БҮТЭҺИК  ЧУОРААН

БҮТЭҺИК  ЧУОРААҤҤА 1 КЫЛААС ҮӨРЭНЭЭЧЧИЛЭРЭ ААҔААЛЛАРЫГАР

Анастасия Егорова

                   1

Мэник-тэник уолаттары –

Бырааттаргытын,

Дьиэрэҥкэйдиир кыргыттары –

Балтыларгытын,

Көрүҥ эрэ, маннык эмиэ

Долгуйа аҕай,

Турбуккут дии дьон иннигэр

Хоһоону ааҕан.

                 2

Ол онтон, ол онтон

Уон биир сыл ааста,

Бүтэһик чуорааҥҥыт

Бүгүн чугдаарда.

                 3

Уруоктарга хаһан да

Аны кэлбэккит…

Дьиэҕэ үлэни хаһан да

Аны  аахпаккыт…

                 4

Сүүһүнэн учебнигы     

Үөрэппиккит,

Буукубаартан аттестакка

Тиийэ  үүммүккүт.

                 5

Биһиги эһигини

Уон сыл сырсабыт,

Ол иһин эһиэхэҕэ

Ымсыыра турабыт.

                 6

Эһиги туйаххытын

Хатарыахтаахпыт,

Икки сыана ылбакка

Үөрэниэхтээхпит.

                 7

БКЭ-ҕытын этэҥҥэ

Туттаран үөрүҥ,

Элбэх баалы ылаҥҥыт

Дьоҥҥутун үөрдүҥ.

                 8

Оскуолаттан арахсабыт

Диэн хомойумаҥ,

Оҕо сааһы, доҕоттору

Умнар буолумаҥ.

                 9

Бастакы кылаастар

Тылбытын биэрэбит,

Бастыҥтан бастыҥнар

Буолуохпут дэһэбит.

                 10

Оскуолабыт чиэһин куруук

Үрдүктүк тутуохпут,

Күрэхтэргэ, үөрэхпитигэр

Кыһалла туруохпут.

                 11

Эһиги ааккытын

Түһэн биэрбэппит,

Бу оҕолор – маладьыастар

Дэттэриэхтээхпит.

*****

4 КЫЛААС ҮӨРЭНЭЭЧЧИЛЭРЭ УЧУУТАЛГА АНААН…

Анастасия Егорова

Күлүм күн күндээрэ-мичийэ

Түннүгү үөһээттэн өҥөйдө,

Чуорааммыт чугдаара-лыҥкыныы

Үрдүкү кылааска ыҥырда.

Оҕо аймах аанньала

Эн буолаҕын, учуутал!

Билии-көрүү ыллыгар

Эн сиэтэҕин, учуутал!

Оҕолор үөрэнэн-улаатан

Оскуола суолунан көттүбүт,

Барыбыт доҕордуу-атастыы

Биир кылаас – дьиэ кэргэн буоллубут.

Оҕо аймах аанньала

Ол эн үтүөҥ, учуутал!

Үөрэх-билии, ситиһии

Эн аналыҥ, учуутал!

Үрдүккэ, сырдыкка, үтүөҕэ

Олохпут тухары талаһа,

Хаамыахпыт биһиги, оҕолор

Эйигин, учуутал, ааттата.

*****

УЧУУТАЛГА АНААН…

Анастасия Егорова

Бастакы учууталбытын

Бары олус таптыыбыт,

Үөрбүт-көппүт күннэрбитин

Умнубаппыт, саныыбыт.

Төрөппүт оҕолоргунуу

Бүөбэйдээҥҥин үөрэттиҥ,

Иһирэх иккис ийэлии

Арыаллаатыҥ, таптаатыҥ.

Билиибитин үксэтэҥҥин

Бириэмэҕин бараатыҥ,

Дьиэҕэр-уоккар барбаккаҕын

Бэйэҥ чааскын анаатыҥ.

Үгүс билии эбинэммит

Бэһис кылаас буоллубут,

Эн үөрэххин иҥэрэммит

Орто сүһүөх дэттибит.

Тапталлаах учууталбыт,

Эрэлгин толоруохпут,

………………..(Вероника Александровна)

Үөрэнээччилэрэ дэтиэхпит.

*****

4 КЫЛААС САЛАЙААЧЧЫТА ҮӨРЭНЭЭЧЧИЛЭРИГЭР АНААН…

Анастасия Егорова

Сибэкки дьөрбөтүн тутаҥҥыт

Оскуола боруогун атыллаан  киирбиккит,

Саҥаны аһаары, элбэҕи билээри

Бу сырдык кыһаҕа үөрэнэ кэлбиккит.

Кып-кыра бэйэҕит дьоһуннаах дьон буолан

Бэһискэ тахсаары тураҕыт,

Бастакы үрдэли көхтөөхтүк дабайан

Үрдүккэ талаһан бараҕыт.

Элбэххэ үөрэнэн, элбэҕи билэҥҥит

Түөрт сылы билбэккэ аастыгыт,

Ыллааҥҥыт-туойаҥҥыт, күрэххэ кыттаҥҥыт

Барыгыт доҕордуу буоллугут.

Бу курдук куруутун өйөһө-өйдөһө

Олоххут устутун хаамаарыҥ,

Эйэҕэс санаалаах эрэллээх ыччаттар

Кэскилбит биһиэхэ дэтээриҥ.

Үөрэҕи батыһан, билиини элбэтэн

Үүнэҥҥит үтүөкэн дьон буолуҥ,

Үөрэммит кэмнэри, үөрэппит кыһаны

Үйэҕитин тухары ааттатыҥ.

*****

УБААСТАБЫЛЛААХ УЧУУТАЛБЫТ…      

Анастасия Егорова

Бастакы кылаастан

Биһигини үөрэтэҕин,

Билии-көрүү сүмэтин

Болҕойоҥҥут иҥэрэҕин.

Аартыкпытын аппатаҕын,

Араас сири арыйаҕын.

Үөрэххэ, үлэҕэ күрэххэ

Тапталы күөдьүтэҕин,

Үҥкүүлэтэн- ыллатан

Үрдүккэ көтүтэҕин.

Үгүстүк хайҕаан үөрдэҕин,

Түбүгүрэҕин, сүүрэҕин.

Уран дьикти ойууну

Умсугуйа айаҕын,

Уустук кэрэ оһуору

Уратытык тардаҕын.

Эн барытын сатыыгын,

Эн барытын кыайаҕын.

Иллэҥэ суох сүүрэн-көтөн

Сайыннара сатыыгын,

Барытыгар кытыннаран

Бириэмэҕин барыыгын.

Эн барытын өйдүүгүн,

Барыбытын өйүүгүн.

Оҕо сааспыт аастар ааһыа,

Уһун олох устар устуо,

Умнуохпут суоҕа учууталбытын,

Суолдьут сулус доҕорбутун.

Биһиэхэ анаабыт дьылҕатын,

Толоро сытыахпыт ыратын.

*****

ОСКУОЛАҔА

Анастасия Егорова

Үөрэх үтүө күннэрэ

Үмүөрүһэн аастылар,

Оҕо сааспыт кэмнэрэ

Ойуоккалаан хааллылар.

Оҕо сааспыт уйата

Оскуолабыт барахсан,

Киэҥ олоххо киирэбит

Эйиигиттэн арахсан.

Үөрэх үрдүк чыпчаалыгар

Биһигини атаардыҥ,

Сырдык билии иҥэрэн

Саҕахпытын арыйдыҥ.

Үөрэппит-ииппит үтүөҕүн

Үйэлэргэ өйдүөхпүт.

Тирэх буолбут уйабытын

Таптыы-ахта саныахпыт.

*****

МАҤНАЙГЫ УЧУУТАЛБАР

Анастасия Егорова

Бука бары сиэттиһэн

Оскуолаҕа тиийбиппит,

(учуутал аата, отчествота)

Кылааһыгар киирбиппит.

Амарахтык сыһыаннаһан

Үөрэппитиҥ ииппитиҥ

Билии-көрүү  сүмэтин

Кыра дьоҥҥо арыйбытыҥ.

Күн иллэҥи билбэккэ

Бүөбэйдэһэн  тахсарыҥ,

Үрдүккэ, кэрэҕэ, сырдыкка

Барыбытын тардарыҥ.

Махтанабыт Эйиэхэ,

Маҥнайгы учууталбыт,

(Учуутал аата, отчествота)

Тумус туттар киһибит.

Обновлено: 02.05.2024 — 04:11

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован.