БУУКУБАЛАР МУННЬАХТАРА
(Остуоруйа)
Б. Тобуруокап
Иккис кылааска туйгуннук үөрэнэр Миша Ивановка аҕата лааппыттан сабыс-саҥа «Мурзилка» диэн араас ойуулаах сурунаал аҕалбыт. Онно биир дьикти үчүгэй остуоруйа баар эбит: «Сурук бэлиэлэрин мунньахтара» диэн. Запятой (,), Точка (.), Тире (-), Күүhүрдэр бэлиэ (!), Ыйытар бэлиэ (?) уонна да aтыттap буолан, бэрт yhyннyк мунньахтаабыттар. Ыhыылаах-хаhыылаах улахан мунньах буолбут. Сурук бэлиэлэрин сатаан туруорбат оҕону дэлби критикалаан, сэмэлээн ыыппыттар, ытаппыттар.
Миша ааҕан бүтэн иhэн, утуктаан барбыт. «Аа-ам!» — диэн дьааһыйбыт. Онуоха «Аа-а!» — диэн хос иhэ кытта дуорайбыт. Арай ону истибит курдук А буква атахтара хамсаан-хамсаан барбыттар. Онтон улам-улам уһаан, соноон, ат дуҕатын туорайдаабыт саҕа буолбут. Атахтанан, харахтанан кэлбит:
— Аа! Атаһым Миша! Дьэ, атаас, маннык наада баар! — диэн, барыта «аа» да «аа» буолан, айдааран барбыт.
Миша: «Бу остуоруйа дойдутугар кэллэҕим, остуоруйа сиригэр букватааҕар буолуох ыт, кус бары киһилии кэпсэтэр. Оттон буквалартан күнүс илэ да тыл тахсар. Бэйи, сылдьа түhүүм», — диэн, мөхсөн уһуктаары гынан баран, уhуктубатах.
— А, дорообо! Олорон кээс! Туох сонуннааххын? -диэбит. Онуоха А эппит:
-Араас наада баhаам.
Аахтахпына, аан бастаан,
Ааппын сатаан ааттаабакка,
Араастаахпын быhаарбакка,
Ааҕарга да алҕаhаан
Атаҕастаан эрэллэр,
А5аларын да аатын
Арыт таба аахпаттар,
«Па! Па!» курдук ааҕаллар,
Мама диэҥҥэ барытын:
«Маа!» да «Maa!»-диэн буолаллар,
Maҥыpahaн бараллар.
_ Ону хайдах гыныахха сөбүй? — Миша ыйыппыт. А буолла5ына этэр:
-Алфавиты хомуйан,
Араас буквалары мунньан,
Аан бастаан мунньахтыахха,
Араатары тардыахха,
Атаҕастабылы ууратыахха,
Алҕаhыыры буойуохха!
Миша, сөбүлэhэн: «Ээх», — диир. Инньэ диирин кытта, этэрбэhин иһигэр арай туох эрэ мөхсөн барар. Онтон эмискэ этэрбэhин айаҕыттан Э буква мүччү көтөн, элэстэнэн тахсар:
_ Ээ-э? Ээ-э? Эн ыҥырдыҥ дуо? Ээ-э? — диэн үрүт үөhэ мээччэхтээбитинэн барар. Миша онно өйдөөбүтэ «этэрбэс» диэн тыл үс Э буквалаах эбит. Били кини «Ээх!» диэбитин алҕас истэн, миигин ыҥырда диэн, биир Э кэлбит.
_ Чэ, Э, эр бэрдэ диэн эн буоллаҕыҥ, «Эй!» диэбэккэ, «Ээх!» диэн, кэрийтэлээн этэттээ: буквалар мунньахтара буолар, кэлэ тартыннар! — диэн А көрдөспүт. «Ээх- ээх!» — дии-дии, Э элэс гынан хаалбыт.
Өр-өтөр буолбатах:
Ол оронтон О,
Иһит иhиттэн И,
Уhааттаах ууттан У,
Үрүмэлээх үүттэн Ү,
Ыкса ыалтан ыа,
Таhырдьаа далтан д,
Ыйга дьиэлээх Й,
Хаххаҕа сыппыт Х,
Ырдьыгынас Р,
Сырдьыгынас Ш —
бука бары кэлэн, кэккэлэhэ олорон испиттэр. Aан бастаан аhаҕас дорҕооннор буквалара кэлбиттэр. А ааҕан көрбүтэ: уон иккилэр эбит, Онтон бүтэй дорҕооннор буквалара субуруспуттар. Б аахпыта — сүүрбэ алта эбиттэр. Кэлин Ь уонна Ъ аргыстаһан кэлбиттэр.
Саамай аҕалара буоларын быhыытынан А буква, аан тыл этэн, мунньаҕы аспыт. Председателинэн биир куолаhынан Б талыллыбыт. Суруксут С буолбут. Дылааты Д оҥорбут. Оттон Миша бэркэ сэргээн истэн олорбут.
-Табаарыс буквалар!
Дакылаакка киирдэххэ,
Чахчылаах суоллары
Таарыйтаан истэххэ,
Дьыалабыт куhаҕан,
Итэҕэс улахан:
Бэл Б, В иккини
Арааран билбэттэр.
Ол оннук уолаттар
Бу манна да бааллар!
Оннооҕор Т атаҕын
Бысталаан ылаллар,
Үс атах оннугар
Биир гынан муҥнууллар,
Оннооҕор Р-га ордук
Ис эбэн биэрэллэр,
Taҥнapы В курдук
Токурдаан кээhэллэр.
Ол оннук кыргыттар
Бу манна да бааллар!
Сороҕор буква
Дьүһүнүн сүтэрэр,
Быстыбыт чиэрбэлии
Эҥинник эриллэр,
Сороҕор суругу
Иҥнэри анньаллар,
Сыттыктаан чиҥэтэн
Сытыарбыт буолаллар,
Ол оннук мэниктэр
Манна да элбэхтэр!
Ардыгар Н-наах И
Арааһа көстүбэт,
Н-на да, И-тэ да,
П-та да биллибэт.
Ардыгар дьапталаан
Айдааны тардаллар,
Ардыгар араартаан
Кый бырах ыыталлар,
Ол оннук салаҥнар
Бу манна да бааллар!
Быhата, алҕастар
Быйыл да тахсаллар.
Түмүккэ кэллэххэ,
Төрүөтүн биллэххэ:
Ким ыты сырсарын
Үөрэхтэн ордорор,
Уруогун ааҕарын
Ыалдьарга холонор,
Сүрэҕэ суох көппө,
Сүрэҕэ суох өттө
Ол мэник буолааччы,
Ол дьону муҥнааччы!
Көрүҥ, бу олорор
Миша диэн пионер,
Уруогун оҥорор,
Кылааска биримиэр.
Кини өр, кыhаллан
Уруогун ааҕааччы,
Ол иhин буква
Арааhын сатааччы,
Ол иhин учуутал
Махталын ылааччы,
Ол иhин кылааска
Холобур буолааччы!
Дакылаат бүтэр. Буквалар бары ытыстарын таhынан тыһыгыраталлар. Ордук түөрт илиилээх буолан Ж күннээбит. П атаҕын атаҕар охсуна-охсуна, эккирээн ылбыт. Дакылааты бары сөбүлээбиттэр.
Кэпсэтиини тастаан М саҕалаабыт. Кини эппит:
-Миигин мэлдьи Митя муҥнуур,
Мэтэгэрдээн оҥортyyp,
Ардыгар анал ааты
Аччыгыйтан суруйар,
Анах муоһун, мас М-ын
Арсыын гына уһатар.
Маннык майгы бобуллуохтаах,
Мантан ыла хаалыахтаах!
Тохтуу түһэн баран тылы Т ылбыт:
— Табаарыстар!
Тарас Уолу
Таах хаалларар сатаммат,
Таня кыыһы эмиэ
Таарыйдахха табыллар,
Дьалаҕайдар,
Дьалбаалар,
Хоhулаhар букваны
Куруук умнан көтүтэллэр,
Хоhуласпат сиргэ илдьэн
Холботолоон кэбиhэллэр:
«Таатта» диэри —
«Таата» дииллэр,
“Ытар» диэри _
«Ыттар» дииллэр!
Онтон Р буква ырдьыгынаан турбут, кини наһаа кыыһырбыт
эбит:
— Ол эррэн
Оҕолорр
Оррдук миигин эррэйдииллэр,
Олуонатык этэллэрр:
«Тураах» диэри —
«Тулаах» дииллэр,
«Көрөр» диэри —
«Көлөл» дииллэр.
Онтон С буква ыксаан турбут:
— Ссуох, ссуох!
ccyocc-со5отох
Эйигин эрэ буолбатах!
Ссубу миигин
Ссобусс-сорyйан да буолбатар,
Ссордооччулар эмиэ бааллар:
«Маста» диэри —
«Матта» дииллэр,
«Куста» диэри-
«Кутта» дииллэр!
Ити кэнниттэи Э буква этии киллэрэргэ көрдөһөн, илиитин уунан, үөhээҥи токура эймэҥэлии олорбут. Б бэлиэтии көрө охсубут уонна тыл биэрбит. Э туран эппит:
— Ээ, дьэ!
Элбэх да эгэлгэ кэпсэннэ ээ,
Эриэккэс даҕаны иhилиннэ ээ!
Ээ, итиэннэ тугу этиллиэй?
Ээ, итинтэн тугу сириллиэй?
-диэн истэҕинэ, К сулбу ойон туран, кэлэҕэйдии-кэлэҕэйдии : «Кы-кы-кылгастык! Кы-кылгастык!» _ диэн тыл кыбытыспыт. Онноо5ор О кыттаа: «Оо5урдук! Оо5урдук! 00, дьэ, мээри. 00, дьэ, мээри — диэн омуннаммыт. У буолла5ына yhуккa олорон: «Уу-хаар тыл! Уу-хаар тыл!» — диэн yohyгap ботугуруу олорбут. Ү да сүгүн истибэтэх: «Сүрүүн-сүрүн! »-дэтэлээбит. Олус элбэх саҥа буолбутугар, Ш сырдьыгынаабыт:
Шшшш! Тиише! Тиишше! Шшш!
Ону истэн бары тохтуу түспүттэр, Э этиитин салҕаабыт:
— Итэҕэс элбэҕэ дьэҥкэ,
Элбэх кэпсээни тэниппэккэ
Итини сүтэрэр үлэҕэ
Эбэсээтинэ киирэргэ!
Итини даҕаны уопсайа бэрт диэн ылымматахтар. Өр баҕайы мөккүhэн-мөккүhэн, кэпсэтиини ууратан, уураахха киирбиттэр. Уураах бэрт кылгас уураах буолбут.
Аны буквалары кыhанан оҥорор, ыраастык суруйар эрэ оҕолору кытта доҕордohopro, үөрэҕэр кыһаммат, учуутал сорудаҕын толорбот оҕолортон apaҕapra. Оттон буквалары сатаан ааттаабат оҕолорго маннык диэн сүбэлииргэ:
Р букваны сатаан ааттаабат оҕолорго кыhьrл кэтэхтээх киргил көтөр маһы тоҥсуйан «Трр! Трр!»- диир тыаһын үтүктэ үөрэнэллэригэр;
Ж букваны сатаан ааттаабат оҕолорго Ж буква хомурдуос курдук дьүhүннээҕин (бастаах, истээх, атахтардаах), оттон көттөҕүнэ кыната, «жж-жж-жж» диэн тыаhыырын өйдөөн үтүктэ үөрэнэллэригэр;
Аныгы мунньахха диэри В, Ф буквалары сатаан ааттаабат оҕолорго маннык ырыалары aaҕa үөрэнэргэ соруйарга:
В буква ырыата
Аввакум вагоҥҥа
Бэйэтэ олорбут,
Аввакум вагоҥҥа
Атаhын олорпут.
Аввакум атаһа
Василий диэн ааттаах,
Аввакум атаһа
Валентин диэн уоллаах,
Валентин олорор
Москва таhыгар,
Автобус оҥорор
Таас завод аттыгар.
Валентин aҕaтa
Заводка үлэлиир,
Кинини дьон бары
Маладьыас маастар диир.
Аввакум эмиэ онно
Автобус оҥорсор,
Былааннаах үлэтин
Аhары толорор.
Билигин кинилэр
Сынньалан ылбыттар,
Вагоҥҥа олорон
Кавказтыыр буолбуттар.
Ф буква ырыата ырыых-ыраах баар итии дойду кыылын туһунан эбит. Ф буква өттүк баттанан туран ыллаабыт:
Алыс итии салгыннаах,
Aahaн биэрбэт сайыннаах
Африка дойдулаах,
Адаар-бадаар атахтаах,
Алта хаамыы кураҥнаах
Аҥыр курдук моонньулаах,
Анах курдук кулгаахтаах,
Араас чуоҕур ойуулаах
Жирафа кыыл үрдүгүн!
Жирафа кыыл үрдүгүн!
Фабрика турбатын
Уhyн моонньо куотууһу.
Фабрика үрдүгэр
Баhын ууран xонyyhy!
Фонарь ыйыыр баҕана
Бастыҥнааҕа буолууhу,
Телеграф да быатын
Дьилбэҕинэн cohyyhy!
Африка диэн ыраах.
Араас кыыла үгүһүн!
Африка дойдулаах
Жирафа кыыл үрдүгүн!
Эмискэ улахан баҕайы тыас «лис» гыммытыгар Миша уhуктубута, олоппоhугар утуйан хаалбыт эбит. Сурунаала сиргэ түспүт тыаhыттан уhуктубут. Кыра да тыаһы улаханнык истибит.