УЧУУТАЛ

Испииһэккэ сахалыы, нууччалыы тылынан хоһооннор П.И. Шадрин аатынан Өктөм орто оскуолатын библиотекатын фондугар баар кыра уонна орто саастаах оҕолорго аналлаах кинигэлэртэн киирдилэр.

«Учууталга махтал»

Киирэн кэлэҕин кылааска

Сырдык ыра санаалаах,

Истин мичээр аргыстаах

Киэн билии кынаттаах.

Эн билиин кынатыгар

Олорсоллор оҕолор,

Үөрэх сырдык суолугар

Тэҥҥэ көтөн барсаллар.

Махтал кэрэ киһиэхэ

Учуутал үрдүк аатыгар,

Үгус кыһамньын туһугар

Үтүө баҕа санааҕар.

Маҥнайгы учууталбар — Н.В. Неустроевка

Р.П. Сысоева

Учуутал убайы

Кэм-кэрдии ааспытын да иhин

Умнубаппыт,

Аҕалыы кыhамньытын

Аны да ахтабыт

Сымнаҕас сыhыанын

Сыллата саныыбыт.

Сүрэххэ сүппэттик сөңмүт

Кини сэргэх сэбэрэтэ,

Холку, эйэҕэс куолаhа,

Элбэ5и эрэйэр көрүүтэ.

Кэрэхсээн кэпсээнин истэрбит,

Кэлэрин кэтэhэн турарбыт,

Сэргэстэhэ хаамсаммыт,

Сэлэhэн астынарбыт.

Кыhамньылаах буоларга

Кыра эрдэхтэн үөрэнэммит

Кыра да ситиhиибит

Кынаттыыра кыайыыга.

Эйэлээх доҕордуу буоларга

Элбэхтик бииргэ сылдьыhара,

Истиңник санаhар буоларга,

Ииппитэ иhирэх сыhыаңңа.

Үтүөкэн үгэскэ үөрэппит,

Үчүгэй үөрүйэх үөскэппит

Үтүөҕэ үөрэппит үгэhин

Үгүстүк үтүктэр буоларбыт.

Өйөhөр, өйдөhөр буоларга

Ол үтүө үгэhин өрүүтүн

Хас биирдии бэйэбит билэммит

Олохпут устата өйдүүбүт.

Илииттэн сиэттиhэн илпитэ

Сыhыыга, хонууга, ойуурга,

Көтөрү-сүүрэри көрдөрөн

Көһүтэр, көччүтэр буолара.

Төрөөбүт дойдуну таптыырга

Төлкөлүүн, төрүттээн биэрбитэ,

Төрүт буор тардыытын билэргэ

Бэрт кыра эрдэхтэн ииппитэ.

Кэнэҕэс үлэhит буоламмыт

Үгүспүт дойдуга төннүбүт,

Төрүт буор күүстээҕин билэммит

Төлкөнү төрүттээн кэлбиппит.

Эйэлээх олоххо олорон

Элбэђи эргитэн көрдөххө,

Киhиэхэ олоҕун оңкула-

Оскуола, учуутал оруола.

Кэрэ киhи учуутал

Кэмнэммэт кэскиллээх үлэтин

Кэнчээри ыччакка тиэрдиэҕин,

Кэриэстээн кэскили кэпсиэҕин.

Р.П. Сысоева — Маҥнайгы учууталбар — Н.В. Неустроевка .// Учителя Октемской школы в годы ВОВ 1941-1945 гг.-2015.-С. 51

УЧУУТАЛ

Наталья Иванова тыллара

Серафим Павлов мелодията

Учуутал үөрэтэр тыллара

Билиигэ эрэллээх буолаллар,

Быйаҥнаах сайыттыт ардаҕа

Дьол үрдүк үүнүүтүн аҕалар.

Көҥүллүк көтөллөр чыычаахтар

Соргулаах ырыаны ыллыыллар,

Үөрэнэн билиини ылбыттар

Олоҕу тутуһар дьоллоохтор.

Лениммит кэриэһин толорон

Учуутал үөрүүнэн мичээрдиир,

Срветскай көлүөнэ ыччата

Коммуна кэрдииһин дабайар.

// Павлов С.Ф. Үрүмэччи маҥан аттаах ырыаЬыт: мелодист Серафим Павлов сырдык кэриэһигэр ананар /хомуйан оҥордо Н.Т. Федорова).-Дьокуускай.-2011.-С. 43

Слепцов, Н.И. – Таттинов. Учууталга:хоһоон//Таатта улууһа. Сүүс сыл, сүүс суруйааччы.- Ытык Күөл, 2012 .- с.112

Учууталга

Билии-көрүү эйгэтигэр

 Бигээн сиэтэн уһуйбуттар,

Үөрүү үрдүк үктэлигэр

Үөрэтэннэр дьоллоотулар.

Ийэм-аҕам тэҥэ буолбут

 Истиҥ дьонум учууталлар.

 Муҥур-соҥур, мунаах-тэнээх

 Мунар суолбун тэлэйэннэр,

Олох сырдык, үөрүүлээх

Олугугар тиэрпиттэр.

Ийэм-аҕам тэҥэ буолбут

 Истиҥ дьонум учууталлар.

 Үтүө-кэрэ баҕаларын

 Үллэрэннэр түҥэппиттэр,

Санаа истиҥ сылааһын

 Саргылааннар иҥэрбиттэр.

Ийэм-аҕам тэҥэ буолбут

 Истиҥ дьонум учууталлар.

Ыра санаа ыран тиийэр

Ыллыгынан сирдээбиттэр,

 Уустук олох эрэйигэр

 Уйар күүһү эппиттэр.

Ийэм-аҕам тэҥэ буолбут

 Истиҥ дьонум учууталлар.

 Аан дойдуну анаарар

Аартык аанын аспыттар,

Алгыс тылы анааннар

 Ахта-саныы хаалбыттар.

Ийэм-аҕам тэҥэ буолбут

 Истиҥ дьонум учууталлар.

УЧУУТАЛ САНААЛАРА: хоһоон //Мин көтөр кынаттааҕым буоллар…: хоһооннор, поэмалар, кэпсээннэр, тылбаастар/ Иван Арбита.- Дьокуускай: Бичик, 2013  .- с.57

УЧУУТАЛ САНААЛАРА

Билигин мин үөрэппит оҕолорум —

Аан дойду дьоллоох дьонноро.

Кэлэр күн кэскилин оҥороору,

Үөрэнэр дьиэҕэ туоллулар.

Билигин мин үөрэппит уолум

 Хойут инженер буолуоҕа,

Ким да кыайан оҥоруо суоҕун

Кини маҥнай оҥоруоҕа.

Мин үөрэтэр уолум сайдан-үүнэн

Хойут халлаан далайын дабаиыаҕа.

 Эльбрус, Этна, Гималай үрдүнэн

Тимир мохсоҕолу салайыаҕа

Иркутскай куораттан өрөбүл күн

Мин дьиэбэр дьаарбайа кэлиэҕэ,

Киэҥ сиргэ кэрэни көрбүтүн

Миэхэ кэрэхсэтэ кэпсиэҕэ.

Сир картатын остуолга тэлгэтэн

 Саҥа куораттары көрдөрүө,

Оччоҕо мин ситэн билбэтэхпин

Киниттэн көрөн үөрэниэм.

Мин үөрэнээччим улааттаҕына

 Ученай буолуоҕа,

 Электричество снарээттарынан

 Атомы буомбалыаҕа

Билигин мин үөрэппит кыыһым

Хойут врач буолуоҕа,

Сэллик өлүү хараҥа кырыыһын

 Кини биһигиттэн араарыаҕа.

Биһиги мичээрдиир эдэрбитин,

 Биһиги чэлгийэр чэбдикпитин,

 Дьулуурдаах үлэбит эгэлгэтин

 Кэлэр кэмнэргэ сэргэхситиэ.

Билигин мин үөрэппит кыысчааным

Кэскиллээх үүнэр күннэргэ ,

Советскай хонуулар аайы

Мичурин саадын көҕөрдүө.

 Билигин мин үөрэппит кыыһым

Москваҕа баран ыллаабытын

Сынньалаҥым быыһыгар

 Радионан истэ сытыам.

Онон мин үөрэтэр оҕолорум

Улахан суолунан барыахтара,

Киэҥ сир киэлитигэр норуот олоҕун

Кинилэр айыахтара.

Учууталга: хоһоон/Талыллыбыт айымньылар/ Чаҕылҕан.- Якутскай, Саха сиринээҕи кинигэ изд- та, 1972 .-117

                 Учууталга

Киэҥ ыллыкка киллэрбит.

Үөрэх сырдыгын биэрбит

Ытыкталлаах доҕорум,

Кырдьаҕас учууталым!

Үөрэ-көтө үрүмэччилэнэр

Үөрэх күннэрэ аастылар.

Оҕо caahы кытары

Олох киэҥэр  састылар.

Эн ииппит оҕолоруҥ

Эҥин үлэhит буоланнар,

Олох дьолун оҥоро

Бары тарҕаан бардылар.

Ол да буоллар кинилэр

Үүнэр үтүө саастарын

Сайаҕас сирдьиттэрин ­–

Эйигин умнубаттар.

Ханнык да сир ырааҕар,

Xahaн, хайдах да буоллар,­

Эн тылыҥ сайаҕаhа

Кинилэри кытта баар.

Көлүөнэ дьону ииппит

Кырдьаҕас учууталым,

Ылыый мин илиибиттэн

Ыччаттарыҥ махталын!

Маҥнайгы уруок: хоһоон// Өксөкүлээх сэргэ: хоһооннор/ Иван Гоголев.- Якутскай, Саха сиринээҕи кинигэ изд- та, 1979.- с.54

Маҥнайгы уруок

Учуутал кылааска киирэр…

Кэчигирээн олороллор

Олох тыыннаах cибэккилэрэ

Быыкайкаан оҕолор.

Кинилэртэн туох дьон тахсар?

Кырааска сыттаах паартаҕа

Баҕар саҥа Maкapeнкo

Иhийбитэ буолуоҕа…

Мичэрдиир. Буквары ылар.

Арыйар маҥнайгы лииһин,

Сир улуу учуутала

Одуулуур муударай Ленин.

Төбөтүн кыҥначчы туттан,

Хара бинсээгин нэлэккэйдээн,

Сиэбигэр уктан турда:

«Үтүө дьонноpу үүннэртээ.

Орто дьоннор улууну

Айыахтара cyoҕa сатаан,

Олохпут улуу дьолу

Дьоҥҥо бэлэх биэриэх тycтaax!»

ДЕНЬ УЧИТЕЛЯ

Л.И. Тарасова

В прекрасный осенний наряд

Природа украсила лес и горы.

В календаре пятый день октября,

Страна отмечает праздник народный.

Припев:

День Учителя, День Учителя

Украшают букеты цветов.

Пусть идут года, даже взрослыми

Не забудем мы вашу любовь.

Мы помним уроки добра,

Хоть волосы стали у вас седыми.

А педагогов года не старят,

Сердца остаются всегда молодыми.

Припев:

Школа, школа-надежный причал,

К нему возвращаемся снова и снова.

Наших детей и подросших внучат

Приводим под крышу дома родного.

Припев (два раза)

//Айар тылбыт оһуора: [хомуурунньук] / [хомуйан оҥордо Л.Н. Колесова.-Дьокуускай: Дани-Алмас, 2019.- С. 90-91.

УЧУУТАЛ ЫРЫАТА: хоһоон// Өксөкүлээх сэргэ:  хоһооннор/ Иван Гоголев.- Якутскай, Саха сиринээҕи кинигэ изд- та, 1979.- с.403

УЧУУТАЛ ЫРЫАТА

Мин уруокпар бэлэмнэнэн

Чуумпу түүн олоробун,

Өйүм-санаам мэлдьи миэнэ

Үөрэтэр оҕолорум.

Тэтэрээккит лииhэ маҥан

Куба буолан сапсынар,

Олох улуу муоратынан

Кылбаҥныы дайар, дайар.

Көтүҥ, көтүҥ ыраах, ыраах

Үөрэтэр оҕолорум,

Ким үрдүккэ көтөр кыахтаах

Ол булар үрдүк дьолу.

Сиргэ дьоллоох эрэ дьоннор

Кэрэни оҥороллор,

Мин үөрэтэр оҕолорум,

Айсыҥ кэрэ олоҕу.

Көтүҥ, көтүҥ ыраах, ыраах

Эдэркээн куба буолан,

Ким үрдүккэ көтөр кыахтaax

Ол үрдүк дьолу булар.

УЧУУТАЛ ДОҔОРБОР: хоһоон// Талыллыбыт айымньылар/ Петр Тобуроков.- Якутскай, Саха сиринээҕи кинигэ изд- та, 1977.-  с.38

УЧУУТАЛ ДОҔОРБОР

Долгуннаах хара баттаҕыҥ

 Аны кырыата ууллубат,

 Арай саһархай хараҕыҥ

 Эйэҕэс мичээрэ кырдьыбат.

Сэрииттэн кэлэри кэтэһэн,

 Уоттаах олорбут түүннэргин,

 Таптыыр үлэҕэр түбүгүрэн,

Умнан ылаҕын билигин.

Сарсыарда үөрэтэ бараҕын,

Тэтэрээт — остуолу толору.

Хойутаан, утуктуур хараҕыҥ

 Көрбүт көрдөөх оҕолору.

Урут мэниктээн мөҕүллэр

 «Кырачаан» ааттанар Алеша

 Үлэтэ дьоҥҥо биһирэнэр,

Ветеринар буолла колхозка.

Кутуйах куттаан ытатар

Сэмэй Димката билигин

 Түөһүгэр сулус умайар —

 Герой буолбутун билэҕин.

Оччугуй оҕо, улаатан,

 Табаарыс дэниллиэр диэритин

 Учуутал киниэхэ — ийэ, аҕа,

Аныыр тапталын, сүрэҕин.

 Кэрэтиэн, олох минньигэһин

 Үлэттэн булан, астынар,

Күн-дьыл күндү бэлэҕин —

 Ыччат махталын мунньунар

Тобуруокап, П. Учууталга үөрэммиттэр: хоһоон// Оҕо литературатын антологията/[ хомуйан оҥордулар: В.Н.Луковцев, М.Г.Макеева; редкол.: А.В.Егоров уо.д.а.] .- – Дьокуускай : Бичик, 2015.-  с.66

Учууталга үөрэммиттэр

Учууталга үөрэммиттэр

Оҕонньоттор, эмээхситтэр,

Учууталга үөрэммиттэр

 Учёнайдар, инженердэр.

Учууталга үөрэммиттэр

Улууканнаах бөлүһүөктэр,

Ыйга тиийбит космонавтар,

Ый хараабын айааччылар.

Учуутал — ийэ, аҕа,

Учуутал — доҕор, атас,

Уһун сааска умнубакка

      Учууталы ытыктыахха!

Маҥнайгы учууталбар: хоһоон // Кэпсээннэр, хоһооннор: Орто уонна улахан саастаах оскуола оҕолоругар/ Амма Аччыгыйа; Хомуйан оҥордо Д.В.Кириллин; Киирии тылын суруйда Д.В.Кириллин.- Дьокуускай : Бичик, 2005 .- с.141

 Маҥнайгы учууталбар

Бараммат-хороммот

Банаардаах сырдыкка

Баҕабын толорор

Бастыҥныыр доҕорбун,

Ааҕаммын, айхаллыыр

Дьоллордоох-тускуга

Уһуйан үөрэппит

Учуутал убайбар –

Эдэрдиир бэйэкэм

Эрчимнээх сүрэхтэн

Эрэйи чэпчэтэр

Эҕэрдэ ыытабын!

Далайым уутугар

Таҥнастан сытыахпын

Далаһа кэбиһэн

Таһырдьа таһааркар.

Алаарыйар сырдык,

Айхаллаах кырдьык

Айанын суолугар

Атааран киллээркэр –

Эдэрдиир бэйэкэм

Эрчимнээх сүрэхтэн

Эрэйи чэпчэтэр

Эҕэрдэ ыытабын!

Баайдары бахтарар

Бассабыык суолунан

Барартан кэрэйбэт

Баараҕай санааҕа,

Сырдыктыыр олохпор

Сырсартан хаалбакка,

Өстөөҕү өһөрөн

Өргүһүн тоһутан,

Хааннардаах батталы

Харсаммын кыайарга

Ханыылаах Союзпар

Харахпын аспыккар –

Эдэрдиир бэйэкэм

Эрчимнээх сүрэхтэн

Эрэйи чэпчэтэр

Эҕэрдэ ыытабын!

УЧУУТАЛБАР Е.Г.СЛЕПЦ0ВАҔА: хоһоон// 1000 туруйа/ Дмитрий Дыдаев.- Якутскай, Саха сиринээҕи кинигэ изд- та, 1971.- с.48

УЧУУТАЛБАР Е.Г.СЛЕПЦ0ВАҔА

Мин таптыыр учууталым,

Евдокия Григорьевна,

Устан aahap хас сылым

Улам быһый атахтанна.

Бэҕэһээ курдук этэ

Эйиэхэ үөрзммитим,

Бүгүн уолбун үөрэттэрэ

Оскуолаҕа бу кэллим.

Хара тыам маһын тэҥэ

 Халыан үгүс доҕотторбун

 Үлэ., олох тсүүрээнэ

Тарҕатта дойду устун.

Сорохторо Айхалга

Солун куорат туталлар,

Атыттара Алдаҥҥа

 Кыһыл көмүс сууйаллар.

Үгүс доҕор колхозка —

Бааһынаҕа, хочоҕо

От охсо, бурдук быһа,—

Дьолу айса олордоҕо.

Сорох атас филиалтан

Күнүскү чэйгэ быкпат,

Наукаҕа тапталыттан

 Бэл түүн аанньа утуйбат.

Сыччах, мин соҕотоҕун

Муммут кус оҕотунуу

АаЬа сүүрбүт доҕотторбун

 Санньы көрөн хааллым дуу?

 О, суох, күндү учууталым,

 Кутурукка соһуллартан

Урут да куттанарым,

Куттанабын бүгүн да.

Күн-дьыл сонун эҥэриттэн-

Кыл мүччү тутуһаммын,

 Умса-төннө дэллэрийэн

Уолаттарбын сырсабын.

Хаалар баҕа суох отой,

Бастыыр эмиэ биллибэт.

Очуос үөһэ бары хотой

 Дьиэлэммитэ  иһиллибэт…

Мин таптыыр учууталым,

Евдокия Григорьевна,

Устан aahap хас сылым

 Улам быһый атахтанна.

Сыркыс – Василий Иванович Ефимов. Учуутал: хоһоон

                    Учуутал

Ааны, Быны биллэрбит,

Ааҕар, суруйар оҥорбут,

Ахсаан суотун үөрэппит,

Атас-доҕор учуутал.

Кэрэ ыллам ырыалаах,

Көрдөөх кэпсээн кэһиилээх,

Күҥҥэ бүппэт оонньуулаах,

Күндү-мааны учуутал.

Мааны-күндү учуутал.

Күнү-дьылы аахсыбат,

Күүстээх үлэ чаҕыппат,

Көччүк олох көҕүппэт,

Көрсүө-сэмэй учуутал.

Сэмэй-көрсүө учуутал.

Бэйдиэ санаа батыспат,

Бэйэтин туһун көрүммэт,

Барыыс ыла сатаабат,

Бастыҥ киһим учуутал.

Киһим – бастыҥ учуутал.

Күүстээх санаа үөскэппит,

Куорсун анньан көтүппүт,

Кырдьар диэни билиммэт

Куруук эдэр учуутал,

Куруук эдэр – учуутал.

Шишигин С.С. УЧУУТAЛГА: хоһоон

 УЧУУТAЛГА

Үрдүккэ угуйар үөрэҕиҥ

Абылыыр ыччаппыт сүрэҕиҥ,

Ол онтон астынар сүрэҕиҥ

Дуоhуйан оҕолуу үөрэҕин.

Үөрэтэр, такайар кыhаҕын

Күн аайы долгуйа аhаҕын,

Мичээргин тулаҕар ыhаҕын,

Саҥаны, ырааhы айаҕын.

Ыраны кынаттыыр алгыhыҥ –

Саргыны салайсар аналыҥ!

Кэскили кэҥэтэр күрэҕиҥ –

Үтүөнү төрүттүүр түөрэҕиҥ!

Эн дьайы силистиин түөрэҕиҥ

Сүргэни үөрүүнэн күүрдэҕин,

Санааны сырдатар күүстээххин,

Эрэйтэн иҥнибэт иэстээххин!

Ол иhин толору дьоллооххун!

Маҥнайгы учууталбытыгар

Бука бары сиэттиһэн

Оскуолаҕа тиийбиппит,

(учуутал аата, отчествота)

Кылааһыгар киирбиппит.

Амарахтык сыһыаннаһан

Үөрэппитиҥ, ииппитиҥ,

Билии- көрүү сүмэтин

Кыра дьоҥҥо арыйбытыҥ.

Күн иллэҥи билбэккэ

Бүөбэйдэһэн тахсарыҥ,

Үрдүккэ, кэрэҕэ, сырдыкка

Барыбытын тардарын.

Махтанабыт Эйиэхэ,

Маҥнайгы Учууталбыт,

(аата, отчествота)

Тумус туттар киһибит.

****

УЧУУТАЛБАР
П. И. Оконешниковаҕа

Намыын, намылхай эн саҥаҥ,
Ылыннарыылаах ытык тылыҥ
Оҕо куппар, дууһабар сайан,
Үтүөҕэ, үрдүккэ тардыстым.

Оттон эн, мин учууталым,
Барар аартыкпын ыйардыы,
Үрдээтэр үрдүүр, сис хайалыы,
Улахан дабааҥҥа ыҥырдыҥ.

Ол дабаан олох диэн ааттанар.
Онно анысхан тыал үрэр,
Ардыгар күн уота ылаарар,
Ардыгар самыырдыыр, хаар түһэр.

Хайатын даҕаны тулуйар
Биир бигэ санаалаах буоларга
Эн миигин өрүүтүн угуйар
Этиҥ, Бороскуобуйа.

Билигин даҕаны миэхэҕэ
Эн намыын, намылхай саҥаккаҥ
Инники ыҥырар, эркээйи
Кэриэтэ аартыкпын чуо ыйар.

ҮӨРЭММИТ ОСКУОЛАБАР: хоһоон// Соргу көтөҕүүтэ: хоһооннор/ Ойуку.- Дьокуускай: Бичик, 2019.- с.12

Ииппит- үөрэппит учууталбытыгар

Үрдүкү кылааска үөрэнэр

Үтүөкэн кэмнэрбитин,

Үүнэр- сайдар, улаатар

Үөрүүлээх күннэрбитин

Эйигинниин ситимниибит,

Эйигинниин холбуубут.

Бэһистэн сөпсөһөн,

Бэркэ диэн тапсыһан

Хаамабыт сиэттиһэн

Оскуола суолунан.

Кылааһым туһа диэн

Кыһаллан биэрэҕин,

Үөрэх- билии иҥэрэн

Түбүгүрэ сүүрэҕин.

Бииртэн- биир кылааһы

Этэҥҥэ бүтэрэммит,

Олох сырдык аартыгар

Бүгүн бу үктэнэбит.

Эн үтүөҥ манна баар,

Эн өҥөҥ манна баар,

Киэн туттар сиэрдээх сүбэһиппит,

Үтүктэр- үөрэнэр үтүө холобурбут.

Математика учууталыгар

Суот- учуот чуолкайын,

Логика таайбараҥын,

Алгебра алыптарын,

Геометрия чыпчаалларын

Кыһаллаҥҥыт быһаардыгыт,

Кичэйэҥҥит биллэрдигит.

Күнүн аайы өйдөттүгүт,

Умсугута үөрэттигит.

Математиканы сөбүлүүрбүтүгэр

                                   Олук уурбуккутугар

Үөрэххэ- билиигэ уһуйбуккутугар

Аламаҕай тылбытын эһиэхэ аныыбыт

Эҕэрдэ эриэккэһин бу туран этэбит.

Саха тылын учууталыгар

Төрөөбүт тыл, төрөөбүт тыл

Туохтааҕар да күүстээх,

Төрөөбүт тыл, төрөөбүт тыл

Туохтааҕар да күндү…

Уран тыллаах айымньыны

Умсугута аахтардыгыт,

Иһирэх тыллаах хоһооннору

Иэйэн- куойан үөрэттигит.

Эппит- кэрпит суолгутунан

Эрэллээхтик хардыылыахпыт,

Сахабыт сайдам тылынан

Сайаҕастык саҥарыахпыт.

Физкультура, ОБЖ, үлэ учууталларыгар

Эт- хаан өттүнэн сайдарбытыгар,

Өй- санаа өттүнэн ситэрбитигэр,

Үлэни өрө тута улаатарбытыгар,

Олох араас моһуоктарын туоруурбутугар

Сүүрдэн- көтүтэн

Дьаныһан эрчийдигит,

Кыһаллан- мүһэллэн

Барытын көрдөрдүгүт,

Быһылааннары быһа түһэн

Быыһанарга үөрэттигит.

Үөрэппит уруоктаргыт өйбүтүгэр хаалыахтара,

Иҥэрбит сүбэлэргит олоххо туһалыахтара,

Аҕалыы кыһамньыгытыгар олуһун махтанабыт,

Үчүгэй үлэҕит иһин үтүө тыллары этэбит.

Информатика, физика учууталларыгар

Сүүрбэ биирис үйэ оҕолоро

Сайдыылаах үйэни кытта тэҥҥэ хардыылыыбыт.

Саҥа технологиялар доҕотторо

Биһирээччилэрэ буолабыт.

Информатиканы интэриэһиргээн,

Көтүппэккэ үөрэттибит,

Физиканы олус сэргээн,

Кыһалламмыт биллибит.

Баһылаабыт билиибитинэн

Үөрэ- көтө туттабыт,

Үөрэппит учууталларбытыгар,

Махтал тылларын этэбит.

История, биология, химия, география учууталларыгар

Былыргыны быһааран биэрэҕит,

Былыты арыйан сэһэргиигит,

Үүнээйини ырытан кэпсиигит.

Химия дьиктитин тириэрдэҕит.

Аан дойду устун айаннааммыт

Араас дьиктилэри арыйдыбыт,

Уруоктаргытыгар олороммут

Үгүс элбэҕи биллибит.

Умсулҕаннаах уруоктардаах

Учууталларбыт барахсаттар…

Кэскиллээх үлэҕит

Кэҥээн- тэнийэн истин,

Айымньылаах үлэҕит

Кэмигэр сыаналаннын.

Оскуола администрациятыгар

Оскуола күүрээннээх үлэтин

Ситимнээн, тэрийэн биэрэҕит,

Учуутал түбүктээх идэтин

Күөдьүтэн, күүркэтэн иһэҕит.

Оскуола тирэҕэ,

Эрэнэр эрэлэ,

Эдэргэ- сүбэтэ,

Тустаахха – көмөтө…

Салайар дьоҕургут сайыннын.

Үлэҕит үтүөтэ ааттаннын.

Бүлүүбүт бүттүүнэ махтаннын

Үөрэппит ыччаккыт аҕыннын.

Эбии үөрэхтээһин учууталларыгар…

Айар аартыкпыт ааннарын

Аа- дьуо арыйан биэрэҕит,

Айылҕаттан дьоҕурбутун

Утуу- субуу уһугуннараҕыт.

Ырыаҕа, үҥкүүгэ эрчийэн

Талааммытын таһаараҕыт,

Оһуокайдатан, тойуктатан

Уран тыллары иҥэрэҕит.

Эһиэхэҕэ эрчиллэммит

Уруһуйдьут буоллубут.

Тигэн, ааҕан, оҥорон

Элбэххэ уһуйулуннубут.

Ыллаан- туойан, айан- тутан

Тулабытын сырдатыҥ

Кэнчээри эдэр ыччаты

Үрдүктэн- үрдүккэ көтүтүҥ.

Нуучча тылын учууталыгар

Русский знаем с детских лет,

Он нам очень нужен,

Без него никак, нет – нет

С ним мы очень дружим.

Надо нам его любить-

Это очень важно,

Со всей страною говорить

Можем очень складно.

Нам помог все изучить

Милый наш учитель,

Правил знаков и корней,

Падежей даритель.

Мы хотим вам пожелать,

Яркого признания.

Знали, чтобы все на пять,

И любили знание.

Короткие стихи об учителях

***

Душою красивы и очень добры,

Талантом сильны вы и сердцем щедры

Все ваши идеи, мечты о прекрасном,

Уроки, затеи не будут напрасны!

Вы к детям дорогу сумели найти,

Пусть ждут вас успехи на этом пути!

***

Дорогой наш учитель!

Мы так хотим, чтобы вы знали,

Как были дороги для нас!

Мы не забудем никогда

Ваши Душевные беседы…

Простите нас…Ведь иногда

Мы были непоседы!

***

Вы повели нас по дороге знаний.

Отдав нам много силы и ума.

А сколько приложили вы стараний,

Чтоб мы учились хорошо всегда!

Вы научили нас писать красиво,

Решать задачи и себя вести,

Всегда спокойно, чутко, терпеливо

И к каждому подход сумели вы найти.

***

Учитель, школьный учитель!

Вы, за нас беспокоясь,

Незримо в космос помчитесь,

Пойдете в тайгу на поиск,

В пустыню по зыбким дюнам,

В море пенной дорогой…

Мы — ваша вечная юность,

Надежда, радость, тревога.

Вам по-прежнему нет покоя,

Всю жизнь посвятив детворе.

***

От А до Я, к любым открытиям

Путь начинается с тебя.

Да будет славен труд учителя,

Да будет славен День учителя.

Всем, кто поведав нам тайны открытий,

Учит в труде добиваться побед,

Всем, кому гордое имя Учитель —

Всем посылаем горячий привет!

***

Кто нас учит?

Кто нас мучит?

Кто нам знания дает?

Это школьный наш учитель —

Удивительный народ.

С Вами ясно и светло,

На душе всегда тепло.

И простите, если в срок

Был не выучен урок.

От души мы поздравляем

Наших всех учителей

И здоровья всем желаем

От проказников детей!

***

Кто же нам поможет

И всегда поддержит,

Что не понял, скажет,

Растолкует нам,

За успех похвалит

И плечо подставит,

Детям улыбнется

И учебник даст?

Ах, преподаватель,

Подходи поближе,

Посиди немножко,

Ну же, отдохни!

Мы вам станцевали,

Показали Себя,

Улыбнись скорее,

Талант наш оцени.

***

Не за горами и лесами

Живут волшебники сейчас,

Они приходят в школу с вами.

Вернее, чуть пораньше вас.

Вы с ними заново открыли

И звездный мир, и даль земли.

Они мечтой вас окрылили,

Сердца надеждою зажгли.

Метет ли снег, шуршит ли осень,

Срывая желтую листву,

Они всегда с собой приносят

И щедро дарят вам весну…

***

Если б не было учителя,

То и не было б, наверное,

Ни поэта, ни мыслителя,

Ни Шекспира, ни Коперника.

И поныне бы, наверное,

Если б не было учителя,

Неоткрытые Америки

Оставались неоткрытыми.

И не быть бы нам Икарами,

Никогда б не взмыли в небо мы,

Если б в нас его стараньями

Крылья выращены не были.

Без его бы сердца доброго

Не был мир так удивителен.

Потому нам очень дорого

Имя нашего учителя!

(В. Тушнова)

***

Только утро блеснёт,

Только восемь пробьёт,

Собираются школьники в класс.

Там встречает ребят

Чей-то искренний взгляд —

Наш учитель приветствует нас.

Не жалея трудов,

Он помочь нам готов

С каждым годом умнеть и расти.

Как заботливый друг,

Он в просторе наук

Открывает пред нами пути.

***

Нам, учитель дорогой,

Ваш характер нравится!

Кроме Вас, никто другой

С нами не управится!

Вы — добры и справедливы!

Вы — во всем пример для нас!

Самый лучших чувств порывы

Выражает Вам наш класс!

***

Пусть не сломят вас неудачи,

Больше будет подарков судьбы.

Улыбаться желаем вам чаще

И свои все невзгоды забыть.

Долгих лет и успехов в работе

Пожелать вам все дети хотят,

Пусть удачные долгие годы

Вместе с птицами счастья летят!

***

Строгим и ласковым,

Мудрым и чутким,

Тем, у кого седина на висках,

Тем, кто недавно из стен институтских,

Тем, кто считается в средних годах.

Тем, кто поведал нам тайны открытий,

Учит в труде добиваться побед,

Всем, кому гордое имя — учитель,

Низкий поклон и горячий привет!

Стихи первому учителю

***

Ты помнишь, было вокруг

Море цветов и звуков.

Из теплых маминых рук

Учитель взял твою руку.

Он ввел тебя в первый класс

Торжественно и почтительно.

Твоя рука и сейчас

В руке твоего учителя.

Желтеют страницы книг,

Меняют названия реки,

Но ты его ученик:

Тогда, сейчас и навеки.

(К. Ибряев)

***

Прекрасна школьная пора,

И нам дано в ней опериться.

Чтоб стать мудрее, чем вчера,

Нам надо многому учиться.

Мы робко входим в первый класс,

Неся букварь источник знаний,

По неизвестным тропкам нас

Ведет учитель со стараньем.

И пусть пройдет немало лет,

Как вдруг невидимые нити

Зажгут в нас тоже добрый свет,

Что подарил нам наш учитель!

Стихи молодым учителям

***

Пришла учительница в класс,

Сама чуть-чуть постарше нас,

И провела такой урок,

Что мы забыли про звонок.

Нам хотелось больше знать,

И взрослыми быстрее стать,

И выбрать в жизни верный путь,

И в будущее заглянуть.

Быть может, кто-нибудь из нас

Войдет вот так же в школьный класс

И проведет такой урок,

Что все забудут про звонок. (В. Малков)

Стихи о профессии учителя

***

Профессии прекрасней нет на свете —

Источник знаний вы несете детям.

И наш учитель — наш кумир,

С которым познаем мы мир.

И в этот день хотим вам обещать,

Что, поднявшись со школьных парт,

И мы сумеем людям передать

Свой труд, тепло сердец и поиска азарт!

***

Учителя, учителя…

Пpофессий нет добpей!

Стоите твеpдо у pуля,

Откpыв pебенку двеpь.

Учитель — самый веpный дpуг,

Не выдаст, не предаст;

А если что случится вдpуг,

Он pуку всем подаст.

Как напpяженен этот тpуд:

Пойми и научи.

Всегда к учителю идут

Студенты и вpачи…

Зайдете в светлый класс когда,

Не замечать нельзя

Такие милые всегда,

Усталые глаза.

О, как отважен этот тpуд:

Задиpы, шалуны…

Поpой в глаза упpямо лгут.

Вы их понять должны.

Учителя, учителя…

Пpофессий нет добpей!

Стоите твеpдо у pуля,

Откpыв pебенку двеpь.

***

Учитель — три слога

Не так уж и много,

А сколько умений вмещает оно!

Уменье мечтать! Уменье дерзать!

Уменье себя работе отдавать!

Уменье учить! Уменье творить!

Уменье детей беззаветно любить!

Учитель — три слога.

Но как это много!

И это призванье вам Богом дано!

(Н. Веденяпина )

***

Учить трудиться, думать смело,

Шагать. Дороги хороши…

Нет в мире радостнее дела,

Чем воспитание души!

Наставникам стихи и песни,

Сверканье вдохновенных строк,

Мудрейшей изо всех профессий,

Величью звания: «Педагог!»

Нет в мире должности прекрасней,

Труда отважней и милей…

Сияет синь. Сегодня праздник

Моих друзей, учителей!

***

Не смейте забывать учителей.

Они о нас тревожатся и помнят.

И в тишине задумавшихся комнат

Ждут наших возвращений и вестей.

Им не хватает этих встреч нечастых.

И, сколько бы ни миновало лет,

Случается учительское счастье

Из наших ученических побед.

А мы порой так равнодушны к ним:

Под Новый Год не шлём им поздравлений.

А в суете иль попросту из лени

Не пишем, не заходим, не звоним.

Они нас ждут. Они следят за нами

И радуются всякий раз за тех,

Кто снова где-то выдержал экзамен

На мужество, на честность, на успех.

Не смейте забывать учителей.

Пусть будет жизнь достойна их усилий.

Учителями славится Россия.

Ученики приносят славу ей.

Не смейте забывать учителей!

(А. Дементьев)

УЧУУТАЛБАР
П. И. Оконешниковаҕа

Намыын, намылхай эн саҥаҥ,
Ылыннарыылаах ытык тылыҥ
Оҕо куппар, дууһабар сайан,
Үтүөҕэ, үрдүккэ тардыстым.

Оттон эн, мин учууталым,
Барар аартыкпын ыйардыы,
Үрдээтэр үрдүүр, сис хайалыы,
Улахан дабааҥҥа ыҥырдыҥ.

Ол дабаан олох диэн ааттанар.
Онно анысхан тыал үрэр,
Ардыгар күн уота ылаарар,
Ардыгар самыырдыыр, хаар түһэр.

Хайатын даҕаны тулуйар
Биир бигэ санаалаах буоларга
Эн миигин өрүүтүн угуйар
Этиҥ, Бороскуобуйа.

Билигин даҕаны миэхэҕэ
Эн намыын, намылхай саҥаккаҥ
Инники ыҥырар, эркээйи
Кэриэтэ аартыкпын чуо ыйар.

ҮӨРЭММИТ ОСКУОЛАБАР: хоһоон// Соргу көтөҕүүтэ: хоһооннор/ Ойуку.- Дьокуускай: Бичик, 2019.- с.12