75 лет Победы (1941-1945 гг.)

САХА СИРИН БУОЙУННАРА

УОТ СЭРИИ КЭПСЭТЭР ТЫЫНЫНАН  https://e.nlrs.ru/online/4948

Степан Иванович Тимофеев
(1921-2012)

Поэт, тылбаасчыт 1964 сылтан ССРС, билҥҥинэн Россия Суруйааччыларын
союhун чилиэнэ, Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэhитэ Мэҥэ Хаҥалас улууhугар тохсунньу 7 күнүгэр 1921 сыллаахха төрөөбүтэ.

Дьокуускайдааҕы культурнай-сырдатар оскуоланы бүтэрбит эдэркээн Степан
Тимофеев Ленинград куораттааҕы театральнай институкка салгыы үөрэнэ
барбыта. 1940 сыллаахха Кыhыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыта. Сэрии саҕаланыаҕыттан Ленинград таһыгар Карелия билиитигэр өстөөхтүүн кыргыспыта. «Ленинграды обороналааhын иhин» мэтээллээх уонна Aҕa дойду Улуу сэриитин уордьанынан бойобуой сырыылара бэлиэтэммиттэрэ. Фронтовик, биллиилээх поэт Степан Иванович 1946 сыллаахха сэрииттэн эргиллэн кэлбитэ. Биэнсийэҕэ тахсыар диэри өр кэмҥэ Саха сиринээҕи кинигэ издательствотыгар бастаан корректорынан, кэлин отделлар редактордарынан үлэлээбитэ.

Никифор Кирикович Седалищев-Дьүөгэ Ааныстыырап (1913-1944)

1939 сылтан ССРС Суруйааччыларын союhун чилиэнэ, биллиилээх прозаик
Никифор Кирикович 1913 сыллаахха Үөhээ Бүлүү оройуонун Кэнтик нэhилиэгэр
төрөөбүтэ. Бүлүүтээҕи педагогическай техникум икки куурсун бутэрбитэ. Тереебут
нэhилиэгэр бастакы колхоhу тэрийбитэ, биир кэмҥэ колхоз бэрэссэдээтэлинэн
талыллан үлэлээбитэ. 1938 сыллаахха «Бэлэм буол» хаһыат эппиэттиир
секретарынан, онтон редакторынан анаммыта. Үүнэн-сайдан испитэ. 1937
сылтан айымньылара бэчээттэнэн барбыттара.

1941 сыллаахха армияҕа ыҥырыллыбыта. Младшай комсостав үөрэҕин бү-
тэрээт, Калинин уонна Ленинград куораттар туhаайыыларыгар буолбут хабыр
хапсыhыыларга киирсэн, бойобуой сүрэхтэниини ылбыта. 1944 сыл олунньутуттан
дьонугар суруга кэлбэт буолбута. Онтон ыла сураҕа суох сүппүттэр кэккэлэригэр
киирбитэ. Кини кэпсээннэри суруйуу маастара этэ. Нуучча суруйааччыларын
айымньыларын талааннаахтык тылбаастаабыта.

Макар Иванович Кузьмин-Макар Хара
(1915-1981)

Поэт, тылбаасчыт Макар Иванович Кузьмин-Макар Хара Таатта улууhугар төрөөбүтэ. 1932 сыллаахха республика рабочай селькордарын I конфе-ренцияларыгар бастыҥ үлэлээх журналист быhыытынан кыттыбыта. Ити хайысха кинини олох аартыгар таhаарбыта. 1938-1939 сылларга Саха сирин Суруйааччыларын союhун тэрийэр бюротун секретара этэ. Уон сылтан ордук кэмҥэ «Кыым» хаһыат отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. Макар Иванович 1941 сыллаахха атырдьах ыйыгар армияҕа ыҥырыллыбыта. Ленинградскай, I Белорусскай, I Прибалтийскай фроннарга хорсуннук сэриилэспитэ. Кыhыл сулус уордьанынан уонна «Бойобуой үтүөлэрин иhин» мэтээллэринэн наҕараадапаммыта. Лейтенант званиелаах 1945 сыллаахха ахсынньыга дойдутугар кэлбитэ. Кини бастакы хомуурунньуга 1937 сыллаахха тахсыбыта. Фронтан хоһооннорун ыытара. Элбэх биллиилээх суруйааччылар,
поэттар айымньыларын сахалыы тылга тылбаастаабыта. Кини хоһоонноругар суруллубут 30-тан тахса ырыаны Саха сирин былаhын тухары билигин даҕаны ыллыыллар. Кэлэр көлүөнэлэргэ 1О кинигэнэн баай ис хоһоонноох поэтическай нэhилиэстибэтин хаалларбыта.

Тимофей Егорович Сметанин
(1919-1947 сс.)

Тимофей Егорович Кэбээйи оройуонун Тыайа нэhилиэгэр төрөөбүтэ. 1940 сыллаахха Дьокуускайдааҕы потребкооперация техникумун бүтэрбитэ. Армияҕа 1942 сыллаахха ыҥырыллан, 284 минометнай полкаҕа сулууспалаабыта. Хабыр кыргыhыыларга киирсибитэ.

Бойобуой сорудахтары толорууга «Хорсунун иhин» уонна «Бойобуой үтүөлэрин иhин» мэтээллэринэн наҕараадаламмыта. Сэриигэ ыараханнык бааhыран, эргиллэн кэлбитэ. Фронтовик-суруйааччы 1946 сыллаахха ССРС Суруйааччыларын союhун чилиэнинэн ылыллыбыта. Дьокуускайдааҕы педагогическай институт устудьуона этэ. Олоҕун тиhэх сылларыгар, билиҥҥинэн
Хаҥалас улууhугар, Покровскайга оройуон хаһыатын редакциятыгар үлэлээбитэ.

1938 сылтан биллэр-көстөр айымньыларын суруйбут поэт, прозаик, драматург, публицист Тимофей Егорович бары суруйууларын дьон-сэргэ таптаан, сөбүлээн ааҕар. Ол кэрэhитинэн кини тыыннаах бэйэтэ суох буолбутун да кэннэ, айымньыларын кинигэлэрэ хас да төгүллээн тахсыбыттара буолар. Тимофей Егорович сэрииттэн ылбыт бааhа аhыллан, баара-суоҕа 28 эрэ сааһыгар, 1947 сыл атырдьах ыйын 4 күнүгэр олохтон туораабыта. Кини хаалларбыт баай
литературнай нэhилиэстибэтэ yhyн үйэлэннэ.

Т. Е.Сметанин виртуальнай кинигэлэрин аах

  1.  САЛЛААТ СҮРЭҔЭ.-Якутскай:  САССР государственнай изд-вота,  1945.- 62 с.   https://e.nlrs.ru/online/12566
  2. КУОСКА ОЛОҤХОТО. Начаалынай оскуолаҕа үөрэнээччилэргэ. – САССР Госиздата, Якутскай к., 1946. . https://e.nlrs.ru/open/12571
  3.  ТАЛЫЛЛЫБЫТ АЙЫМНЬЫЛАР/ Тимофей Сметанин ; [хомуйан оҥордо Софрон Данилов]. — Якутскай : САССР Госиздата, 1951. — 251 с.  https://e.nlrs.ru/online/29847
  4. ЛООКУТ УОННА НЬУРГУҺУН : (Лирич. драма в 4 д., 8-ми карт) / М-во культуры ЯАССР, Таттинский народ. театр. — Якутск : Кн. изд-во, 1962. — 7 с.    https://e.nlrs.ru/online/12577
  5.  ТАЛЫЛЛЫБЫТ АЙЫМНЬЫЛАР / Тимофей Сметанин ; [хомуйан оҥордулар Софр. П. Данилов уонна П. Д. Аввакумов ; кылгас коммент. оҥордо П. Д. Аввакумов]. — Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1969. — 462, [2] с. https://e.nlrs.ru/online/12570
  6. Копырин, Николай Захарович Тимофей Сметанин (олоҕо уонна айымньыта) / АН СССР. Якут. филиал Сиб. отд-ния. Ин-т языка, литературы и истории. — Якутск : Кинигэ изд- вота, 1976. — 128 с. https://e.nlrs.ru/online/30802
  7. КӨРСҮҺҮӨХПУТ: КЭПСЭЭННЭР, СЭҺЭННЭР / П.Аввакумов хомуйда, Н.Е.Федулова уруһуйдара. – Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1979. – 176 с. https://e.nlrs.ru/online/12572
  8. КҮӨРЭГЭЙ. – Саха сиринээҕи кинигэ издательствота, Якутскай к., 1984.. https://e.nlrs.ru/open/12573
  9. ЕГОР ЧЭЭРИН: Сэһэн улахан уонна орто саастаах оскуола оҕолоругар / Е.М. уруһуйа.-Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1985.-56 с. https://drive.google.com/file/d/14XdjLVFDiwOr5DpfZKc96jtSUFx-PpTD/view
  10. МЭХЭЭЛЭЧЭЭН БУЛЧУТ КЭПСЭЭННЭРЭ. – Саха сиринээҕи кинигэ издательствота, Якутскай к., 1986. https://e.nlrs.ru/open/10730 https://drive.google.com/file/d/1fzdMerBg2UXE7drmgaprGP-gG4wuIIkN/view
  11. Икки томнаах айымньылар. 1 Т. /Художник И.Н. Жергин.  Дьокуускай : Бичик, 1999. – 208 с.  https://e.nlrs.ru/online/12647 https://drive.google.com/file/d/1zuSGYo8QTrBJVVTZuatNIzVN8VO1Xa-l/view
  12. ИККИ ТОМНААХ АЙЫМНЬЫЛАР. 2 Т.  / Хоһооннор, поэмалар, кэпсээннэр, драмалар /А.И. Аржаков хомуйан оҥордо, А.Д. Аввакумов аан тылы суруйда. – Дьокуускай: Бичик, 1999. – 208 с. https://e.nlrs.ru/open/12646 https://drive.google.com/file/d/1qjlKp7sL6ak63G5cyvx5hZB5yVPYXenA/view  
  13. КҮӨРЭГЭЙ. – НКИ «Бичик», Якутскай к., 2002.   https://drive.google.com/file/d/1xDfxXqjiDjMzDuJX-NRJ55-4-wD6SCpR/view https://e.nlrs.ru/open/1151
  14. АЙЫМНЬЫЛАР: КЭПСЭЭННЭР, СЭҺЭННЭР, ПЬЕСАЛАР, АХТЫЫЛАР / Тимофей Сметанин ; [хомуйан оҥордо Л. Н. Иванова]. — Дьокуускай : Бичик, 2015. — 526, [1] с.  https://e.nlrs.ru/open/12574
  15. СТИХИ, РАССКАЗЫ, РАССКАЗЫ, ПОВЕСТИ, СКАЗКИ, ПЬЕСЫ ДЛЯ ДЕТЕЙ / Т.Е.Сметанин : [МБУ «КУБ им.Т.Е. Сметанина»; литературный редактор Н.А.Лугинов]. – Якутск : Алаас, 2017. – 208 с.  https://drive.google.com/file/d/1HsXnH3fz0Mplo6a1juypFQTelwQRyxEv/view
  16. БОРОҤ КУОБАХ ҮӨРЭММИТЭ: остуоруйа : кыра кылаас оҕолоругар / Тимофей Сметанин ; [хомуйан оҥордо З. А. Егорова ; худож. М. О. Охлопкова]. — Дьокуускай : Бичик, 2009. — 15, [1] с.   https://e.nlrs.ru/open/12575
  17. СЭҺЭН. КЭПСЭЭННЭР: [орто саастаах оскуола оҕолоругар] / Тимофей Сметанин ; [хомуйан оҥордо М. В. Мигалкина ; киирии тыл авт. Сэмэн Тумат]. — Дьокуускай : Бичик, 2014. — 125, [2] с.  https://e.nlrs.ru/open/12576
  18. СМЕТАНИН ТИМОФЕЙ ЕГОРОВИЧ ТӨРӨӨБҮТЭ  75 СЫЛЫН ТУОЛУУТУГАР: [брошюра] / [хомуйан оҥордо Е.С. Ноговицына ; аан тыл авт. П. Аввакумов]. — Сангаар : [и. с.], 1994. — [17] с.https://e.nlrs.ru/online/31489
  19. Т.Е. СМЕТАНИН: АХТЫЫЛАР, ЫСТАТЫЙАЛАР. / [хомуйан оҥордо А.И.Аржаков] – Дьокуускай : Бичик, 2009. – 176 с.  https://drive.google.com/file/d/191Pv84GEygDBTZZlQ472tKRNaYMq_JOF/viewhttps://drive.google.com/file/d/191Pv84GEygDBTZZlQ472tKRNaYMq_JOF/view..

«ЕГОР ЧЭЭРИН» КИИНЭ

Фильм Дмитрия Кольцова по одноименной повести Тимофея Егоровича Сметанина к 75-летию Великой Победы

https://yandex.ru/video/preview?filmId=8216862357627789623&text=%D0%A4%D0%BE%D1%82%D0%BE%D0%B3%D1%80%D0%B0%D1%84%D0%B8%D1%8F%20%D1%80%D0%BE%D0%B4%D0%B8%D1%82%D0%B5%D0%BB%D0%B5%D0%B9%20%D0%A2%D0%B8%D0%BC%D0%BE%D1%84%D0%B5%D1%8F%20%D0%A1%D0%BC%D0%B5%D1%82%D0%B0%D0%BD%D0%B8%D0%BD%D0%B0&noreask=1&path=wizard&parent-reqid=1574131867552286-267637893650062013100129-man1-3554

Николай Дмитриевич Слепцов-Туобулаахап
(1912-1964 сс
.)

Николай Дмитриевич Чурапчы улууhун Бахсы нэhилиэгэр төрөөбүтэ. Мос-
кватааҕы А.В. Луначарскай аатынан актердар маастарыстыбаларын үрдэтэр
мастарыскыайга дьарыктаммыта. М. Горькай аатынан Литературнай институкка
үөрэммитэ. 1943 сылтан ССКП чилиэнэ, 1938 сылтан ССРС Суруйааччыларын
союhун чилиэнэ. Биллиилээх драматург, театр режиссера, Саха музыкальнай
драматическай театрыгар артыыстыы сылдьан, 1941 сыллаахха армияҕа ыҥы-
рыллыбыта. Лейтенант званиелааҕа. Сэриини 1945 сыллаахха Польшаҕа тү-
мүктээбитэ. Николай Дмитриевич 1964 сыллаахха тохсунньу 16 күнүгэр өлбүтэ.

Василий Сергеевич Соловьев-Болот Боотур
(1913-1993)

Кини Чурапчы улууhун Болтоҥотуттан төрүттээх. Василий Сергеевич поэт, прозаик, Саха Республикатын народнай суруйааччыта, Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэhитэ, Саха Республикатын П.А. Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэтин лауреата. 1966 сылтан ССРС Суруйааччыларын
союhун чилиэнэ, Россия суруйааччыта.

Василий Сергеевич 1933 сыллаахха үлэлиир ыччат киэһээҥҥи оскуолатын бүтэрбитэ уонна тута учууталынан үлэлээбитэ. Комсомольскай активист этэ. Оччоттон хоһоону суруйара, 1942 сыллаахха Кыhыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыта, Калининградскай, Ленинградскай уобаластары, Литваны,
Белоруссияны, Польшаны босхолооhун кырыктаах кыргыhыыларын ортотунан
ааспыта. Сэриини Берлиннэ түмүктээбитэ. Артиллерист быhыытынан хор-
суннук, сатабыллаахтык сэриилэспитэ. Албан аат I степеннээх, A5a дойду сэриитин II степеннээх уордьаннарынан, элбэх мэтээллэринэн бэлиэтэммитэ. 1945 сыллаахха сэрииттэн кэлээт учууталлаабыта. 1932 сылтан айымньылара бэчээттэнэллэр. «Сааскы дьыбардар» романа, «Уhуктуу» диэн роман трилогията нууччалыы тылбаастанан Россия литературоведтарын үрдүк сыанабылларын ылбыта, саха уус-уран литературатын бу айымньыларынан байыппыта. 1993
сыллаахха ыам ыйын 25 күнүгэр Дьокуускайга олорон, эмискэ ыалдьан, олохтон туораабыта.

Серафим Романович Кулачиков-Эллэй
(1904-1976)

Саха Республикатын народнай поэта, тылбаасчыт, публицист Таатта улууhун Чычымах нэhилиэгэр Мойуона диэн алааска төрөөбүтэ. 1928 сыллаахха Серафим Кулачиков журналистары бэлэмниир Москватааҕы государственнай институту
үөрэнэн бүтэрбитэ, ол кэннэ республика хаhыаттарыгар айымньылаахтык үлэлээбитэ. 1939 сыллаахха Саха сирин Суруйааччыларын союhун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлинэн быыбардаммыта, 1942 сыллаахха бэс ыйыгар Кыhыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыта. Кини аналлаах байыаннай үөрэҕи
ааһан, старшай сержант буолбута. 22-с армия састаабыгар киирэр туспа минометнай полк минометнай отделениетын наводчигынан Калининскай фроҥҥа сэриилэспитэ. Старай Руссаны босхолооһуҥҥа снаряд дэлби ыстаныытыттан улаханнык эмсэҕэлээбитэ уонна II группалаах инбэлиит буолан, 1944 сыл ахсынньытыгар дойдутугар нэhиилэ эргиллэн кэлбитэ. Өр кэмҥэ эмтэнэн-томтонон атаҕар турбута. Уонна дьон-сэргэ санаатын өрө күүрдэр, өстөөҕү абааhы көрөр, кыайыыга эрэли этэр хоhооннордоох саха поэттарыттан биир бастыҥнара буолбута.

Эллэй сүҥкэн айар үлэтэ Октябрьскай Революция, Үлэ Кыhыл Знамята, Норуоттар доҕордоһуулара, «Бочуот Знага» уордьаннарынан, мэтээллэринэн бэлиэтэммитэ. Серафим Романович 1976 сыллаахха ахсынньы 16 күнүгэр ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта.

Николай Иванович Степанов-Ноорой
(1897-1975)

Норуот ырыаһыта, олоҥхоһут Николай Иванович Мэҥэ Хаҥалас улууhун Хара нэhилиэгэр дьадаҥы бааhынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Ворошилов аатынан колхозка тимир yyha, 1937 сылтан стахановец. 1935 сыллаахха олоҥхо куруһуогун тэрийбитэ уонна республика хас да оройуонугар, Дьокуускайга Саха драмтеатрыгар «0ҕо улуу Ньургун», «Алаатыйар ала туйгун» диэн олоҥхолору туруорар, бэйэтэ сүрүн оруолларга оонньообута. Кини Саха сиригэр олоҥхону киэҥник тарҕаппыт бастакы киhинэн буолар. 1939 сылтан ССРС Суруйааччыларын
союhун чилиэнэ.

Н.И. Степанов Кыhыл Армияҕа 44 саастааҕар 42 сылга ыҥырыллан сэриигэ барбыта. Дьокуускайтан Өлүөнэ өpүhү өксөйөн Киров борохуотунан ый кэриҥэ устубуттара. Молотов куораттан Уралга, Свердловскайга илдьэллэр, онно илии пулеметчигын идэтин баһылыыр. Пулеметунан бэргэнник ытарга, таба туһанарга ситиһиилээхтик үөрэммитэ.

 1942 сыл сэтинньи ыйтан Н.И. Степанов өстөөхтөрү кытта харысхала суох
хорсуннук сэриилэспитэ. Онно биир кыргыһыыга өстөөх буулдьата уҥа өттүнэн
көхсүн хараҕынан дьөлө көтөн тахсан ыараханнык бааhырбыта. Хас да ый
эмтэнэн баран, инбэлииккэ таhаарыллан, 1943 сыл сайыныгар дойдутугар
эргиллэн кэлбитэ. Сотору колхоз бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан, кэлин cүөhү ферматын сэбиэдиссэйинэн, ону сэргэ араас общественнай үлэлэргэ күүһүн-уоҕун барытын биэрэн үлэлээбитэ. Олоҥхолорун сөргүтэн, ыллыыр-туойар дьону түмэн, өссө сэрии сылларын баттаhа спектакллары туруорбута. Элбэх сахалыы ырыалары-тойуктары айбыта, үhүйээннэри-номохтору суруйтарбыта, Олор 6 кинигэлэргэ түмүллэн таhаарыллыбыттара. Кини 1975 сыл тохсунньу 6 күнүгэр өлбүтэ.

Семен Осипович Никифоров
(1923-1980 сс.)

Саха Республикатын культуратын үтүөлээх үлэhитэ, 1965 сылтан ССРС
Суруйааччыларын союhун чилиэнэ, биллиилээх прозаик, Aҕa дойду Улуу
сэриитин кыттыылааҕа Семен Осипович Мэҥэ Хаҥалас улууhун II Тыыллыма
нэhилиэгэр Хаатылымаҕа төрөөбүтэ.

Орто оскуоланы Хаатылымаҕа, I Хапта5айга үөрэнэн бүтэрбитэ. 1940
сыллаахха Дьокуускайдааҕы культурнай-сырдатар училищеҕа үөрэнэ киирбитэ.
Ону бүтэрэн, Өлүөхүмэ улууhугар Токоҕо кыhыл чуумҥа үлэлээбитэ.

Семен Осипович 1942 сыллаахха Кыhыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыта. Кини сэрии толоонугар биэс сылы толору сылдьыбыта. Старшай сержант
Семен Никифоров фроҥҥа 48-с гвардейскай Ленин уордьаннаах танковай
биригээдэҕэ «Т-34» танкаҕа орудие командира этэ. Берлини штурмалааhын кыттыылааҕа. Икки төгүллээн танкатын өстөөхтөр уматаннар, нэhиилэ тыыннаах орпутун туһунан суруйан турардаах.

Сэрии тиэмэтэ кини айымньыларыгар улахан миэстэни ылар, ол курдук «Өлөрү кыайбыттар», «Саллаат доҕотторум», «Саллаат дьылҕата» кэпсээннэри, сэhэннэри суруйбута. Фронтовик, журналист, прозаик бойобуой үтүөлэрин иhин Албан аат III степеннээх уордьанынан, бойобуой мэтээллэринэн бэлиэтэммитэ.

Кэбээйи, Мэҥэ-Хаҥалас, Уус Алдан, Амма улуустарын хаhыаттарын редактордарынан, кэлин «Хотугу сулус» сурунаал прозаҕа отделыгар үлэлээн биэнсийэҕэ барбыта. 1980 сыллаахха атырдьах ыйын 15 күнүгэр 57 сааһыгар ыалдьан өлбүтэ.

Алексей Спиридонович Бродников
(1917-1998)

Алексей Спиридонович Чурапчы улууhун Төлөй нэhилиэгэр төрөөбүтэ. 1942 сыллаахха Чурапчытааҕы С.А. Новгородов аатынан педагогическай училищены үөрэнэн бүтэрээт, саҥа учууталлан иhэн, Кыhыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыта. Свердлов куоракка байыаннай бэлэмнэниигэ снайпер үөрэҕин курсун барбыта. 20-с нүөмэрдээх туспа хайыhар биригээдэтин 188-с стрелковай дивизиятын састаабыгар киирэн Старай Русса, Смоленскай уонна Холм куораттары босхолуур кыргыhыыларга кыттыбыта.

Алексей Спиридонович сэрии инниттэн хоһоону суруйара, тыа сэрии кэминээҕи олоҕун «Көмүскэ уута» , «Аартык арыллыыта» диэн романнары
суруйан үйэтиппитэ. Аатырбыт артиллерист Г.Д. Протодьяконов туһунан
документальнай сэhэни бастакынан суруйбута. Сааһын тухары учууталлаабыта.

Поэт-лирик, учуутал, суруйааччы Алексей Спиридонович Бродников суруйааччы Эрилик Эристиин аатынан литературнай бириэмийэ лауреата, Чурапчы улууhун бочуоттаах гражданина. Бойобуой үтүөлэрэ Албан аат II степеннээх, Aҕa дойду сэриитин I степеннээх уордьаннарынан уонна мэтээллэринэн бэлиэтэммитэ.
Кини 81 сааһыгар сылдьан, 1998 сыллаахха от ыйын 25 күнүгэр ыалдьан
өлбүтэ.

Степан Афанасьевич Саввин-Кун Дьирибинэ
(1903-1970)

Поэт, тылбаасчыт, сатирик, үгэhит, гражданскай уонна Aҕa дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, 1943 сылтан ССРС Суруйааччыларын союhун чилиэнэ. Кини Чурапчы улууhун Болтоҥотуттан төрүттээх. Түөрт кылааhы бүтэрээт, волостааҕы ревкомҥа үлэлээбит. 1922-1923 сылларга буолбут Тулагы Киллэмҥэ уонна Аммаҕа буолбут кыргыhыыларга кыттыбыта. 1924-1929 сылларга Дьокуускайдааҕы педтехникуму үөрэнэн бүтэрбитэ. 1933 сыллаахха
Москватааҕы Коммунистическай университеты бүтэрээт, «Кыым» хаһыат редакторынан анаммыта.

1942 сыл сааһыгар Степан Афанасьевич Кыhыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыта, 1942 сыллаахха атырдьах ыйыгар Сталинградскай фроҥҥа тиийэн десантнай ротаҕа автоматчигынан сылдьыбыта. Сталинград оборонатыгар
атаҕар бааhырбыта уонна улаханнык дөйбүтэ. Госпитальга эмтэнэн, бойобуой доҕотторун
кэккэлэригэр төннөн, Сталинграды босхолоспута. Украина сиринэн Донбасска диэри сэриилэспитэ, Майнштейн танковай корпуhун кытары күөн көрсүhүүгэ кыттан, уопсайа 1210 хонук устата уот холорук ортотугар сылдьан тыыннаах орпута. 1945 сыллаахха армияттан Саха сиригэр кэлбитэ. Саха сиринээҕи кинигэ издательствотыгар редакторынан, олоҕун тиhэх сылларыгар «Хотугу сулус» сурунаал сотруднигынан үлэлээбитэ. Кини тылбааhынан А.Т. Твардовскай «Василий Теркина» ситэриллибитэ, М. Горькай «Ийэ», В. Ажаев «Москваттан ыраах» романнар саха ааҕааччыларыгар тиийбиттэрэ. Ийэ дойдутугар, бар дьонун иннигэр оҥорбут үтүөлэрин иhин кини Ленин, «Бочуот Знага» уонна бойобуой Албан аат уордьаннарынан уонна мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.

Петр Николаевич Тобуруокап
(1917-2001)

1957 сылтан ССРС Суруйааччыларын союhун, кэлин Саха Республикатын Суруйааччыларын союhун чилиэнэ. Саха Республикатын народнай поэта Петр Николаевич Үөhээ Бүлүүгэ Opohy нэhилиэгэр төрөөбүтэ. Кини 1945 сылтан ССКП
чилиэнэ, Кыhыл Армия кэккэтигэр 1942 сыллаахха бэс ыйыгар ыҥырыллыбыта.
Сталинград фронугар 298-с дивизия стрелковай полкатыгар пулеметчигынан сылдьан, өстөөхтүүн сэриилэспитэ. Хабыр хапсыhыыларга биирдэстэригэр ыараханнык бааhырбыта. Госпитальга эмтэнэн, 1943 сыллаахха от ыйыгар
доруобуйатын туругунан, армияттан босхоломмута. Народнай поэт Петр Николаевич Бүлүүтээҕи Н.Г. Чернышевскай аатынан педагогическай училищены, М. Горькай аатынан Литературнай институт иhинэн үлэлиир Үрдүкү курсу үөрэнэн бүтэртээбитэ. Кэккэ сылларга учууталлаабыта, оскуолаларга директордаабыта.

Кэлин Москваҕа М. Горькай аатынан Литературнай институт старшай преподавателинэн уонна айар-суруйар үлэҕэ уhуйааччылар семинардарын салайааччынан үлэлээбитэ.

37 кинигэ ааптара Петр Николаевич Aҕa дойду сэриитин 11 степеннээх, «Бочуот Знага», Үлэ Кыhыл 3намята уордьаннарынан, элбэх мэтээллэринэн наҕараадаламмыта.