ЭРИЭППЭ. Нуучча остуоруйата

ЭРИЭППЭ. (Нуучча остуоруйата)

Назад

Тѳрѳппүт оҕотугар ааҕарыгар

Арай биирдэ оҕонньор эриэппэ олордубут. Онто улахан да улахан буола үүммүт. Оҕонньор эриэппэтин хостоору тарпыт да тарпыт – кыайан тура тарпатах.

Оҕонньор эмээхсинин ыҥырбыт. Эмээхсин оҕонньортон, оҕонньор эриэппэттэн ылан баран тарпыттар да тарпыттар – кыайан туура тарпатахтар.

  Эмээхсин сиэнин ыҥырбыт. Сиэн эмээхсинтэн, эмээхсин оҕонньортон, оҕонньор эриэппэттэн ылан баран тарпыттар да тарпыттар – кыайан туура тарпатахтар.

Сиэн ытын ыҥырбыт. Ыт сиэнтэн, сиэн эмээхсинтэн, эмээхсин оҕонньортон, оҕонньор эриэппэттэн ылан баран тарпыттар да тарпыттар – кыайан туура тарпатахтар.

Ыт куосканы ыҥырбыт. Куоска ыттан, ыт сиэнтэн, сиэн эмээхсинтэн, эмээхсин оҕонньортон, оҕонньор эриэппэттэн ылан баран тарпыттар да тарпыттар – кыайан туура тарпатахтар.

Куоска кутуйаҕы ыҥырбыт. Кутуйах куоскаттан, куоска ыттан, ыт сиэнтэн, сиэн эмээхсинтэн, эмээхсин оҕонньортон, оҕонньор эриэппэттэн ылан баран тарпыттар да тарпыттар – дьэ туура тардан ылбыттар!

Тутуллубут литература:

// Кэскил: Сборник для детей дошкольного возраста /Составители: А.А. Егорова, М.П. Захарова.-2-е изд., дополненное, переработанное.-Дьокуускай:Бичик, 2002.-С.4

Обновлено: 18.10.2025 — 08:39

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован.