ДЬИЭ КЭРГЭН

Назад

ДЬИЭ КЭРГЭН

Дьиэ кэргэн ийэттэн, аҕаттан

Улахан тутулуктаах, олохтоох,

Ийэ иһирэх тылынан

Иитэн таһаарар кыыс оҕону,

Дьиэ араас түбүгүн

Барытын сатыырга уһуйар.

Аҕа амарах сыһыанынан

Уол кутун бэйэтигэр тардар,

Уол оҕотун араас идэҕэ,

Араас мындыр оҥоһууга

Иитэн-такайан таһаарар.

Дьиэ кэргэн иитиитэ

Үлэҕэ, үөрэххэ ананар,

Сүбэтэ-амата, баҕата

Барҕара сайдарга уһуйар.

Ийэ истиҥ санаата

Төрөппүт оҕоҕо хатанар,

Аҕа алгыстаах баҕата

Айар үлэҕэ арыаллыыр.

Төрөппүт оҕолор,

Төһө да элбэх буоллуннар

Эйэлээх кэргэҥҥэ иитиллэн

Элбэҕи, кэрэни ылынан

Ыал түһүн салгыыллар,

Ийэни, аҕаны үөрдэллэр.

*****

ДЬИЭ КЭРГЭН СЫЛЫГАР

Дьиэ кэргэн сылыгар ананар

Бу ырыам алгыстаах тыллара,

Үтүөнү-кэрэни кэрэхсиир

Мин дууһам тардыстар баҕата.

Ийэттэн-аҕаттан илгийэр

Чөл олох эрэллээх сылааһа,

Чэгиэн бу олохпут тутуллар

Иитиигэ, үлэҕэ тирэнэ.

Төрөөбүт мин дойдум ньууругар

Үтүө ыал ахсаана элбээтин,

Оччоҕо дойдубут күүһүрэн

Чэчирии сайдыаҕа-үүнүөҕэ.

Бар дьонум баҕатын толорон

Бастыҥ ыал кэккэтэ хаҥаатын,

Сахабыт сиригэр тэнийэн

Үгүһү үтүөҕэ угуйдун.

         *****

ДЬИЭ КЭРГЭН

Дьиэ кэргэн –

Дьэ кэрэ өйдөбүл,

Дьиэ кэргэн-

Дьиҥнээх олох төрдө.

Оҕо уйата, биһигэ,

Оҕо дьоло, сайдар суола

Олук уран, улаатан

Олох суолун тобулар.

Ийэ-аҕа буолуу дьоло-

Дьиэ киэргэлэ кыргыттар,

Аҕа дьоло-уолаттар,

Көмө-күүс хотойдор.

Омук дойдутун үөрэҕин

Омуннаахтык  ордорон,

Оруннаахтык оҥостон

Олус бэркэ үөрэниллэр.

Уолаттар улааттылар,

Кийииттэри киллэрдилэр,

Дьиэҕэ уруу дьиэрэйдэ,

Доҕор-атас дэлэйдэ.

Кыталыктыы киэргэйэ

Кыргыттарбыт ситтилэр,

Сүктэ ыраах бардылар

Сэниэ ыалы ситэрэ.

Дьон-норуот сүппэт

Сүдү төлкөтө-

Дьиэ кэргэн үйэлэргэ

Туллубат тутааҕа.

Дьиэ кэргэн-мин дурдам.

Дьиэ кэргэн – мин дьолум,

Дьиэ кэргэн сайда тур,

Саогылан үйэ-саас тухары.

         *****

ДЬИЭ КЭРГЭНИҤ-ЭН ДЬОЛУҤ

СветланаИванова-Намыына тыллара

Константин Васильев матыыба

Эн ханнык да түгэҥнэр

Үөрүүгэр-хомолтоҕор,

Өйдүүр-саныыр эйиигин

Чугас, истиҥ дьонноруҥ.

Хос ырыата:

Дьиэ кэргэниҥ – эн дьонуҥ,

Дьиэ кэргэниҥ – эн дьолуҥ!

Олоххор эн эрэлиҥ

Сирдьит буолар сулуһуҥ!

Сүбэ-ама тыллары

Аныахтара кинилэр,

Өрүү өйөбүл буолан,

Ситиһиигэ угуйан.

Хос ырыата:

Сайаҕас  сыһыанынан

Санааларгын сааһылаан,

Сылааһынан угуттаан,

Үөрүү-көтүү кынаттаан.

         *****

ОҔО МИЧЭЭРЭ

Иван Мигалкин

Оҕо мичээрэ, оҕо үөрүүтэ

Уйаннык дууһаҕа киириитэ,

Оҕо ыраас, оҕо хатан күлүүтэ,

Сүрэҕи сайа тыыныыта –

Туналыйар куба ырыата,

Дьоллоох олохпут бэлиэтэ.

Оҕо ийэтигэр сылаас тыла,

Оҕо аҕатыгар истиҥ сыһыана,

Төрөөбүт алааһыгар таптала,

Үөрэммит оскуолатыгар махтала –

Туналыйар куба ырыата,

Дьоллоох олохпут  бэлиэтэ.

Оҕо кырдьыксыт буола улаатыыта,

Үлэҕэ үлүһүйэн үөрэниитэ,

Уол оҕо Ньургун бэрдэ буолуута,

Кыыс оҕо Куо-кэрэҕэ тупсуута-

Туналыйар куба ырыата,

Дьоллоох олохпут бэлиэтэ.

// И. Мигалкин Сүрэҕим кистэлэҥэ: хоһооннор. Улахан саастаах оҕолорго.-Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1992.-С. 28-29

*****

ДЬИЭ КЭРГЭН КҮНҮГЭР

Мария Мохначевская тыллара

Фатима Иванова матыыба

Дьиэ кэргэн тутуллар тутааҕа

Туһааннаах буоллун дуу аҕаҕа,

Дьиэ иһин иэримэ илгэтин

Тупсаран тутуохтун ийэҕит.

Хос ырыата:

Дьиэ кэргэн күнүгэр анааммын,

Бар дьоммор мин иэйэн тураммын,

Баҕарыамэһиэхэ сүбэнэн,

Дьоллоохтук олоруҥ, эйэнэн.

Олоххут уу чуумпу буолбатын,

Оҕо, сиэн саҥата чугдаардын,

Эйэҕэс эһээлээх, эбээҕит

Туһалаах буоллун дуу, сүбэҕит.

Хос ырыата:

Дьоллонуҥ күннээҕи түбүктэн

Дьиэ кэргэн киэһэтин көрсүһэн,

Сандалы тулалыы кэпсэтиҥ,

Сонуну, санааны үллэстиҥ.

Хос ырыата:

Асвтаммыт ас сыта дьиэҕитин

Тунуйдун ьоьорор үөрүүнэн,

Алгыстаах санаанан сиэттиһэн,

Тапталы, эйэни иитиэхпит.

         *****

ДЬИЭ КЭРГЭН – ТУСКУ ДЬОЛО

Өҥ ардах-быйаҥ төрдө,

Дьиэ кэргэн-Ийэ сир тирэҕэ.

Торүт киһи ыччата

Төрдүн-ууһун утумнуур.

Ийэтин үүтүн эмсэхтэнэн

Дьоһун-үтүө киһи буолар.

Дойду көхтөөх олоҕор

Кылаат охсон кыттыһар.

Бөтүөн тимир силбэһигэ

Холбоһоннор чиҥииллэр.

Оттон иллээх дьиэ кэргэн

Түмсэн күүһү холбууллар.

Көхтөөх үлэ күүрүүтэ

Холбоһууттан күлүмнүүр.

Дьоллоох олох хаамыыта

Дьоһун олоҕу тускулуур.

Чөл олох, күүстээх үлэ-

Олох сүрүн айылгыта.

Мэҥэ былаан туолуута-

Дьиэ кэргэн туску дьоло.

Обновлено: 10.10.2024 — 03:43

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован.