «Ханидуо уонна Халерха» (быһа тардыы) романа — юкагир норуотун олоҕун, историятын, фольклорун, этнографиятын туһунан үйэтитиллибит биир бастыҥ, дьон киэҥ сэҥээриитин ылбыт бөдөҥ айымньы. Норуот олоҕун бары араҥата историческай кэмин уратытын толору тутан уус-ураннык сэһэргэнэр. Ромаҥҥа Охоноо Куриль, Паайпатка, Мэлгэйбээт, Саайыра, Тачаана курдук төһүү уобарастар айымньыны биир сүрүн идеяҕа түмэ туталлар.
Романтан быһа тардыыны ааҕар — Николай Гоголев, СӨ култууратын туйгуна, Ю.Е. Платонов аатынан СӨ Судаарыстыбаннай эстрада театрын кэпсэтии жанрын артыыһа

Ханидуо уонна Халерхаа (10 кл)

1 . Пролог

2. Маҥнайгы баһа

3. Иккис баһа

4. Үһүс баһа

5. Төрдүс баһа

6. Бэһис баһа

М

НИКОЛАЙ ЕГОРОВИЧ МОРДИНОВ-АММА АЧЧЫГЫЙА

Бөдөҥ суруйааччы, уран тыл уһулуччулаах маастара Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм» романыгар саха омук уратытын уустаан-ураннаан ойуулаабыта, сүрүн дьоруой Микиитэ Лэглээрин уобараһынан норуот олоҕо сүүрбэччэ сыл иһигэр хайдах тосту уларыйбытын көрдөрбүтэ.
Айымньыны ааҕар — Кирилл Семенов, СӨ үтүөлээх артыыһа, П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыһа

Сааскы кэм (10 кл)

1 . Маҥнайгы төгүлэ-Кыра балаҕаҥҥа

2. Иккис төгүлэ- Эрэйдээх ыллыгынан

3. Үһүс төгүлэ- Улахан уларыйыылар

4. Төрдүс төгүлэ- Күрэхтэһии

5. Бэһис төгүлэ- Суол төрдүгэр

Н

НИКОЛАЙ ДЕНИСОВИЧ НЕУСТРОЕВ

Саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, бастакы комедиограф, классик суруйааччы Николай Денисович Неустроев «Иирээн», «Ыйдаҥа», «Сэмэнчик», «Муммут оҕо кэпсээнэ», «Куттаммыт», «Балыксыт» айымньыларыгар киһи характерын, сиэрин-майгытын уратытык арыйан, кырдьыктаахтык көрдөрөр, олох кыһалҕатын истиҥ, сылаас юморынан таба этэр. Айымньылары ааҕар — Иннокентий Луковцев, СӨ
үтүөлээх артыыһа, П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыһа.

Балыксыт (9 кл)

Иирээн

Куттаммыт

Муммут о5о кэпсээнэ

Сэмэнчик (7 кл.)

Ыйдаҥа (9 кл.)

ВЛАДИМИР МИХАЙЛОВИЧ НОВИКОВ-КҮННҮК УУРАСТЫЫРАП

Саха народнай поэта, норуот тылынан уус-уран айымньытын, ойуу-мандар тойугун, улуу олоҥхотун этигэр хааныгар иҥэриммит суруйааччы Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап сырдык иэйиилээх хоһоонноругар айылҕа улуу күүһүгэр сүгүрүйэр лирическэй санааны, төрөөбүт тылга, норуокка тапталы этэр, үлэ күргүөм көҕүн туойар.
Айымньылары ааҕар — Елизавета Потапова, СӨ үтүөлээх артыыһа, П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыһа.

Бырастыы, Кавказ (9 кл.)

Быраһаай, мороду доҕорум!

Быстах куплеттар

Күндү Кыайыы күнэ

Күннүүн аргыстастым

Күөрэгэй

Олбу-солбу ол-бу

Олох үөрүүтэ

Олох (6 кл.)

Саха тыла

Саха хомуһа

Сырдык үрүччэ

Тиийдиннэр эһиэхэ бу ырыа тыллара

Тукулутта кустуга

Тыа

Хоһооннорум миэннэрэ

Ырыаһыкка

Эн килбиэннээх ааккынан киэн туттабыт

Эчи, үчүгэйдэрин!

С

ДМИТРИЙ КОНОНОВИЧ СИВЦЕВ-СУОРУН ОМОЛЛООН

Саха народнай суруйааччыта, Социалистическай Үлэ Геройа, драматург, фольклорист Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон «Өлүөнэ эбэм», «Аанчык», «Ороһустуба киэһэ», «Хараҥаҕа тыкпыт сырдык», «Торҕо буруо», «Бэйэтэ эмтиэкэ» уус-уран айымньыларга олох кырдьыгын, сырдык-хараҥа охсуһуутун, киһи уустук дьылҕатын, ис санаата уларыйар мучумаанын, уйулҕата хамсааһынын, герой мэтириэтин күүстээхтик арыйар.
Айымньылары ааҕар — Кирилл Семенов, СӨ үтүөлээх артыыһа, П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыһа

Аанчык

Бэйэтэ эмтиэкэ

Ороһустуба киэһэ

Өлүөнэ өрүс

Торҕо буруо

Хараҥаҕа тыкпыт сырдык

ИВАН ЕГОРОВИЧ СЛЕПЦОВ — АРБИТА

Ураты суоллаах-иистээх, хатыламмат куоластаах, талааннаах поэт, тылбаасчыт Иван Егорович Слепцов-Иван Арбита «Көмүс күрүлгэн» (1993) кинигэтиттэн дириҥ ис хоһоонноох айымньылара таҥыллан киирдилэр. Поэт хоһоонноругар санаатын эриэккэһин, иэйиитин эгэлгэтин, ис дууһатын аһаҕастык, хомоҕойдук хоһуйан, ураты уобарастаан, тырымныыр тыыннаан тиэрдэр.
Айымньылары ааҕар — Николай Гоголев, СӨ култууратын туйгуна, Ю.Е. Платонов аатынан СӨ Судаарыстыбаннай эстрада театрын кэпсэтии жанрын артыыһа.

Барасыай билгэтэ

Биэрэк

Былыттаан түүн

Гитаара

Долгуннар поэма

Долгуннар

Көмүс күрүлгэн

Күөрэгэй

Мииҥиттэн ыйытта царица

Мин дойдум

Мин үөрүүм

Мин

Моһуоктан, эрэйтэн

Муора5а

Сайыҥҥы түүн

Санаама бу дьоллоох тапталбыт

Сурук

ВАСИЛИЙ СЕРГЕЕВИЧ СОЛОВЬЁВ- БОЛОТ БООТУР

Саха народнай суруйааччыта Василий Сергеевич Соловьев-Болот Боотур «Сааскы дьыбардар» (быһа тардыы) романыгар эбээн норуотун уонна Хоту олохтоох сахалар олохторун илгэтин уус-ураннык, ылыннарыылаахтык сэһэргиир. Айымньыга Сэргэчээн, Аанча, Ньуркучаан, Коля Дойдуунускай курдук олохтоох эбээннэр төрөөбүт норуоттарын дьылҕатын быһаарар туһугар өлө-тиллэ охсуһуулара итэҕэтиилээхтик, уус-уран өттүнэн үрдүк таһымнаахтык ойууланар.
Айымньыттан быһа тардыыны ааҕар — Кирилл Семенов, СӨ үтүөлээх артыыһа, П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыһа

Сааскы дьыбардар

АНЕМПОДИСТ СОФРОНОВ-АЛАМПА

Саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ, классик суруйааччы Анемподист Иванович Софронов Алампа киһи дьылҕатын, оҥоһуутун, төлкөтүн туһунан философскай өйү-санааны этэр, норуот тыын боппуруостарын көтөҕөр «Төрөөбүт дойду», «Аанньал уонна абааһы», «Ыччат сахаларга», «Уоллаах киһи кэпсэтиитэ», «Дьол икки сор икки», «Дьүһүн кубулуйумтуо», «Куоратчыт» айымньылара киирдилэр.
Айымньылары ааҕар — Николай Гоголев, СӨ култууратын туйгуна, Ю.Е. Платонов аатынан СӨ Судаарыстыбаннай эстрада театрын кэпсэтии жанрын артыыһа.

Аанньал уонна абааһы

Дьол икки Сор икки (8 кл.)

Дьүһүн кубулуйумтуо (5 кл)

Куоратчыт (6 кл.)

Төрөөбүт дойду (7 кл)

Уоллаах киһи кэпсэтиитэ

Ыччат сахаларга

Т

БҮӨТҮР ТОБУРУОКАП

Саха народнай поэта, прозаик, драматург, оҕо суруйааччыта Петр Николаевич Тобуроков таҥыллан киирбит мындыр, киһи сүргэтин көтөҕөр, уйулҕатын хамсатар, ылбаҕай, истиҥ тыллаах айымньылара үтүөҕэ, кэрэҕэ угуйар үрдүк иэйиилээхтэр, киһини кынаттыыр алыптаахтар.
Айымньылары ааҕар — Зоя Багынанова, Саха АССР үтүөлээх, СӨ народнай артыыһа, П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыһа.

Аатым туһунан

Айхал сахам тылыгар

Барыта сахалыы

Көттө күндү күөрэгэйбит

Күөл үрдэ харааран сыппыта

Кыыс мичээрэ

Көтөн тахсыҥ, кыталыктар

Күндүттэн күндү кылаат ( 3 кл,)

Мин саллаат этим

О5о ытыы турара

Өскө наһаа баҕарыаҥ

Саҥа дьыл киэһээтэ

Сахам сирин ааттаатылар

Танюша туһунан

Ханнык тылларый

Ытанньах герой буолбат

Эн миигин ахтарыҥ буолаарай

Эн миэхэ күүлэйдии кэлэргин…

Этимэ ый үөһээ устарын

Ф

ВАСИЛИЙ СЕРГЕЕВИЧ ФЁДОРОВ-ДМИТРИЙ ТААС

Поэт, прозаик Федоров Дмитрий Самсонович-Дмитрий Таас «Кыһыл көмүс хоруоп» (быһа тардыы) сэһэнигэр суруйааччы дьиҥ олоххо буолбут түбэлтэни кэпсиир. Байар-тайар умсулҕан, иҥсэ-обот киһилии бодону сүтэрэр, сиэр-майгы түҥнэстэр суолугар тиэрдэрин уус-ураннык хоһуйар быһылааннаах сэһэн саха литературатыгар улахан сэҥээриини ылбыта. Айымньы детектив жанрыгар суруллубут буолан ааҕааччыны/истээччини умсугутар. Сэһэнтэн быһа тардыыны ааҕар — Николай Гоголев, СӨ култууратын туйгуна, Ю.Е. Платонов аатынан СӨ Судаарыстыбаннай эстрада театрын кэпсэтии жанрын артыыһа

Кыһыл көмүс хоруоп

Маҥнайгы төгүлэ

Иккис баһа

Үһүс баһа

Төрдүс баһа

Бэһис баһа

Я

ВАСИЛИЙ СЕМЁНОВИЧ ЯКОВЛЕВ-ДАЛАН

Саха народнай суруйааччыта Василий Семенович Яковлев-Далан «Дьылҕам миэнэ…» (быһа тардыы) эссе-романа саха норуотун олоҕор-дьаһаҕар дьиҥ чахчы баар буола сылдьыбыт историческай событиеларга, түгэннэргэ уонна суруйааччы тус бэйэтин билбитигэр-көрбүтүгэр олоҕуран суруллар. Айымньыга кырдьыгы күөнтэтии, хара балыыр, репрессия дойду үрдүнэн сабардаабыт кэмэ ойууланар.
Олох ханнык да охсуутугар киһилии сиэри сүтэрбэккэ, сиргэ-буорга тэпсибэккэ, бэйэтин кырдьыгын өрө тутан кэлбит эдэр киһи өйө-санаата, көҥүл иһин охсуһуута кырдьыктаахтык көстөр.
Эссе-романтан быһа тардыыны ааҕар — Николай Гоголев, СӨ култууратын туйгуна, Ю.Е. Платонов аатынан СӨ Судаарыстыбаннай эстрада театрын кэпсэтии жанрын артыыһа

Ис түрмэ

Ситэ ааҕыллыбатах роман

Төрөөбүт тыл

Дьонум эрэйдээхтэр

Көҥүл иһин. Үҥсүү

СЕМЁН СТЕПАНОВИЧ ЯКОВЛЕВЭРИЛИК  ЭРИСТИИН

Талааннаах суруйааччы, олоҥхоһут Семен Степанович Яковлев-Эрилик Эристиин «Хачыгыр», «Соһуччу
үөрүү» (быһа тардыы), «Маарыкчаан ыччаттара» (быһа тардыы) айымньыларыгар олох уларыйыытыгар саҥа дьон үүнүүтүн-сайдыытын, ситэн-хотон тахсыытын, эриирдээх мускуурдаах уустук суолун, араас омуктар доҕордоһууларын, дьон героизмын сиһилии, киэҥник хабан уус-ураннык, мындырдык ойуулаан көрдөрбүтэ.
Айымньылары ааҕаллар: «Хачыгыр» — Кирилл Семенов, СӨ үтүөлээх артыыһа, П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыһа.
«Маарыкчаан ыччаттара» — Елизавета Потапова, СӨ үтүөлээх артыыһа, П.А. Ойуунускай аатынан Саха академическай театрын артыыһа. «Соһуччу үөрүү» — Ульяна Заболоцкая, Саха политехническэй лиссиэйин саха тылын уонна литературатын
учуутала

Маарыкчаан ыччаттара (10 кл.)

Хачыгыр (5 кл.)

Соһуччу үөрүү

Обновлено: 23.06.2022 — 10:29

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован.