Чабыр5ах


Чабырҕах — саха норуотун тылынан айымньытын биир саамай сытыы, көрдөөх-нардаах, сатирическай көрүҥэ. Олоххо баар быһыыны-майгыны, итэҕэһи-быһаҕаһы, куһаҕан көлдьүн майгыны-сигилини, олох, үлэ күлүк өттүн уус-уран бэргэн тылынан хоһуйар. Хас биирдии чабырҕах бэйэтэ туспа кэпсиир, хоһуйар ис хоһоонноох, тиэмэлээх. Тас киэбинэн хоһооҥҥо маарынныыр, дохсун сүүрүктээх үрэх курдук, субуруччу түргэнник, лыбыгыраччы этэн толоруллар, быыһыгар ырыалаах, киһини үөрдэр-көтүтэр, абардар-аатырдар, өрө көтөҕөр. Оҕолорго аналлаах чабырҕахтар кинилэр тылларын-өстөрүн имитэр, сайыннарар, билэр-көрөр баҕаларын көбүтэр, бэргэн этэр санаата, субу хараххар көстөр гына ойуулааһына, көрө-көрүдьүөһэ, күллэрэрэ-үөрдэрэ, сытыы тыллара улахан интэриэһи тардар.

ЧАБЫРҔАХ АЗБУКАТА

Бүөтүр Тобуруокап

Иирбэ-таарба эриллэҕэс,

Истээн-тастаан бүрүллэҕэс,

Тоҕус төгүл тоһуттаҕас,

Токур-бокур олуллаҕас

Тыллаах буолар чабырҕах.

Чабырҕахсыт тыла сымса,

Чабырҕахсыт тыла сытыы,

Чабырҕахсыт тыла ыраас,

Чабырҕахсыт тыла уһун

Буолуох тустаах, атастаар.

                  ***

Аана

Алаадьылаары,

Арыылаан

Аһатаары,

Ампаарга ааһаары,

Ааны

Аһаары:

-Аа!

Айака!

Аата!

Ааммыт

Ааныттан

Аһыллыбат,

Абатын даа!-диэтэ,

Аа-дуо хаамта.

                  ***

Дьэдьэни дьааһыкка дьаарыстаа,

Дьааһыктаах дьэдьэни харыстаа,

Дьиэбэр ийэбэр

Дьэдьэммин илдьиэҕим.

Дьиэбэр эдьиийбэр

Дьэдьэнтэн бэрсиэҕим!

***

ЧУГАҺЫНАН ТОЙООСКУ

(Чабырҕах)

Дьиибэ дии:

Дьэ били

Маа бэйэлээх мааны көрүҥнээх,

Көстүүлээх Лөгөнтөй

Үрдэ эрэ

Үүт-тураан,

Анна аан-ньамаан үһү.

Бэргэһэтэ эрэ саарба,

Бэйэтэ саарбах,

Кэпсээнэ эрэ дьэлэгэй,

Киһитинэн кэрэгэй,

Үтүөмсүйэрэ эрэ олус,

Үлэһитинэн холус,

Таһа эрэ солко,

Иһэ-хоххо,

Ьиэҕэ-уокка,

Дьиҥ олоххо

Бахтайбыт майгылаах,

Балыыҥка аҥаардаах

Бэтэрээнэн бэтэнээски,

Чугаһынан тойооску үһү.

// Л.В. Захарова, У.М. Флегонтова Литература ааҕыыта 1 кл.-Дьокуускай: Бичик, 2019.-С. 60-61

***

ЧАБЫР5АХ

Назад

В Башарин

Сэлээр-мэлээр

Сирэй-харах,

Этэ сэлээр

Элбэх тыллаах.

Ытыа суохха

Ытаан ыгдах,

Күлүө суохха

Күлэн ымах.

Сылтах булан

Сыстаҥнас,

Суугун-айдаан

Содуомнас.

Сарай-марай,

Халтай-малтай,

Күөдэл-таһаан

Күүгэн-айдаан.

Кылбар-халбар

Көрүү, тииһии.

Күлүк сүөдэй,

Көкөт киһи.

*****

ЧАБЫР5АХТАР

Б. Тобуруокап

Аана

Алаадьылаары,

Арыылаан аһатаары,

Ааны

Аһаары:

— Аа!

Айака!

Аата!

Ааммыт

Ааныттан аһыллыбат,

Абатын даа! – диэтэ

Аа-дьуо хаамта.

Эр бэрдэ

Эдэр киһи

Эрдэ турда,

Эрдии эрдэн

Күөлгэ киирдэ,

Илим үттэ.

Тураах көрдө,

Тута үөрдэ

Даадах-дуудах

Дагдаһыйда:

— Даа! Даа!

Даах! Дуух! – диэтэ.

Даллах-даллах дайбаата.

Бай! Бай!

Бабат-татат!

Бал-бал

Бахчарыыс,

Бах-бах

Ба5ыргыыс

Баҕа баҕайы

Бадарааҥҥа – бырыыга

Батыллымаары

Бахчарый да бахчарый!

Бар да бар!

Чычып-чаап

Чыып-чырып

Ыччалыыр,

Чычып-чаап

Тымныыга

Аччыктыыр.

Чычып-чаап

Чуораанныы

Чырыттыыр,

Чигдини

Чүүччэйэ

Сатаахтыыр.

Ыччаттар,

Аһатыҥ

Чыычааҕы,

Чыып-чырып

Чычып-чаап

Муҥнааҕы.

*****

Чабыр5ахтар

Тыллаах буолар чабыр5ах

Иирбэ – таарба эриллэ5эс,

Истээн- тастаан бугуллэ5эс,

То5ус тогул то5утта5ас,

Токур – бокур олулла5ас

Тыаллаах буолар чабыр5ах

Чабыр5ахсыт тыла сымса

Чабыр5ахсыт тыла сытыы,

Чабыр5ахсыт тыла ыраас,

Чабыр5ахсыт тыына ууьун

Буолуох тустаах, атастаар.

*****

ОҔО ЧАБЫРҔАХТАРА

Эрийэ-буруйа эриллэҕэс,

Үөрэ-дьүөрэ өҕүллэҕэс,

Иллэрээҥитэ имиллэҕэс,

Быйылгыта быһыттаҕас,

Эһиилгитэ эриллэҕэс,

Токур-бокур тоһуттаҕас,

Хайаан да хатыллаҕас,

Олбу-солбу олуллаҕас,

Сиигин ситэ сириллэҕэс,

Көҥө түспүт көтүллэҕэс,

Тыла-өһө тырыттаҕас,

Чап-чып чабырҕас,

Хоп-сип хобурҕас,

Кыахтаах бэрдэ кымырдаҕас,

Алып-чаҕаан аман өс

Чабырҕаҕын аанын ас!

//Алып Ча5аан Тыл оонньуута

*****

Ахсаан чабыр5ах

Биир миинниллэр биэ,

Икки эмэр ньирэй,

Ус ууттээх утурум

Түөр үчүгэй төрүөх

Биэс миинэр биэ,

Алта анаарыма атыыр,

Сэттэ тиһэх тиҥэһэ,

Аҕыс аҕам ынах,

Тоҕус лоҥкур торбос,

Уон улахан оҕус.

*****

Хоһуйуу чабырҕах

Ыта үрбүт,

Атын баайбыт,

Атаҕын тэбэммит,

Аанын аспыт,

Танаһын ыйаабыт,

Лаайкы оҥорбут,

Табааҕын тарпыт,

Чаайын испит,

Куһуогун сиэбит,

Кырбаабакка олорбут,

Кымыһын испит,

Кырыымпанан оонньообут,

Кырыбыайкана тарааммыт.

*****

Чыычаах туһунан чабырҕах

Чыыбы- чаабы биир тумустаах,

Чыыбы чаабы

Икки харахтаах,

Чыыбы- чаабы

Икки атахтаах,

Чыыбы- чаабы

Икки кынаттаах

Чыыбы- чаабы биир кутуруктаах,

Чыыбы –чаабы аата чыычаах..

*****

АХСААН ЧАБЫРҔАХТАРА

Ойуулаах-дьарҕалаах,

Мааны мандардаах

Үс атахтаах чороон – биир

Ойуулаах-дьарҕалаах,

Мааны мандардаах

Үс атахтаах чороон – икки

Ойуулаах-дьарҕалаах,

Мааны мандардаах

Үс атахтаах чороон –үс

Ойуулаах-дьарҕалаах,

Мааны мандардаах

Үс атахтаах чороон – түөрт

Ойуулаах-дьарҕалаах,

Мааны мандардаах

Үс атахтаах чороон – биэс

*****

Үтэһэҕэ үөлүллүбүт,

Уокка сыраллыбыт

Эбэм бойом собото – биир

Үтэһэҕэ үөлүллүбүт,

Уокка сыраллыбыт

Эбэм бойом собото – икки

Үтэһэҕэ үөлүллүбүт,

Уокка сыраллыбыт

Эбэм бойом собото – үс

Үтэһэҕэ үөлүллүбүт,

Уокка сыраллыбыт

Эбэм бойом собото – түөрт

Үтэһэҕэ үөлүллүбүт,

Уокка сыраллыбыт

Эбэм бойом собото – биэс

*****

Үстүүлээх үүт бүтэйдээх,

Үүнүүлээх өлбүгэ сирим

Үөрбэлээх мастаах биир бугула…

Үстүүлээх үүт бүтэйдээх,

Үүнүүлээх өлбүгэ сирим

Үөрбэлээх мастаах икки бугула

Үстүүлээх үүт бүтэйдээх,

Үүнүүлээх өлбүгэ сирим

Үөрбэлээх мастаах үс  бугула

Үстүүлээх үүт бүтэйдээх,

Үүнүүлээх өлбүгэ сирим

Үөрбэлээх мастаах түөрт бугула

Үстүүлээх үүт бүтэйдээх,

Үүнүүлээх өлбүгэ сирим

Үөрбэлээх мастаах биэс бугула

*****

Туора-маары бысталаммыт,

Тэниччи тиириллибит,

Тыалга, күҥҥэ хатарыллыбыт

Дьуухала балык –биир…

Туора-маары бысталаммыт,

Тэниччи тиириллибит,

Тыалга, күҥҥэ хатарыллыбыт

Дьуухала балык –икки…

Туора-маары бысталаммыт,

Тэниччи тиириллибит,

Тыалга, күҥҥэ хатарыллыбыт

Дьуухала балык –үс…

Туора-маары бысталаммыт,

Тэниччи тиириллибит,

Тыалга, күҥҥэ хатарыллыбыт

Дьуухала балык –түөрт…

Туора-маары бысталаммыт,

Тэниччи тиириллибит,

Тыалга, күҥҥэ хатарыллыбыт

Дьуухала балык –биэс  

*****

Эргэ уонна саҥа
1
Күлүм аллай,
Мичик тыргый!
Күндү сэгэр,
Көрдө истиий,
Кэчигир тиис
Кэпсээннэрин,
Обуйук уос остуоруйатын,
Далла кулгаах
Сэгэлдьийэн,
Кыраҕы харах
Чыпчыҥнатан,
Дьандыр-индир
Чабырҕахпын
Истэ-көрө сэргэхтээн.
Көппөт көтөр,
Сүүрбэт-сүүрэр үйэтэ,
Олох устар,
Киһи сайдар,
Майгы тупсар,
Сигили көнөр.
2
Кэччэгэй Кэтириис,
Ымсыы Ылдьаа,
Албын Алааппыйа,
Хобуоччу Хобороос,
Күнүүһүт Көстөкүүн,
Ыстырыыс Ылдьаа,
Уоруйах Огдооччуйа,
Омуннаах Омуос,
Сэлээр дьэллик
Сэбирдэх Дьэбдьиэй,
Иирбит куртах,
Иһээччи Испирдиэн,
Кураанах саппыйа,
Хаартыһыт Хаппытыан,
Өһүргэс Өрүүнэ,
Киһиргэс Кирилэ,
Уордаах Уйбаан,
Хабыаччы Харытыан,
Быдьар Былатыан,
Бардам Баһылай,
Түүлээх Түмэппий,
Биттээх Миитэрэй,
Өмүрэх Өрүүнэ,
Мэнэрик Биэрэ
Быыра быһыннылар,
Этириэс эһиннилэр.
3
Билигин:
Өйдөөх Өлөксөөс,
Мэйиилээх Мэхээс,
Нарын Настаа,
Талба Татыйаана,
Аламаҕай Алааппыйа,
Суруксут Ньукулай,
Ырыа Ыстапаан,
Үҥкүүһүт Өрүүнэ,
Хоһоонньут Хонооһой,
Хоһуун Хобороос,
Былаанньыт Былатыан,
Тракторист Тамара,
Хамбайньыар Хабырыыс,
Суотчут Суоппуйа,
Учуутал Уйбаан,
Биһиэнэ буоллулар
Бастыҥ дьоннорбут.


К.Г.Сергеев. Н.Т. Степанов суруйуута

Күөх Көппө
Баата мэйии,
Матаар уҥуох
Күөх Көппө,
Күтүр өстөөх,
Киэҥҥэ киирбэт,
Кыараҕаска кыбыллыбат,
Этиигэ истибэт,
Саҥаҕа саантаабат,
Үөрэҕи өйдөөбөт,
Үөрүүгэ уолуйбат,
Кэлиини кэлгийэр,
Барыыны баайар,
Тахсар үлэни баттыыр,
Кэлэр кэскили кэлгийэр,
Үлэ суолун мэһэйдиир,
Үлэ төрдүн бүөлүүр,
Туһалааҕы дуомнаабат,
Наадалааҕы дьаһайбат,
Көргө эрэ баҕалаах,
Күлэр эрэ дьарыктаах,
Сэлээр-мэлээр майгылаах,
Сыыллар сыылба сырыылаах.
Сарсыарда аайы
Айакканан дьарыктанар,
Киэһэ ахсын
Сэллик өлүүнэн сэһэннэнэр,
Харах ыарыһах буолан,
Хаста-сотто сылдьар,
Үөс ыарыһах буолан,
Өкчөччү туттан дьүһүлэнэр.
Буорту буолбут мутукча,
Ситэн үүммэт сибэкки,
Орон аайы сытар,
Улук буолан нуоҕайар.
Ааранан араатар,
Бэтэрээнэн бэлэс,
Кыайбыттыы кыҥынайар,
Хоппуттуу чубугуруур,
Үлэлээбит курдук дьүһүлэнэр,
Дьаһайбыт курдук дьаабыланар,
Сиикэйинэн сиэлэр,
Аатыгар аалаҥныыр,
Аҕылаһа атыыһыт,
Мэҥилэһэ бэргэһэ,
Дуомугар уруучука,
Аатыгар харандаас,
Сай кыраабыл,
Солко хотуур,
Ааратааҥы атырдьах,
Айыы саҥнаах
Күөх Көппө.


С.Зверев. Г.М. Васильев суруйуута

Үлэҕэ ыҥырыы
Хаҥсыатыы харсыаты
Харлаампый Молоочуок,
Хаарыаннаах бэйэлээх
Хаҥалас былчыҥнаах
Киһи аймах кэскилэ,
Дъон аймах тускула.
Үллүбүт элбэх үп,
Баллыбыт баһаам баай,
Туу маһын киспэтэ
Тулаайах буолааччы,
Киһи иһин киспэтэ
Килиэп диэн үүнээччи.
Үөрэниэҥ да аһыаҥ!
Үлэттэн куотума,
Үгэҕи булума,
Бэскигин тараанан,
Бэлэми булбаккын,
Күүлэйи батыһан,
Күн көрүн көрбөккүн.
Кыһыл уол кытаныас,
Туҥуй уол тутаныас,
Тур, барыах үлэлиэх,
Туһалаан абырыах…


С.И.Лыткина

Муода
Муода диэни
Истиэ эрэ кэрэх,
Иннигин ылыа,
Этитиэн эрэ кэрэх
Эпсэри кууһуо,
Булунуу муҥнуо,
Сэҥээрии элбиэ,
Ымсыырыы ыраатыа,
Ылларыы ыксатыа,
Түүнүн түбүлээн
Түүлгэр киирэн,
Күнүһүн хаадьылаан
Хараххар көстөн,
Эрийсэн эккэлээн
Эҥэрин элэйиэ.
Тилэри тиэстэн
Тилэҕиҥ тэстиэ,
Буларгын кытта
Моһуона уларыйан,
Сүпсүлгэн саҕана
Сезона ааһан,
Мэнийии кэмигэр
Бэрдэ мэлийэн,
Суудайыы түгэнигэр
Суолтата сүтэн,
Саҥаҕа сананнаран
Атыҥҥа аралдьытыа,
Көлдьүҥҥэ көҕүтэн,
Көҥдөйгө туттаран,
Уоту кыбыннаран,
Халахайга харбатан,
Солкуобайы суйдуур,
Хармааны хастыыр,
Кырдьыга даҕаны
Кыраһыабайга кыттыһар,
Бастыҥҥа бараалаһар,
Наһааҕа тардыһар,
Үтүөҕэ үөрдүһэр
Эгэлгэ элбэх
Хаадьы халыҥ,
Тииһик дэлэй,
Моһуок буолунай,
Ол барыта –
Муодаҕа мускуттаран,
Ол барыта –
Кырааскаҕа кыаттаран,
Ол барыта –
Албыҥҥа аралдьыйан.


Е. Местникова

Ханнык тылларый?
1
Х-букваттан саҕалыаҥ —
Халлаан үөһэнэн
Халыҥ үөрүнэн
Халлыгыраһан ааһыа.
Г-ны бастатыаҥ —
Тылын уларыйыа,
Өрүскэ, хайаҕа
Өрөһөлөнө сытыа.
Б-ны бастатыаҥ —
Балыыһаҕа барыаҥ,
С-тан саҥарыаҥ —
Ыраас күөххэ хаамыаҥ!
(Хаас, таас, баас, саас)
2
Кинини А-ҕа эптэххинэ,
О-ҕо эппиккин сиэҕэ,
Оттон Ы-та эптэххинэ,
Э-ҕэ эппиккин сиэҕэ!
(Ат-от, ыт-эт)
3
Бүтүннүүтүн ааҕыаҥ —
Үөрүөҥ-көтүөҥ, ыллыаҥ,
Биир букваны быраҕыаҥ —
Иһигэр сытыаҥ, сынньаныаҥ,
Иккини ылан кэбиһиэҥ,
Искэҕи, өлү сиэҥ,
Үһү, баҕар, көҕүрэтиэҥ —
Үйэлээх сааскар иһиэҥ!
(Хотуу, отуу, туу, уу)

— Көнөтүк аах —
Күн күлэ тахсыыта
Күлүмнүү сытыа.
Төттөрү аах —
Түҥкэтэх тыаҕа
Түбэһэн ааһыа!
(Сиик, киис)

Өскө наһаа баҕарыаҥ
Өскө наһаа баҕарыаҥ,
Наһаа күүскэ кыһаныаҥ —
Баҕарбыккын толоруоҥ,
Санаабыккын оҥоруоҥ!
Өскө наһаа баҕарыаҥ —
Күүстээхтэн күүстээх буолуоҥ,
Сулустарга айанныаҥ,
Муоралары уҥуордуоҥ.
Өскө олус кыһаныаҥ —
Барыны бары сатыаҥ,
Борокуоту салайыаҥ,
Тракторы урууллуоҥ.
Өскө наһаа баҕарыаҥ,
Наһаа күүскэ кыһаныаҥ —
Өйдөөхтөн өйдөөх буолуоҥ,
Күүстээхтэн күүстээх буолуоҥ!


П.Тобуруокап

«Баай» оҕо
Сиидэркин түөһүгэр,
Сэттэ-аҕыс сиэбигэр,
Бартыбыал иһигэр
«Баай» диэн үлүгэр:
Токуйбут тоһоҕо,
«Токууккай» тобоҕо,
Туус тууйас оҕото
Туой оҕус сотото,
Дьэбиннээх ылтаһын,
Тиит мастан хаптаһын,
Кэнсиэрбэ бааҥката,
Хоруопка хаппаҕа,
Алдьаммыт бытыылка —
Араас уон балыыҥка!
Сиэптэрин айаҕа
Сиритэ барбыттар,
Бартыбыал муннуга
Тэһиттэн хаалбыттар,
Баайдара, маллара —
Барыта быкпыттар!
Тэтэрээт, кинигэ
Сордоммут киһитэ:
Үс хонук иннинэ
Үрэллэр «бэйэтэ».


П.Тобуруокап

Мэнигийээн-мэникчээн
Мэнигийээн-мэникчээн —
Михайлов Филипчээн
Оскуолаттан тахсаатын,
Олбуор аанын ааһаатын
Ойуоккалыыр, ыһыытыыр,
Оҕолору хатыйтыыр.
Ити ыты сырыста,
Илби түһэн арахта,
Ол куосканы батыста,
Уонна хаста оҕутта,
Хаатыҥката баллайда,
Хайыһардыы хантайда.
Киэһэ тиийэн кэлбитэ,
Ийэтигэр киирбитэ:
Уолуктара нэлэстэр,
Тимэхтэрэ мэлистэр.


П.Тобуруокап

Былыргы чабырҕахтар
Этэн-тыылан,
Эрийэн-мускуйан,
Эбэн-сабан,
Эҕийэн-чоҕуйан,
Нууччалаан-сахалаан
Пиэрибэй начаала,
Бодуруобумай дьыала.
Лугу-лугалаасын
Дьиэлискэй-буолускай,
Сэттэ кээчирэ,
Килиэп аҥаара,
Нэдиэлэ буудьа,
Атыыр баһа
Аллырыыт- буллуруут,
Тый баһа,
Ыллырыыт-быллырыыт,
Кыыймыт үүт
Ычырыыт-мычырыыт,
Үрүҥ ынах
Үөл-дьүөл,
Хара ынах хаадьаа
Түөрт түгэн айаҕа,
Холуобунай бэрээдис
Бырыы да бадараан,
Ырдыы ыарахан
Два конь пропал,
Саам сатыы
Насыыла приехал,
Дьыала бэдээ
Успанник писал,
Күбүрүнээтэр подписал.
Дүө-даа,
Түҥ-таҥ,
Оллур-боллур,
Эдьэҥ-хоодьоҥ,
Үҥкүүлээхтээн,
Эри-буру
Дайбаахайдаан,
Эгэй-доҕой
Ыллаамахтаан,
Холбоон-илбээн
Хоһоонноохтоон,
Аалай-чаалай
Таҥнаахыйдаан,
Киҥкир-хаҥкыр
Саҥараахыйдаан,
Элэҥ-сэлэҥ
Илдьэстээх,
Мунньан-тараан
Муруннаах,
Сүүрэн-көтөн
Сүүстээх,
Хааман-сиимэн
Харахтаах,
Сатаан-симээн сарыннаах,
Хабах бас,
Харчы сото,
Кыл күөмэй,
Кыа сыалыйа
Кыпчыгыр Ыстапаан,
Кылыыһыт Сүөдэр,
Чабычаҕынан Дьарааһын,
Мэмэһээнинэн Миитэрэй,
Холлоҕоһунан Кууһума,
Ордугун хостуон,
Эбиитин этиэн,
Даары дархан
Дабыкы доҕолоҥ.
Хоҥ-хоҥ,
Хомугу-дьимики,
Көкөтүн көкө быраан,
Муччутун луччу булаҕай,
Эриэккэһэ итинник,
Эбиитэ маннык.
Ымай ыллаа,
Күлүм күндээр,
Көрүүй-истиий,
Сытыы чаҕыл,
Оргуй-чоргуй,
Ньиргиэн-дирбиэн тыаһын
Ууһун сыбар сыһыар.
Сытыы сылбын
Кыыһын туойууй,
Уйгу дуораан
Уолун хоһуй,
Омоон-томоон,
Онон-манан,
Эримэ-дьиримэ,
Элэкэт-чэрэкэт.
Куспун-хааспын,
Хатыйа-бутуйа,
Маҥан хопто хотуой
Аатыгар алгыс,
Дуомугар тойук,
Биһирэммэт кэпсээн,
Устунан-кэстинэн,
Ураанай кэрэнэй,
Сордоҥ ойуулаах сотого
Бэйбэс хатан битийдин.
Хараҕа эриэн
Эрэсиэн-тэрэсиэн,
Бэһиэлэйгэ эрэ кэпсэл,
Күлүүгэ эрэ көрдөрүү,
Даралыс ханчаа,
Адаҕана бэргэн,
Ааттаах ойбон,
Аата тойук буоллунууй,
Сөмөөр иккис саап сарай,
Лөҥкүр иккис күндээрэй,
Саха баһа сабарай,
Эмньик кулун
Эмэкэт саахымат,
Биэс атах
Бэрэҕинэ-сараҕына,
Талыы талба
Онуо дэгэрэҥ,
Эһэгээ дэгдэс,
Төбөтө өрүкүс,
Хаадьы харгыс,
Доҕулдьуйа дохсун
Дорбос удаҕан,
Чуо-чуо чолбон,
Чоҕурҕана бэргэн,
Эримэх тый эмэҕэс,
Дьыраа хоҥку батыйа,
Хаппыт өттүк харыйа,
Биитэ маҥан,
Хайа, доҕоор,
Кыптыый буута,
Кыталык түөһэ,
Кыдама төрдө,
Чабычах алаадьы,
Ыаҕас ымдаан,
Уон булас от.
—B
1
Этэҕэ-тэтэҕэ,
Иэрэҥ-диэрэҥ,
Холкуй-илкий,
Кубулуҥ-дьибилиҥ,
Бадыа-бүдүө,
Балаҕана дархан,
Оонньуур баҕана,
Орулуур дохсун,
Дарҕана кээдьэҥ,
Дар-дар сыарҕа,
Чуо-чуо чолбон,
Эрэгэйэ дъэргэн,
Уодаҕана доҕолоҥ,
Хоочугур-буучугур,
Куобаҕым куттаҕа,
Моҕотойум буута,
Тииҥим тиҥилэҕэ,
Көҕүллээҕим көхсө,
Чымырыы-маарыы,
Оллоон буку,
Лал-лас-лас.
2
Оҕуу чоочук,
Эгий эрилик,
Маадьаҕар Байбал,
Чуллук Чуучай,
Хаскай тэлэмээт,
Ытырар-даҕайар, Дар-дар сыарҕа,
Дарҕана кээдьэҥ
Диэхтиибин,
Диэхтэрэ!
3
Орубуй удаҕан,
Орулуу дохсун,
Илин дойдум,
Иэдьэгэй-миэдьэгэй,
Наһатыыр кэдьэрэҥ,
Мускуу-таскыы,
Суола төрдө
Тиҥ-тиҥ
Буолбута,
Буолуоҕа.
4
Нэлэгэр Өлөксөй,
Хобуоччу Хобороос,
Топпотох Дороппуун,
Чолоор Кууһума,
Таанаха Былатыан,
Түргэн Ылдьаа,
Дуоҕас Баһылай,
Мэнэрик Миитээ
Диэхтэрэ,
Диэхтиибин.
5
Иэрэҥ-дъиэрэҥ,
Элэкээт-тэлэкээт,
Хаадьыы харгыс,
Доҕулуй дохсун,
Дорбоо удаҕан
Аххан наарай,
Буурай-сиэрэй,
Күллүр-халлыр,
Миэрэй-маарай,
Микитэ-махата,
Устунан-кэстинэн
Уранай-тэрэнэй,
Сордоҥ ойуу,
Сотото бэйбэс,
Хатыы-битии,
Хараҕа эрилис
Хаххан сахсас,
Эрэмээт-тэрэмээт,
Эгэлэй-нэлэс,
Этэн-тыынан
Тыҥ, тыҥ, тыҥ!
6
Хаартыһыт Хабырыыс,
Баарыччыт Балбаара,
Куруускаһыт Кууһума,
Итирик Испирдиэн,
Тустуук Ньукулай,
Сүүрүк Сүөдэр,
Хапсаҕай Хабычча,
Арбаҕар аҕабыыт,
Чолоҕор лөчүөк,
Топпотох ойуун,
Туолбатах кулуба,
Кэрээхэ кинээс
Диэтилэр,
Диэхтэрэ.
7
Куоҕаһым куолаҕа
Кураҕаччым моонньо,
Мэкчиргэм мэйиитэ,
Хахханым хараҕа,
Хааһым атаҕа,
Киргилим кэтэҕэ,
Тоҥсоҕойум тумса,
Оролуоһум ойуута
Этэллэр,
Этиэҕим.
8
Күлүмэним үөһэ,
Кумаарым куолаһа,
Ыҥырыам ырыата,
Тоноҕоһум тойуга,
Ньалаҕайым саҥата,
Тигээйим уйата,
Этэҕэм эриэнэ
Кэпсиэхтэрэ,
Кэпсээтилэр.
9
Турулуу-тырылыы
Туран олорон,
Туойан-ыллаан,
Туора-маары,
Туолбат-топпот,
Толбон солкону,
Соххор харах,
Сордоох ойуун,
Эгили-бугулу,
Эрийэ-хатыйа,
Иҥнэри барда,
Эстэн эрэр
Эргиэнэ дьэргэл,
Эмиэ тутайа
Эргийэ дьиэрэҥкэй,
Эмньик кулун,
Эминньэх тарбыйах
Дэһэллэр,
Дэһэллэр!
10
Кыптыый буута,
Кыталык түөһэ,
Кьщама төрдө,
Кылыйа сүүрүк,
Кылар харах,
Ыаҕас ымдаан,
Чабычах алаадьы,
Кытаххоргуй,
Кырбас этим,
Тымтай балыгым,
Кыпчыгыр Өлөксөй,
Кыҥкыр түөрэх.
11
Сараҕар Маарыйа,
Саар Көстөкүүн,
Салҕылыкы бүүчээн
Саныыра Бөтүрүөп,
Уот куйаар
Бэстээх кинээһэ,
Бэтэмэтэ суруксут.


С. Зверев

Чабырҕах
(Бөлөҕүнэн ааҕыыга)
Чыпчаххайдаах,
Чаҕаан тыллаах
Чабырҕахсыт сааһылан,
Чабырҕаччы этиллэн,
Чан төрдүгэр дьааһыйан,
Чаҕыт, дьулат,
Чаҕылхайы, кэрэни
Чахчы хайҕаа!

Маҥнайгы ааҕааччы:
Киһи киибэһэ
Киһиргиибин диэн,
Кирсэ быстыбыта,
Кириэһэ килбэйбитэ,
Кэскилэ самныбыта,
Кэнчээритэ кэхтибитэ,
Күлэ көппүтэ,
Күлүгэ сүппүтэ,
Кырыыска турбута,
Кырамаҥҥа этиллибитэ,
Кырдьык кыайан
Кылбайан тахсыбыта,
Кыһыл былааҕа
Кытыаста умайбыта,
Күннээх эйэ
Көй үгүс холууба
Күн сирин үрдүнэн
Күйгүөрэ көппүтэ,
Киһи-аймах күдэҕин
Кэлэр кэскилгэ түмпүтэ.

Бары:
Түмэр,
Түмүөҕэ!
Эйэ сэриини
Эрэниҥ көмүөҕэ!

Иккис ааҕааччы:
Ол иһин
Охсуулаах үлэ
Олоҕу симээн,
Оһуорун ситэрэн,
Очуос курдук
Охтубат түстээн,
Олуга кэҥээн,
Оҥкула тупсан,
Оҥоруута үрдээн
Оргуйан иһэригэр
Оҕолор эмиэ
Олус кыһанабыт,
От үлэтигэр —
Охсобут, мунньабыт,
Оҕуруокка түмсэн
Оҕурсуну, моркуобу
Оҕолуу көрөбүт,
Ой-бото үүнүүнү
Оҕуурдаан ылабыт.

Бары:
Ылбыппыт,
Ылабыт,
Ылыахпыт!

Үһүс ааҕааччы:
Ол эрэн,
Ол эрэн,
Оскуола иһигэр
Ордуос оҕолор
Олороллор,
Охсууну оҥорор
Омнуоларын билбэттэр.
Оруо маһы
Ортотунан
Оттомо суох
Оройдорунан көрөллөр:
Охоноос оҕо
Олорор остуола
«О» букванан
Ойута быһыллан
«Оһуордаммыт» буолар,
Ону эттэххэ
Отой мэлдьэһэр.
Огдуус кыыс паартата
Оргул курдук бөхтөөх,
Ол-бу ойуу
Олус да хойуу.
Ол туһунан кэпсээтэххэ,
Охсурҕалана түһэр.
О, доҕоттоор,
Олус мара,
Олус сүөргү,
Олору оҕолоор,
Ончу быктарыммакка
Оннуларыттан ылгыахха!

Бары:
Ылҕаабыппыт,
Ылгыыбыт,
Ылгыахпыт!

Төрдүс ааҕааччы:
Ок-сиэ,
Оҕолор эрээри,
Отон саҕа эрээри
Онно-манна хоройон,
Оройон,күрэнэн
Оскуола кэннигэр,
Олбуор хаххатыгар,
Оҥостон табахтыыр,
Оборор-соппойор
Олус да куһаҕан,
Олус да түктэри.
Олоҕу кылгатыы
Омсолоох суолугар
Ол устар буруолуун
Олорсон киирээри,
Оройдоон көрбөккө
Охсуллар иэдээни
Оҕолоор, умнумаҥ,
Оҕурук алыптаах
Охторор албастаах
Ол күдэн тумаҥҥа,
О, ончу умсумаҥ,
Ооҕуйдуу илимнээх,
Оҕуурдуур идэлээх
Ол дъаакка, табахха,
О, дьукку саантаамаҥ!

Бары:
Саантаамаҥ,
Саантаамаҥ,
Саргыттан матымаҥ,
Сырдыктан
Саһымаҥ!

Бэһис ааҕааччы:
Үлэбит биһиэнэ —
Үөрэх, үөрэх,
Үчүгэйдик үөрэнии
Үрдүк сорук,
Үгүс билии,
Үгэс курдук,
Үтүө кынат —
Үөһэ көтүтүө,
Үөрүүгэ тиэрдиэ,
Үрүҥ күн аннын
Үрүҥ илгэтин

Үксэтэр үлэ
Үтүмэн күүһүн
Үктэлин ууруо,
Үмүөрэр көҕүн
Үрдэтэ туруо.
Үчүгэй,
Үчүгэй,
Үчүгэй да буолсу!
Үөрэххэ кимиэххэ,
Үөрэҕи билиэххэ,
Үрдээн иһиэххэ —
Үүнүөххэ, үүнүөххэ!

Бары:
Үүммүппүт,
Үүнэбит,
Үүнүөхпүт!
Үчүгэй өрүт
Үксүү турдун,
Үрүҥ санаа
Үрдээн истин,
Мара барыта
Малыйдын!
Мааны майгы
Баһыйдын,
Хара санаа
Хамылыннын,
Ханна даҕаны
Хаалбатын.
Онуоха бары
Олук охсон
Омсолортон босхолонон,
Олох уотун
Оттуоҕуҥ!!!

*****

БААЙ БАЙБАЛ

( ЧААБЫ-ЧЫЫБЫ ЧАБЫРҔАХ )

Баай Байбалга балаҕаннаах,

Балаҕана бадарааннаах,

Бадараана баҕалаах,

Баҕата баккылаах,

Баккыта быттаах,

Быта бачыыҥкалаах,

Бачыыҥката баахсалаах, быалаах

Быата баайыылаах

Баайыыта бөҕөргөтүүлээх

Бөҕөргөтүүтэ бэртээхэй

Бэртээхэй буоллаҕа

Баай бэйэлээх Байбал.

*******

Омуннаах Огдуос

(чап-гыннарар чабырҕах)

От үлэтин саҕана

Омуннаах Огдуос обургу

Оҕонньорун быраҕа,

Оҕуруотун хааллара,

Оҕуска олорсон

Ойуурунан-тыанан

Олустук сылайан

Оройуоҥҥа киирдэ,

Ороддуомҥа тиийдэ,

Олорунан кэбистэ,

Оҕолонон кээстэ.

Онно-манна олоотоон

Омунугар тэптэрэн,

О5отун эмтэрээт

Ороддуомтан таҕыста,

Оҕуһун оҕуурдаат

Оллур-боллур суолунан

Ойуур диэки салайда.

Оҕонньоро Огдуоһун

Оҕолонон кэлэрин

Олуһун да кэтэһэр

Олорор сирин булбат

Отуутуттан арахпат,

Оҥочотун оҥостон

Оргууй айаҥҥа турунна.

Огдуос обургу

Оҕонньоро отуттан

Орҕостон кэлиэн иннинэ

Оһоҕун оттон аһатта,

Оҕотун утутта,

Оҕурсуутун астаата,

Омунугар олбуорун

Ончу дьаһайан кэбистэ.

Оҕонньоро кэлээтин,

Оҕочооһун көрөөтүн

Олуһун диэн долгуйда,

Оройуттан сыллаата,

Оргууй бигээн ыллаата.

Олус үөрбүт саҥата

Ончу дьиэни аймаата.

Ол курдук Огдуоспут

Орулуур отут сааһыгар

Оҕолонон –урууланан

Олорбута эбитэ үһү.

Кылаанньа «Кыым»

хаһыаты кыбыммытынан

( Чабырҕахтаан субурутуох)

Кылааһынньыссам

Кылаанньа кыыс

Кыыһа Кыыдааналыын

Кырыымчык кэмҥэ

‘Кыым ‘ хаһыаты

Кыл-мүччү тутан

Кыбынан иһэн

Кыыбаҕаланан,

Кыбдьыгырыы-кыбдьыгырыы

Кыбычаал сиринэн

Кыбылла-кыбылла

Кыбыстар диэн суох

Кыбыытыгар киирэн

Кыыгынаан ылла да

Кыдыйбыт отун

Кыдамалаан барда.

Кылаанньа обургу

Кыйаханара бэрдиттэн

Кыыһа ыксаан ийэтигэр

Кыыһырбыт аатыран

Кыҥкыйданан барда,

Кылап-халып көрө-көрө,

Кыдьыктарын көрдөрөн

Кыйбаҥнаатаҕыын!!!

Кыламан быыһынан

Кылдьыылаах хараҕынан

Кылардыы көрө-көрө

Кыланнаҕа сүрүн!

Кыыһын буойан

Кылаанньа кыыһырбытыгар

Кыыспыт буолуохсут

Кылаана да кыларыйбата

Кылгас атаҕынан

Кыпсыҥныы-кыпсыҥныы

Кылыс оту үргүүр да үргүүр,

Кытарыар диэри

Кымырдаҕас курдук үлэлиир.

Кыл — мүччү

‘Кыым’ хаһыаты кытта сууламмыт

Кыынньа сылдьар

Кымыһын таһааран 

Кылк гына ыймахтыыр,

Кый ыраахтан 

Кынтаччы туттан туран

Кыраҕы кыра хараҕынан

Кынчарыйан ыла-ыла

Кыҥастаһан көрөр ийэтин

Кыҥынайарын быыһыгар

Кыҥнайа-кыҥнайа

Киҥинэйэн ыллыы сырыттаҕына

Кыырай халлаан кырсытынан

Кыырт көтөр кыырайан кэлэн,

Кыраман ыраахха

Кыыһар былыт быыһынан

Кыыраай көтө турда,

Кырдаайы саҕа буолуор диэри

Кыыдаана одуулаһан турда

Кылаанньа көрдөҕүнэ 

Кыыһа таах халлааҥҥа хантайан

Кыҥастаһа турар курдук.

Кыһалҕаҕа кыһарыйтаран

Кыстыыр отун буларга

Кыһана сатыыр да,

Кыыһа аахайбаттыы истэриттэн 

Кыыһыран-абаран

Кымньыылаан биэриэн санаталыыр.

Кыһыытыгар кыыһын

Кыһыл тылынан үөҕэр,

Кытаанах-кытаанахтык

Кытарчы көрөн олорон

Кытыйаҕа кымыһын кутунна.

Кыратык уоскуйа таарыйа

‘Кыым’ хаһыатын хостоон

Кыҥастаһан ааҕа олорон,

Кыараҕас тигиилээх

Кыабакалаах ыстаана

Кыаһыланарын абааһы көрөн

Кыптыый булан кырыйда да,

Кыахтаах баҕайытык туттан

‘Кыым’ хаһыатын хонноҕор

Кыбына уктан

Кыыһынаан Кыыдааналыын

Киҥир-хаҥыр саҥарса- саҥарса

Киирэн дьиэлэрин диэки

Кынталдьыйа турдулар…  

Дьаамсык Харытыана ‘Кыым’  хаһыаты тириэрдиитэ

(Чабырҕахпыт )

Халлаан хатаан турдаҕына,

Хараҥаран эрдэҕинэ,

Харытыана барахсан

Хас эмэ көстөөх сиргэ

Хахсааттаах тыаллаах

Хаар-куус быыһынан

Хаһыҥҥа хаарыйтарымаары

Хаттыктык таҥнан

Хайдыбатах хаатыҥкатын 

Ханньаччы анньынан

Халыҥ баайыы ыстааннанан,

Халадаайын таһынан

Харыһыйа сылдьыбыт

Хас эмэ былааттанан,

Халтаҥ сонун таһынан

Хара  саһыл саҕынньахтанан,

Харчытын-аһын хомунан,

Хамаҕатык барар бэртээхэй

Хаһыаты ‘Кыымы’ 

Хам-тум тутан  

Хаарбах хааһаҕыгар

Харайан уурунна.

Хамсатын ылан

Хампарай  хаҕыгар

Харыстыы уган

Хапсыйан хаалбыт

Халаабыһыгар хаалаата

Хаҥаабытын үрдүнэн

Харамыгар хампыаты

Халаабыһын хаҥас сиэбигэр

Ханыылыы симтэ да

Хам баайан кэбистэ.

Хаппыт тириинэн бүрүллүбүт

Халҕанын аанын хайа быраҕаат,

Халыан тымныыга 

Хайыһарын кэтэн

Халтарыта турда…

Халдьаайы, сыһыы устунан

Халтырыта тэбинэн

Хайалары уҥуордаан,

Хаалбыт үүтээҥҥэ

Хонон сынньанан уутун хана утуйда…

Халлаан сырдыыта

Хааһыланан аһаат-сиэт

Хас эмэ күннээх айаҥҥа турунна…

Хабытайданан, тиэтэйэн

Халлаан былыта

Халбарыйарын саҕана

Хайысхатын уларыппакка

Хара көлөһүнэ аллыар диэри

Хойуу ойуур быыһынан,

Хара тыа саҕатынан

Хаста эмэ сынньанан

Хоолдьуга хоҥнуор диэри хаамта.

Хата ол иһэн хомоҕой тылын холбоон

Хоһоонноон хой баһын туойа 

Хомурах үрдүнэн сыыйылыннаран истэ…

Хомурҕана ыарыйдар,

Хоҥхочоҕо бэргээтэр да

Хорсунун, хоһуунун киллэрэн,

Хараҥаҕа муммакка

Хахсаат тыалга үрдэрбэккэ

Хата кэллим ыалларбар

Хаһыаттарын тириэртим диэн

Харытыана барахсан

Хайдахтаах курдук үөрдэний?!

Хаһыат таһааччы дьаамсык,

Хайҕаллаах ыанньыксыт

Хомуньууска бэрдэ

Харалаампый кыыһа Харытыана.

*****

‘Х’ буукубабар хара сыстым…

Хара төрүөхпүттэн

Хас эмэ сыл харыстаан

Хааһахпар кистээммин

Хаһаана сыппыт

Хаарыан тылларбын

Хостоон таһааран,

Ханыылыы тутаммын,

Харахпар оҥорон көрө-көрө,

Хас да чааһы быһа

Хат -хат хатылыы-хатылыы

Хоһуйа сатаатым…

Хата ол олорон ‘Х’ буукубабар

Хара сыһан

Хаарыаннаах хатан куоласпын 

Хайыта сыстым…

Хата, баҕар, хайгыы көрөн

Хайытан уурунаҕа бырахпакка

Хап-сабар хаһыакка

Хас да хоһуйуубун таһаардаллар

Хараҕым уота сырдаан

Халлааҥҥа тиийэ дайыах эбиппин…

Ымыйа ыллыыр ырыата

Былыргы дьыл быыһын сэгэтэн

Балаҕан иһигэр киирэн кэлэбин,

Бастыҥ мааны астаах сандалы

Баай аһыттан амсайан ааһабын…

Чоҕочу хото астаммыт,

Чоҥку олоччу ууруллубут,

Чохоон арыы ытыллыбыт,

Чороҥҥо кымыс кутуллубут.

Иэҕэн түгэхтээх ымыйаҕа

Иэдьэгэйи хаһааммыттар,

Ийэлэрэ үөрүүтүгэр

Илгэтинэн күндүлээтэ.

Мааны ыалдьыт буоламмын

Матаарчахтан куттулар,

Кыынньар кымыһы иһэрдэн

Утахпын ханнардылар.

Уустаан-ураннаан чочуллубут

Удьурҕайтан оҥоһуллубут,

Кытыытынан кылдьыылаах

Кытыйабар аһаатым,

Тутаах киһи аатыран

Тутаахтаах кытахтан

Ымдааны куппуттарын

Ыймахтаатым астына.

Симиирчэххэ суораппын

Сүгэһэрдэнэн кэлбиппин,

Сытыам эрэ иннигэр

Симинэммин үссэнним.

Ол сытаммын нуктаатым

Уубар ылларан бардым…

Арай…ол сытан түһээтим…

Биитэр илэ иһиттим…

Дьэ нохолоор!

Ымыйа иһиттэн

Тохтор тойук кутулунна,

Ылбаҕай ырыа ытылынна…

Дьэ-буо!

Уйгулаах сайыммыт

Уруйданан кэлиитэ,

Куйаас күннэрбит

Кудай орто дойдуга

Күөлэһийэ түһүүтэ

Ханнык эрэ уус киһи

Хатыҥ мастан чочуйан

Оҥон ылан оһуордаан

Олустук мындырдаан,

Кытыыларбын кылдьыылаан

Түгэхпин тиит маһынан

Иэҕэн оҥорон таһаарда,

Туустаах ууга оргутта,

Тупсаран ойуулаата,

Ынах иһин сыатынан

Испин-таспын кичэйэн

Иҥиэр диэри сотто.

Сүөгэй, арыы хаһаанарга

Сүмэһиннээн бэлэмнээтэ

«Саха дьоно аһыыр

Мааны иһиттэрэ буол»,-диэн

Анаан туран ааттаата

Ымыйа диэн сүрэхтээтэ…

*****

Былыргы чабырҕах

С. Зверев

Этэн-тыылан,
Эрийэн-мускуйан,
Эбэн-сабан,
Эҕийэн-чоҕуйан,
Нууччалаан-сахалаан,
Пиэрибэй начаала,
Бодуруобнай дьыала.
Лугу-лугалааьын
Дьиэлийскэй-буолускай,
Сэттэ кээчирэ,
Килиэп аҥаара,
Нэдиэлэ буудьа,
Атыыр баһа
Аллырыыт-буллуруут,

Тый баһа,
Ыллырыыт-быллырыыт,
Кыыймыт үүт
Ычырыыт-мычырыыт,
Үрүҥ ынах
Үөл-дьүөл,
Хара ынах хаадьаа
Түөрт түгэн айаҕа,
Холуобунай бэрээдис
Бырыы да бадараан,
Ырдыы ыарахан
Два конь пропал,
Саам сатыы
Насыыла приехал,
Дьыала бэдээ
Успанник писал,
Күбүрүнээтэр подписал.
Дүө-даа,
Түҥ-таҥ,
Оллур-боллур,
Эдьэҥ-хоодьоҥ,
Үҥкүүлээхтээн,
Эри-буру
Дайбаахайдаан,
Эгэй-доҕой
Ыллаамахтаан,
Холбоон-илбээн
Хоһоонноохтоон,
Аалай-чаалай
Таҥнаахыйдаан,
Киҥкир-хаҥкыр
Саҥараахыйдаан,
Элэҥ-сэлэҥ
Илдьэстээх,
Мунньан-тараан
Муруннаах,
Сүүрэн-көтөн
Сүүстээх,
Хааман-сиимэн
Харахтаах,
Сатаан-симээн сарыннаах,
Хабах бас,
Харчы сото,
Кыл күөмэй,
Кыа сыалыйа
Кыпчыгыр Ыстапаан,
Кылыыһыт Сүөдэр,
Чабычаҕынан Дьарааһын,
Мэмэһээнинэн Миитэрэй,
Холлоҕоһунан Кууһума,
Ордунгун хостуон,
Эбиитин этиэн,
Даары дархан
Дабыкы доҕолоҥ.
Хоҥ-хоҥ,
Хомугу-дьимики,
Көкөтүн көкө быраан,
Муччутун луччу булаҕай,
Эриэккэһэ итинник,
Эбиитэ маннык.
Ымай ыллаа,
Күлүм кундээр,
Көрүүй-истиий,
Сытыы чаҕыл,
Оргуй-чоргуй,
Ньиргиэн-дирбиэн тыаһын
Ууһун сыбар сыһыар.
Сытыы сылбын
Кыыһын туойууй,
Уйгу дуораан
Уолун хоһуй,
Омоон-томоон,
Онон-манан,
Эримэ-дьиримэ,
Элэкэт-чэрэкэт.
Куспун-хааспын,
Хатыйа-бутуйа,
Маҥан хопто хотуой
Аатыгар алгыс,
Дуомугар тойук,
Биһирэммэт кэпсээн,
Устунан-кэстинэн,
Ураанай кэрээнэй,
Сордоҥ ойуулаах сотото
Бэйбэс хатан битийдин.
Хараҕа эриэн
Эрэсиэн-тэрэсиэн,
Бэһиэлэйгэ эрэ кэпсэл,
Күлүүгэ эрэ көрдөрүү,
Даралыс ханчаа,
Алаҕана бэргэн,
Ааттаах ойбон,
Аата тойук буоллунууй,
Сөмөөр иккис саап сарай,
Лөҥкүр иккис күндээрэй,
Саха баһа сабарай,
Эмньик кулун
Эмэкэт саахымат,
Биэс атах
Бэрэҕинэ-сараҕына,
Талыы талба
Онуо дэгэрэҥ,
Эһэгээ дэгдэс,
Төбөтө өрүкүс,
Хаадьы харгыс,
Доҕулдьуйа дохсун
Дорбос удаҕан,
Чуо-чуо чолбон,
Чоҕурҕана бэргэн,
Эримэх тый эмэҕэс,
Дьыраа хоҥку батыйа,
Хаппыт өттүк харыйа,
Биитэ маҥан,
Хайа, доҕоор,
Кыптыый буута,
Кыталык түөһэ,
Кыдама төрдө,
Чабычах алаадьы,
Ыаҕас ымдаан,
Уон булас от

Обновлено: 13.03.2024 — 09:17

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован.