ОСКУОЛАҔА АТААРЫЫ

Назад

ИИТЭЭЧЧИГЭ

Егорова А.М.

Бу манна мин кэлэрбэр

Бып-быыкаайык этим дии…

Саҥа хаамар, саҥарар

Кыра киһи этим дии…

Уһуйааҥҥа аһатаргыт,

Уһуйааҥҥа утутаргыт,

Үчүгэйгэ үөрэтэргит,

Билии кыымын уматаргыт.

Иккис ийэ буолаҥҥыт

Иһирэхтик ииттигит,

Иллээх, эйэлээх буолуҥ диэн

Иэйэн-куойан эттигит.

Истиҥ-итии сыһыаҥҥытын

Иҥэринэн улааттым,

Инники мин сайдыыбар

Үтүө кылаат ууруннум.

Итэҕэйиҥ! Үтүөҕүтүн

Умнуом суоҕум хаһан да.

Ииппит-көрбүт сыраҕытын

Тэпсиэм суоҕум хаһан да.

Оскуолаҕа кыһалламмын

Үөрэ-көтө үөрэниэм,

Үчүгэйдик үөрэппиттэр

Маладьыастар – дэттэриэм!

*****

АСЧЫККА

Сарсыарда тураат да

Детсадпар ыксыыбын,      

Арыылаах килиэппин,

Хааһыбын саныыбын.

Күнүьүн эбиэккэ

Миин торуой мотуйуом,

Элбэҕи аһааммын

Олуһун диэн тотуом.

Детсадка асчыттар

Барытын сатыыллар,

Оҕобут тоттун диэн

Араас ас астыыллар.

Бу маннык аһааммын

Мин олус улааттым,

Кырачаан бэйэккэм

Түргэнник уһаатым.

Оо тоҕо асчыттапр

Детсадка хаалаҕыт?

Үөрэнэр кыһаҕа

Барсыбат буолаҕыт?

Күндүлүүр, маанылыыр

Күҥҥүтүн суохтуохпут,

Минньигэс, тотоойу

Аскытын ахтыахпыт.

*****

ЭМЧИККЭ

Уһуйааҥҥа оҕолору

Киммит кэлэн көрөрүй?

Чэгиэн-чэбдик буолуҥ диэн

Сэрээккэлээн сүүрдэрий?

Эрэллээх эйэҕэс эмчиппит

Лариса Васильевна.

Күнүн аайы кырачааҥҥа

Ким битэмиин биэрэрий?

Ыалдьыбатын отой диэн

Тула-көтө сылдьарый?

Эрэллээх эйэҕэс эмчиппит

Лариса Васильевна.

Оҕутахха, бааһырдахха

Киммит кэлэн быыһыырый?

Сымнаҕастык тутан-хабан

Зелёнканан биһэрий?

Эрэллээх эйэҕэс эмчиппит

Лариса Васильевна.

Эмтээн-томтоон кэлбиккэр

Эйиэхэҕэ махтанабыт,

Эрэллээх эйэ5эс эмчиккэ

Эҕэрдэ үтүөтүн этэбит.

*****

ПРАЧКАҔА

Куба түүтэ муус-маҥан

Сотторбун мин ылабын,

Саҥа хаардыы муус-маҥан

Таҥаска мин сытабын.

Олуһун да кыһаллан

Таҥаспытын сууйаллар,

Өтүүктээннэр аҕалан

Утуйарбар уураллар.

Сымнаҕас-сылаас илиилэр

Сынньанары билбэттэр,

Сууйан, сотон, өтүүктээн

Сылайдыбыт диэбэттэр.

Махтанабыт эһиэхэ

Маҥан таҥас аанньаллара,

Мэлдьи бүппэт үлэлээх

Дьыссаат мааны Далбардара.

*****

ИИТЭЭЧЧИ КӨМӨЛӨҺӨӨЧЧҮТҮГЭР

Саҥа хааман тойтойор,

Саҥа сүүрэн тоотойор,

Саҥа кэпсээн чорбойор,

Билэн-көрөн чөрөйөр,

Кып-кырачаан оҕолор

Уһуйааҥҥа кэлбиппит,

Ийэлэртэн хаалымаары

Ытаан-соҥоон биэрбиппит.

Саатар сатаан саҥарбаппыт,

Кыайан тутан аһаабаппыт,

Былдьаһарбыт, ытаһарбыт,

Кыыһыраммыт ытырсарбыт.

Олорон да ылбакка

Биһигини бүөбэйдиириҥ,

Күн иллэҥи билбэккэ

Кыһаллаҥҥын үлэлиириҥ.

Хас иһити сууйбуккунуй?

Хаста горшок тохпуккунуй?

Бээрэ, билбэт эбиппит,

Ааҕан сиппэт эбиппит.

Эн сүүрэҥҥин-көтөҥҥүн

Олуһун диэн улааттыбыт,

Сэттэбитин туоламмыт

Уһуйаантан таҕыстыбыт.

Күндү-мааны киһибит

Эйигин олус ахтыахпыт,

Бэрийэргин суохтааммыт

Төннөн кэлэ сатыахпыт.

            *****

ЫРЫА, ҮҤКҮҮ, УРУҺУЙ САЛАЙААЧЧЫЛАРЫГАР       

Ойо-тэбэ үҥкүүлүүрү

Олус-олус таптыыбыт,

Киэҥ саалаҕа күлэ-үөрэ

Сөбүлээммит ыллыыбыт.

Ыраас лиискэ эриэккэс

Уруһуйу түһэрэбит,

Кустук сэттэ өҥүнэн

Кырааскалаан тупсарабыт.

Маннык кэрэ эйгэҕэ

Биһигини киллэрэҕит,

Олоххутун киэргэтиҥ диэн

Үөрэтэҕит, эрчийэҕит.

Аата, отчество

Аата, отчество

Үҥкүүлэтэн, ыллатан

Оҕолору үөрдэ сылдьыҥ,

Уруһуйга үөрэтэн

Кэрэ көстүү элбэтиҥ.

            *****

ЫРЫА, ҮҤКҮҮ, УРУҺУЙ САЛАЙААЧЧЫЛАРЫГАР       

Ойо-тэбэ үҥкүүлүүрү

Олус-олус таптыыбыт,

Киэҥ саалаҕа күлэ-үөрэ

Сөбүлээммит ыллыбыт.

Ыраас лиискэ эриэккэс

Уруһуйу түһэрэбит,

Кустук сэттэ өҥүнэн

Кырааскалаан тупсарабыт.

Маннык кэрэ эйгэҕэ

Биһигини киллэрэҕит,

Олоххутун киэргэтиҥ диэн

Үөрэтэҕит, эрчийэҕит.

Аата, отчество

Аата, отчество

Үҥкүүлэтэн, ыллатан

Оҕолору үөрдэ сылдьыҥ,

УруЬуйга үөрэтэн

Кэрэ көстүү элбэтиҥ.

              *****

     ЗАВХОЗКА

Билэҕиэт, оҕолоор

Дьыссаат – туспа государство,

Дьиэбит, тиэргэн, оонньуур сир,

Сүүрэр-көтөр хонуу-сир.

Бүгүн тугу аһатабыт?

Сарсын тугу буһарабыт?

Битэмииннээх аһы талыах,

Кэмпиэт, фрукта баран ылыах.

Араас аһы аҕалар,

Дьиэ-уот көрөр, дьаһайар,

Алдьаммыты оҥорор

Бүттэҕинэ – толорор…

Түбүктээх хаһаайыстыба

Бу завхозпут үлэтэ,

Суоттуур, ааҕар, суруйар,

Булар-талар идэтэ.

Мааны аска, бастыҥ дьиэҕэ

Биһиги улаатабыт,

Кыһамньылаах үлэҥ иһин

Барҕа махтал этэбит.

            *****

    

Обновлено: 14.09.2023 — 03:35

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован.