КYθС ХААҺЫ

Биир кыыс о5о тѳрѳѳн-үѳскээн олорбута үҺү.

Бу кыыс о5о арай биирдэ тыа5а отоннуу тахсыбыт. Ол тахса сылдьан биир эмээхсини кѳрсүбүт.

Эмээхсин:

-Дорообо, тукаам, отоңңуттан бэрсиэң дуу,-диир.

-Эбэбэр бэрсиминэбин,-диэн баран, кыыс эмээхсиңңэ отон биэрэр.

Эмээхсин отонун сиэн баран этэр:

-Тукаам, баһыыба, отн сиэппитиң манньатын мин эмиэ тугу эрэ бэлэхтиибин. Мэ, бу кѳһүйэ баар.

“Биир, икки, үс,

Кѳһүйэм, буһар!”

-диэтэргин эрэ сүрдээх минньигэс амтаннаах хааһыны бэйэтэ иһиттэн буһаран таһаарыа. Онтон:

“Биир, икки, үс,

Кѳһүйэм, тохтоо!”

-диэтэххинэ, уурайан хаалыа5а.

-Баһыыба, эбээ,-диэн баран, кыыс кѳһүйэни ылан ийэтигэр сүүрэн киирдэ.

Ийэтэ сүрдээхтик үѳрдэ. Yѳрүмүнэ да5аны! Туох да үлэтэ, түбүгэ суох, аһыаххын ба5ардаххына минньигэс хааһы бэлэм.

Дьэ арай биирдэ кыыс ханна эрэ баран хаалбыт. Ийэтэ туран кѳһүйэтин иннигэр ууран баран этэр:

“Биир, икки, үс,

Кѳһүйэм, буһар!”

Кѳһүйэ хааһыны буһаран бадылыппытынан барда. Толору хааһылаата. Кыыс ийэтэ тотто. Кѳһүйэ тохтообокко хааһылыы турар, хааһылыы турар. Хайдах гынан тохтотуох ба5айыный диэн кыыс ийэтэ мунаахсыйда.

Арай кини:

“Биир, икки, үс,

Кѳһүйэм, тохтоо!”

-диэтэр тохтуох этэ, ону тылларын букатын умнан кэбиспит, кыыһа дьиэ5э суох буолан биэрбит. Кѳһүйэ хааһылаан дэбилит да дэбилит. Хос иһигэр толору хааһы халыйда. Онтон хааһы аан хоско халыйан та5ыста, аан хостон дьиэ ааныгар, дьиэ таһыгар, уулусса5а сүүрүгүрэн та5ыста. Кѳһүйэ тохтообот: хааһылаа да хааһылаа. Кыыс ийэтэ куттанна. Кыыһын кѳрдүү сүүрдэ. Суол устун арай тобус толору итии хааһы үрэх курдук устан халыйан иһэр эбит, онно кэлэн иңнэн хаалла. Хата дьолго, кыыс дьиэтиттэн чугас сылдьар эбит. Уулусса5а хааһы халыйбытын кѳрѳн, дьиэтигэр сүүрэн тиийдэ. Нэһиилэ олбуору туораан, дьиэ айа5ын кирилиэһигэр ыттан тахсан, ааны аһаат хаһыытыы о5уста:

“Биир, икки, үс,

Кѳһүйэм, тохтоо!”

Кѳһүйэтэ хааһылыырын дьэ тохтотто.

Ол күн дэриэбинэттэн куоракка киирбит дьон суолу быһа хааһыны кэһэн тахсыбыттара эбитэ үһү. ОЛ гынан баран хата ким да5аны кыыһырбатах, үѳхсүбэтэх.

Ол курдук үчүгэй амтаннаах, олус мнньигэс хааһы этэ диэн кэпсииллэр.

//Кэскил: Оскуола иннинээ5и саастаах оҕолорго хомуурунньук /Хомуйан оҥордулар: А.А. Егорова, М.П. Захарова.-2-с эбэн, тупсаран таһаарыы.-Дьокуускай: Бичик, 2002.-С.13-14

Обновлено: 11.10.2023 — 09:28

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован.