Никифор Кирикович -Дьүөгэ Седалищев Ааныстыырап
(1913-1944)
1939 сылтан ССРС Суруйааччыларын союhун чилиэнэ, биллиилээх прозаик. Никифор Кирикович 1913 сыллаахха тохсунньу 29 күнүгэр Үөhээ Бүлүү оройуонун Кэнтик нэhилиэгэр төрөөбүтэ. 1931 с. Бүлүүтээҕи педагогическай техникумҥа үөрэнэ киирбит. Бу үөрэнэ сылдьар кэмигэр сир түҥэтиитигэр уонна нэһилиэгэр бастакы тыа хаһаайыстыбатын артыалын тэрийиитигэр кыттар. Доруобуйата мөлтөөн үөрэҕин икки куурсун бүтэрбитэ. 1934-1936 сс Бүлүү уонна үөһээ улүү оскуолаларыгар саха тылын уонна литературатын үөрэтэр. 1936 с. Нам оройуонун үөрэҕин кэмитиэтигэр пионердар отделларын сэбиэдиссэйинэн ананар. 1938-1941 сс. –«Бэлэм буол» өрөспүүбүлүкэ хаһыатын сэкирэтээрэ, онтон эппиэттээх эрэдээктэрэ.
Төрөөбүт нэhилиэгэр бастакы колхоhу тэрийбитэ, биир кэмҥэ колхоз бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлээбитэ. Үүнэн-сайдан испитэ. 1937 сылтан айымньылара бэчээттэнэн барбыттара.
1941 сыллаахха армияҕа ыҥырыллыбыта. Младшай комсостав үөрэҕин бүтэрээт, Калинин уонна Ленинград куораттар туhаайыыларыгар буолбут хабыр хапсыhыыларга киирсэн, бойобуой сүрэхтэниини ылбыт. Үстэ бааһырбыт. 1944 сыл олунньутуттан дьонугар суруга кэлбэт буолбут. Онтон ыла сураҕа суох сүппүттэр кэккэлэригэр киирбитэ.
Кини кэпсээннэри суруйуу маастара этэ. Нуучча суруйааччыларын
айымньыларын талааннаахтык тылбаастаабыта.О5олорго аналлаах айымньылара саха литературатыгар улахан миэстэни ылаллар. Айдарыылаах бэйиэт, драматург уонна уочаркаһыт быһыытынан эмиэ биллэр («В советской школе», «Счастливое детство». «Кчебный день» уо.д.а). Тылбаастара эмиэ улахан суолталаахтар: Всеволожскай «И.Е. Маршал эдэр сааһа»: Драма, 1939; Павленко П.А. «На Востоке» (Границатаа5ы сэриилэһии: Роман 2 баһын IV чааһа); Салтыков-Щедрин М.Е. «Мавруша-Новоторка», 1939.
Сэрии туһунан сүрүн айымньылара, кинигэлэрэ:
- Мааны киһи. Кэпсээн, 1940 с.
- Маай кэлиитэ. Кэпсээн, 1940 с.
Никифор Кирикович Седалищев Ньургуһун уонна Лоокут (Былыргы олохтон норуот сэһэнэ //Сэриигэ сылдьан: орто уонна улахан саастаах о5олорго /[хомуйан оҥордулар:У.М. Флегонтова…].-Дьокуускай : Бичик, 2014.-С.127-148;
Никифор Кирикович Седалищев- Дьүөгэ Ааныстыырап //А.А. Николаев-Сиэн Чохчо Үйэлэри уҥуордуур сырдык мөссүөннэр.-Дьокуускай: Дани-Алмас, 2015.- С.42-43
Буойун суруйааччылар 1941-1945 /хомуйан оҥордо: С.Ф. Константинова.-Дьокуускай: Бичик, 2020.-50 с.