Өксөкүлээх туһунан баллада

Семен Данилов

Мин бэркэ билэр туора бытыктарым

Хамсаабат барыҥыйга хамсыыллар.

Билэр тылларбын истибэтэх куолаһым

Нүһэрдик, сөҥүйэ саҥарар:

-Үөрэхтээх дьоннооҕор  соххор-до5олоҥ

Үс бүк үгүс дойдутун билэҕиэн?!.

Суох буоллун баҕардар суостаах соболоҥ,

Син биир түүнү сырдатан иһиэҕиҥ!.

Уонна аттаах, сатыы адаардаах

Айан суолларын кини арҕарар.

Ханна эрэ тиийэн, хаары хараардар,

Ханна эрэ кыстык хаарга баттатар.

Ханна эрэ тиийэн халлааҥҥа хаайтарар,

Ханна эрэ- адьыр5алыын хапсыһар…

Ол устатын тухары сырдыгы тар5атар,

Бар дьонуттан муудараһы хомуйар.

Уонна дьэ

Иһирэх ийэ тылынан,

Көмүлүөгүм күүдэпчилэнэр сырдыгар

Илбис иҥэринэн, талаан тардыһан,

Үрдүк өрөгөйдөөх ырыаларын айар.

Уонна эмиэ барар сүрэҕин суоһунан

Күүстээх тымныылары көлбөрүтэ,

Биирдэ санаабыт санаатын сырдыгынан

Дьол туһугар хараҥаны халбарыта.

Миигиттэн үйэ аҥарынан инникилээн,

Ол тортоҕор туора бытыктар хамсыыллар.

Ол бытыктары саха дьоно экчи биһирээн:

-Өкөкүлээх!!! – диэн үөрэ хаһыытыыллар

//С. Данилов Айаным аргыстара.-Якутск, Кн. изд-во, 1975.-С.175-176

Назад

Обновлено: 05.04.2022 — 12:07

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован.