СИБЭККИ

СИБЭККИ

П. Аввакумов

Туйаара хонууга дьаарбайа сылдьар. Айа5а хам буолбат. Тугу кэрэхсии кѳрбүтүн барытын саңаран бэлиэтиир.

-Кѳрүүй, бу туох эрэ үѳн хааман иһэр. Кѳхсѳ хара эбирдээх. Бу ханна баран иһэрэ эбитэ буолла?

Кини ити сэңээриилээх ыйытыыларыгар хаһын ситэн хардарыаң баарай?!

От-мас, үѳн-кѳйүүр, кѳтѳр-сүүрэр барыта киниэхэ сонун, күндү, барыта дьикти.

-Чээн, үчүгэй да сибэкки барахсан турар! Маны быһа тардан ылар сатаммат. Кууран-хатан ѳлѳн халыа5а дии. Чэ үүнэн турдун,- диэн баран, Туйаара күп-күѳх сибэккини ытыһынан аргыый имэрийэн ылла.

Хонууга сибэкки арааһа элбэх да эбит! Туйаара барыларын кэрэхсии, умсугуйа, таптыы кѳрѳр. Биири да быһа тардан ылбат. Бу кэрэ бэйэлээхтэр сир-дойду киэргэл симэхтэрэ буолан туралларыгар үѳрэр, кинилэри харыстыыр.

//Кэскил.-С.23

Обновлено: 12.10.2023 — 04:07

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован.