Серафим Романович Кулачиков

СЕРАФИМ РОМАНОВИЧ КУЛАЧИКОВ — ЭЛЛЭЙ

(1904-1976)

Саха Республикатын народнай поэта, тылбаасчыт, публицист. 1904 с. сэтинньи 29 күнүгэр  Таатта улууhугар Амма (билиҥҥинэн Чычымах) нэhилиэгэр Мойуона диэн алааска төрөөбүтэ. 1924 с. Дьокуускайдаа5ы педтехникуму бүтэрэн баран онно учууталлаабыт. 1928 с. Москватаа5ы суруналыыстыка институтун бүтэрбит. «Хотугу ыччат», «Автономная Якутия», «Кыым», «Социалистическая Якутия» хаһыаттар, «Чолбон», «Кыһыл Ыллык», «Хотугу сулус» сурунааллар эрэдээксийэлэригэр үлэлээбит. 1936-1939 сс.-Тыл, литература уонна история институтун фольклорга салаатын сэбиэдиссэйэ.

1939 сыллаахха Саха сирин Суруйааччыларын союhун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлинэн быыбардаммыта.

Айар үлэтин нуучча революционнай  маассабай ырыаларын тылбаастааһынтан саҕалаабыта.

Ырыа тылларын суруйар поэт. Саха поэзиятыгар инверсияны киллэрбитэ. Хоһооннору сэргэ поэма жанрыгар үлэлэһэрэ. Олортон гражданскай сэрии тематын арыйар «Буурҕа, буулдьа дьылыгар»  поэмата ордук чорбойор.

Биир кэмҥэ саха фольклорун утаран улаханнык туруна сырыттар даҕаны, ол сыыһатын өйдөөн, «Чурум-Чурумчуку» курдук уһулуччу табыллыбыт остуоруйа-поэманы суруйбута.

Кини айымньылара нууччалыы, советскай норуоттар тылларынан элбэхтик бэчээттэммиттэрэ, сорох айымньылара немецтии, французтуу, гректии, кытайдыы, арабтыы тылбаастаммыттара. Эллэй саха поэзиятын Бүтүн  Союз, аан дойду таһымыгар таһаарсыбыта.

ССРС уонна Саха Республикатын суруйааччыларын союһун правлениетын чилиэнэ этэ, ССРС уонна РСФСР суруйааччыларын съеһин делегаттарынан, ССКП обкомун чилиэнинэн талылла сылдьыбыта.

 1942 сыллаахха бэс ыйыгар Кыhыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллыбыта. Кини аналлаах байыаннай үөрэҕи ааһан, старшай сержант званиеламмыта. Калининскай фроҥҥа 22-с армыйа састаабыгар киирэр туспа минометнай полка минометнай отделениетын наводчигынан сэриилэспитэ. Старай Руссаны босхолооһуҥҥа снаряд дэлби ыстаныытыттан улаханнык эмсэҕэлээбитэ уонна II группалаах инбэлиит буолан, 1944 сыл ахсынньытыгар дойдутугар нэhиилэ эргиллэн кэлбитэ. Өр кэмҥэ эмтэнэн-томтонон атаҕар турбута. Уонна дьон-сэргэ санаатын өрө күүрдэр, өстөөҕү абааhы көрөр, кыайыыга эрэли этэр хоhооннордоох саха поэттарыттан биир бастыҥнара буолбута. Ырыа тылларын суруйар бэйиэт.Саха поэзиятыгар инверсияны киллэрбитэ. Поэма жанрыгар үлэлэспитэ. Айымньылара нууччалыы, сэбиэскэй норуоттар тылларынан элбэхтик бэчээттэммиттэрэ. Сорох айымньылара ньиэмэстии, французтуу, гректии, кытайдыы, арабтыы тылбаастаммыттара. Саха поэзиятын Сойуус эрэ буолбакка, бүтүн аан дойду таһымыгар таһаарсыбыта.

1929с. хоһооннорун «Күөгэйэр күннэрбэр» диэн бастакы хомуурунньуга күн сирин көрбүтэ. 30-с сыллардаахха поэт айымньытын сүрүн тематагражданскай сэрии. «Саа уоһугар», «Үс сытыык үөһүгэр» хоһоонноро уонна аатырбыт «Буурҕа-буулдьа дьылыгар» поэмата саха советскай литературатын классиката буолбуттара. 30-40-с сыллар усталарыгар: «Саҥа ырыалар» диэн киэҥник биһирэммит хоһоонноро (1932), «Даешь социализм» (1939), «Айан уоттара» (1941).

Эллэй сүҥкэн айар үлэтэ Октябрьскай Революция, Үлэ Кыhыл Знамята, Норуоттар доҕордоһуулара, «Бочуот Знага» уордьаннарынан, мэтээллэринэн бэлиэтэммитэ.

1938 с. ССРС Суруйааччыларын союһун чилиэнэ.  Серафим Романович 1976 сыллаахха ахсынньы 16 күнүгэр ыарахан ыарыыттан олохтон туораабыта, Якутскайга көмүллүбүтэ.

*******

Эллэй хаалларбыт литературнай нэһилиэстибэтигэр ураты миэстэни остуоруйаҕа олоҕуран суруллубут «Чурумчуку» (1937) поэма ылар. Сэрии кэнниттэн «Саха дьоло» (1947) уонна «Прометей» (1949) историческай поэмаларга Эллэй сүҥкэн эпическэй уонна лирическэй хабааннаах поэт буоларын көрдөрбүтэ. 1950-70-с сыллардаахха Эллэй айар үлэтэ аан дойду, үлэ, эйэ уонна норуоттар доҕордоһуулара, олох түгэннэрин филосовскай ырытыы, норуот историятын темаларыгар анаммыта. 

Поэт хоһоон ритмикатын маастара, саха поэзиятыгарсаҥа элбэх литературнай приемнары уонна рифмалары киилэрбитэ, лирическэй герой быһыытынан араас майгылаах уонна дьылҕалаах персонажтары көрдөрбүтэ.

Сэрии туһунан сүрүн айымньылара, кинигэлэрэ:

  •  Капитан Гастелло. Хоһоон, 1941 с.
  •  Герой ийэтигэр. Хоһоон.
  •  Өкүлүүн. Хоһоон.
  •  Күн сирин көмүскэлигэр. Хоһооннор, 1943 с..
  •  Бырастыылаһыы. Хоһоон, 1942с.
  •  Нуучча норуотугар. Хоһоон, 1947 с.

АЙЫМНЬЫЛАРА САХАЛЫЫ ТЫЛЫНАН

Талыллыбыт айымньылар.-Дьокуускай, 1947.

Талыллыбыт айымньылар: 2 томнаах.-Дьокуускай, 1964-1965.

Талыллыбыт айымньылар: 2 томнаах.-Дьокуускай, 1974.

Күөгэйэр күннэрбэр: Ырыалар, хоһооннор.-Дьокуускай, 1929.

Аҕал социализмы: Хоһооннор.-Дьокуускай, 1934.

Күн сирин көмүскэлигэр: Хоһооннор.-Дьокуускай, 1943.

Хоһооннор, поэмалар.-Дьокуускай, 1954.

Доҕор сүрэҕэ: Хоһооннор, поэма.-Дьокуускай, 1973.

АЙЫМНЬЫЛАРА НУЧЧАЛЫЫ ТЫЛЫНАН

Избранное.— М.: Гослитиздат, 1952. Чурумчуку: Сказка /Пер. А. Кочетков,-Якутск, 1946.

Весенние напевы: Стихи. -Якутск, 1948.

Стихотворения и поэмы. – М.: Сов. писатель, 1951.

Песня якута.— М.: Гослитиздат, 1957.

Камень счастья: Стихи и поэмы. – М.: Сов. Россия, 1967.

Стихотворения и поэмы. – М.: Худ. лит., 1972.

Мой хомус: Стихи и поэмы /Пер. С. Кузнецова. – М.: Сов. писатель, 1974.

БИБЛИОГРАФИЯ

1.Эллэй  Биллибэт саллаат уҥуоҕар. Хоһоон //Хотугу сулус .-1970.-№5.-С. 8-9

2.Эллэй  Бары – фашистары утары! //Хотугу сулус .-1975.-№5.-С.47; //Кыайыы: Саха фронтовик суруйааччыларын хоьоонноро, кэпсээннэрэ /В.С. Артемьев уруьуйа.-Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1985.- С.112-115

3.Эллэй  Бырастыылаһыы//Хотугу сулус .-1975.-№5.-С.48; //Кыайыы: Саха фронтовик суруйааччыларын хоьоонноро, кэпсээннэрэ /В.С. Артемьев уруьуйа.-Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1985.- С.115-116

Эллэй  Сарсыҥҥыны саныыбын//Хотугу сулус .-1975.-№5.-С.49

4.Эллэй  Капитан Гастелло. Үҥкүү. Хоһооннор //Хотугу сулус .-1975.-№5.-С.49; //Кыайыы: Саха фронтовик суруйааччыларын хоьоонноро, кэпсээннэрэ /В.С. Артемьев уруьуйа.-Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1985.- С.116-120

5.Дьуон Дьаҥылы Поход; Илин, илин, тус илин; Өлөөрү сытан; Саллаат до5орбор: Хоһооннор //Кыайыы: Саха фронтовик суруйааччыларын хоьоонноро, кэпсээннэрэ /В.С. Артемьев уруьуйа.-Якутскай: Кинигэ изд-вота, 1985.- С.38-42

6.С. Р. Кулачиков-Эллэй //Чолбон.-2015.-№5.-С. 7

7.С. Р. Кулачиков-Эллэй //Николаев Н.А. Үйэлэри уҥуордуур сырдык мөссүөннэр.-Дьокуускай: Дани-Алмас, 2015.-С. 45

8. Кулачиков Серафим Романович Эллэй (биографията) // Педагогическая энциклопедия.-Том 3.-С. 202

ПОЭЗИЯ

8.КАПИТАН ГАСТЕЛЛО // Сэриигэ сылдьан: орто уонна улахан саастаах о5олорго / [хомуйан оҥордулар: У.М. Флегонтова, А.Н. Охлопкова].-Дьокуускай: Бичик, 2014.-С. 44-45.

9.ГЕРОЙ ИЙЭТИГЭР // Сэриигэ сылдьан: орто уонна улахан саастаах о5олорго / [хомуйан оҥордулар: У.М. Флегонтова, А.Н. Охлопкова].-Дьокуускай: Бичик, 2014.-С. 46-47

10.ӨКҮЛҮҮН // Сэриигэ сылдьан: орто уонна улахан саастаах о5олорго / [хомуйан оҥордулар: У.М. Флегонтова, А.Н. Охлопкова].-Дьокуускай: Бичик, 2014.-С. 48-49;

11. Буойун суруйааччылар 1941-1945 /хомуйан оҥордо: С.Ф. Константинова.-Дьокуускай: Бичик, 2020.-50 с.

\

ВИРТУАЛЬНАЯ ВЫСТАВКА КНИГ

Серафим Романович Кулачиков-Эллэй — саха народнай поэта, А5а дойду Улуу сэриитин кыттылааҕа төрөөбүтэ 115 сааһа

Обновлено: 06.10.2023 — 03:54

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован.