Назад
ТОҔУС ТӨГҮЛ ТОҔО
БАСТАКЫ “ ТОҔО?»
Күн тиит бahыrap түһүүтэ Ваня эбэтиниин биир уу баһар тимир ыаҕahы уонна синньигэс борубулуоха кылдьыылардаах биир обургу, биир кыра баанкалары толору отонноотулар. Эмээхсин ыаҕаһын былаатынан саба баайа олорон эттэ:
- Ыарахана бэрт буолсу, доҕор. Ыл, тукаам, ити обургу бааҥканы эн тут.
- Эйиэс! — дии түһээт, Ваня түҥнэри хайыһан кэбистэ. — Улахан бааҥка кылдьыыта илиибин быһа киириэ.
— Оттон үтүлүктээх туттаҕыҥ дии.
— Үтүлүкпүн дьиэбэр умнан кэбиспиппин ээ, — Ваня оҥоойук оҥостуммут тимир куруускатын болтуотун сиэбигэр симинэ оҕуста да, кыра бааҥка үрдүгэр түһүстэ.— Чэ, барыахха! Мин хойутаатым.
Дьиэлэригэр тиийиэхтэригэр диэри эмээхсин хаста да олорон сынньанна.
Дьиэтигэр кэлээт, Ваня, таһырдьа оҕолору кытга оонньуу тахса охсоору, сиэбиттэн тимир куруускатын хостоото. Куруускатын кытга бииргэ икки үтүлүгүн оруу тардан таһаарда. Куруускатын остуолга уурда, үгүлүктэрин ороҥҥо быраҕаттаата.
Эмээхсин үөһэ тыынан баран:
- Ээ, буолаахтаатаҕа, — диэн кэбистэ уонна оронугар тиийэн аргыый сытта.
- Эбээ, ити тугу эттэххиний? — диэтэ Ваня, таһырдьа тахсаары аан тутааҕыттан харбаан баран.
- Ээ, тукаам, эйигиттэн хоргутан саҥарабын. — Эмээхсин улаҕа диэки эргилиннэ.
- Ноо, ол тоҕо хоргуттуҥ? — диэбитинэн Ваня эбэтигэр сүүрэн кэллэ.
Эмээхсин тугу да саҥарбакка сытта.
Ваня мунаара турда:
— Toҕo хоргуттаҕай? Toҕo xopгyттaҕaй?
ИККИС “ ТОҔО?»
Катялаах Люба сүрдээх доҕордуулар. Маамалара буоллахтарына тoҕo эрэ сөбүлэспэттэр. Кыргыттар ocкyoлaҕa биир naapтaҕa олороллор. Бииргэ оонньууллар. Маамалар суолга көрсүһэ түстэхтэринэ, киэр хайысыһан ааһаллар.
Биирдэ Люба улаханнык ыалдьан, балыыһаҕа киирдэ. Катя доҕоpyн сүрдээхтик аһына сырытта. Күнүс паартатыгар coҕoтоҕyн олорон мэлдьи доҕоpyн саныыр, киэһэ утуйаары сытан кистээн ытыыр буолла, кини улам сирэйэ кубарыйан, дьүдэйэн барда. Биир киэһэ маамата эттэ:
— Катя, бу aҕыйax хонуктан бэттэх тоҕо эрэ дьүдэйэн эpэҕин эбээт. Ампаарга буочука муҥунан отон турар. Онтон ылан бэйэҥ да сиэ, доҕотторгор да бэрсэ сырыт.
Арай инньэ диирин кытта Люба маамата киирэн кэллэ. Улахан соһуйуу буолла. Маамалар хаһан да сылдьыспат этилэр эбээт. Катя уруогун үөрэтэ олорон аргыый туран кэллэ.
— Дорооболоруҥ, — Люба маамата саҥата суох турбахтаан баран эттэ. — Дьэ, мин эйиэхэ кыһалҕаттан кэллим, Ирина Егоровна. Одом улаханнык ыалдьан, балыыһаҕа сытар. Луохтуурдар «отон үчүгэй буолуо этэ» дииллэр. Миэхэ отонно бэрис эрэ.
- Кыһалыннаххына, миигиттэн да син көрдөһөрдөөх буолар эбиккин дии, Василиса Ивановна, — диэтэ Катя маамата.
- Бэйэм туспар көрдөспөтүм… оҕом туһугар… — Люба маамата ытамньыйда уонна аргыый тахсан барда.
- Ол одону эмиэ да аһынабын… Хайыах баҕайыбыный? — диэн ботугураабытынан ол-бу диэки көрбөхтөөн иһэн, Катя маамата соһуйа түстэ. — Хайа бу, ытыыгын дуу?
Остуолга умса туттан олорбут Катя ойон туран хараҕын уутун туора соттумахтаан кэбистэ уонна остуолга турар тимир миискэни сулбу тардан ылла да таһырдьа сүүрэн таҕыста.
— Toҕo таҕыстыҥ, Катя? — диэн маамата кэнниттэн хаһыытыы хаалла. Онтон, аан диэки одууласпытынан олорон, долгуйбут куолаһынан ботугураан эттэ: — Оокколорбут дьүһүннэрин да… Оттон биһиги, улахаттар, ардыгар итинник кэдэрги кэмэлдьилэнэн ылаахтыыбыт дии…
Toҕo таҕыста Катя?
ҮҺҮС “ ТОҔО?»
Мишалаах Маша маамаларын балта Анна Сергеевна куоракка олорор. Кинилэр олорор дьиэлэрэ икки мэндиэмэннээх, сандааран дьэ дьиэ да дьиэ!
Мишалаах Маша маамалара биир субуота киэһэ икки оҕотун ньылбы сыгынньахтаталаан, сылаас уунан сууйда-тараата уонна эттэ:
— Сарсын, өрөбүл күн, эдьиийгитигэр куоракка барыахпыт. Иван Иванович Москваттан кэлбит. Онно остуолга мэнигилии олороойоҕут.
Сарсыҥҥытыгар кинилэр аргыс киһи тэлиэгэтигэр олорсон куораттаатылар.
- Балтыгар бардыҥ дуо бу? — диэтэ аргыс киһи, айаннаан иһэн кэннин диэки хайыһа түһээт.
- Ээ, балтыбар, Иван Иванович Москваттан кэллэҕинэ, оҕолоргун илдьэ киирээр диэбитэ. Ол бэҕэһээ кэлбит үһү.
Уонча километры тулуппатылар, Анна Сергеевна олорор дьиэтин олбуорун айаҕар сиэллэрэн битигирэтэн кэллилэр.
Анна Сергеевналаах чэй иһэ олороллор эбит. Мишалаах киирбиттэрин Иван Иванович айхаллыы тоһуйда. Горикка Иван Иванович эҥин араас оонньуурдары аҕалбыт: эрэсиинэ мээчиктэр, саалар, таһаҕаһы таһар, киһини тиэйэр массыыналар, эрэсиинэ куобахтар. Оҕолор Горик уолу кытта оонньоотулар. Иван Иванович Мишаны көтөхтө. Араас көтөрдөрү үүт-үкчү гына кырааскалаан уруһууйдаабыт хартыыналардаах кинигэни көрдөрдө. «Колхозтаах бааһынай» диэн кинини оонньоон ааттаата. Киэһэ баралла-рыгар Анна Сергеевна оҕотугар эттэ:
— Горик, оонньуургуттан бырааттаах балтыгар бэлэхтэтэлээ.
- Кимиэхэ тугу? — диэтэ Горик.
- Оттон тугу ылыахтарын баҕараллар, ыйыт эбээ.
- Маша, тугу ылыаҥ этэй? — диэтэ Горик.
— Маны, маны! — Маша аҥара кыһыл, аҥара күөх кыра мээчиги үөһэ бырахта. Горик мээчиги хабан ылан Машаҕа сонун сиэбигэр аргыый уган биэрдэ.
— Оттон, Миша, эн?
— Мин дуо? Мин буоллахпына дуо? Мин арай маны ылыам этэ, — Миша биир таһаҕас массыынатын диэки ыйан кэбистэ.
Горик саҥата суох массыынатын одуулаһан умса көрөн турбахтаата.
— Чэ, доҕор, сороххо өс массыына баар, сороххо биир да суох буолуо дуо?! — диэн баран Иван Иванович Горик төбөтүн имэрийдэ. — Колхоз таһаҕаһын тиэйэргэ ааттаах массыына. Биэс тонналаах.
Горик массыынатын диэки, Миша диэки хардарыт көрбөхтөөтө, онтон: «Мэ!» — диэбитинэн массыынатын тэбэн кэбистэ. Массыына көлүөһэлэринэн муостаҕа тырылаабытынан Миша анныгар кэлэн: «Чэ олор» — диэбит курдук тохтуу түстэ.
- Ылбаппын! — Миша түҥнэри хайыһан кэбистэ.
- Ыл!
- Ылбаппын.
- Биэрдэххэ ылбат! — диэтэ Горик.
— Toҕo ылыай? Ылбата сөп! — диэтэ Иван Иванович. — Биэрэр да араастаах буолар…
Ити икки ардыгар аргыс киһилэрэ кэллэ. Аара баран иһэн Маша аргыс киһиэхэ кэпсээтэ.
— Горик миэхэ үчүгэйкээн мээчиги бэлэхтээтэ. Мишаҕа массыына бэлэхтээбитин Миша ылбата.
—Ол тоҕо ылбатын, доҕоор? — диэтэ аргыс киһи.
Toҕo ылбата Миша массыынаны?
ТӨРДҮС “ ТОҔО?»
Коля дьоно Андреевтары кытта ыаллаһан олороллор. Андреевтар Сеня уонна Муза диэн оҕолордоохтор.
Дьэ, биир баскыһыанньаҕа Коля, ийэтиттэн көҥүллэтэн, Сенялаахха дьаарбайа таҕыста.
Оҕолор кинини сүрдээхтик үөрэ көрүстүлэр. Сенялаах ийэлэрэ эмиэ үөрдэ:
— Ыалдьыппын аһатыам, оҕолорум доҕордорун Коляны аһатыам, — дии-дии кини куукунаҕа астыы-үөллүү сырытта.
Оҕолор оонньуу сырыттылар.
Онтон Сеня атын хоско тахсаары туран балтыгар Музаҕа эттэ:
— Ити уол оонньууру ылыаҕа, үчүгэйдик көрө сырыт. Мин сибилигин киириэм…
Муза улаханнык абаламмыт быһыынан эттэ:
— Доҕоргун хайдах ити курдук саныыгын? Пахай даҕаны!..
Музалаах Коля оонньуу хааллылар.
Онтон Сеня киирэн кэллэ да, Коляны кэнниттэн кэлэн аргыый моонньуттан кууста уонна эттэ:
— Оо, Коля, мин эйигин таптыыбын даҕаны!
Сеня илиитин мүччү садьыйан кэбиһэн баран, Коля ойон турда, сүрдээх тиэтэлинэн сонноох бэргэһэтин кэтэ оҕуста да, таһырдьа ыстанна.
— Коля, тоҕо бардыҥ?! — диэн Сеня хаһыытыы хаалла.
Toҕo барда Коля?
БЭҺИС “ ТОҔО?»
Нэһилиэк иһинээҕи медпуҥҥа ааһан иһэр улахан доктор дьону көрөр буолбут. Үгүс киһи киниэхэ көрдөрө кэлбит.
Түөрт оскуола оҕото биир кылгас ыскамыйаны наар ылан, киэҥник –куоҥнук, сүрдээх көрсүөтүк олордулар. Кинилэр ботугураһан кэпсэтэллэр, атахтарынан да тэбиэлэммэттэр, илиилэринэн да сараҥнаспаттар.
Таһырдьаттан сүрдээх кырдьаҕас оҕонньордоох эмээхсин киирэн ааҥҥа турдулар, иккиэн мээнэ сылайбыт, тоҥмут кырдьаҕастар быһылаах.
-Оҕонньор хараҕа суох эбит ээ, — диэн сибигинэйдэ Миша уол Өлөөнчүккэ.
— Эмээхсин да буорайбыт киһи, доҕоор!-диэтэ Өлөөнчүк.
— Хмээхсин, олоро түһэр сир суох дуу? Атаҕым тулутумаары гынна, — диэн ботугураата оҕонньор.
Эмээхсин ол-бу диэки көрүөлээн баран, оҕонньоругар аргыый эттэ:
- Барытыгар олороллор дии.
- Хата, биһиги урут кэлэн, бэрт ыскаамыйаны ылан абыранныбыт ээ, доҕоттор, — диэтэ Лена кыыс.
- Хойутаабыппыт буоллар, туруо эбиппит, — диэтэ Сима уол.
- Ол курдук өр олордулар, айдаарбатылар, күлсүбэтилэр, мөхсүбэтилэр. Сүрдээх көрсүөтүк олордулар. Онтон оҕолор учууталлара Мария васильевна киирэн кэллэ. Кини тайахтарыгар өйөнөн турар оҕонньордоох эмээхсини көрдө уонна оҕолорго сулбу хааман кэлэн улаханнык кыыһырбыт куолаһынан эттэ:
- Туруҥ эһиги мантан, туох куһаҕан оҕолоргутуй эһиги! Оҕолор турдулар.
- Кырдьаҕастар, эһиги кэлиҥ, — диэтэ Мария Васильевна оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ.
- Ити тооҕо кыыһырдаҕай? – диэн ботугураата Өлөөнчүк.
- Биһиги сүрдээх көрсүөтүк олорбуппут ээ, — диэн сибигинэйдэ онуоха Тима уол.
Тоҕо кыыһырда Мария Васильевна?
АЛТЫС “ ТОҔО?»
Хабырыыс эһэтэ Сэмэн оҕонньор – ааттаах мас ууһа. Кини быйыл сайыны быһа оскуолаҕа паарта оҥордо. Паарталарын хара кыраасканан ньалҕаарычча сотон баран кылбаарыччы лаахтаан истэ. Үөрэх буолуон ыраах иннинэ паарталарын оскуолаҕа туттарда. Учууталлар кини үлэтин улаханнык хайҕаатылар. Учууталлар илии тутуһан баһыыбалаатылар.
- Кыһана сатаатым, чэ, — диэтэ Сэмэн оҕонньор.- Уонна бу оҕом Хабырыыс да быйыл үөрэнэр. Уонна атын да үөрэнэр оҕолор үчүгэй паарталарга олорон үчүгэйдик үөрэнниннэр диэммин, өр барар, бөҕө-таҕа гына оҥортоотум.
Хабырыыс эһэтин кытта сылдьыһан барытын көрдө иһиттэ. Сэмэн оҕонньор үчүгэй паарталары оҥорбутун иьин ылбыт харчытынан Хабырыыска оскуолаҕа киирэригэр кэтэр таҥаһын-сабын, үөрэххэ наадалаах арааһын уонна биир бэрэчиинэй быһаҕы атыыласта.
Арай кыһыныгар биир киэһэ Сэмэн оҕонньору оскуолаҕа ыҥырдылар.
- Тугу саҥа оҥортороору гыннахтара дуу, бириэмийэ биэрээри гынар буоллахтара дуу?- диэн мунаара-мунаара, Сэмэн оҕонньор таҥныбытынан барда. – Тукаам, тоҕо ыҥытарбыттарын эн билбэтиҥ ини?
- Суох, билбэтим, — диэтэ хабырыыс.- Сыарҕалаах оҕустанан кэллин диэбиттэрэ дии.
- Ээ, дуоскабыт эргэ диэн эрэллэрэ! Бардаҕым-бардаҕым.
Оҕонньор бэрт улгумнук тахсан барда.
Киэһэ Сэмэн оҕонньор биир паартаны тиэйэн түҥкүнэтэн кэллэ. Кэлээт, дьону көмөлөһүннэрэн, дьиэҕэ киллэрдэ. Дьиэлээхтэр бары үмүөрүһэн паартаны көрдүлэр-иһиттилэр.
Арай ол көрбүттэрэ паарталарын хаппаҕа, ойоҕосторо, оннооҕор өйөбүлэ эмиэ: “Хабырыыс”, “Хабырыыс”, “Хабыр”, “Хаб”, “Х” диэн быһаҕынан ойута быһыллан хаалбыт эбит.
Сэмэн оҕонньор паарта хаппаҕын көтүрэ тыыппытынан барда.
Ол кэмҥэ ыаллара Киргиэлэй оҕонньор киирэн кэллэ да, соһуйа түстэ.
- Хайа, доҕоор, Сэмэн оҕонньоор, бу эмиэ паарта оҥорор буолбуккун эбит дуу? Хастыы кэпсэттин?
- Буор босхо! – Сэмэн оҕонньор кыыһыран кэбистэ.
- Аны киһини кытта сүгүн кэпсэппэт буолбуккун дуу Сэмээн? Сааспыт тухары эйэлээх да этибит, — диэтэ Киригиэлэй оҕонньор уонна Хабырыыска чугаһаан кэлэн ыйытта: — Ыл тукаам, Хабырыыс, эдэр киһи эн эт, эһэҥ хастыы оҥорор?
Хабырыыс ойон турда да хаҥас диэки куотан хаалла.
Тоҕо куотта Хабырыыс?
СЭТТИС “ ТОҔО?»
— Өйүүн соцкультура дьиэтигэр үөрэх оҕолорун кытта Советскай Союз Геройа көрсүһэр буолла. Үнүргү биэчэргэ үчүгэйдик толорбут нүөмэрдэргитин бэлэмнээн сылдьыҥ, — диэтэ Вера Михайловна.
Оҕолорго улахан үөрүү буолла. Үнүргү биэчэргэ үчүгэйдик кыттыбыт оҕолор ордук үөрдүлэр. Ол оҕолордооҕор да өссө ордук үөрдэ Артур. Кини үнүрүүн ааттаахтык хоһоон ааҕан, оскуоланы бүтүннүү биһирэппитэ.
«О, дьэ үчүгэйдик бэлэмнэнэн баран, ааҕыам да ааҕыам буоллаҕа!» — дии санаата Артур. Кини дьиэтигэр баран иһэн суолу быһа хоһоонун ааҕа истэ. Дьиэтигэр хоһоонун аахпытынан киирдэ.
— Геройу көрсуһэр буоллубут. Мин хоһоон ааҕар буоллум, — диэн Артур дьонугар кэпсээтэ.
Дьоно бары үөрдүлэр.
Артур үөрэ-көтө сырытта. Геройга ааҕар хоһоонун бэйэтин дьонугар уонна ыалларын оҕолоругар ааҕан иһитиннэрдэ. Бары бэркэ сөбүлээтилэр: «Герой эйигин бэркэ кэрэхсээн истиэҕэ», — диэтилэр.
Kөpcүһүү күнэ буола оҕуста. Тиһэх уруок бүтэр чуораана чугдаара түстэ. Оҕолор тура үрүөтэстилэр. Ол кэмҥэ Вера Михайловна илиитин өрө уунан, оҕолору чуумпурдан баран, эттэ:
— Оҕолоор, Советскай Союз Геройун ким барыга көрсүөн баҕарар. Бүгүн үс оскуола оҕото мустар. Дьон үгүс, дьиэ кыараҕас. Онон, чиэппэргэ биир да куһаҕан сыаната сyox, үчүгэйдик, туйгуннук үөрэнэр оҕолору көрсүһүуннэрэргэ сүбэлэстибит. Куһаҕаннаахтар кэлбэт буоллугут.
Артур дьиэтигэр кэлбитэ: сыттыгын үрдугэр сабыс-саҥа өтүүктэммитинэн сорочка кылбайан сытар, ол үрдүгэр сабыс-саҥа өтүүктэммитинэн пионерскай хаалтыс тэтэрэр.
Киэһээлик Артур ийэтэ эттэ:
— Чэ, сыыйа-баайа тэриллэҥнин, Артур, оскуолаҕар бар. Таҥаскын-сапкын өтүүктээн, суоккалаан бэлэмнээбитим.
Артур илгистэн кэбистэ, хараҕа уутуйан барда уонна кэхтэрэ-кэхтэрэ ботугураан эттэ:
— С-суох… бар-бат буол-лум…
— Ол тоҕо барбат буола оҕустуҥ? Барыам диэн, үөрбүтүн-көппүтүҥ сүрдээх этэ дии! — диэтэ Артур аҕата.
Артур тоҕо барбата?
АХСЫС “ ТОҔО?»
Нюта ийэтэ дьиэ хомуйа сылдьан, кырабаат анныттан хаартыска булан ылан, Нюта иннигэр ууран кэбиһэн баран эттэ:
— Нюта, бу доҕотторгун тоҕо бу курдук тутаҕын? Бу хаһан культурнай буолуох кыыскыный эн? Сир-сир аайы эн доҕотторуҥ хаартыскалара ыһылла сыталлар.
Нюта сулбу тардан ылла. Хаартыскаҕа кини бастыҥ доҕоро Лиза төбөтүн кыҥначчы туттан, хоргуппупуу унаарыччы көрөн олорор эбит. Хаартысканы эргиччи тутан аахпыта: «Доҕорум Нюта! Бэйэм курдук санаан, үчүгэйдик тутан сырыт», — диэн суруллубут эбит.
Нюта сүрдээхтик кыбыһынна.
Ол киэһэ үөрэҕиттэн кэлээт, оҥостон туран, кинигэлэр быыстарыттан, остуоллар дьааһыктарыттан, долбуурдар үрдүлэриттэн доҕотторун хаартыскаларын хомуйда.
Икки-үс хаартыскатын ийэтэ булуталаан биэрдэ. Кини үөрбүт, көх-нэм буолбуг курдук тутунна.
Нюта силим, кыптыый, бритва булунан xohyгap киирэн хаалла. Ол киирэн чымадаанын иһиттэн төрдүс кылаас үөрэнэр «История СССР» диэн кинигэтин сулбу ойуган таһаарда. Бу кинигэ маҕаһыыҥҥа тахсыбытыгар оҕолор сырсыакалаһыы бөҕө буолбуттара. Бэрт үгүс оҕо матан хаалбыт этэ. Нюта буоллаҕына иккитэ уочаракка туран, икки маннык кинигэни ылбыта. Онон бу биирдэрэ — киниэхэ наадата суох кинигэ.
«История» сирэйдэрин бритванан быһыта сотон, кыптыыйынан тэлитэ кырыйан, Нюта доҕотторун хаартыскаларын сыһыартаата. Сирэй-сирэй ахсын араас таҥастаах-саптаах үөрэх кыргыттара мичилистилэр.
Ыраас, халыҥ кумааҕыны түөрт муннуктуу кырыйан баран, кинигэ тас өттүгэр сыһыарда уонна бэркэ ууһумсуйан олорон бөдөҥ букваларынан «Альбом» диэн суруйан кэбистэ. Уонна альбомун сүрдээх тупсаҕайдык тутан, бэйэтэ бэрт эҕэйэстик мичээрдээн тахсан, ийэтигэр туттаран кэ- бистэ.
Ийэтэ альбому ылан эргим-ургум тутта, лиистэрин арыйталаан көрбөхтөөтө уонна улаханнык кэлэйбит куолаһынан аргыый эттэ:
— О, сүрүн баҕаһын даа! Бу оҕо доҕотторуттан да сааппат буолан!..
Нюта өһүргэннэ, альбому сулбу тардан ылла: «Бэйи, убайбар көрдөрүөм. Миигин арай кини хайгыаҕа», —дии санаата.
Убайа оскуолатыттан кэлэригэр Нюта альбомун утары ууммутунан тоһуйда.
Убайа альбому ылан эргим-ургум тутта, лиистэрин арыйталаан көрбөхтөөтө уонна хаһыытыы түстэ:
— О, сүрүн баҕаһын даа! Бу кыыс доҕотторугтан да сааппата тугун сүрэй!
Нюта сүрдээхтик өһүргэннэ. Альбомун сулбу тардан ылла. «Бэйи, аҕабар көрдөрүөм. Миигин арай кини хайгыаҕа», — дии санаата.
Аҕата үлэтиттэн кэлэригэр Нюта альбомун утары ууммутунан тоһуйда.
Аҕата альбому ылан эргим-ургум тутта, лиистэрин арыйталаан көрбөхтөөтө уонна киэр хайыһан баран, ботугуруу булаан эттэ:
— О, сүрүн баҕаһын даа! Бу кыыс доҕотторуттан да сааппа тугун сүрэй!
Нюта сүрдээхтик өһүргэннэ. Альбомун сулбу тардан ылан сыттыгын анныгар уктан кэбистэ. «Бэйи, сарсын доҕотторбор көрдөрүөм. Миигин арай кинилэр хайгыахтаpa», —дии санаата.
Сарсыарда альбомун оскуолатыгар илдьэ барда. — Оҕолоор, миэхэ туох эрэ баар ээ, — диэбитинэн киирдэ.
— Көрдөр эрэ, Нюта, көрдөр, — диэн оҕолор айдаарбы-
тынан сырсан кэлэн төгүрүйэ түстүлэр. Нюта альбомун
бастыҥ доҕоругар Лизаҕа туттаран кэбистэ.
Үчүгэйиин! — диэбитинэн Лиза сулбу тардан ылла.Онтон, туохтан эрэ соһуйан, дьик гына түстэ. Альбому эргим-ургум тутта, лиистэрин арыйталаан көрбөхтөөтө. Онтон биир кыыска туттаран кэбиһээт, кыбыстыбыт курдук,туора хааман таҕыста.
Ол курдук альбому эргим-ургум тутан, лииһин арыйталаан көрө-көрө кыргыттар саҥата суох туора хааман тахсан истилэр.
Онтон биир кыыс ыраах муннуктан:
— О, сүрүн баҕаһын даа! Нюта биһигиттэн да сааппат! — диэбит саҥата иһилиннэ.
«Toҕo бары итиччэ кэлэйэллэр?» — диэн Нюта альбомун туппутунан соҕотоҕун мунаара турда.
Toҕo бары кэлэйдилэр?
тохсус «тобо?»
Быйыл сайын Маайа кыыс муода идэлэннэ. Күн аайы араас оттору, сибэккилэри силистэри түөрэн, дьиэтигэр аҕалар буолла. Ол аҕалан араастаан тэнитэр, куурдар, хатарар, кинигэлэр быыстарыгар кыбыталыыр.
- Туох бөҕүн-сыыһын мунньар буолан хааллыҥ бу?! — Маайаны эбэтэ Кэтириис эмээхсин мөҕөр.
- Оскуола соруйбута ээ, — дии сатыыр Маайа. — Үөрэххэ наадалаах.
- Наадалаах буоллар, хомуйдуннар ээ бэйэлэрэ. Тугу да гыналлара суох буолан, олоро сатаан, ол-бу буоланнар.
Биир кун Маайа ордук үгүс сибэккини булан, үөрэн-көтөн кэллэ.
Эбэтэ ол күн кинини ордук күүскэ мөхтө.
Өлүү түбэлтэлээх, Маайаҕа доҕоро Нина кэлэн бэйэтигэр ыҥыран ыгылытта. Эбэтигэр икки ыаллара эмээхсин кэлэн олороннор: «Былыргы кыыс барахсан иистэнньэнин, ыанньыксытын эриэхсит! Аныгы кыыс суруктан атыны билбэт», — дэһэн сэһэргэстилэр.
Ыксаан сылдьан Маайа эбэтигэр эттэ:
- Гербарий ээ, эбээ, гербарий!
- Уонна доҕорун кытга баран хаалла.
- «Киэр барый!» — диэтэ дии кыыһыҥ, арай ол баар!— диэн эмээхситтэр аймана хааллылар.
- Инньэ диэтэ дуо ити кыыс? — Кэтириис тула холоруктуу түстэ.
- Диэтэ-диэтэ кыыһыҥ! «Киэр барый, эн мэһэйдээмэ», — диэн чаҕылытта, арай ол баар!
- Кэтириис ойон турда. Кыыһа сайын аҥарыгар диэри мунньан муҥнаммыт гербарийын көтөҕөн силиргэхтээн кэлэн уокка тоҕо кутан кэбистэ. Киэһэтигэр Маайа кэлэн ытаата. «Гербарий» диэн от эгэлгэтин хомуйуу аата буоларын, кини эбэтин «киэр барый» диэбэтэҕин өйдөтө сатаан кэбистэ.
— Чэ, чэ, «киэр барый» диэбэтэх да эбит буоллаххына, араас оту-маһы хомуйар идэҥ аанньа идэ буолбатах.
Ытаан-ытаан баран, Маайа эмиэ сибэкки хомуйа барда.
Сайын иккис аҥарын быһа хомуйан, доҕорун Нина дьиэтигэр тэнитэн, куурдан, хатаран, кини оскуолатыгар күһүн араас от эгэлгэтин, сибэкки apaahын гербарий oҥoрон илдьэн туттарда.
Учууталлар Маайа үлэтин бэркэ биһирээтилэр. Ол үлэни оройуон үөрэҕин салаатыгар илдьэн туттардылар.
Арай кубулҕаттаах-дьибилгэттээх кулун тутар ый биир сипсиэрдээх күнүгэр, Кэтириис эмээхсин соҕотоҕун олордоҕуна, почтальон уол ыстанан киирдэ да эттэ:
- Ычча! Кыһыммыт төннөн кэллэ… Эһиэхэ телеграмма баар, Кэтириис.
- Бай, ол хантан?
- Москваттан.
— Эчи, доҕор, кэбис, доҕор! Маскыабаҕа билсэр дьоно суох дьоммут. Алҕас буолуо, атын дьоҥҥо кэллэ ини.
- Эһиги кыыскытыгар Маайа Сидороваҕа кэлбит ээ.
- Сидоров ааттаах элбэх ини! Кэбис, доҕор, алҕас буолyo.
- Аҕыйах хонугунан пионерка, туйгун үөрэнээччи Маайа Сидорова кыыс аата оройуон үрдүнэн тарданна.
- Маайа гербарийа Москваҕа тиийбит. Үөрэхтээхтэр хайҕаабыттар: «Саха сирэ дэлэгэй да үүнээйилээх, үтүө да дойду эбит» диэн биһирээбиттэр. Маайаҕа бириэмийэ анаммыт. Арай сайын маҥнайгы аҥарыгар үүнэр оттор, сибэккилэр суохтарын үөрэхтээхтэр дьиибэргээбиттэр, ону Маайа үлэтин улахан итэҕэһинэн аахпыттар.
Маайа онтон сүрдээхтик хомойдо.
- О, хараҥабыт баар ээ, хараҥабыт баар, биһиги, эмээхситтэр, эрэйдээхтэр… —диэн баран Кэтириис кэлэн Маайа төбөтүн имэрийдэ.
- Toҕo ити курдук эттиҥ, Кэтириис? — диэтэ Совет председателэ Аким Дмитриевич.
Toҕo ити курдук эттэ Кэтириис?