СОФРОН ПЕТРОВИЧ ДАНИЛОВ
(1922-1993)
А5а дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, саха народнай суруйааччыта, прозаик, поэт, драматург, публицист, тылбаасчыт, критик, биллиилээх общественнай деятель, Софрон Петрович Данилов 1922 с. муус устар ый 19 күнүгэр Горнай улууhун Мытаах нэhилиэгэр төрөөбүтэ.
1929 с. Бор начальнай оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. 1934 с. уон икки саастааҕар «Кыым» хаhыакка бастакы суруйуутун бэчээттэппитэ. 1937 с. Бэрдьигэстээх 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрэн баран, бухгалтер-инструктор быhыытынан үлэлээбитэ. 1938 с. «Бэлэм буол» хаhыакка «Мууска» диэн хоһооно бэчээттэммитэ, сотору соҕус буолан баран илиинэн суруллар устудьуоннар сурунаалларыгар суруйааччы бастакы кэпсээнэ тахсыбыта. Ити сылтан ыла Софрон Данилов аата литератураҕа эрэллээхтик киирбитэ.
1940 с. Дьокуускайдаа5ы педагогическай рабфагы бүтэрэн, государственнай педагогическай институкка тыл уонна литература факультетыгар үөрэнэ киирбитэ. 1941 с. от ыйыгар армия5а ыҥырыллан барар. Бийскэй куоракка войсковой оскуола курсана буолар.Онтон Новосибирскай куоракка баар строительнай батальон састаабыгар киирэн, байыаннай собуот тутуутугар үлэлиир. Салгыы Омскай куоракка иккис пехотнай училищеҕа үөрэнэр. 1942 с. ыам ыйыгар доруобуйатынан сыыйыллан төннөн кэлэн, Токко оройуонугар тахсан, Уолбут 7 кылаастаах оскуолатыгар учууталлаабыта.
Сэрии кэнниттэн С. Данилов Саха АССР Министирдэрин Советын иһинээҕи радиокомитетын эрэдээктэринэн, «Кыым» хаһыат бэйэтин корреспонденынан, саха сиринээҕи кинигэ кыһатын уус-уран литератураҕа эрэдээктэринэн, «Хотугу сулус» сурунаал редакциятын критика5а уонна публицистика5а салаатын сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 1950-1960 сс. Литература историятын сырдатыылара, публицистичекай ыстатыйалара киэҥ сэҥээриини ылбыттара. Саха биир бастыҥ прозаига, романиһа. «Сүрэх тэбэрин тухары» романа сахалыы проза инники сайдыытыгар дьоһуннаах хардыынан бэлиэтэммитэ. Араас тылынан 40-тан тахса кинигэни бэчээттэппитэ.1979 с. Тохсунньу ыйыттан олохтон туоруор дылы С. Данилов Саха сирин суруйааччыларын Союһун правлениетын сэкирэтээрэ.
Софрон Данилов айар үлэтэ саха литературатын киэн туттуута. «Сүрэх тэбэрин тухары», «Киһи биирдэ олорор» романнара киэҥ биһирэбили ылбыттара, «Манчаары», “Дьону үөрдэ сырыттарбын”, «Бааһына», «Уот» сэһэннэрэ араас кэмҥэ тахсан ааҕааччы болҕомтотун тардыбыттара.
********
1934с. уон икки саастааҕар «Кыым » хаһыакка бастакы суруйуутун бэчээттэппитэ. 1938с. «Бэлэм буол» хаһыакка «Мууска» диэн хоһооно бэчээттэммитэ, сотору соҕус буолан баран илиинэн суруллар студеннар сурунаалларыгар суруйааччы бастакы кэпсээнэ тахсыбыта.
Айар үлэтэ саха литературатын киэҥ туттуута. Үгүс хоһоонноро ырыа буолан көппүтэрэ, «Сүрэх тэбэрин тухары», «Кыыс Амма», «Дьэҥкир туһунан номох» романнара киэҥ биһирэбили ылбыттара, «Манчаары», «Дьоҥҥо үөрүүнү аҕалан», «Уот», «Бааһына» сэһэннэрэ араас кэмҥэ тахсан ааҕааччы болҕомтотун тардыбыттара.
«Сахалар ааттарыттан» драмата С.А.Григорьев туруоруутунан 1959с. драматургияҕа республикатааҕы конкурска иккис премияны ылбыта.
Саха литературатын Арассыыйа уонна аан дойду таһымыгар таһаарыыга сүҥкэн өҥөлөөх.
Талааннаах суруйааччы С. П. Данилов 1993 с. бала5ан ыйын 7 күнүгэр өлбүтэ.
Сэрии туһунан сүрүн айымньылара, кинигэлэрэ:
- Кии сыта.Кэпсээн.
- Советскай Союз геройа Фёдор Попов. Уус-уран уочарка.-Якутскай, 1944
- Сахалыы саҥарар иһин. Кэпсээн, 1943 с.
АЙЫМНЬЫЛАРА
Төрөөбүт алааска.- Дьокуускай, 1957.
Мин эйиэхэ кэпсиим.-Дьокуускай, 1964.
Сүрэх тэбэрин тухары: Роман.- Дьокуускай, 1967.
Сүрэх тэбэрин тухары: Роман.- Дьокуускай, 1977.
Манчаары.-Дьокуускай, 1969.
Киһи биирдэ олорор: Роман. 2 кинигэлээх- Дьокуускай, 1973-1975.
Хоһооннор.— Дьокуускай, 1976.
Уот: Сэһэннэр.- Дьокуускай, 1981.
Күн сырдыга: Кэпсээннэр.- Дьокуускай, 1982.
Барымаҥ даа, кубалар: Роман.-Дьокуукай, 1986.
Бу сыллар: Публицистическай ыстатыйалар.-Дьокуукай, 1987.
Самаан сайын саҕана: Сэһэн, кэпсээннэр.-Дьокуускай, 1989.
АЙЫМНЬЫЛАРА НУУЧЧАЛЫЫ ТЫЛЫНАН
Избранные произведения. В 2-х томах: Роман и повести /Пер. с якут. В. Литвинова и др.-М.: Современник, 1988.
I том. Рассказы /Пер. Ю. -Шамшурин.-Якутск, 1957.
От имени якутов: Пьеса /Пер. А. Дымшиц.-Якутск, 1963.
Кремень: Рассказы /Пер. С. Виленский.-М.: Сов. писатель, 1966.
Манчары: Рассказы.-М.: Дет.-лит., 1966.
Манчары: Рассказы.-М.: Дет.-лит., 1971.
Бьётся сердце: Роман /Пер. В. Литвинов.-М.: Худож.-лит., 1972.
Бьётся сердце: Роман /Пер. В. Литвинов.-М.: Современник, 1973.
Бьётся сердце: Роман /Пер. В. Литвинов.-М.: Сов. Россия.-лит., 1980.
Красавица Амга: Роман в 2-х книгах /Пер. Н. Епшов.-М.:Современник, 1976.
Листы и корни: Повести, рассказы.-Якутск, 1979.
Софрон Петрович Данилов айымньыларынан аудиокинигэлэр
С.П. Данилов туьунан аах
1.Софрон Петрович Данилов [олоҕо, айар үлэтэ ] // Саха слитературата: 11 / [П.В. Максимова, Н.Н. Тобуруокап, Н.И. Филиппова].-Дьокуускай:Бичик, 2006.-С. 37-41;
2.С.П. Данилов Бэҕэһээ, бүгүн, сарсын… : Кэпсээн //Сэриигэ сылдьан: орто уонна улахан саастаах о5олорго /[хомуйан оҥордулар:У.М. Флегонтова…].-Дьокуускай : Бичик, 2014.-С.18-37;
3.Софрон Петрович Данилов //А.А. Николаев-Сиэн Чохчо Үйэлэри уҥуордуур сырдык мөссүөннэр.-Дьокуускай: Дани-Алмас, 2015.- С.46-47
4. Буойун суруйааччылар 1941-1945 /хомуйан оҥордо: С.Ф. Константинова.-Дьокуускай: Бичик, 2020.-50 с.