Савва Иванович Тарасов

П.И. Шадрин аатынан Өктөм орто оскуолата

Саха народнай суруйааччыта

Савва Иванович Тарасов төрөөбүтэ 90 сыла

(25.04.1934 — 06.11.2010)

Библиографическай ыйынньык

Таҥан оҥордо:Гаврильева Г.М.

2024 сыл

Савва Иванович Тарасов оло5о, айар улэтэ

 Саха Республикатын народнай поэта, тылбаасчыт, суруналыыс, публицист, обшественнай деятель  Савва Иванович Тарасов 1934 с. муус устар 25 күнүгэр Горнай улууһун Солоҕон нэһилиэгэр Чычаас диэн сиргэ төрөөбүтэ. Аҕата Иван Яковлевич норуот таптаан, убаастаан «Кырдьаҕас бассабыык» диэн сүрэхтээбиттэр.  Уйбаан эдэр эрдэҕинэ хамначчыт эбит, Аҕа дойду Улуу сэриитин саҕана колхуос бэрэссэдээтэлэ, нэһилиэк сэбиэтин кытта салайбыта. Кини бэйэтэ, убайа Прокопий Яковлевич (Боокко Дьөгүөр), убайа Адам Яковлевич Тарасов ыаллыы улуустарга, Алдан бириискэлэригэр тиийэ биллибит олоҥхоһуттар эбит. Аҕата эрдэ өлөн, ийэтэ Александра Романовна биэс оҕону соҕотоҕун ииппит. Элбэх оҕоломмуттарыттан о5олоро кыра саастарыгар өлөн испиттэр, онтон ийэлэрэ кэргэниттэн кистээн ойууҥҥа сылдьан баран абааһыттан куоттаран кэлин төрөөбүт оҕолоругар биир ааты биэрбит. Биэс оҕотуттан: үһэ уол, икки кыыс. Эдьийэ Анисия Ивановна нуучча тылын учуутала, Мытаах оскуолатыгар үлэлээбит. Кыра балта Анна Ивановна эдэр сааһыгар оҕолонобун диэн былдьаммыт. Үс уол үһүөн Саввалар (Савва I, Савва II, Савва III). Улахан убайа Аҕа дойду Улуу сэриитигэр кыргыһыы толоонугар охтубут. сэриигэ сылдьан дьонугар сүрдээх үчүгэй хоһооннору ыыппыта «Саллаат суруктара кинигэ5э бэчээттэммит. Ортоку убайа Савва –Оллооноп хоһоонноро, очеркалара, пьесара, остуоруйалара Горнай уонна Аллайыаха оройуонун хаһыаттарыгар уонна «Хотугу сулус» сурунаалга бэчээттэммиттэр, тойуксут, алгысчыт, народнай театрга оонньуур, булчут эбит.

1953 с. Бэрдьигэстээх орто оскуолатын бүтэрэн, оройуоннааҕы хаһыакка литературнай үлэһитинэн киирбитэ. Республикатааҕы ыччат «Эдэр коммунист» хаһыатыгар редакторынан өр сылларга үлэлээбитэ.  Онтон «Хотугу сулус» сурунаал кылаабынай редакторын солбуйааччытынан «Кыым» хаһыат культураҕа отделын сэбиэдиссэйинэн анаммыта. Хаһыаттарга үлэлиир сылларыгар ЫБСЛКС  КК иһинээҕи Киин комсомольскай оскуоланы, А.М. Горькай аатынан Литературнай институт иһинэн Үрдүкү литературнай курсу үөрэнэн бүтэртээбитэ.

С.И. Тарасов хоһоонноро республика бэчээтигэр 1950 с. тахсан барбыттара. 20-чэ хоһоон, поэма кинигэлэрдээх. 1961 сыллаахха «Таптыыр сахам тылынан» диэн бастакы кинигэтэ бэчээттэммитэ. 1972 сыллаахха «Умай, уоттаах сулуһум», диэн айымньытын иһин Саха комсомолун уонна Ем. Ярославскай аатынан журналистскай бириэмийэлэрин лауреатынан буолбута.

1964 сылтан ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ.

1983 с. алтынньыга Саха сирин суруйааччыларын X съеһигэр С.И. Тарасов бырабылыанньа бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан, онтон 1993 с. сэтинньигэ бырабылыанньа бэрэссэдээтэлинэн быыбардаммыта.

Кини хоһоонноругар саха композитордара, мелодистара ыччат таптаан элбэх ырыаларын айдылар. Ааспыт үйэ алта уонус сылларыгар кини араас омуктар аатырбыт поэттарын доҕордоһууларыгар сыһыаннаах айымньыларын сахалыы саҥардыбыта. Олор ортолоругар ааттыахха сөп: Сергей Островой «Ийэ» диэн поэмаларын тылбаастаабыта, болгар поэта Орлин Островой «Сэбиэскэй  Сойууска одатын», Егор Исаев «Өй-санаа дьүүлэ» диэн улахан поэматын, Шекспир «Гамлет»(1981 с.), «Макбет»(1974 с.), «Лир хоруол»(1994 с.), Эврипид «Медея» диэн трагедияларын сахалыы саҥардыбыта. П.А. Ойуунускай  аатынан  драматическай театр сценаларыгар ситиһиилээхтик «Макбет», «Гамлет», «Лир Хоруол» испэктээктэр  турбуттара.

Российскай Федерация уонна Саха Республикатын культураларын үтүөлээх үлэһитэ,П.А. Ойуунускай аатынан  государственнай, Россия Улахан литературнай,. Россия суруйааччыларын союһун бырабылыанньатын Кырдьаҕастарга сэбиэтин чилиэнэ. СР Гимнин ааптардарыттан биирдэстэрэ этэ. Кини хоһоонноругар элбэх ырыа-тойук суруллубут.

Бэйэтэ, республика бастыҥ поэтын быһыытынан, поэт Михаил Тимофеевтыын Саха Сирин өрөгөйүн ырыатын тылын суруйбута. Бу үлэтэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Махтал суругунан бэлиэтэммит. П. ОйуунускайА. Кулаковскай — Өксөкүлээх Өлөксөй уо. д. а. үйэ-саас тухары хаалалларын туһугар элбэх сырыыны сырылаабыт, өҥөнү оҥорбут. 1995 с. Дьокуускайга буолан ааспыт Россия суруйааччыларын холбоһугун тахсыы Пленумун тэрийээччилэртэн биирдэстэрэ эбит. Савва Тарасов биллэр общественнай үлэһит: үгүс сыллар тухары Азия уонна Африка дойдуларын суруйааччыларыгар сэбиэскэй кэмитиэт чилиэнэ этэ, «Саха конгреһын» солбуйааччыта, «Олоҥхо» ассоциация вице-бэрэсидьиэнэ, Саха Сирин кырдьаҕастарын сүбэлэрин чилиэнэ эбит. Россия суруйааччыларын холобоһугун Х сийиэһигэр Үрдүкү Сүбэ чилиэнинэн талыллыбыта.

2010 с. сэтинньи 6 күнүгэр өлбүтэ. Дьокуускайга көмүллүбүтэ.

Кини аатын үйэтитэн 2010 сыллаахха С.И. Тарасовка аналлаах музей арыллыбыта от ыйын 3 күнүгэр, Горнайга Өрт орто оскуолатыгар кини аатын иҥэрбиттэрэ 2011 сыллаахха.

С.И. ТАРАСОВ АЙЫМНЬЫЛАРА САХАЛЫЫ ТЫЛЫНАН

  • Таптыыр сахам тылынан: Хоһооннор.-Дьокуускай, 1961.
  • Олоххо тардыһыы: Хоһооннор.-Дьокуускай, 1965.
  • Дьоллоох дьолун туһугар.-Дьокуускай, 1969.
  • Билэр, таптыыр да этим, (1971)
  • Умай, уоттаах сулуһум, 1972 с
  • Бу кэрэ, бу орто дойдуга: улахан саастаах оҕолорго поэма, 1973.
  • Мин соргулаах соноҕоһум: Хоһооннор.-Дьокуускай, 1975.
  • Сүппэтэх сүбэһитим: хоһооннор (1978)
  • Алгыстаах алаһа: ыстатыйалар, ыстатыйалар, бэлиэтээһиннэр, 1981.
  • Ситтэрбэтэх кэрэлэр: хоһооннор, 1978.
  • Күн айыы киһитэ: Хоһооннор.-Дьокуускай, 1984.
  • Саха кылыһаҕа: Хоһооннор.-Дьокуускай, 1988.
  • Холумтан буора»: хоһооннор (1992)
  • Ыллымматах ырыалар»: хоһооннор (1994),
  • Сиинэ түбэтигэр: хоһооннор (1999)
  • Ахтыылар. Ыстатыйалар. Этиилэр.-Дьокуускай, 2003.
  • Оломнор: хоһооннор.-Дьокуускай, 2004.
  • Ахтыспычча, аргыый наллаан кэпсэтиэххэ: Ыстатыйалар. Этиилэр. Кэпсэтиилэр, 2009;
  • Мин соргулаах соноҕоһум: хоһооннор,2012.
  • АйымньыларТ.1Эйэттэн күндү суох бу сиргэ: хоһооннор, 2014.
  • АйымньыларТ.2Макбет.Гамлет. Лир Хоруол: тылбаастар, 2014.
  • АйымньыларТ.3Олох дууһабар ыллыаҕа: Хоһооннор. Тылбаас. Тыл этиилэр, 2015
  • С.И. ТАРАСОВ АЙЫМНЬЫЛАРА СБОРНИКТАРГА,  СУРУНААЛЛАРГА

  • Упрямое сердце: Стихи //Полярная звезда.-1984.-№2.-С.14 https://e.nlrs.ru/online2/61537
  • Сөкүүндэ кистэлэҥэ. Оннук дьоннор. Киһи-аймах өрөгөйө: хоһоон //Чолбон.-1984.-№4.-С.3   https://e.nlrs.ru/online2/47314
  • Үчүгэй үөскүүрүн умнума: хоһоон //Чолбон.-1988.-№7.-С.3   https://e.nlrs.ru/online2/47428
  • ҮрУйэ миэхэ ордук чугас: хоһоон //Чолбон.-1990.-№11.-С.36 https://e.nlrs.ru/online2/64503
  • Киһи барахсан дьылҕата… Хоһооннор //Чолбон.-1994.-№3.-С.88 https://e.nlrs.ru/online2/65781
  • Күргүөмнээн ааспыт күрүөх билэ дьонум…: хоһоон//Чуораанчык.-1998.-№11.-С.42  https://e.nlrs.ru/online2/50829
  • Үчүгэйиэм, сааскы киэһэ: хоһоон//Чуораанчык.-1999.-№4.-С.3     https://e.nlrs.ru/online2/59714
  • Аймалҕаннаах аан дойдум: хоһоон//Чуораанчык.-1999.-№4.-С.3     https://e.nlrs.ru/online2/49656
  • Баллада о последнем солдате: Песня //Никто не забыт, ничто не забыто (песенник).-Якутск, 1995.-С.33
  • Ол улуу киһи барахсан: хоһоон // Чолбон.-1997.-№2.-С.3 https://e.nlrs.ru/online2/65557
  • Өйдөөр: хоһоон// Чолбон.-1997.-№2.-С.3
  • Бэйэ суола: хоһоон// Чолбон.-1997.-№2.-С.4
  • Дьолу билэммин: хоһоон// Чолбон.-1997.-№2.-С.4
  • Тус бэйэм күлүкпэр: хоһоон// Чолбон.-1997.-№2.-С.4
  • Баар буолаар…: хоһоон// Чолбон.-1997.-№2.-С.5
  • Туут хайыһар: хоһоон// Чолбон.-1997.-№2.-С.5
  • Мин сүрэҕим: хоһоон // Чолбон.-1997.-№2.-С.5
  • Мин кырдьаҕас ытым: хоһоон // Чолбон.-1997.-№2.-С.5
  • Олох талкыта: хоһоон // Чолбон.-1997.-№2.-С.6
  • Мин буолбатаҕым буоллар: хоһоон // Чолбон.-1997.-№2.-С.6
  • Ырыа суруйбут кэмнэрим: хоһоон // Чолбон.-1997.-№2.-С.6
  • Байаҕантай: хоһоон // Чолбон.-1997.-№2.-С.7   https://e.nlrs.ru/online2/65557
  • Оччогуй оллоону алаастан (С. Тарасов оҕо сааһа) //Чуораанчык.-1999.-№4.-С.2   https://e.nlrs.ru/online2/59714
  • Аал Луук мас: хоһоон // Сүүрбэһис үйэ хоһоонньуттара. Саха поэзиятын антологията.-2000, -С. 62-63;
  • Сибэккилэр түһүүллэр: хоһоон //Сүүрбэһис үйэ хоһоонньуттара. Саха поэзиятын антологията.-2000.-С.63;
  • Тыыннаах диэн үчүгэй даҕаны:хоһоон //Сүүрбэһис үйэ хоһоонньуттара. Саха поэзиятын антологията.-2000.-С.64
  • Ол улуу киһи барахсан: хоһоон // Саха поэзиятын антологията.2000.-С.61;
  • Өйдөөр: хоһоон //Сүүрбэһис үйэ хоһоонньуттара. Саха поэзиятын антологията.-2000.-С. 62
  • Алааһым сибэккитэ: хоһоон //Сүүрбэһис үйэ хоһоонньуттара. Саха поэзиятын антологията.-2000.-С.62
  • Бүгүн манна, бу бор алааһыгар: хоһоон // Чолбон.-2004.-№4.-С.26-27
  • Саллаат тыла бигэ…: хоһоон // Чолбон.-2004.-№4.-С.30-31
  • Оломнор: хоһоон // Чолбон.-2004.-№4.-С.31
  • Хаар анныгар үүммүт дьэдьэн.Япон остуоруйатын тылбаастаата Савва Тарасов //Чуораанччык.-2004.-№1.-С.2-6 https://e.nlrs.ru/online2/61141
  • Мин көрүөхпүн баҕарабын. Хоһооннор // Чолбон.-2004.-№4.-С.26  https://e.nlrs.ru/online2/63151
  • Как-то раз: рассказ //Колокольчик.-2004.-№1.-С.13  https://e.nlrs.ru/online2/80110
  • Месяц алый восходит… //Колокольчик.-2005.-№8.- С.4 https://e.nlrs.ru/online2/80083
  • Саха тыла сатарыа: хоһоон //Чуораанчык.- 2007.-С.12
  • Бастакы хаар сылаас нуолура: хоһоон //Чуораанчык.- 2007.-С.12
  • Мин сүрэҕим: хоһоон //Чуораанчык.- 2007.-С.13;
  • Баҕарабын эйиэхэ: хоһоон //Чуораанчык.- 2007.-С.13 https://e.nlrs.ru/online2/61272
  •  Үтүө киһи барахсан:хоһоон // Чуораанчык.-2009.-№2
  • Тыыннаах диэн үчугэй даҕаны:хоһоон // Чуораанчык.-2009.-№3
  • Сарыал үҥкүүтэ:хоһоон // Чуораанчык.-2009.-№3.-С.3
  • Сибэккилэр түһүүллэр:хоһоон // Чуораанчык.-2009.-№3.-С.4 https://e.nlrs.ru/online2/61276
  • Весенний человек [75 лет народному поэту С. Тарасову] // Колокольчик.-2009.-С.3.-С.2 https://e.nlrs.ru/online2/81426
  • На берегах Невы: стихи // Колокольчик.-2009.-С.3.-С.2 https://e.nlrs.ru/online2/81426
  • Түүн аайы түүлбэр киирэллэр; Тиитин охтотторон, тииҥин итигэстиир; Өйдөөр.Хоһооннор// Чолбон.-2009.-№4.-С.59 https://e.nlrs.ru/online2/63374
  • Айысхаана. «Баҕарабын аал уоккут өссө күүскэ күөдьүйүөн…» (Народнай поэт С.И. Тарасов дьиэ кэргэнин кытта сэһэргэһии). // Чолбон.-2014.-№4.-С.92 https://e.nlrs.ru/online2/65982
  • «Бастакы хаар сылаас нуолура» [ырыа] // Саха ырыатын антологията. Кн.1.-Дьокуускай:Бичик, 2015.-С. 118;
  • Баҕа санаа[ырыа] // Саха ырыатын антологията. Кн.2.-Дьокуускай:Бичик, 2015.-С. 30;
  • Сибэккилэр түһүүллэр: хоһоон //Саха ырыатын антологията. Кн.1.-Дьокуускай:Бичик, 2015.-С. 221;
  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыата (С. И. Тарасов уонна М. Е. Тимофеев тыллара, Кирилл Герасимов музыката) // Саха ырыатын антологията. Кн.1.-Дьокуускай:Бичик, 2015.-С. 307; Чолбон.-2019.-№4.-
  • Ол улуу киһи барахсан: хоһоон //Оҕо литературатын антологията, 2017.- С.116; Үтүө киһи барахсан: хоһоон //Оҕо литературатын антологията, 2017.- С.116;
  • Буурҕа уонна күн туһунан номох: хоһоон // Чуораанчык.-2019.-№4.-С.2 https://e.nlrs.ru/online2/79055
  • Дьокуускайга, доҕордоһуу болуоссатыгар // Любимый город. Песни и стихи о городе Якутске, -Якутск, 2022.-С. 32
  • Мин таптыыр куоратым // Любимый город. Песни и стихи о городе Якутске, -Якутск, 2022.-С. 31
  • С.И. ТАРАСОВ АЙЫМНЬЫЛАРА НУЧЧАЛЫЫ ТЫЛЫНАН

С.И. ТАРАСОВ АЙЫМНЬЫЛАРА НУУЧЧАЛЫЫ ТЫЛЫНАН

На берегах Синэ: стихи.-Москва, изд. «Современник», 1984.

Цветок аласа: стихи.-Москва, изд.-Советский писатель, 1989.

Поступь: стихи, 2006.

ЭЛЕКТРОННАЙ КИНИГЭЛЭРЭ

Хоһоонноро: Ол улуу киьи барахсан.-С.3; Өйдөөр; Бэйэ суола.-С.4; Дьолу билэммин.-С.4; Тус бэйэм күлүкпэр.-С.4; Баар буолаар…-С.5;Туут хайыһар.-С.5;Мин сүрэҕим.-С.5; Мин кырдьаҕас ытым.-С.5; Олох талкыта.-С.6; Мин буолбатаҕым буоллар.-С.6; Ырыа суруйбут кэмнэрим.-С.6; Байаҕантай.-С.7// Чолбон.-1997.-№2.-С.3.-7; https://e.nlrs.ru/online2/65557

Үтүө киһи барахсан.-С.2; Тыыннаах диэн үчугэй даҕаны.-С.3; Сарыал үҥкүүтэ.-С.3;Сибэккилэр түһүүллэр.-С.4:хоһоон // Чуораанчык.-2009.-№3.-С.2-4;  https://e.nlrs.ru/online2/61276

Упрямое сердце: Стихи //Полярная звезда.-1984.-№2.-С.14 https://e.nlrs.ru/online2/61537

Саха тыла сатарыа.-С.12; Бастакы хаар сылаас нуолура.-С.12;Мин сүрэҕим.-С.13; Баҕарабын эйиэхэ.-С.13 //Чуораанчык.- 2007.-;3-4.-С.12-13  https://e.nlrs.ru/online2/61272

БуурҔа уонна күн туһунан номох: хоһоон // Чуораанчык.-2019.-№4.-С.2 https://e.nlrs.ru/online2/79055

С. Тарасов Как-то раз: рассказ //Колокольчик.-2004.-№1.-С.13  https://e.nlrs.ru/online2/80110

Айысхаана. «Баҕарабын аал уоккут өссө күүскэ күөдһүйүөн…» (Народнай пожт С.И. Тарасов дьиэ кэргэнин кытта сэһэргэһии). // Чолбон.-2014.-№4.-С.92 https://e.nlrs.ru/online2/65982

Месяц алый восходит… //Колокольчик.-2005.-№8.- С.4 https://e.nlrs.ru/online2/80083

Весенний человек [75 лет народному поэту С. Тарасову] // Колокольчик.-2009.-С.3.-С.2 https://e.nlrs.ru/online2/81426

На берегах Невы: стихи // Колокольчик.-2009.-С.3.-С.2 https://e.nlrs.ru/online2/81426

ЭЛЕКТРОННАЙ КИНИГЭ


Умай, уоттаах сулуһум : орто уонна улахан саастаах оҕолорго / Савва Тарасов. — Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1972. — 92, [2] с.   https://e.nlrs.ru/online2/20938


Бу кэрэ, бу орто дойдуга : улахан саастаах оҕолорго поэма / Савва Тарасов ; [худож. Парников В. С.]. — Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1973. — 22, [1] с.  https://e.nlrs.ru/online2/20939


На берегах Синэ : стихи : перевод с якутского / Савва Тарасов ; [пер.: Н. Конадкова, И. Бехтерев, Е. Самченко]. — Москва : Современник, 1984. — 76, [2] с.  https://e.nlrs.ru/online2/20942


Күн айыы киһитэ : хоһооннор / Савва Тарасов. — Якутскай : Саха сиринээҕи кинигэ изд-вота, 1984. — 227, [1] с.  https://e.nlrs.ru/online2/20941


Цветок аласа : стихи : перевод с якутского / Савва Тарасов. — Москва : Советский писатель, 1989. — 142, [1] с.  https://e.nlrs.ru/online2/20943


Оломнор : хоһооннор / Савва Тарасов. — Дьокуускай : Бичик, 2004. — 223 с.  https://e.nlrs.ru/online2/20940

Савва Иванович Тарасов / [хомуйан оҥордулар: А. Х. Кривошапкина, С. А. Попов-Сэмэн Тумат]. — Дьокуускай : Бичик, 2012. — 203, [1] с. https://e.nlrs.ru/online2/20933

Книга воспоминаний родных, близких, друзей посвящена жизни и деятельности Саввы Ивановича Тарасова, народного поэта РС (Я), члена Союза писателей СССР, заслуженного работника культуры РФ и РС (Я), лаурета государственных премий им. П.А. Ойунского, Якутского комсомола, литературной премии России, Председателя Союза писателей Якутии, члена союза пожилых писателей России, одного из автора Гимна РС (Я)

ЫРЫА БУОЛБУТ ХОҺООННОРО

Алааһым сибэккитэ (Виктор Никаноров мелодията)[5.-С.23]

Ахтылҕан» (Игорь Тараховскай)

Баҕа санаа (Дмитрий Емельянов музыката)

Бастакы хаар сылаас нуолура (Марфа Данилова-Хатыҥ Ай мелодията) [1; 6.-С.13]

Баллада о последнем солдате (Муз. П. Луговского)

Дьокуускайга, доҕордоһуу болуоссатыгар (Виктор Никаноров мелодията)

Күүтүү диэн тугуй? (Владимир Татаринов музыката)

Мин таптыыр куоратым (Виталий Андросов мелодията)

Миэхэ эн мэлдьитин (Павел Семенов музыката)

Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыата (С. И. Тарасов уонна М. Е. Тимофеев тыллара, Кирилл Герасимов музыката) [1.-С.307; 7.-С. 12]

Сибэккилэр түһүүллэр (Виталий Андросов мелодията) [1.-С.221]

Сибэккилээх талааһым» (Виктор Никаноров мелодията)

Ситтэрбэтэх кэрэлэр (Виктор Никаноров мелодията) [5.-С.22]

Таабырын буолуом эйиэхэ» (Марфа Данилова музыката)

Төрөөбүт ийэ буор» (Иннокентий Сивцев музыката)

Тыыннаах диэн үчүгэй даҕаны» (Виталий Андросов музыката)

Үчүгэйиэн, сааскы киэһэ» (Герман Комраков музыката)

Эдьийдии-балыстыы» (Максим Христофоров музыката)

Чараҥнааҕы сэлиэһинэй» (Герман Комраков музыката)

Фестиваль ырыата (Захар Винокуров музыката)

Литература

1.Саха ырыатын антологията. Кн.1.-Дьокуускай:Бичик, 2015.-С.432 с.

2. Саха ырыатын антологията. Кн.2.-Дьокуускай:Бичик, 2016.-С.432 с.

3. Тыыннаахтар умнубат сыллара.-Дьокуускай

4. Любимый город. Песни и стихи о городе Якутске, -Якутск, 2022.-С. 32

5. В.Никаноров Аргыстарым-айар ырыаларым. Песенник. Республиканский Дом народного творчества, Якутск, 1994 г.-58 с.

6. М. Данилова Бастакы хаар сылаас нуолура.-Дьокуускай:Бичик, 1994.-104 с.

7. Анатолий Семенов Ыллыы сылдьыах (песенник).-Якутск: 1995.-60 с.

НАҔАРААДАЛАРА УОННА ЫТЫК ААТТАРА

Саха норуодунай поэта

ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ (1964)

Российскай Федерация культуратын үтүөлээх үлэһитэ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ

Саха комсомолун бириэмийэтин лауреата

П. А. Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата

Россия Улахан литературнай бириэмийэтин лауреата (2004)

Саха Өрөспүүбүлүкэтин духуобунаһын Академиятын академига

Ем. Ярославскай аатынан Өрөспүүбүлүкэ суруналыыстарын бириэмийэтин лауреата

Казахстан Республикатын «Алаш» литературнай бириэмийэтин лауреата

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Духуобунаһын академиятын академига

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Махтал суруга (2005)

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ытык гражданина (2009)

Пушкин мэтээлэ (2010)

Горнай улууһун Ытык олохтооҕо

ОЛОҔУН, АЙАР ҮЛЭТИН ТУҺУНАН

Егоров А., Протодьяконов В., Павлова В. Писатели Якутии.-Якутск: Кн. изд-во, 1981.-С.182-183;

Попов Б. Олоҕу оргул сиэлиттэн тутуһан // Хотугу сулус.-1981.-№6.-С.92-95

Сивцев В. Поэт сүрэҕэ кэпсиир // Хотугу сулус.-1982.-№9.-С.98-100.

Уот куйааска уһаарыллан:Хоһооннор// Хотугу сулус.-1982.-№2.-С.17-20

Тобуруокап П. Ситтэрбэтэх кэрэлэрин сирдэтэн // Хотугу сулус.-1983.-№6.-С.97-102

Урсун. Сүрэх ырыата: [C. Тарасов 50 саһыгар] // Хотугу сулус.-1984.-№4.-С.89-93;

С.И. Тарасов. Саха саарына, киһи кэрэмэһэ..[Ойуунускай бюһа аһылларыгар этиитэ] // Чолбон.-1993.-№11.-С.7

С.И. Тарасов (60-лет со дня рождения) // Якутия -1994.Календарь знаменательных и памятных дат. С. 35

Савва Тарасов . Мин олоҕум чолбоно//Чолбон.-1996.-№2.-С.149 https://e.nlrs.ru/online2/65786

С.И. Тарасов. Съеһи аһар киирии тыл //Чолбон.-1994.-№1С.121 https://e.nlrs.ru/online2/65610

Савва Тарасов. Уокка кыттан уот буолбут поэт. Ыстатыйа [Макар Хара туһунан] //Чолбон.-1995.-№5.-С.5 https://e.nlrs.ru/online2/65561

Савва Тарасов Суорун Омоллоон туһунан тыл //Чолбон.-1996.-№12.-С.72 https://e.nlrs.ru/online2/65593

Савва Тарасов. Кэриэстии, сүгүрүйэ кэллиннэр. Суруйааччы мэҥэ тааһыгар этиллибит тыл // Чолбон.-1997.-№11.-С.93 https://e.nlrs.ru/online2/65597

Писатели земли Олонхо: биобиблиографический справочник.Якутск: Бичик, 2000. –С. 94-96

Савва Тарасов. Үйэ аҥара-литература эйгэтигэр. Ыстатыйа // Чолбон.-2002.-№10.-С.77 https://e.nlrs.ru/online2/63150

С. Тарасов Талааннаах, үтүө, сэмэй киһи үтүө аат[Семен Петрович Данилов туһунан] // Саха кэскилин түстэспит сүдү дьоммут / [хомуйан оҥордо:т М.Е. Данилова].-Дьокуускай: Бичик, 2007.-С. 25

С. Тарасов Мин эрэнэбин[Софрон Петрович Данилов туһунан] // Саха кэскилин түстэспит сүдү дьоммут / [хомуйан оҥордо:т М.Е. Данилова].-Дьокуускай: Бичик, 2007.-С. 134

 Слепцова, А.Д. Сиэннэрбэр суруйааччылары сэһэргиим /Анна Слепцова-Туобу Аана.-Дьокуускай: Бичик, 2008.-С.52-55

С. Тарасов «Түүн аайы түүлбэр киирэллэр».-С.; «Тиитин охтотторон, тииҥин итигэстиир.-С. ; Өйдөөр: Хоһооннор //Чолбон.-2009.-№4.-С.59  https://e.nlrs.ru/online2/63374

Үтүө киһи барахсан: хоһоон // ьЧуораанчык.-2009.-№3.-С.2 https://e.nlrs.ru/online2/61276

Тарасов Савва Иванович // Энциклопедия культуры и искусства Якутии.-Якутск: Бичик, 2011.-С. 503

Сааба Тарааһап //И. Сосин Уйулҕам уйан убайдара: ахтыылар .-Дьокуускай: Бичик, 2013.-214-224;

Энциклопедический словарь Якутии.-Новосибирск: Наука, 2018.-С. 421

Писатели Якутии: биобиблиографичекий справочник /Министерство культуры и духовного развития Республики Саха (Якутия),-Якутск: Бичик, 2019.-С.595

Саха народнай поэта Савва Тарасов 75 сааһын туолла // Чуораанчык.- 2009.-№.- С.2

А. Тарасов Дойдутун, дьоһуннаах сабыдыала. Ыстатыйа [Народнай поэт С.И. Тарасов төрөөбүтэ 85 сыла]// Хотугу сулус.-2019.-№4.-С. 83 https://e.nlrs.ru/online2/75578

Медея (И. Аннинскай нууччалыыттан тылбааьын сахалыы Савва Тарасов оҥордо.-С.114 // Илин.-2003.-№3-4.-С.

С.И. Тарасов (60 лет со дня рождения) //Якутия -1994: календарь знаменательных и памятных дат.-С. 35

Савва Тарасов. Үчүгэй өйдөбүлтэн тахсар харах уута.. (Саха талааннаах поэта В.Г. Чиряев төрөөбүтэ 95 сылыгар) .Ыстатыйа  // Чолбон.-2006.-№12.-С.73-76.

Айысхаана «Баҕарабын аал уоккут өссө күүскэ күөдьүйүөн…» (Народнай поэт С.И. Тарасов дьиэ кэргэнин кытта сэһэргэһии// Чолбон.-2014.-№4.-С.92-96.

Савва Иванович Тарасов //Саха народнай суруйааччылара /Хомуйан ҥордо Н.Е. Винокуров-Урсун.-Дьокуускай, 2015.-С. 20

Савва Иванович Тарасов //А. Тарасов Саха суруйааччылара.-Дьокуускай: Айар, 2023.-С. 41-42

И.С. Сивцев. Үтүөкэн да киһи этэ (Народнай поэт С.И. Тарасов туһунан ахтыыттан быһа тардыы) // Чолбон.-2012.-№7.-С. 79 https://e.nlrs.ru/online2/63775

ЦИТАТА

Савва Тарасов –төрөөбүт тылын дириҥник билэр, кэмчилээн туттар, санаатын киэҥник этэр, кырдьыгы ойуулуур үрдүк иэйиилээх поэт.

Д.Г. Дыдаев

Савва Тарасов, хорошо владея стихотворной формой, стал зрелым поэтом, вносящим постоянно что-то новое в развитии якутского стиха.

Н.Н. Тобуроков

Савва Тарасов –саха билиҥҥи литературатын саамай бөдөҥ поэта.

Софр. П. Данилов

Савва Тарасов –активнай общественнай деятель. Кини өр сылларга Саха сирин суруйааччыларын союһун салайсан уонна салайан кэллэ, элбэх өрүттээх үлэни оҥордо. Суруйааччылар интернациональнай сибээстэрин бөҕөргөтүүгэ, А.Е. Кулаковскай, П.А. Ойуунускай ааттарын-суолларын үрдэтиигэ, кинилэри үйэтитиигэ, кинигэлэрэ нууччалыы да, сахалыы да тахсалларыгар, суруйааччылар үөрүүлээх да, хомолтолоох да түгэннэригэр мэлдьи Савва Иванович киһи быһыытынан уйаҕас дууһалааҕын, салайааччы быһыытынан сатабыллааҕын көрдөрдө.

Д.Е. Васильева

«Савва Тарасов саха билиҥҥи литературатын саамай бөдөҥ поэта. Ол да иһин кини айымньыларыгар биһиги норуоппут ааспыт, билиҥҥм олоҕо ханнык да ааҕааччы өйүгэр-сүрэҕэр тиийэрдик, истиҥник, нарыннык-намчытык, долгутуулаахтык ойууланар…»

Софрон Данилов

Д.Г. Дыдаев

САВВА ТАРАСОВКА АНАЛЛААХ ХОҺООННОР

ТАЛБА ТАЛААН ТАҺЫМНЫЫР

Өбүгэбит өтөҕөр

Өрүү үтүө дьон көҕөр

Үөрэ-көтө сылдьарбыт

Үчүгэйин саныыбыт.

Көлүөнэни салҕаһар,

Кэрэ кэми санатар

Ыччаттардаах буоларбыт

Ытык иэспит дэһэбит.

Тараахтартан  төрүттээх

Тарааһаптар биллиилээх

Убайбытын чиэстиибит,

Уруй-айхал этэбит.

Таптыыр сахаҥ тылынан

Талааннаргын арыйан,

Саха омук норуодунай

Суруйааччыта буоллуҥ эн.

Талба талаан таһымныыр,

Хатат уота сырдыргыыр…

Оллоонуга тохтооммут

Оһохпутун оттобут…

Убайдаатар убайбын

Улуутута саныырбын

Бүөм сиргэ көрсүспүччэ

Бүгүн этим үөрбүччэ…

// А. Тарасов Саха суруйааччылара, 20023.-С. 42

*******

САХА СААРЫНА СААБА

Олоҥхо дьиҥ эйгэтиттэн

Оҕо сааһыгар иитиллэн,

Уран тылга умсугуйбут

Уйан куттаах бэйиэт буолбут-

Саха саарына Сааба

Суруйбута олус таба:

«Үтүө киһи барахсан

Үөрүү кынаттаах,

Үтүмэн тиийбэтинэн

Үрдүк соргулаах»…

Таптыыр сахатын тылынан

Талба талаанын таһааран

Биллэр тылбаасчыт, публицист

Буолбут норуодунай бэйиэппит-

Саха саарына Сааба

Суруйбута олус таба:

«Олох диэн уустук

Олох оонньуулаах,

Үөскүөҕүттэн оннук

Тыйыс оҥоһуулаах…»

Саха суруйааччыларын

Сайдар соргулаах суолларын

Салҕаһан сайыннарсыбыт

Саталлаах салайааччыбыт-

Саха саарына Сааба

Суруйбута олус таба:

«Мин олорон бартым кэннэ

Атын күннэр үүнүөхтэрэ,

Дьиктитэ диэн- биһигиттэн

Ситимнээх буолуохтара»…

// А. Тарасов Саха суруйааччылара, 20023.-С. 42

САВВА ИВАНОВИЧ ТАРАСОВ ТУЬУНАН АУДИО, ВИДЕО СЮЖЕТТАР

Народный поэт Республики Саха (Якутия), один из авторов гимна РС(Я) Савва Тарасов

Савва Тарасов Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕын аймахтара көрдөөн буллулар

«Ньурба уоттара» Савва Тарасов хоһооннорун ааҕаллар

Миша Федоров, «Аал Луук Мас» Савва Тарасов хоһооно

 Сибэккилэр түһүүллэр. Савва Тарасов тыллара, Виталий Андросов мелодията

Үчүгэйиэн сааскы киэһээ

САВВА ТАРАСОВ ҮБҮЛҮӨЙҮГЭР АНАЛЛААХ ВИКТОРИНА

Биир сөптөөх эппиэт-5 баал.

  1. С.И. Тарасов ханна төрөөбүтэй?

А)Горнай улууһа, Мытах нэһилиэгэ, Бор алааһа

б)Горнай улууһа, Солоҕон нэһилиэгэ, Сиинэ

в)Горнай улууһа, Солоҕон нэһилиэгэ, Чычаас

г)Горнай улууһа, Бэрдьигэстээх

2. Поэт төрөппүттэрин толору ааттара?

А) Александра Ивановна, Иван Николаевич

б) Александра Романовна, Иван Яковлевич

В) Александра Иннокентьевна, Иван Гаврильевич

Г) Александра нИКОЛАЕВНАвна, Иван Васильевичвич

3.Поэт бастакы бэчээттэммит хоһоонун аата, хас сыллаахха, ханнык хаһыакка тахсыбыта?

А) «Атаакалаан иһэр кэккэҕэ», 1941, «Туймаада»

б) «Нуучча доҕорбор», 1951, «Эдэр коммунист»

в) «Өлбүт куорат», 1961, «Кыым»

г) «Аал Луук мас», 1971, «Үлэ күүьэ»

4. Поэт бастакы кинигэтин аата, тахсыбыт сыла, кимҥэ анаабыта?

А) «Таптыыр сахам тылынан», 1961, ийэлээх аҕатыгар анаабыта

б) «Билэр, таптыыр да этим», 1971, анабыла суох

в) «Эйэттэн күндү суох бу сиргэ», 1945, сэрии дьоруойдарыгар

г «Оломнор», 2004, анабыла суох

5. Лирик-поэт ырыа буолбут хоһоонноругар атын поэт ырыатын булан ый.

А) Таптал ырыата. Трофим Семенов мелодията

б) Сибэккилэр түһүүлэр. Виталий Андросов мелодията

в) Бастакы хаар сылаас нуолура. Марфа ДаниловаТрофим Семенов

г) Саха үҥкүүтэ, Аркадий Алексеев мелодията

д) Баҕа санаа, Д. Емельянов мелодията

6. Ханнык айымньылары тылбаастаабытын иһин П.А. Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэни ылбытай?

А) Уильям Шекспири «Макбет», «Гамлет», «Илиир Хоруол»

Б) Еврипид  «Медея»

В) уопсайынан тылбааска үлэлээбитин иһин

7. Саха сирин өрөгөйүн ырыатын (гимн) С.И. Тарасов кимниин суруйбутай?

А) соҕотоҕун суруйбута

А) кэлин народнай поэт буолбут Михаил Тимофеевы кытта

В) Народнай поэт Н.И. Харлампьеваны кытта

Г) Народнай поэт Семен Руфовы кытта

8. Оҕолорго анаабыт поэматын аата?

А)Туйаара

Б) Ымыы уонна Налбыһах

В)Чурум-чурумчуку

Г) Бу кэрэ, бу орто дойдуга

9. Хас сыллаахха  Горнай улууһун Өрт орто оскуолатыгар С.И. Тарасов аата иҥэриллибитэй?

А) 2004

Б) 2011

В) 2014

Г)2019

10. С.И. Тарасовка аналлаах литературнай музей хаһан арыллыбытай?

А) 2010 сыллаахха, от ыйын 3 к.

Б) 2011 сыллаахха, от ыйын 12 к.

В) 2012 сыллаахха, Бала5ан ыйын 2 к.

Г) 2013 сыллаахха, ахсынньы  6 к.

11. С.И. Тарасов ханнык сылларга Саха сирин суруйааччыларые союһун бырабылыанньатын салайбытай?

А) 1974-1982

Б)1976-2000

В) 1993-1998

Г) 1998-2008

12. СюИ. Тарасов  биир кылааска үөрэммит чугас доҕоро кимий?

А) бииргэ үөрэммиттэрин барыларын кытта доҕордоһор этэ

Б) суруйааччы Петр Аввакумов

В) народнай суруйааччы С.А. Тумат

Г) Академик А.Н. Осипов

13. С.И. Тарасов олоҕун аргыһа Акулина Христофоровна Кривошапкина ханнык улуустан төрүттээҕий?

А) Горнай

Б) Бүлүү

В) Тааттпа

Г) Чурапчы

14. С.И. Тарасов хас о5олоо5уй?

А) биир кыыстаах

Б) икки кыыстаах

В)2 кыыстаах биир уоллаах

Г)2 кыыстаах, икки уоллаах

15. Саха сирин делегациятын састаабыгар Германия5а, Берлин куоракка туохха барбытай?

А) Аан дойдутаа5ы суруйааччылар конференцияларыгар

Б) Германия5а Саха сирин күннэригэр

В) ыччаттар уонна устудьуоннар аан дойдутаа5ы фестивалларыгар

Г) Аан дойдутаа5ы киинэ фестивалыгар

16.С.И. Тарасов суох  буолбутун кэннэ кинигэлэрин таһаарыынан ким дьарыктаммытай?

А) Н.И. Харлампьева

Б) Кэргэнэ А.Х.  Кривошапкина

В) С.А. Попов-Тумат

Г) Н.Е. Винокуров-Урсун

17. С.И. Тарасов (кыраларыгар өлбүттэри аахпакка, дьоно 16-та дуу, 17-тэ дуу оҕоломмуттар) хас бииргэ төрөөбүттээх этэй?

А) 2

Б)3

В)4

Г)5

18. С.И. Тарасов туһунан: «Туох ааттаах киһиэхэ барытыгар үчүгэй буолар, тугу да быһа-хото саҥарбат , туохха барытыгар эйэ дэмнээх сыһыаннаах киһиний?-диэн ханнык суруналыыс ахтыытыгар эппитий?

А) Елена Степановна Миронова

Б)Варвара Николаевна Угарова

В)Дора Егоровна Васильева

Г) Анна Егоровна-Варламова-Айысхаана

19.Сэриигэ сылдьыбыт убайдарын туһунан суруллубукка сыыһа киирбити ый.

А)Убайдара иккиэн Савва диэн ааттаахтар

Б) Сэрииттэн этэҥҥэ эргиллиэн кэлбиттэр

Г)Сэрии иннигэр колхозка үлэлээбиттэр

20.С.И. Тарасов олоҥхоһут, салайар үлэҕэ сылдьыбыт, дьон ытыктыыр киһитэ аҕалаах. Аҕатын хос аатын ый:

А) Улахан Уйбаан

Б) Кырдьаҕас Бассабыык

В)Оллооноп

Г) Ырыа Уйбаан

21.С.И. Тарасов ырыа буолбут хоһооннорун ааттаталаа, бу хоһоонун ким музыка айан ырыа буолбутай?

А)Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыата (С.И. Тарасов уонна М.Е. Тимофеев тыллара, Кирилл Герасимов музыката), Баҕа санаа (Дмитрий Емельянов музыката), Бастакы хаар сылаас нуолура (Марфа Данилова музыката), Миэхэ эн мэлдьитин (Павел Семенов музыката),Тыыннаах диэн үчүгэй даҕаны (Виталий Андросов мелодията), Үчүгэйиэн, сааскы киэһэ (Герман Комраков музыката), Фестиваль ырыата (Захар Винокуров музыката)

Б) Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыата (С.И. Тарасов уонна М.Е. Тимофеев тыллара, Кирилл Герасимов музыката),Санаа айана (Дмитрий Емельянов музыката),Хаар сылаас нуолура(Марфа Данилова музыката), Миэхэ эн мэлдьитин (Павел Семенов музыката),Сибэккилэр түһүүллэр(Виталий Андросов мелодията), Тыыннаах диэн үчүгэй даҕаны (Виталий Андросов мелодията), ), Үчүгэйиэн, сааскы киэһэ (Герман Комраков музыката), Фестиваль ырыата ((Захар Винокуров музыката)

В) Саха Өрөспүүбүлүкэтин өрөгөйүн ырыата (С.И. Тарасов уонна М.Е. Тимофеев тыллара, Кирилл Герасимов музыката), Ыра санаа (Дмитрий Емельянов музыката), Хаар сылаас нуолура(Марфа Данилова музыката), Миэхэ эн мэлдьитин (Павел Семенов музыката), Сибэккилэр түһүүллэр(Виталий Андросов мелодията), Тыыннаах диэн үчүгэй даҕаны (Виталий Андросов мелодията).

23. Савва Тарасов ханнык сахалыы хаһыат, сурунаал редакцияларыгар үлэлээбитэй?

А) «Эдэр Коммунист», «Хотугу Сулус», «Кыым»

Б) «Эдэр Хомсомуол», «Хотугу сулус», «Туймаада»

В) «Эдэр коммунист», «Хотугу Кыраай», «Саха Сирэ»

22. С. Тарасов ханнык хоһоонуттан быһа тардыыны аахтыгытый? Хоһоон аатын суруйун.

Сүүһүнэн дьон ортотуттан

Сүппүтүн дьэ буолбуттуу,

Олорбута биир кыыс онно,

Умсугуйан одуулуу…

А) «Ол сырдык харахтары» хоһоонтон

Б) «Ол харахтар» хоһоонтон

В) Хара харакетар» хоһоонтон

Г) «Чаҕылхай харахтар» хоһоонтон

23.С. Тарасов ханнык хоһоонуттан быһа тардыыны аахтыгытый? Хоһоон аатын суруйун.

Албыннаһардыы көрөн турбута

Атын ыал тиэргэниттэн миигин

Ньургуһун.

Күрүө быһыынан нуоҕаппыта

Бастыҥалаах төбөтүн: «Илиигин Миэхэ  уун»

А) «Мин төрөөбүт дойдум» хоһоонтон

Б) «Мин  дойдум» хоһоонтон

В) «Дойду» хоһоонтон

Г) «Төрөөбүт дойду» хоһоонтон

24. С. Тарасов ханнык хоһоонуттан быһа тардыыны аахтыгытый? Хоһоон аатын суруйун.

Өлөр үйэтигэр, кырдьар сааһыгар

Өксөкүлээх биир уолу хаалларбыта…

Оттон атыттара-

Уолаттара, кыргыттара-

Алаас саҕатыгар,

Амыдай тумулугар,

Сири кытта-сир,

Буору кытта-буор буолбуттара…

А) «Ол улуу киһи барахсан» хоһоонтон

Б) «киһи барахсан» хоһоонтон

В) «Дойду» хоһоонтон

Г) «Киһи» хоһоонтон

25. С. Тарасов ханнык тылбаастаабыт айымньыларыттан быһа тардыыны аахтыгытый? Тылбаастаабыт айымньытын аатын суруйун

Ити билиэнтэн мүччү көтөрбөр көмөлөспүт

Били сержант.

Уруй буоллун , доҕор!

Хоруол билиэн баҕарар:

Кыргыһыы төһө кырыктанна?

А) «Макбет»

Б) «Лир хоруол»

В) Еврипид «Медея»

26. С. Тарасов тылбааһынан ханнык ааттаах айымньылар П.А. Ойуунускай аатынан Саха Государственнавй драматическай театрын сыанатыгар туруоруллубуттарай?

А) «Макбет», «Гамлет», «Лир Хоруол»

Б) «Макбет», «Гамлет»,

В) «Медея», «Гамлет»

27 С. Тарасов өссө араас омуктар аатырбыт поэттарын норуоттар доҕордоһууларын сыһыаннаах айымньыларын сахалыы саҥардыбытай?

А) А. Сергей Островой «Ийэ» диэн поэманы, болгар поэта Орлин Орлинов «Сэбиэскэй Сойууска одатын», Егор Исаев «Өй-санаа дьүүлэ» диэн поэманы.

Б) А. Сергей Островой «Аҕа» диэн поэманы, болгар поэта Орлин Орлинов «Былаас одатын», Егор Исаев «Дьүүл» диэн поэманы.

В) А. Сергей Островой «Таптал» диэн поэманы, болгар поэта Орлин Орлинов «Уһун одатын», Егор Исаев «Сүрэх дьүүлэ» диэн поэманы.

28.Норуодунай поэт Савва Иванович уоннуу сыл буола-буола тахсыталаабыт хоһооннорун хомуурунньугун ааттарын суруйталаа, поэт поэзиятын бэлиэ түһүмэхтэринэн бу хомуурунньуктарга бэлиэтээбит-эркээйилээбит эбит.

А) «Айыы киһитэ», «Ырыалар», «Оломнор»

Б) «Күн айыы киһитэ», «Ылламатах ырыалар», «Оломнор»

В) «Айыы дьоно», «Ылламатах ырыалар», «Ыллыктар»

Обновлено: 04.06.2024 — 04:23

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован.