БθТθС, АМ! АМ!…

БθТθС, АМ! АМ!…

И. Никифоров

Бѳтѳс – ыт. Кини оччо5о үс ыйдаах этэ.

Арай биирдэ о5олор тыа5а мо5отойдуу бардылар. Ыттара Бѳтѳс кэннилэриттэн батыста.

Ойуурга киирэллэрин эрэ кытта биир мо5отой чыбыгыраабытынан титириккэ ойон та5ыста. Бѳтѳс кэлэн титирик тѳрдүгэр мо5отой диэки кылап-халап кѳрѳ олордо.

О5олор Бѳтѳскѳ мо5отойу кѳрдѳрдүлэр. Yѳһээ ыйа-ыйа:

Бѳтѳс, ѳрѳ ыстана-ыстана, бастаан биирдэ эрэ: “Ам!”..-диэтэ. Онтон: “Ам-ам!… Ам!..”-диэн үгүстүк үрэн барда.

Кэлин Бѳтѳс мо5отойу суолун ирдээн маска ытыарар уонна, о5олору ыңыртаан эрэрдии, үрэн баргыйар буолбута.

О5олор Бѳтѳһү куобахтыырга эмиэ үѳрэппиттэрэ.

// Кэскил.-С.20.

Обновлено: 12.10.2023 — 04:03

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован.