Саввин Степан Афанасьевич

Степан Афанасьевич Саввин -Күн Дьирибинэ

(1903-1970)

Поэт, тылбаасчыт, сатирик, үгэhит, гражданскай уонна Aҕa дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, 1943 сылтан ССРС Суруйааччыларын союhун чилиэнэ.

1903 с. ахсынньы 24 күнүгэр Боотур үус (билиҥҥинэн Чурапчы) улууhугар  Болтоҥоҕо төрөөбүт. Чурапчсы түөрт кылаастаах оскуолатын бүтэрбит. 1919-1920 сс.  Волревкомҥа үлэлээбит. Ол кэнниттэн Дьокуускайда5ы педтехникумҥа киирэн үөрэнэн испитэ. Ол саҕана Гражданскай сэрии күөдьүйэн, ЧОН этэрээтигэр байыас буолан, 1922 с. Тулагы Киллэмҥэ сэриилэспит. 1923 с. Амматаа5ы кыргыһыыга кыттыбыт. 1924-1929 сылларга Дьокуускайдааҕы педтехникуму үөрэнэн бүтэрэн баран, ГПУ НКВД уорганнарыгар үлэлээбит. Суруйар үлэтин 1925 с. үгэһит, сатирик уонна фельетонист быһыытынан саҕалаабыт.

1933 сыллаахха Москватааҕы Коммунистическай университеты бүтэрээт, «Кыым» хаһыат редакторынан анаммыта. 1938 с. эрэпириэссийэ5э түбэһэр. 1939 с. кинигэ кыһатыгар тылбаасчыттаабыта, эрэдээктэрдээбитэ. Кини тылбааьынан А. Твардовскай «Василий Тёркина» ситэриллибитэ, М. Горькай «Ийэ», В. Ажаев  «Москваттан ыраах» романнар саха аа5ааччыларыгар тиийбиттэрэ.

1942 сыл сааһыгар Степан Афанасьевич Кыhыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыта, 1942 сыллаахха атырдьах ыйыгар Сталинградскай фроҥҥа тиийэн десантнай ротаҕа 56 №-дээх танковай биригээдэ хорсун автоматчигынан сылдьыбыта. Сталинград оборонатыгар атаҕар бааhырбыта уонна улаханнык дөйбүтэ. Госпитальга эмтэнэн үтүөрэн тахсаат, Сталинграды босхолоспута. Украина сиринэн Донбасска диэри сэриилэспитэ, Майнштейн танковай корпуhун кытары күөн көрсүhүүгэ кыттан, уопсайа 1210 хонук устата уот холорук ортотугар сылдьан тыыннаах орпута. 1945 сыллаахха армияттан Саха сиригэр кэлбитэ. Саха сиринээҕи кинигэ издательствотыгар редакторынан, олоҕун тиhэх сылларыгар «Хотугу сулус» сурунаал сотруднигынан үлэлээбитэ. Кини тылбааhынан А.Т. Твардовскай «Василий Теркина» ситэриллибитэ, М. Горькай «Ийэ», В. Ажаев «Москваттан ыраах» романнар саха ааҕааччыларыгар тиийбиттэрэ. Ийэ дойдутугар, бар дьонун иннигэр оҥорбут үтүөлэрин иhин кини Ленин, «Бочуот Знага» уонна бойобуой Албан аат уордьаннарынан уонна мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.

Сэрии туһунан сүрүн айымньылара, кинигэлэрэ:

  •  Бэркэ таптыыр биэбэккэбэр, биэстэ эстэр бинтиэпкэбэр. Хоһоон, 1929 с.

1.Күн Дьирибинэ фронтан суруга //Кыайыы: Саха фронтовик суруйааччыларын хоһоонноро, кэпсээннэрэ /В.С. Артемьев уруһуйа.-Дьокуускай: Кинигэ изд-вота, 1985.-С.43

2.С.А. Саввин Бэркэ таптыыр биэбэккэбэр, биэстэ эстэр бинтиэпкэбэр: Хоһоон //Сэриигэ сылдьан: орто уонна улахан саастаах о5олорго /[хомуйан оҥордулар:У.М. Флегонтова…].-Дьокуускай : Бичик, 2014.-С.123-126;

3.Степан Афанасьевич Саввин- Күн Дьирибинэ //А.А. Николаев-Сиэн Чохчо Үйэлэри уҥуордуур сырдык мөссүөннэр.-Дьокуускай: Дани-Алмас, 2015.- С.47;

4. Буойун суруйааччылар 1941-1945 /хомуйан оҥордо: С.Ф. Константинова.-Дьокуускай: Бичик, 2020.-50 с.

Обновлено: 05.05.2022 — 09:02

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован.