ӨС ХОҺООННОР

Назад

А буукубаттан өс хоһооннор

1. Аан дойду ахтылҕаннаах, бар дьон санабыллаах.
2. Аат-сурах ыраах барар.
3. Аҕыйах да буоллар, амтаннааҕа үчүгэй.
4. Айанныыргар аһы, бараргар маһы бараама.
5. Акаары ахсым, киһиргэс киэбиримтиэ
6. Арыы үрдүгэр уу дагдайбат, кырдьык үрдүгэр сымыйа тахсыбат
7. Ат күрүөнү намыһаҕынан көтөр
8. Атыллыах иннинэ атаҕыҥ аннын көр
9. Аһыырга аллаах, үлэҕэ көлөөк
10. Аччыгы аһат, тоҥмуту ириэр
11. Алаадьы арыылааҕа үчүгэй, үлэ көхтөөҕө үчүгэй.
12. Ааллахха – соттоххо оннооҕор тимиртэн арыы аллар.
13. Аалын баһа хоҥнон биэрбэтэ.
14. Аан дойдуга туохтан да үчүгэй эйэ, туохтан да куһаҕан иҥсэ.
15. Аан дойду ахтылҕаннаах, бар дьон санабыллаах.
16. Аан дайды аппатын — томторун барытын сатаан дэхсилиэҥ суоҕа.
17. Аан дойдуга туохтан да үчүгэй эйэ, туохтан да куһаҕан иҥсэ.
18. Аана суох алдьархай, үүтэ суох үлүгэр.
19. Ааныска уон аҕыстааҕын курдук.
20. Аас киһи аска айаҕа суох.
21. Аастахха аба да амтаннаах, утаттахха уу да минньигэc.
22. Ааспыкка аһы көрдөрүмэ, сыгынньахха таҥаһы көрдөрүмэ, тоҥмукка уоту көрдөрүмэ.
23. Ааспыты былыт саппыта.
24. Аата, кини айаҕыттан кыһыл көмүс тохтуо буоллаҕай! 
25. Аата, мин айахпыттан күөх от үүнүө буоллаҕай 
26. Аата, Кыычыкын оҕуһун баһа буоллаҕа 
27. Аата, муҥур маска ытыннаҕа! 
28. Аата, эйиэхэ сибиинньэ таҥарата кэллэҕэ.
29. Аата, ыраахтааҕы ылгын кыыһа буоллаҕа.
30. Ааттаспыт аам-дьаамы алдьатар, күүһүлэспит күүдээх да күүһүн кыайбат.
31. Ааттаһар да ахсааннаах, көрдөһөр да күттүөннээх.
32. Ааһар былыт албына, көтөр былыт көлдьүнэ.
33. Абааhы аhаабыт сириттэн арахпат, акаары оҥорор алҕahыттан хал буолбат.
34. Абааһыга дылы арбаама.
35. Абааһы кыыһа мэһэмээннээх арыыттан куттаммытыгар дылы. 
36. Абааһы ытык хараҕын кыайан аахпатаҕар дылы.
37. Абааһыны абааһы сиэбэт.
38. Аҕаһым баһын уҥуоҕун ыйаабытым диэбиккэ дылы.
39. Аҕал диэтэххэ антах хайыһар, мэ диэтэххэ мичик гынар.
40. Аҕыйах тыл минньигэс, үгүс тыл сымса
41. Аҕыйахтан аҕыйах, элбэхтэн элбэх охтуо.
42. Акаары — ахсым, киһиргэс — киэбиримтиэ.
43. Арай хаарга эрэ үктэммитэ кырдьык. 
44. Арбаҕастаах даҕаны абыраабат буолбут.
45. Арыы үрдүгэр уу дагдайбат, кырдьык үрдүгэр сымыйа тахсыбат.
46. Аска айах аҕыйаҕа үчүгэй, үлэҕэ үлэһит элбэҕэ үчүгэй.
47. Ат – уол оҕо кыната.
48. Ат сиэлигэр — кутуругар түһэрэр, оҕус муоһугар — туйаҕар түһэрэр.
49. Ат ааттаах, суол сурахтаах 
50. Ат курдук ааттаах, суол курдук сурахтаах киһи.
51. Ат сүүрдэгинэ ыт хаалбат.
52. Ат соноҕоһугар айаас, киһи эдэригэр эрчимнээх.
53. Ат көһүннэҕинэ, ыҥыыр көстүө, быһах көһүннэҕинэ, кыын көстүө.
54. Аттанаары туран ахтатын абырахтаппыкка дылы.
55. Атас туһугар атах тостор.
56. Атах анныттан абааһы тахсар.
57. Атыллыах иннинэ атаҕыҥ аннын көр. 
58. Атыыр оҕус тириитин иккитэ сүлбэттэр.
59. Алаас ааттаах, дойду сурахтаах, сурт кэриэстээх.
60. Алдьархайтан ас таһаарыммыт.
61. Албын тыла мүөттээҕэр минньигэс
62. Алгыс баһа сыалаах, кырыыс баһа хааннаах.
63. Алтынньыга астаах, олунньуга оттоох.
64. Ас халлаантан түспэт.
65. Ас бүтээри ас буолар, таҥас алдьанаары таҥас буолар.
66. Астааҕынан эрэ абааһы, үптээҕинэн эрэ үөдэн.
67. Аһаабыт иһитигэр чохчойор баҕайы.
68. Ат ааттаах, суол сурахтаах.
69. Ат даҕаны күрүө намыһаҕынан көтөр.
70. Атырдьах салаатыныы аҥаарданан арахсыах.
71. Атаҕастыыбын диэн атаххыттан ыллараайаҕын 
72. Айан аргыстаах, суол доҕордоох
73. Айан киһитэ аас, суол киһитэ тутах, сырыы киһитэ сылаамсах.
74. Айан ыта ардырҕас, көс ыта көҥөс.
75. Айах адаҕата, буоһах бохсуута.
76. Айах ыла аҕа.
77. Айаҕыттан таҺаарарыттан харбат.
78. Айыы киһитэ аһыныгас, күн киһитэ көмүскэс.
79. Айыы сиригэр айыллыбыт айыыта суох аттаммат 
80. Айыы сирэ аһаҕас, күн сирэ көҥдөй.
81. Ахтатынан алдьаммыт алдьархайы үксэтэр. 
82. Аччыгы аһат, тоҥмуту ириэр.
83. Аһаан бүтэн эрэ баран атаһын ахтыбыкка дылы.
84. Аһаҕас сарыннаах, үүттээх өттүктээх киһи.
85. Аһыырга алллаах, үлэҕэ көлөөк.
86. Анаҕаһын көрдөрдө (анаҕас—клык хищного зверя). 
87. Антах — бэттэх сирэй буолар.
88. Анныттан аргыар, үрдүттэн үргүөр
89. Аннытынан алдьаммыт акаары.
90. Аҥара таҥара маһа, аҥара күрдьэх маһа буолбут.
91. Ала кулуну төрөппүт.
92. Алаас ааттаах, дойду сурахтаах, сурт кэриэстээх.
93. Аллараа сыҥаах буолума. 
94. Аллараа сыҥаах, үөһээ чөмчөкө, таһыттан талкыллы.

95. Алаадьы арыылааҕа үчүгэй, үлэ көхтөөҕө ордук.

95. Албыҥҥа акаары бараммат.
96. Алгыс аалы көтөҕөр. 
97. Алгыс баһа сыалаах, кырыыс баһа хааннаах.
98. Алгыска оннооҕор абааһы ахсыыр
99. Ардахтаабыт тураах курдук
100. Алдьатар дөбөҥ, оҥорор уустук. 
101. Аска өс суох
102. Акаары киһи үөрэҕи ылынымтыа
103. Акка ыйаатахха аҥардастаабат тэҥнэр.
104. Арай хаарга эрэ хаампыта кырдьык буолара дуу?
105. Арай ыт мунна куурдаҕына оннук буолаа ини.
106. «Арах» диэхтээҕэр «алакы!» буоллаҕа дии. 
107. Арбаҕас иһигэр абааһы баарыгар дылы.
108. Арбаҕастаах да абырыа суоҕа, бытырыыстаах да быыһыа суоҕа.
109. Аргыстаһан баран арыҥах мас аттаабыт, доҕордоһон баран тоҥ тусаһаҕа тоҕо тэбээбит.
110. Арҕаһыгар баастаах ат ыҥыырын уурдарбат.
111. Арыгыны кыайбыт суох.
112. Арыгыһыт киһи, күүлэйимсэх дьахтар — күннээҕинэн көрүлүүллэр. 
113. Арыы үрдүгэр уу дагдайбат, кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат.

Аска аҕыйах үчүгэй, үлэҕэ үгүс үчүгэй.

114. Аччыгы аһат, тоҥмуту ириэр.

116.Атас туһугар атах тостор, кэргэн туһугар кэтэх туллар.

​Б буукубаттан өс хоһооннор

1. Баастаах бааһын тарбаама.
2. Баастаах сылгыттан ньалахай арахпат.
3. Баар хаалбат, мал холлубат.
4. Баайбын диэн баҕадьыйыма, дьадьаҥыбын диэн сэнэнимэ.
5. Баай оҕото бардам, тот оҕото дохсун.
6. Баайы кытта байымсыйыма, быһыйы кытта сырсыма, күүстээҕи кытта күөнтэһимэ.

7.Байҕал бааллаах, үлэ күүрээннээх.

7. Баҕа баҕатыгар, чоху чохутугар.
8. Баай хараҕа иинин буоругар туолар
9. Баскынан тур, атаххынан тур
10. Баҕалаах баҕанаҕа ыттар
11. Балык ыамнаах, киһи күннээх.
12. Балык уу дириҥэр, киһи олох олох үтүөтүгэр талаһар.
13. Балык суоҕар баҕа да баҕалаах, ыстыыр суоҕар ыт да буута ыралаах.
14. Балыктааҕар кэлэҕэй, сымыыттааҕар бүтэй.
15. Барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ буолбут.
16. Баҕа бэйэтин бадараанын хайҕыыр.
17. Баҕа силэ байҕалга туһалаах.
18. Бастакы тураах — хаары уулларбат, сааһы аҕалбат.
19. Баһа байҕалга, кутуруга куйаарга.
20. Баһыгар быта да суох эрээри.
21. Баһын кырбана олоруоҕунааҕар хамсанан көрүөн.
22. Билбэккиттэн кыбыстыма, үөрэтиини ылымматаххыттан кыбыһын.
23. Бил балык баһыттан сытыйар. 
24. Билии — бараммат баай.
25. Билиҥҥиттэн күөскүн өрүнүмэ, биэтэк тахсыыта билиэҕэ.
26. Биир сымыыт ханна сытыйбатаҕай, биир уол оҕо ханна охтубатаҕай?
27. Биирдэ көрбүт биэстэ истибиттээҕэр бэрт.
28. Биирэ да биэһэ да син биир.
29. Биэрэрин бэскэ ыйаабыт, уунарын умнан кэбиспит.
30. Биэрбит илии билэр, ылбыт илии умнар.
31. Буор хара да бурдук үүнэр, хаар маҥан да ыт ииктиир.
32. Бурдук туорааҕа мэлилиннэҕинэ эрэ бурдук буолар.
33. Бурдуктаагым буоллар алаадьылыам этэ. 
34. Буруй эрэ барыта Моттойоҕо диэбиккэ дылы. 
35. Бэҕэһээҥэ диэри ыт буутун ытыра сылдьара, бүгүн саһыл кутуругун тута сылдьар.
36. Бэрдэ бэргэһэ саҕа, үтүөтэ үтүлүк саҕа.
37. Бэрт киһи бэтиэхэлээх, үтүө киһи үгэлээх.
38. Бэс ыйыгар Бээчээн муннун үлүппүтүгэр дылы.
39. Бэйэн хайдаххын да бэдэрин оннук.
40. Бэйэҕиттэн эрэ буолбакка бэдэргиттэн эмиэ иэстэбиллээх буолуо. 
41. Бэйэҕиттэн да буолбатар, бэдэргиттэн даҕаны иэстэһиэм.
42. Бэлэскинэн күлүмэ, биэтэх тахсыыта билиэҕэ. 
43. Бэлэһигэр биэс инньэлээх.
44. Бэйэтиттэн буолбатар бэдэриттэн буолуо.
45. Былыргыны былыт саппыта, аныгыны ардах сууйбута.

46. Былыргы киһи ынаҕынан, аныгы киһи үөрэҕинэн байар.


47. Быа синньигэс сиринэн быстар, быһах уһугунан тостор.
48. Бөтөс буолбакка бөчөх эбиккин.
49. Былыргыны былыт саппыта, аныгыны ардах сууйбута.
50. Былырыыҥҥы баҕа хараҕын санаатым.
50. Быстыбыт быа түмүктээх.
51. Быһах бааһа оһор, тыл бааһа оспот.
52. Бүгүҥҥүнэн күн бүппэт.
53. Бүргэһи хааһахха хаайбаттар.
54. Баартан туһаныллыбат буолуллубат.

55. Баҕа бэйэтин бадараанын хайгыыр
56. Байҕал бааллаах, үлэ күүрээннээх.
57. Балык дириҥи былдьаһар, көтөр үрдүгү талаһар
58. Балык суоҕар, баҕа да балык.
59. Биэрэр илии билэр, ылар илии билбэт.
60. Быһах угун кыстыммат, суор хараҕын оҥуспат.
61. Бэйэ алҕаһын бэйэ билиммэт.
62. Бэйэм сиппэтэхпинэ, бэдэрим ситиэхтин.
63. Бэл өрүс уута уолар.
64. Бэл хара тыа ыллыктаах, бэл күөх далай оломноох.
65. Бэрдэ бэргэһэ саҕа, үтүөтэ үтүлүк саҕа.

Д буукубаттан өс хоһооннор

1. Дойду сурахтаах, алаас ааттаах.
2. Доҕор доҕорун алдьархайга хаалларбат.

Дьолуҥ – бэйэҥ илиигэр.

3.Дугдуруй да оҕус
4. Дүлүҥ анныгар уу киирбэт

Дь буукубаттан өс хоһооннор

1. Дьахтар санаатын дьахтар табар.
2. Дьонноох киһи тутайбат.
3. Дьүһүнүн көрөн киһини сэнээмэ.
4. Дьарыга суох киһи дьаллыкка ылларар.
5. Дьахтар арай умуһаҕын буоругар хараҕа туолар ини.
6. Дьахтар оронуттан оһоҕор тиийиэҕэр дылы санаата түөрт уончата уларыйар.
7. Дьахтар санаата аһынааҕар кылгас, көхсө сиэҕинээҕэр кыараҕас.
8. Дьахтар таһыыры таптыыр, хаарты ырытыыны таптыыр. 
9. Дьол хараҕа суох.
10. Дьоллоох дьиэ кэргэн оҕолоро дьоллоох дьон буола улааталлар.

Дьол-олох төрдө -таптал


11. Дьэбин тимири сиир, санаа сүрэҕи сиир.

12.Дьыаланы саҕалаан баран тиһэҕэр тиэрт.

И буукубаттан өс хоһооннор

1. Иитиллибит Ийэ дойду иһирэхтээх.
2. Илдьит сааппат, тэҥсик куттаммат, кэлбит килбигийбэт.
3. Илдьэ барар идэм, кытта төрөөбүт кыдьыгым, кэккэлии кэлбит кэдэргим.
4. Илии хамнаатаҕына айах хамныыр.
5. Инники атаҕы кэнники атах сиппэт.
6. Инчэҕэй тирбэҕэ быстан биэрбэт.
7. Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан.
8. Иҥсэтигэр иэдэйбит, акаарытыгар алдьаммыт.
9. Иһит ырааһын таптыыр.
10. Иччитэх куулу олордьу ууруоҥ суоҕа.
11. Идэлээҕи кытта олоруоҥ — идэлээх буолуоҕун, түөкүнү кытта олоруоҥ — түөкүн буолуоҕун.
12. Идэлээх идэтиттэн өлөр.
13. Ийэ сүрэҕэ — оҕоҕо, оҕо сүрэҕэ – тааска.
14. Илдьэ барар идэм, кытта төрөөбүт кыдьыгым, кэккэлии кэлбит кэдэргим. 
15. Илии тутуурдаах, өттүк харалаах. 
16. Илин атах суолун кэлин атах сиппэт.
17. Илдьит сааппат, тэҥсик куттаммат, кэлбит килбигийбэт.
18. Иҥсэтигэр иэдэйбит, акаарытыгар алдьаммыт.
19. Иннин тымтыктанан көрбүт суох.
20. Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан.
21. Икки адьырҕа эһэ биир арҕахха кыстаабаттар.
22. Икки куобаҕы эккирэтимэ, хайатын да ситиэн суоҕа
23. Икки тараҕай быттаспыттарыгар дылы.
24. Икки ардыларынан уу тохтубат.
25. Иккитэ эрбэҕэр эргитиэ, үстэ сөмүйэтигэр төгүрүтүө.
26. Итирбит да, иирбит да биир. 
27. Иһигэр былас муостаах киирбит

Илии хамнаатаҕына айах хамныыр.


 

К буукубаттан өс хоһооннор

1. Килэгир харах, көҥдөй көҕүс.
2. Киириитэ босхо, тахсыыта толуктаах.

Киирбит күн күөрэйиэ.

Көлүүрдээх оҕус от хаата, үлэ киһитэ ас хаатa.

Көрдөөбүт көһүйэ көмүһү булар.

Күн аайы эбиллибэт билии көҕүрүүр.

Күн сири сырдатар, үөрэх — киһини.

Кэрдиэҥ иннинэ кээмэйдээ, быһыаҥ иннинэ былааннаа.


3. Киһи дуу, кии дуу?
4. Киһиргээҥҥин кирсиҥ быстаарай
5. Киһи киэнигэр ымсыырыма, бэйэҥ киэниттэн матыаҥ.
6. Киһи да сүөһү да айаҕынан.
7. Киһи ойоҕо ойох буолбат.
8. Киһи иккистээн төрөөбөт.
9. Киһи да сүөһү да айаҕынан. 
10. Киһи диэн хабахтаах хаан буоллаҕа.
11. Киһи кэпсэтэн, сылгы кистэһэн, ынах маҥыраһан билсэллэр.
12. Киһи сырыттаҕына сырыттым диир.
13. Киһи тыла — ох, санаата — батас.
14. Киһи тыла — охтооҕор сытыы.
15. Киһи тыла сэттээх, киһи тыла сүлүһүннээх.
16. Киһи тыла уоттааҕар абытай.
17. Киһи киилэ, саха саарына.
18. Киһи үйэтэ аттаах киһи түннүгүнэн элэс гынарын курдук.
19. Киһи дьоло — соро — сүрэҕин дьолуотугар.
20. Киһи күннээх, балык ыамнаах.
21. Киһи дьоло — дьолоҕойугар, сириитэ-талыыта — сирэйигэр буолар.
22. Киһи тыла дугаҕа баайыллыбат чуораан буолбатах. 
23. Киһини үлэ киэргэтэр.
24. Киһи үтүөтэ өллөҕүнэ биллэр. 
25. Киһи иннигэр тыһы кылы көрөр, бэйэтин иннигэр бэрэбинэни да билбэт
26. Киһи киһиэхэ тэҥнэспэт, сүөһү сүөһүгэ тэҥнэспэт
27. Киһи өһөөбүтэ томторго, таҥара өһөөбүтэ аппаҕа
28. Киһини киһи киһи оҥорор, киһини киһи буорту гынар.
29. Кинээс ойоҕо кэтэхтээх, уус ойоҕо улаатымсык, ойуун ойоҕо улаҕалаах.
30. Ким үлэлээбэт — ол аһаабат.
31. Ким доҕордоох — ол дьоллоох
32. Ким эрэ күрдьэх маһа, ким эрэ таҥара маһа.
33. Киэҥ үрэх чэлгиэннээх, уһун үрэх уорааннаах.
34. Куһаҕан содуллаах, үчүгэй доҕуһуоллаах.
35. Кутуйах түүлэннэҕинэ ычча дииригэр дылы.
36. Куттас күлүгүттэн куттанар
37. Куһаҕан кутуруктанар, үчүгэй үөрдүһэр.
38. Кураанах хамыйах айахха баппат.
39. Кур бэйэм кубулуйумуна, эргэ бэйэм элэйиминэ олоробун.
40. Курдат барабын диэн төгүрүйэн тиийиэҥ.
41. Кулгаах ырааҕы истэр, харах чугаһы көрөр.
42. Кулгаах хаалыа, муос үүнүө.
43. Кулгааҕар куба саахтаабыт.
44. Кулгааҕа суох кулгаахтаныа, хараҕа суох харахтаныа.
45. Кулгааҕа-хараҕа кэҥээбит киһи.
46. Кулгаах — харах көмүстээн этэр.
47. Куллугур кулгаахтаабыт, тараах иэннээбит.
48. Kумах мэйии, хоҥхо бас.
49. Кус быһый, ат бөҕө.
50. Кус да уҥуоҕун кыайан тоһуппат киһи.
51. Куһаҕан киһи кулгааҕа кутуругун төрдүгэр баар..
52. Кутталыттан кута куртаҕар тустэ.
53. Куттас бэйэтин күлүгүттэн куттанар.
54. Кутуругун быһа кыбына сылдьар.
55. Куобах мэнээхтээтэҕинэ саһыл элбиир.
56. Кумахха ииктээбиккэ дылы.
57. Кумаҕынан быа хаппыкка дылы.
58. Куттанан кутуйах хороонун кэҥэппит. 
59. Кутуйахтаах чооруос икки дьукаахтаспыттарыгар дылы.
60. Кутуйах кутуругар кэмнээн аһыырыгар дылы.
61. Кутуругун быһа кыбына сылдьар.
62. Кутурук маһа буолбут.
63. Кутуругар туос баайбыт.
64. Куобах эригэр былах быһан биэрэригэр дылы.
65. Куодарыһан — куодарыһан кутуругуттан туппут.
66. Кутургуйа таптаабыт сиригэр тахсар, тойон таптаабытынан дьаһайар.
67. Кураанаҕы кууспут.
68. Кураанах хамыйах айахха баппат.
69. Курдаттыыбын диэн төгүрүйүөҥ.
70. Куһаҕан кутуруктаах.
71. Куһаҕантан куһаҕан тахсар, үтүөттэн үтүө тахсар
72. Куһаҕантан буор тохтор.
73. Куһаҕан сымыйа буолбат.
74. Куһаҕан да үчүгэйдээх, үчүгэй да куһаҕаннаах.
75. Куһаҕан киһи көрбүтүнээҕэр үтүө киһи сэрэйбитэ ордук.
76. Куһаҕан киһи кырдьыгы эппитинээҕэр үчүгэй киһи сымыйалаабыта да астык.
77. Куолу хаата, кутургуйа хаатыйата.
78. Кырдьаҕастан алгыһын ыл, эдэртэн эйэтин ыл. 
79. Кыһалҕа кыһыл кымньыылаах.
80. Көмүскэтэрим эрэ көмүскэм уута, харыһыттарарым эрэ хараҕым уута.

81. Көс ыта көҥөс буолар.

82. Көтүөхпүн — халлаан ыраах, тимириэхпин — сир кытаанах буолла.

83. Көрдөөбүт көһүйэ көмүһү булар.

84. Көҕөн көттөҕүнэ чөркөй көҕүйэр.

85. Көҕөн көттөҕүнэ көппөх күөрэйэр.

86. Көҕөҥҥө көҕүйэн чөркөйтөн матаайаххыный?

87. Көлүүр оҕуһа от хаата, үлэһит киһи ас хаата.

88. Көтүрдэр тииһим миилэтэ, көрдөр хараҕым дьүккэтэ.

89. Көтөр өҥүнэн, киһи өйүнэн

90. Көтөр түспэтэх маһа суох, кыыл сылдьыбатах сиһэ суох.

91. Көрбүтэ көхсүгэр, билбитэ бэйэтигэр.

92. Күлүгэр ырдьыгыныыр ыкка дылы.

93. Күлүгүттэн да куттанар кус сүрэх.

94. Күн сирэ көҥдөй, айыы сирэ аһаҕас

95. Күөрт ыт күлүүтэ, эриэн ыт элэгэ.

96. Күөх көппө көппөйөрө бөскөйбүт.

97. Күөххэ көппүт, бэлэмҥэ бэрт.

98. Күөскүн эрдэттэн өрүнүмэ

99. Кырдьаҕаһы хааһахха укта сылдьан сүбэлэт.

100. Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат.

101. Кырдьык кытаанах — куолу кураанах.

102. Кылабачыйар эрэ барыта көмүс буолбатах.

103. Кытаанах кэлгиэ сөллүбэт, кырдьыктаах тыл өһүллүбэт.

104. Кыыс — дьахтар кытыйаны — хамыйаҕы кытта кырбаһар, ойоҕо суох уол үтүлүгүн — бэргэһэтин кытта охсуһар.

105. Кыыс оҕо тэллэҕэр уон уоттаах.

106. Кэччэгэй кэриэһэ суох.

107. Кэрэ киһи аата кутааҕа умайбат, кутаҕа тимирбэт

108. Киэһэ аһыырдаах киһи кыттыспат киһитэ.

109. Көлүүрдээх оҕус от хаата, үлэ киһитэ ас хаата.

110. Көтөр түспэтэх маһа суох, кыыл сылдьыбатах симилэҕэ суох.

111. Күн сири сырдатар, үөрэх – киһини.

112. Күрүөлээх окко киирбит сүөһү курдук.

113. Күрдьэҕэҕин хомун, кыдьыккын кыан, имэҥҥин иҥэрин.

114. Күүс кэмнээх, кыах муҥурдаах

115. Күһүҥҥү киһи күлбүтүнэн, сааскы киһи салбаммытынан

116. Күн киһитэ көмүскэс, айыы аймаҕа аһыныгас

117. Күннээн — күөнэхтээн олорбут кыамматы өйдүө биллибэт.

118. Күн аайы эбиллибэт билии көҕүрүүр.

118. Күлэ — күлэ күлүн таптайбыт

119. Күл — көмөр буолбут

120. Күлүгүн быһа хаамтарбат.

121. Кээнчэ быта кэтэххэ ыттарыгар дылы.

122. Кэтэһэн кэлтэгэй буолбут

123. Кэлиэ буоллар кэлбэт, барыа буоллар барбат

124. Кэм — кэрдиис кэлиэ

125. Кэрэ сонун кынаттаах, куһаҕан сонун бэриэччиттээх

126. Кэрээбэт кэҕэлээх, өрөөбөт өтөннөөх.

127. Кэччэгэй кэлтэгэй хамыйахтаах

128. Кэччэгэй кэриэһэ суох.

129. Кэннэ кээнчэ да буоллун.

130. Кээнчэ быта кэтэххэ ыттыбыт.

131.Кэпсиирдээҕэр оҥорор ордук.

131. Күөнэҕи сэттэтэ уоппут.

132. Күөх куруҥ куобаҕа.

133. Көрдөөбүт көһүйэ көмүһү булар.

134. Көрү көҕүллүттэн, күүлэйи көхсүттэн.

135. Көстөн турар кырдьыктаах.

136. Кыра мас мутуга суон.

137. Кырдьыктан харах саатар.

138. Кыталык кынатын төбөтүгэр кыырпахтааҕар дылы.

139. Кырдьаҕас ыт мээнэҕэ үрбэт.

140. Кытта кырдьыбыт кыдьык.

141. Киирбит күн күөрэйиэ.

142. Ким доҕордоох — ол дьоллоох.

143. Киһи киһинэн олорор, киһи киһинэн тыыннанар.

144. Киһи кэпсэтэн, сылгы кистэһэн, ынах маҥыраан билсэр.

145. Киһи тыла дугаҕа баайыллыбат чуораан буолбатах.

146. Киһи тыла сэттээх, киһи тыла сүлүһүннээх.

147.Киһи эриэнэ иһигэр, көтөр эриэнэ таһыгар

147. Киэҥҥэ киирбэт, баайга баппат киһи.

148. Көрдөөх аргыс суолу кылгатар.

149. Көрсүө киһи өйө байҕал дириҥин, халлаан үрдүгүн курдук.

150. Көс ыта көҥөс.

151. Көтөр өҥүнэн, киһи өйүнэн.

152. Кулуннаах биэ курдук куодарыһаллар.

Кумах мэйии, хоҥхо бас.

153. Куттар хороммот, бастар бараммат.

154. Куттас бэйэтин күлүгүттэн куттанар.

155. Күн аайы эбиллибэт билии көҕүрүүр.

156. Күн киһитэ көмүскэс, айыы киһитэ аһыныгас.

157. Күн сири сырдатар, үөрэх — киһини.

158. Күн сирэ күндү.

159. Күн хараҕата туллара, күһэҥэ быата быстара буолла.

160. Кырдьык көмустээҕэр күндү.

161. Кырдьык күннээҕэр сырдык.

162. Кыыс — омук анала.

163. Кыыс оҕо ырыата, уол оҕо тойуга буолбут.

164.Кырдьык көмүстээҕэр ыраас.

165. Кэтээбитэ кэргэнэ, манаабыта балаҕана.

Л буукубаттан өс хоһооннор

1. Лоп гына догобуор, эттиҥ да этириэс

М буукубаттан өс хоһооннор

1. Мааһын таптахха мас да ыллыыр.
2. Маатырҕаабыкка эрэ манньыйыма, дааҕырбаабыкка эрэ дураһыйыма.
3. Манаабыта эрэ балаҕана, кэтээбитэ эрэ ойоҕо.
4. Мас ууһа байбат, үтүө ырыаһыт дьолломмот
5. Мас суулуннаҕына эрэ таҥастанар.
6. Маҥкытыгар да оҕустарбакка сылдьар
7. Маҥай аллаах маҥалайа туолбат.
8. Мин да ытыспар тураах саахтыа.
9. Мин да мин диэҥҥин мииҥҥэ түһээйэҕин.
10. Миигинниин уон хааһах диэбиккэ дылы.
11. Мииннэрин бэркэ билсибит дьоннор.
12. Мыыммыт оҕо үүтүн тоҕор.
13. Мэник топпутун сир да уйбат.
14. Мөккүөр иннигэр мөһөөк барар
15. Муора тобугунан, халлаан хабарҕатынан.
16. Муҥнаах булугас, эрэйдээх этигэс.
17. Муннаахтар мустан муоралаабыттарыгар дылы.
18. Мутугунан быраҕар муҥур үйэбэр.
19. Мундуну сэттэтэ уобарыгар дылы.
20. Муннугар сыт аҕыппыкка дылы
21. Мунна сыты билбэт, айаҕа амтаны билбэт
22. Мыыммыккыттан үөрүөҥ, үөрбүккүттэн кутуруйуоҥ
23. Мэкчиргэ үрдүк мас төбөтүн былдьаһарыгар дылы
24. Миэхэ туулаама, чалбахха туулаа.

Н буукубаттан өс хоһооннор

1. Норуот күүһэ — көмүөл күүһэ.

О буукубаттан өс хоһооннор

1. Одьолууну ойохтонума, кииринньэҥҥэ кииринимэ.
2. Ойоҕо хараҕа мөлтөҕүн үс сыл бииргэ олорон баран саҥа билбитигэр дылы. Онно суохха оннооҕор от хамнаабат.

Оҕо – киһи дьоло, эрэлэ.
3. Оннооҕор кутуйах хорооннох.
4. Оннооҕор кутуйах үктээтэххэ «чыып» диир.
5. Оҕо атаҕа — ыт атаҕа.
6. Олоруохтааҕар оҥорор ордук.
7. Олох оҕо оонньуута буолбатах.
8. Олох олоруу ыраас хонууну туорааһын буолбатах.
9. Омоллоон уйгута, Саркый ыһыаҕа, Таркаайы чалларына.
10. Оннооҕор кутуйах орохтоох.
11. Ох-батыйа тыл.
12. Охтоохтон охтума, саалаахтан самныма.

13. Отонноотоххо оҥоойук туолар.


Ө буукубаттан өс хоһооннор

1. Өҥө өҥөнөн, үтүө үтүөнэн төлөнөр.
2. Өрүммүт күөскүн эрэнимэ.
3. Өрүһү көрөн туран үрүйэттэн уулаабыкка дылы.

С буукубаттан өс хоһооннор

1. Саҥаттан саҕалаа, үрүҥтэн үйэлээ.

2.Сатабыллаах саһыл саҕалаах.

3.Саха ньоҕой, оҕото өссө ньоҕой.
4. Саха сахатынан кэрэ.

5.Сарсыарда эрдэ турбатаххына күҥҥүн сүтэриэҥ, оҕо сааскар үөрэммэтэххинэ олоххун сүтэриэҥ.

6.Сатаа да саhыл саҕалан.

7.Сатабыллаах саһыл саҕалаах.

8.Саһыл курдук ньылаҥнас, ыт курдук ырдырҕас.

9.Сир быйаҥнаах, киһи сатабыллаах.

10.Суон тиити быһаҕынан кэрпиккэ дылы.

11.Сүгэ кыайбатаҕын сүбэ кыайар.

12.Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх.

13.Сүрэхтээх киһи сүгүн буолбат.

14.Сылдьар даа сылаалаах (эбэтэр сылдьар да сыа буолбат).

15.Сылдьыбыт сыа аһылыктаах, утуйбут уу аһылыктаах.

16.Сылдьыбыт сыыһы булар.

17. Сириксэн силлибиккэ түбэһэр.
18.Суоҕу суоруллубат.
19.Суол аргыһы таптыыр.
20.Суол сурахтаах, аартык ааттаах.
21.Суол сылаалаах, көс эрэйдээх.
22.Сүбэ сүүрүгү тутар.
23.Сүгэ балта — тыл.
24.Сүгэ кыайбатаҕын сүбэ кыайар.
25.Сүгэ олуга сүүрүгү утары устубат.
26.Сүрэҕэ суох сүүс сүбэлээх.
27.Сүрэхтээх киһи туохтан да маппат.

28.Сүөһү күрүөлээҕэ, киһи төбөлөөҕө үчүгэй.

29.Сэнээбиккиттэн сэттэҕин ылыаҥ.

Т буукубаттан өс хоһооннор

1. Таптыыр сүрэх таайыгас.

2.Таптыыр сүрэх туохтан да иҥнибэт.
3. Тарбаххынан тал, сөмүйэҕинэн сүүмэрдээ.
4. Тиэтэйии — алҕас атаһа.
5. Тоттоххо сыа да сымсах.
6. Түөкүн киһи үс күлүктээх.
7. Тыл дьыалаттан арахсыбат.
8. Тыл тыалга быраҕыллыбат.

У буукубаттан өс хоһооннор

1. Улар мэйии, куба олоороҥ.
2. Уол оҕо дьоллоох, соноос ат соргулаах.

3. Уол оҕо дьоло – сир түөрт өттүгэр.

4. Уол оҕо төрүөтэҕинэ – суор үөрэр, кыыс оҕо төрүөтэҕинэ –ыт үөрэр.

5. Уол оҕо дьоллоох, соноҕос ат соргулаах.

Ү буукубаттан өс хоһооннор

1. Үлэ сыа кырбыыр буолбатах.
2. Үлэ үксэ, тыл аҕыйаҕа үчүгэй.
3. Үлэни хаһааныма, аһы хаһаан.
4. Үөрэх баар — бараммат баай.

5. Үөрэҕэ суох киһи-хараҕа суох.
6.Үтүө киһи үгүс доҕордоох.
7.Үтүө киһи үөлэһэ кыымнаах, өтөҕө төҥүргэстээх.
8. Үтүө киһи үтүөтэ үс үйэ тухары умнуллубат.

9. Үтүө майгыҥ –көтөр кынатыҥ

10.Үтүө тыл дьол буолар.

11. Үтүө киһи үөлэһэ кыымнаах, өтөҕө төҥүргэстээх.

12.Үчүгэй ат охтон түһүөр диэри барар.

13. Үчүгэй киһи суола сырдык, куһаҕан киһи суола хараҥа

Х буукубаттан өс хоһооннор

1. Хоммут уоһа хоҥунна, өрөөбүт уоһа өһүлүннэ.

2. Халлаан үрдүк, сир киэҥ, муора дириҥ

Э буукубаттан өс хоһооннор

1. Эдэр саас, күөгэйэр күн.

2. Эдэр кырдьаҕастан үөрэнэр.
3. Эйэҕэс киһи үгүс доҕордоох

4.Эр киһи тыла биир.

5. Эр сүрэҕинэн, дьахтар – тапталынан.
6. Эргэ эстибит, саҥа сандаарбыт.
7. Эрэй элбэххэ үөрэтэр.

Х буукубаттан өс хоһооннор

1.Хаан урууну өрүс да уутунан сууйуллубат.

Ы буукубаттан өс хоһооннор

1.Ынах маҥыраһан, сылгы кистэһэн, киһи кэпсэтэн билсэр.

*****

Ос хоьооннор

*****

Торообут дойду туьунан ос хоьооннор

Биһикпин ыйаабыт сирим.

Дойду сурахтаах, алаас ааттаах.

Иитиллибит Ийэ дойду иһирэхтээх.

Күн сирэ күндү.

Өтөх төҥүргэстээх, дьурт (бүлүүлүү: суурт) кэриэстээх, оһох (уот) кыымнаах.

Өтөх төнүргэстээх, сурт кэриэстээх.

Тыаллаах даа буоллар хотунум хоннорбут сирэ, мэччирэҥэ даа суох буоллар бэйэм төрүөбүт сирим.

Улуу дойду оспуостаах, аан дойду аартыктаах, күөх далай оломноох, хара тыа ыллыктаах.

Уулаах көрдүгэҥҥэ көтөр түһэр, оттоох алааска ынах мэччийэр.

ИСТОЧНИК

Бит-билгэ. Сиэр-туом. Саха фольклора. Кун-дьыл халандаара 2023

https://dnevniki.ykt.ru/%D0%B8%D0%B9%D1%8D_%D1%82%D1%8B%D0%BB/1053921?mobile=true
Обновлено: 04.04.2023 — 05:25

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован.