УЧУУТАЛ, ОСКУОЛА ТУҺУНАН ХОҺООННОР
ЧУОРААНЧЫК ДОҔОРДООХ БУОЛАММЫТ
С. Егорова
Чуораанчык доҕордоох буоламмыт
Дууһалыын эдэрбит –дьоллоохпут!
Оҕоҕо билиини биэрээри,
Сырдыкка, үөрэххэ сирдээри
Кинигэ, тэтэрээт туппутум.
Уһуйаан – учуутал буолбутум.
Ол кэмтэн-учуутал үлэтэт,
Оскуола-олоҕум ситимэ,
Хас уруок-мин үлэм түмүгэ
Олоҕум күннээҕи түбүгэ.
Оҕолуун кэпсэтэн алтыһан
Бэйэм да элбэххэ үөрэнним,
Кэлэр кэм кэскилин уһансан
Идэбин таптыырбын билинним.
Үлэҕэ-үөрэххэ кыттыһан
Ыччаттар үгэһи салҕыыллар.
«Учуутал убайга»-махтанан
Э5эрдэ тылларын ыыталлар.
Ол иһин учуутал сүрэҕэр
Чуораанчык чугдаараар чаастара
Олоҕун биир дьоллоох түгэнэ –
Дьыл5атын сиэдэрэй бэлэ5э.
ОСКУОЛА
М.П. Васильева
Кэрэ сайыммыт ааһан
Көмүс күһүммүт үүнэн,
Оскуолабыт аһыллан
Үөрэнэр кэммит тиийэн кэллэ.
Саҥа таҥас кэтэммин
Суумкабын сүгэммин,
Үөрэ-көтө үөрэнэ
Оскуолабар тиийиэҕим.
Аҕынным даҕаны
Оскуолам барахсаны,
Билиигэ сирдиир
Учууталым кэпсээнин.
Уһун сайыны быһа
Биһигини суохтаан,
Чуумпуран турбут оскуолам
Оҕо саҥатынан туолуоҕа.
ҮӨРЭНЭ БАРАБЫН
И.И. Артамонов
Кинигэм ойуутун
Таптааммын көрөбүн,
Ойуута хойуутун
Олуһун сөҕөбүн.
Кинигэм лиистэрин
Марайдыам суоҕа мин,
Учуутал кэпсиирин
Чуумпуран истиэҕим.
Киртийиэ ырбаахым-
Мин бэйэм сууйуоҕум.
Оҕолоор, ыраастык
Куруутун туттуоҕум.
Сотору оскуола
Киэҥ аана аһыллыа,
Сүрдээҕин үөрэбин,
Ол күнү күүтэбин.
УЧУУТАЛГА
Билии-көрүү эйгэтигэр
Бигээн сиэтэн уһуйбуттар,
Үөрүү үрдүк үктэлигэр
Үөрэтэннэр дьоллоотулар.
Ийэм-аҕам тэҥэ буолбут
Истиҥ дьонум учууталлар.
Муҥур-соҥур, мунаах-тэнээх
Мунар суолбун тэлэйэннэр,
Олох сырдык, үөрүүлээх
Олугугар тиэрпиттэр.
Ийэм-аҕам тэҥэ буолбут
Истиҥ дьонум учууталлар.
Үтүө-кэрэ баҕаларын
Үллэрэннэр түҥэппиттэр,
Санаа истиҥ сылааһын
Саргылааннар иҥэрбиттэр.
Ийэм-аҕам тэҥэ буолбут
Истиҥ дьонум учууталлар.
Ыра санаа ыран тиийэр
Ыллыгынан сирдээбиттэр,
Уустук олох эрэйигэр
Уйар күүһү эппиттэр.
Ийэм-аҕам тэҥэ буолбут
Истиҥ дьонум учууталлар.
Аан дойдуну анаарар
Аартык аанын аспыттар,
Алгыс тылы анааннар
Ахта-саныы хаалбыттар.
Ийэм-аҕам тэҥэ буолбут
Истиҥ дьонум учууталлар.
Слепцов, Н.И. – Таттинов. Учууталга:хоһоон//Таатта улууһа. Сүүс сыл, сүүс суруйааччы.- Ытык Күөл, 2012 .- с.112
УМНУЛЛУБАТ ОНУС КЫЛААС
Күлэн-оонньоон, айдаарсан,
Сэмэлэһэн, хайҕаһан,
Күүстээх дьаныар үорэхтиин
Күрэхтэспит күннэрбит—
Умнуллубат онус кылаас,
Чэгиэн-чэбдик эдэр саас.
Ньургун майгы, туйгун үөрэх
Доҕордоспут кыыһыгар
Тэбэнэттээх өй-сүрэх
Тэһииннэппит кэмнэрэ—
Умнуллубат онус кылаас,
Таптыыр нарын эдэр саас.
Дьоһун-мааны майгылаах,
Дьоҥҥо мэлдьи туһалаах
Үлэ киһитэ буоларга
Баҕарарым туохтан да!—
Умнуллубат онус кылаас,
Сырдык дьулуур—эдэр саас.
Кынаттаабыт оскуолам
Ыйан биэрбит суолун тутан,
Кэллим манна, алааспар,
Доҕоттордуун айа-тута—
Умнуллубат онус кылаас
Уоттаах санаа—эдэр саас.
Ытык ыра санааларым
Сырдык чаҕыл кыымнарын
Өйдоон кэлэн кэнэҕэс
Көмүскэбэр уу көстүө…—
Умнуллубат онус кылаас,
Ойор күннээх эдэр саас!
Гольдеров, В. – Ороһу Уола. УМНУЛЛУБАТ ОНУС КЫЛААС: хоһоон // Сүүрбэһис үйэ хоһоонньуттара: Саха поэзиятын антологията.- Дьокуускай: Бичик, 2000.- с.118
УЧУУТАЛ САНААЛАРА
Билигин мин үөрэппит оҕолорум —
Аан дойду дьоллоох дьонноро.
Кэлэр күн кэскилин оҥороору,
Үөрэнэр дьиэҕэ туоллулар.
Билигин мин үөрэппит уолум
Хойут инженер буолуоҕа,
Ким да кыайан оҥоруо суоҕун
Кини маҥнай оҥоруоҕа.
Мин үөрэтэр уолум сайдан-үүнэн
Хойут халлаан далайын дабаиыаҕа.
Эльбрус, Этна, Гималай үрдүнэн
Тимир мохсоҕолу салайыаҕа
Иркутскай куораттан өрөбүл күн
Мин дьиэбэр дьаарбайа кэлиэҕэ,
Киэҥ сиргэ кэрэни көрбүтүн
Миэхэ кэрэхсэтэ кэпсиэҕэ.
Сир картатын остуолга тэлгэтэн
Саҥа куораттары көрдөрүө,
Оччоҕо мин ситэн билбэтэхпин
Киниттэн көрөн үөрэниэм.
Мин үөрэнээччим улааттаҕына
Ученай буолуоҕа,
Электричество снарээттарынан
Атомы буомбалыаҕа
Билигин мин үөрэппит кыыһым
Хойут врач буолуоҕа,
Сэллик өлүү хараҥа кырыыһын
Кини биһигиттэн араарыаҕа.
Биһиги мичээрдиир эдэрбитин,
Биһиги чэлгийэр чэбдикпитин,
Дьулуурдаах үлэбит эгэлгэтин
Кэлэр кэмнэргэ сэргэхситиэ.
Билигин мин үөрэппит кыысчааным
Кэскиллээх үүнэр күннэргэ ,
Советскай хонуулар аайы
Мичурин саадын көҕөрдүө.
Билигин мин үөрэппит кыыһым
Москваҕа баран ыллаабытын
Сынньалаҥым быыһыгар
Радионан истэ сытыам.
Онон мин үөрэтэр оҕолорум
Улахан суолунан барыахтара,
Киэҥ сир киэлитигэр норуот олоҕун
Кинилэр айыахтара.
// УЧУУТАЛ САНААЛАРА: хоһоон //Мин көтөр кынаттааҕым буоллар…: хоһооннор, поэмалар, кэпсээннэр, тылбаастар/ Иван Арбита.- Дьокуускай: Бичик, 2013 .- с.57
УЧУУТАЛГА
Киэҥ ыллыкка киллэрбит.
Үөрэх сырдыгын биэрбит
Ытыкталлаах доҕорум,
Кырдьаҕас учууталым!
Үөрэ-көтө үрүмэччилэнэр
Үөрэх күннэрэ аастылар.
Оҕо caahы кытары
Олох киэҥэр састылар.
Эн ииппит оҕолоруҥ
Эҥин үлэhит буоланнар,
Олох дьолун оҥоро
Бары тарҕаан бардылар.
Ол да буоллар кинилэр
Үүнэр үтүө саастарын
Сайаҕас сирдьиттэрин –
Эйигин умнубаттар.
Ханнык да сир ырааҕар,
Xahaн, хайдах да буоллар,
Эн тылыҥ сайаҕаhа
Кинилэри кытта баар.
Көлүөнэ дьону ииппит
Кырдьаҕас учууталым,
Ылыый мин илиибиттэн
Ыччаттарыҥ махталын!
// Учууталга: хоһоон// Талыллыбыт айымньылар/ Чаҕылҕан.- Якутскай, Саха сиринээҕи кинигэ изд- та, 1972 .-117
МАҤНАЙГЫ УРУОК
Учуутал кылааска киирэр…
Кэчигирээн олороллор
Олох тыыннаах cибэккилэрэ
Быыкайкаан оҕолор.
Кинилэртэн туох дьон тахсар?
Кырааска сыттаах паартаҕа
Баҕар саҥа Maкapeнкo
Иhийбитэ буолуоҕа…
Мичэрдиир. Буквары ылар.
Арыйар маҥнайгы лииһин,
Сир улуу учуутала
Одуулуур муударай Ленин.
Төбөтүн кыҥначчы туттан,
Хара бинсээгин нэлэккэйдээн,
Сиэбигэр уктан турда:
«Үтүө дьонноpу үүннэртээ.
Орто дьоннор улууну
Айыахтара cyoҕa сатаан,
Олохпут улуу дьолу
Дьоҥҥо бэлэх биэриэх тycтaax!»
// Маҥнайгы уруок: хоһоон// Өксөкүлээх сэргэ: хоһооннор/ Иван Гоголев.- Якутскай, Саха сиринээҕи кинигэ изд- та, 1979.- с.54
УЧУУТАЛ ЫРЫАТА
Мин уруокпар бэлэмнэнэн
Чуумпу түүн олоробун,
Өйүм-санаам мэлдьи миэнэ
Үөрэтэр оҕолорум.
Тэтэрээккит лииhэ маҥан
Куба буолан сапсынар,
Олох улуу муоратынан
Кылбаҥныы дайар, дайар.
Көтүҥ, көтүҥ ыраах, ыраах
Үөрэтэр оҕолорум,
Ким үрдүккэ көтөр кыахтаах
Ол булар үрдүк дьолу.
Сиргэ дьоллоох эрэ дьоннор
Кэрэни оҥороллор,
Мин үөрэтэр оҕолорум,
Айсыҥ кэрэ олоҕу.
Көтүҥ, көтүҥ ыраах, ыраах
Эдэркээн куба буолан,
Ким үрдүккэ көтөр кыахтaax
Ол үрдүк дьолу булар.
//УЧУУТАЛ ЫРЫАТА: хоһоон// Өксөкүлээх сэргэ: хоһооннор/ Иван Гоголев.- Якутскай, Саха сиринээҕи кинигэ изд- та, 1979.- с.403
ОСКУОЛАҔА ҮӨРЭНИЭМ
Сэттэ сааспын туоламмын,
Син улааппыт киһибин.
Ийэм миэхэ мичээрдиир,
Имэрийэр: «Үөрэн», — диир.
Саҥа форма кэтэммин,
Саҥа суумка сүгэммин,
Саҥа суолга киирэммин,
Саҥа киһи иһэбин.
А -тан, Б -тан саҕалаан,
Ааҕыам уонна суруйуом,
Арахпакка дьулуһан
Ахсаан суоттуом, ойуулуом.
Билии-көрүү кылаатын
Бииртэн-биири арыйыам,
Үөрэх үрдүк чыпчаалын
Үөһэ өрө дабайыам.
// Васильев, Е. Оскуолаҕа үөрэниэм: хоһоон // Аптаах холбуйачаан : Хоһооннор, остуоруйалар, кэпсээннэр, таабырыннар / Хомуйан оҥордо Г.А. Кирова. – Дьокуускай : Бичик, 1999.- с.157
ОСКУОЛАҔА КИИРИЭХПИТ
Биһи бары кырабыт —
Садка сылдьар саастаахпыт.
Бары бииргэ мустабыт,
Көрү-нары тардабыт.
Кустаах хааһы үтүктэн
Куоталаһан ылабыт.
«Бөрө-саһыл» буоламмыт
«Куобахтары» сырсабыт.
Саһа -саһа көрдөһөн
Саамылаһа сүүрэбит.
Салаасканан тэлээрдэн
Сыыртан таптаан түһэбит.
Биһи бары кырабыт —
Сэттэбитин туолабыт.
Кэлэр сыллаах күһүҥҥэ
Оскуолаҕа барыахпыт
// Туйаарыскай, Константин. Оскуолаҕа киириэхпит: хоһоон// Аптаах холбуйачаан : Хоһооннор, остуоруйалар, кэпсээннэр, таабырыннар / Хомуйан оҥордо Г.А. Кирова. – Дьокуускай : Бичик, 1999.-с. 156
УЧУУТАЛ ДОҔОРБОР
Долгуннаах хара баттаҕыҥ
Аны кырыата ууллубат,
Арай саһархай хараҕыҥ
Эйэҕэс мичээрэ кырдьыбат.
Сэрииттэн кэлэри кэтэһэн,
Уоттаах олорбут түүннэргин,
Таптыыр үлэҕэр түбүгүрэн,
Умнан ылаҕын билигин.
Сарсыарда үөрэтэ бараҕын,
Тэтэрээт — остуолу толору.
Хойутаан, утуктуур хараҕыҥ
Көрбүт көрдөөх оҕолору.
Урут мэниктээн мөҕүллэр
«Кырачаан» ааттанар Алеша
Үлэтэ дьоҥҥо биһирэнэр,
Ветеринар буолла колхозка.
Кутуйах куттаан ытатар
Сэмэй Димката билигин
Түөһүгэр сулус умайар —
Герой буолбутун билэҕин.
Оччугуй оҕо, улаатан,
Табаарыс дэниллиэр диэритин
Учуутал киниэхэ — ийэ, аҕа,
Аныыр тапталын, сүрэҕин.
Кэрэтиэн, олох минньигэһин
Үлэттэн булан, астынар,
Күн-дьыл күндү бэлэҕин —
Ыччат махталын мунньунар
// УЧУУТАЛ ДОҔОРБОР: хоһоон// Талыллыбыт айымньылар/ Петр Тобуроков.- Якутскай, Саха сиринээҕи кинигэ изд- та, 1977.- с.38
УЧУУТАЛГА ҮӨРЭММИТТЭР
Учууталга үөрэммиттэр
Оҕонньоттор, эмээхситтэр,
Учууталга үөрэммиттэр
Учёнайдар, инженердэр.
Учууталга үөрэммиттэр
Улууканнаах бөлүһүөктэр,
Ыйга тиийбит космонавтар,
Ый хараабын айааччылар.
Учуутал — ийэ, аҕа,
Учуутал — доҕор, атас,
Уһун сааска умнубакка
Учууталы ытыктыахха!
// Тобуруокап, П. Учууталга үөрэммиттэр: хоһоон// Оҕо литературатын антологията/[ хомуйан оҥордулар: В.Н.Луковцев, М.Г.Макеева; редкол.: А.В.Егоров уо.д.а.] .- – Дьокуускай : Бичик, 2015.- с.66
ДОРООБО, ОСКУОЛАБЫТ!
Итиитик саныы сылдьабыт,
Иитиллэр оскуолабыт!
Эн ыччаттарыҥ кэлэммит
Эҕэрдэ этэн эрэбит.
Сайыны быһа утуктуу
Чуҥкуйбуккун умнубуккун —
Эн бугун уруккугунуу
Эмиэ көрүнэн туолбуккун!
Үтуө чаас! — диэн эҕэрдэлээн,
Ааныҥ урдуттэн уруйдуу,
Кыраасканан кулумурдээн
Кылбайан, тупсан тоһуйдуҥ.
Кулсуу-салсыы, көрдөөх күүгээн
Көрудуөр иһин толорор,
Эйигин ахтан эрдэлээн
Кэллибит бары оҕолор.
Сылы быһа билиигиттэн
Сылайбакка кэпсээн биэриэк;
Ийэ дойдуга эрдэттэн
Итии тапталбытын иитиэ
// Руфов, С.Т. ДОРООБО, ОСКУОЛАБЫТ! : хоһоон// Оҕо литературатын антологията/[ хомуйан оҥордулар: В.Н.Луковцев, М.Г.Макеева; редкол.: А.В.Егоров уо.д.а.] .- – Дьокуускай : Бичик, 2015.- с.84
МАҤНАЙГЫ УЧУУТАЛБАР
Бараммат-хороммот
Банаардаах сырдыкка
Баҕабын толорор
Бастыҥныыр доҕорбун,
Ааҕаммын, айхаллыыр
Дьоллордоох-тускуга
Уһуйан үөрэппит
Учуутал убайбар –
Эдэрдиир бэйэкэм
Эрчимнээх сүрэхтэн
Эрэйи чэпчэтэр
Эҕэрдэ ыытабын!
Далайым уутугар
Таҥнастан сытыахпын
Далаһа кэбиһэн
Таһырдьа таһааркар.
Алаарыйар сырдык,
Айхаллаах кырдьык
Айанын суолугар
Атааран киллээркэр –
Эдэрдиир бэйэкэм
Эрчимнээх сүрэхтэн
Эрэйи чэпчэтэр
Эҕэрдэ ыытабын!
Баайдары бахтарар
Бассабыык суолунан
Барартан кэрэйбэт
Баараҕай санааҕа,
Сырдыктыыр олохпор
Сырсартан хаалбакка,
Өстөөҕү өһөрөн
Өргүһүн тоһутан,
Хааннардаах батталы
Харсаммын кыайарга
Ханыылаах Союзпар
Харахпын аспыккар –
Эдэрдиир бэйэкэм
Эрчимнээх сүрэхтэн
Эрэйи чэпчэтэр
Эҕэрдэ ыытабын!
// Маҥнайгы учууталбар: хоһоон // Кэпсээннэр, хоһооннор: Орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар/Амма Аччыгыйа; Хомуйан оҥордо Д.В.Кириллин; Киирии тылын суруйда Д.В.Кириллин.- Дьокуускай : Бичик, 2005 .- с.141
УЧУУТАЛБАР Е.Г.СЛЕПЦ0ВАҔА
Мин таптыыр учууталым,
Евдокия Григорьевна,
Устан aahap хас сылым
Улам быһый атахтанна.
Бэҕэһээ курдук этэ
Эйиэхэ үөрзммитим,
Бүгүн уолбун үөрэттэрэ
Оскуолаҕа бу кэллим.
Хара тыам маһын тэҥэ
Халыан үгүс доҕотторбун
Үлэ., олох тсүүрээнэ
Тарҕатта дойду устун.
Сорохторо Айхалга
Солун куорат туталлар,
Атыттара Алдаҥҥа
Кыһыл көмүс сууйаллар.
Үгүс доҕор колхозка —
Бааһынаҕа, хочоҕо
От охсо, бурдук быһа,—
Дьолу айса олордоҕо.
Сорох атас филиалтан
Күнүскү чэйгэ быкпат,
Наукаҕа тапталыттан
Бэл түүн аанньа утуйбат.
Сыччах, мин соҕотоҕун
Муммут кус оҕотунуу
АаЬа сүүрбүт доҕотторбун
Санньы көрөн хааллым дуу?
О, суох, күндү учууталым,
Кутурукка соһуллартан
Урут да куттанарым,
Куттанабын бүгүн да.
Күн-дьыл сонун эҥэриттэн-
Кыл мүччү тутуһаммын,
Умса-төннө дэллэрийэн
Уолаттарбын сырсабын.
Хаалар баҕа суох отой,
Бастыыр эмиэ биллибэт.
Очуос үөһэ бары хотой
Дьиэлэммитэ иһиллибэт…
Мин таптыыр учууталым,
Евдокия Григорьевна,
Устан aahap хас сылым
Улам быһый атахтанна.
// УЧУУТАЛБАР Е.Г.СЛЕПЦ0ВАҔА: хоһоон// 1000 туруйа/ Дмитрий Дыдаев.- Якутскай, Саха сиринээҕи кинигэ изд- та, 1971.- с.48
МАҤНАЙГУ КҮН
Бүгүн үтүө күн үүннэ, —
Оскуола аһыллар.
Суумкаларын сүгэннэр
Оҕолор бардылар.
Тиийдилэр бэйэлэрэ
Урут үөрэммиттэр.
Оттон саҥа кэлэри
Ийэлэрэ илтэ.
Паарта, дуоска барыта
Хап-хара кырааска.
Кээлтэр сэттэ саастаахтар
Первэй кылааска.
Оскуола олус ыраас,
Оскуола үчүгэй.
Бу баар «1 А кылаас» —
Суруктаах үрдүгэр.
Чуораан тыаһа чугдаарар:
«Киириҥ», — уруок буолла.
Ырыа, айдаан ах барар,
Чуумпурар оскуола.
Бүгүн сүрдээх сылаас күн
Күлүмнүү унаарда.
Арыллаллар кылааска
Саҥа буквардар.
// Маҥнайгы күн: хоһоон //Дьону доллоох оҥороору: хоһооннор/ Баал Хабырыыс .- Дьокуускай : Бичик, 2018.- с. 12
СУРУЙУУ УРУОГА
Түннүккэ тыаһыыр, курулуур
Күһүҥҥү күүстээх самыыр.
Первэй кылааска суруйуу,
Элбэх харандаас хамсыыр.
Тэтэрээт халтархай, ыраас
Тарт үөһэттэн аллара.
Ааһа барыма, харандаас,
Айаас ат курдук, туораан.
Суруллар көнө сурааһын
Күөгү курдук тордуохтаах.
Холбоо төгүрүк аҥаарын,
«А» диэн буква буолуохтаах.
Хара сурааһын тардыллар,
Харандаас бөҕө хамсыыр.
Таһырдьа түһэн сыыйыллар
Күһүҥҥү’ күүстээх самыыр.
// Суруйуу уруога: хоһоон //Дьону доллоох оҥороору: хоһооннор/ Баал Хабырыыс .- Дьокуускай : Бичик, 2018.- / Дьону доллоох оҥороору.-с.13
ҮӨРЭППИТ ОСКУОЛАБАР
Дорообо,
Үөрэппит оскуолам,—
Мин олоҕум маҥнайгы хардыыта.
Мин үтүөҕэ баҕарар баҕам,
Мнн дьолум бастакы сардаҥата.
Чуораан тыаһынан кылыгыраан,
Көрүстүлэр күүлэҥ, кирилиэһиҥ
Таҥнары сүүрэн, көрүлүү айдааран
Өйдүүбүн
Биһиги үөрэтэн,
Маҥнайгы хараҥаччыларбытын
Эн кылааһыҥ иһиттэн
Көтүтэн таһаартыырбытын.
Кемүс уйаларын иһиттэн
Көтөллөрө көҥүл оҕолоро,
Күргүөмнээх күүс үлэнэн
Күндү олоҕу оҥоро.
Уруккуҥ курдук эн тураҕын
Мин учууталлаабыт оскуолам.
Эн боруоккун эмиэ атыллаатым
Уон сыл буолан баран.
Уон сайын, эн кырдалгар түһэн,
Кыталыктар кыҥкынаһан аастылар.
Эн кыһаҥ итии төлөнүттэн
Саҥа сибэккилэр таҕыстылар.
Киэн туттабын, мин оскуолам,—
Эйигин бүтэрэн тахсыбыттар
Кыргыһыыга буурҕа буолан’,
Кыайыы этиҥэр кыттыспыттар.
Кинилэри дьол муостатыгар
Биһиги үктэннэрэн биэрбиппит,
Өстөөҕү түүнүктээх уйатыгар
Түҥнэрэргэ үөрэппиппит.
Киэн туттабын
Үөрэппит оҕолорбунан,—
Уотунан оонньообуттары уот буолан,
Кылыһынан тииспиттэри кылыс буолан,
Кыргыһыыга кыайбыттарынан.
Үерэппит ыччатым
Эн ааҥҥын
Саппыта уон сылын туолуута,
Суруйбута албан ааттарын
«Катюша» субуруйар уота.
Кэллилэр көмүс киистэнэн
Күлүмүрдүүр үлэ күннэрэ,
Сыһыыга сылгылар кистииллэр,
Ходуһаҕа косилка сүүрдэ.
Киэн туттабын үөрэппит оҕолорбунан
Үлэҕэ кинилэр бастаатылар,
Артыал буруотун унаарытан,
Алтан сэргэни астылар.
// ҮӨРЭППИТ ОСКУОЛАБАР: хоһоон // Кымыс ырыата: ырыалар, хоһооннор, поэмалар /П.Тулааһынап.- Якутскай, Саха сиринээҕи кинигэ изд- та, 1969.- с.298
УЧУУТАЛ
Ааны, Быны биллэрбит,
Ааҕар, суруйар оҥорбут,
Ахсаан суотун үөрэппит,
Атас-доҕор учуутал.
Кэрэ ыллам ырыалаах,
Көрдөөх кэпсээн кэһиилээх,
Күҥҥэ бүппэт оонньуулаах,
Күндү-мааны учуутал.
Мааны-күндү учуутал.
Күнү-дьылы аахсыбат,
Күүстээх үлэ чаҕыппат,
Көччүк олох көҕүппэт,
Көрсүө-сэмэй учуутал.
Сэмэй-көрсүө учуутал.
Бэйдиэ санаа батыспат,
Бэйэтин туһун көрүммэт,
Барыыс ыла сатаабат,
Бастыҥ киһим учуутал.
Киһим – бастыҥ учуутал.
Күүстээх санаа үөскэппит,
Куорсун анньан көтүппүт,
Кырдьар диэни билиммэт
Куруук эдэр учуутал,
Куруук эдэр – учуутал.
// Сыркыс – Василий Иванович Ефимов. Учуутал: хоһоон
УЧУУТAЛГА
Үрдүккэ угуйар үөрэҕиҥ
Абылыыр ыччаппыт сүрэҕиҥ,
Ол онтон астынар сүрэҕиҥ
Дуоhуйан оҕолуу үөрэҕин.
Үөрэтэр, такайар кыhаҕын
Күн аайы долгуйа аhаҕын,
Мичээргин тулаҕар ыhаҕын,
Саҥаны, ырааhы айаҕын.
Ыраны кынаттыыр алгыhыҥ –
Саргыны салайсар аналыҥ!
Кэскили кэҥэтэр күрэҕиҥ –
Үтүөнү төрүттүүр түөрэҕиҥ!
Эн дьайы силистиин түөрэҕиҥ
Сүргэни үөрүүнэн күүрдэҕин,
Санааны сырдатар күүстээххин,
Эрэйтэн иҥнибэт иэстээххин!
Ол иhин толору дьоллооххун!
// Шишигин С.С. УЧУУТAЛГА: хоһоон
ОСКУОЛАҔА
Үөрэх үтүө күннэрэ
Үмүөрүһэн аастылар,
Оҕо сааспыт кэмнэрэ
Ойуоккалаан хааллылар.
Оҕо сааспыт уйата
Оскуолабыт барахсан,
Киэҥ олоххо киирэбит
Эйигиттэн арахсан.
Үөрэх үрдүк чыпчаалыгар
Биһигини атаардыҥ,
Сырдык билии иҥэрэн
Саҕахпытын арыйдыҥ.
Үөрэппит- ииппит үтүөҕүн
Үйэлэргэ өйдүөхпүт,
Тирэх буолбут уйабытын
Таптыы- ахта саныахпыт.
БҮТЭҺИК ЧУОРААН
Күөх халлааҥҥа көмүс күн
Күлүмүрдүү күөрэйдэ,
Дууһабытын долгута
Чуораанчыкпыт чугдаарда.
Баһыыба, оскуолабыт
Билиини биэрбит кыһабыт.
Тапталлаах иккис дьиэбит
Тирэх буолбут уйабыт.
Эн элбэх оҕону үөрэттиҥ,
Олох киэҥ аартыгар атаардыҥ,
Үтүөҕэ- кэрэҕэ уһуйдуҥ
Алгыстаах ааммытын арыйдыҥ.
Убаастабыллаах учууталбыт…
Бастакы кылаастан
Биһигини үөрэтэҕин,
Билии – көрүү сүмэтин
Болҕойоҥҥун иҥэрэҕин.
Аартыкпытын арыйаҥҥын
Араас сиргэ угуйаҕын.
Үөрэххэ, үлэҕэ, күрэххэ
Тапталы күөдьүтэҕин,
Үҥкүүлэтэн, ыллатан
Үрдүккэ көтүтэҕин.
Үгүстүк хайҕаан үөрдэҕин,
Түбүгүрэҕин, сүүрэҕин.
Уран дьикти ойууну
Умсугуйа айаҕын,
Уустук кэрэ оһуору
Уратытык тардаҕын.
Эн барытын сатыыгын
Эн барытын кыайаҕын.
Иллэҥэ суох сүүрэн- көтөн
Сайыннара сатыыгын,
Барытыгар кытыннаран
Бириэмэҕин барыыгын.
Эн барытын өйдүүгүн
Барыбытын өйүүгүн.
Оҕо сааспыт аастар ааһыа
Уһун олох устар устуо,
Умнуохпут суоҕа учууталбытын,
Суолдьут сулус доҕорбутун.
Биһиэхэ анаабыт дьылҕатын,
Толоро сатыахпыт ыратын.
МАҤНАЙГЫ УЧУУТАЛБЫТЫГАР
Бука бары сиэттиһэн
Оскуолаҕа тиийбиппит,
(учуутал аата, отчествота)
Кылааһыгар киирбиппит.
Амарахтык сыһыаннаһан
Үөрэппитиҥ, ииппитиҥ,
Билии- көрүү сүмэтин
Кыра дьоҥҥо арыйбытыҥ.
Күн иллэҥи билбэккэ
Бүөбэйдэһэн тахсарыҥ,
Үрдүккэ, кэрэҕэ, сырдыкка
Барыбытын тардарын.
Махтанабыт Эйиэхэ,
Маҥнайгы Учууталбыт,
(аата, отчествота)
Тумус туттар киһибит.
ИИППИТ-ҮӨРЭППИТ УЧУУТАЛБЫТЫГАР
Үрдүкү кылааска үөрэнэр
Үтүөкэн кэмнэрбитин,
Үүнэр- сайдар, улаатар
Үөрүүлээх күннэрбитин
Эйигинниин ситимниибит,
Эйигинниин холбуубут.
Бэһистэн сөпсөһөн,
Бэркэ диэн тапсыһан
Хаамабыт сиэттиһэн
Оскуола суолунан.
Кылааһым туһа диэн
Кыһаллан биэрэҕин,
Үөрэх- билии иҥэрэн
Түбүгүрэ сүүрэҕин.
Бииртэн- биир кылааһы
Этэҥҥэ бүтэрэммит,
Олох сырдык аартыгар
Бүгүн бу үктэнэбит.
Эн үтүөҥ манна баар,
Эн өҥөҥ манна баар,
Киэн туттар сиэрдээх сүбэһиппит,
Үтүктэр- үөрэнэр үтүө холобурбут.
Үлэһиттэргэ
Оскуолабыт туһугар
Олуһун кыһаллаҕыт,
Сууйан, сотон, ыраастаан
Түбүгүрэ сылдьаҕыт.
Сылаалаах үлэҕитин
Үөрэнээччи сыаналаатын,
Үлүскэннээх үлэҕитин
Оҕо аймах харыстаатын.
Хамнаскытын эптиннэр,
Стимулгутун эптиннэр,
Түбүктээх үлэҕит түмүгэр
Махтал тылын эттиннэр.
Математика учууталыгар
Суот- учуот чуолкайын,
Логика таайбараҥын,
Алгебра алыптарын,
Геометрия чыпчаалларын
Кыһаллаҥҥыт быһаардыгыт,
Кичэйэҥҥит биллэрдигит.
Күнүн аайы өйдөттүгүт,
Умсугута үөрэттигит.
Математиканы сөбүлүүрбүтүгэр
Олук уурбуккутугар
Үөрэххэ- билиигэ уһуйбуккутугар
Аламаҕай тылбытын эһиэхэ аныыбыт
Эҕэрдэ эриэккэһин бу туран этэбит.
Саха тылын учууталыгар
Төрөөбүт тыл, төрөөбүт тыл
Туохтааҕар да күүстээх,
Төрөөбүт тыл, төрөөбүт тыл
Туохтааҕар да күндү…
Уран тыллаах айымньыны
Умсугута аахтардыгыт,
Иһирэх тыллаах хоһооннору
Иэйэн- куойан үөрэттигит.
Эппит- кэрпит суолгутунан
Эрэллээхтик хардыылыахпыт,
Сахабыт сайдам тылынан
Сайаҕастык саҥарыахпыт.
Физкультура, ОБЖ, үлэ учууталларыгар
Эт- хаан өттүнэн сайдарбытыгар,
Өй- санаа өттүнэн ситэрбитигэр,
Үлэни өрө тута улаатарбытыгар,
Олох араас моһуоктарын туоруурбутугар
Сүүрдэн- көтүтэн
Дьаныһан эрчийдигит,
Кыһаллан- мүһэллэн
Барытын көрдөрдүгүт,
Быһылааннары быһа түһэн
Быыһанарга үөрэттигит.
Үөрэппит уруоктаргыт өйбүтүгэр хаалыахтара,
Иҥэрбит сүбэлэргит олоххо туһалыахтара,
Аҕалыы кыһамньыгытыгар олуһун махтанабыт,
Үчүгэй үлэҕит иһин үтүө тыллары этэбит.
Информатика, физика учууталларыгар
Сүүрбэ биирис үйэ оҕолоро
Сайдыылаах үйэни кытта тэҥҥэ хардыылыыбыт.
Саҥа технологиялар доҕотторо
Биһирээччилэрэ буолабыт.
Информатиканы интэриэһиргээн,
Көтүппэккэ үөрэттибит,
Физиканы олус сэргээн,
Кыһалламмыт биллибит.
Баһылаабыт билиибитинэн
Үөрэ- көтө туттабыт,
Үөрэппит учууталларбытыгар,
Махтал тылларын этэбит.
История, биология, химия, география учууталларыгар
Былыргыны быһааран биэрэҕит,
Былыты арыйан сэһэргиигит,
Үүнээйини ырытан кэпсиигит.
Химия дьиктитин тириэрдэҕит.
Аан дойду устун айаннааммыт
Араас дьиктилэри арыйдыбыт,
Уруоктаргытыгар олороммут
Үгүс элбэҕи биллибит.
Умсулҕаннаах уруоктардаах
Учууталларбыт барахсаттар…
Кэскиллээх үлэҕит
Кэҥээн- тэнийэн истин,
Айымньылаах үлэҕит
Кэмигэр сыаналаннын.
Оскуола администрациятыгар
Оскуола күүрээннээх үлэтин
Ситимнээн, тэрийэн биэрэҕит,
Учуутал түбүктээх идэтин
Күөдьүтэн, күүркэтэн иһэҕит.
Оскуола тирэҕэ,
Эрэнэр эрэлэ,
Эдэргэ- сүбэтэ,
Тустаахха – көмөтө…
Салайар дьоҕургут сайыннын.
Үлэҕит үтүөтэ ааттаннын.
Бүлүүбүт бүттүүнэ махтаннын
Үөрэппит ыччаккыт аҕыннын.
Эбии үөрэхтээһин учууталларыгар…
Айар аартыкпыт ааннарын
Аа- дьуо арыйан биэрэҕит,
Айылҕаттан дьоҕурбутун
Утуу- субуу уһугуннараҕыт.
Ырыаҕа, үҥкүүгэ эрчийэн
Талааммытын таһаараҕыт,
Оһуокайдатан, тойуктатан
Уран тыллары иҥэрэҕит.
Эһиэхэҕэ эрчиллэммит
Уруһуйдьут буоллубут.
Тигэн, ааҕан, оҥорон
Элбэххэ уһуйулуннубут.
Ыллаан- туойан, айан- тутан
Тулабытын сырдатыҥ
Кэнчээри эдэр ыччаты
Үрдүктэн- үрдүккэ көтүтүҥ.
Нуучча тылын учууталыгар
Русский знаем с детских лет,
Он нам очень нужен,
Без него никак, нет – нет
С ним мы очень дружим.
Надо нам его любить-
Это очень важно,
Со всей страною говорить
Можем очень складно.
Нам помог все изучить
Милый наш учитель,
Правил знаков и корней,
Падежей даритель.
Мы хотим вам пожелать,
Яркого признания.
Знали, чтобы все на пять,
И любили знание.