Савва Иванович Тарасов
(1934 — 2010)
Саха Республикатын народнай поэта Савва Иванович Тарасов 1934 с. муус устар 25 күнүгэр Горнай улууһугар төрөөбүтэ.
1953 с. Бэрдьигэстээх орто оскуолатын бүтэрэн, оройуоннааҕы хаһыакка литературнай үлэһитинэн киирбитэ. Республикатааҕы ыччат «Эдэр коммунист» хаһыатыгар редакторынан өр сылларга үлэлээбитэ. Онтон «Хотугу сулус» сурунаал кылаабынай редакторын солбуйааччытынан «Кыым» хаһыат культураҕа отделын сэбиэдиссэйинэн анаммыта. Хаһыаттарга үлэлиир сылларыгар ЫБСЛКС КК иһинээҕи Киин комсомольскай оскуоланы, А.М. Горькай аатынан Литературнай институт иһинэн Үрдүкү литературнай курсу үөрэнэн бүтэртээбитэ.
1983 с. алтынньыга Саха сирин суруйааччыларын X съеһигэр С.И. Тарасов бырабылыанньа бэрэссэдээтэлин солбуйааччынан, онтон 1993 с. сэтинньигэ бырабылыанньа бэрэссэдээтэлинэн быыбардаммыта.
С.И. Тарасов хоһоонноро республика бэчээтигэр 1950 с. тахсан барбыта. 20-чэ хоһоон, поэма кинигэлэрдээх. Кини хоһоонноругар саха композитордара, мелодистара ыччат таптаан элбэх ырыаларын айдылар.
С.И. Тарасов тылбаасчыт быһыытынан ааҕааччыларга эмиэ киэҥник биллэр: Е. Исаев «Өй-санаа дьүүлэ», С. Островой «Ийэ» диэн поэмаларын тылбаастаабыта, Шекспир «Гамлет», «Макбет», «Лир хоруол», Эврипид «Медея» диэн трагедияларын сахалыы саҥардан, П.А. Ойуунускай аатынан драматическай театр сценаларыгар ситиһиилээхтик туруортаабыта.
С.И. Тарасов 1964 с. ССРС Суруйааччыларын союһун чилиэнэ. Российскай Федерация уонна Саха Республикатын культураларын үтүөлээх үлэһитэ,П.А. Ойуунускай аатынан государственнай, Россия Улахан литературнай, Саха комсомолун уонна Ем. Ярославскай аатынан журналистскай бириэмийэлэр лауреаттара. Россия суруйааччыларын союһун бырабылыанньатын Кырдьаҕастарга сэбиэтин чилиэнэ. СР Гимнин ааптардарыттан биирдэстэрэ этэ.
2010 с. сэтинньи 6 күнүгэр өлбүтэ. Дьокуускайга көмүллүбүтэ.
АЙЫМНЬЫЛАРА САХАЛЫЫ ТЫЛЫНАН
Таптыыр сахам тылынан: Хоһооннор.-Дьокуускай, 1961.
Олоххо тардыһыы: Хоһооннор.-Дьокуускай, 1965.
Мин соргулаах соноҕоһум: Хоһооннор.-Дьокуускай, 1975.
Күн айыы киһитэ: Хоһооннор.-Дьокуускай, 1984.
Саха кылыһаҕа: Хоһооннор.-Дьокуускай, 1988.
Ахтыылар. Ыстатыйалар. Этиилэр.-Дьокуускай, 2003.
Оломнор: Хоһооннор.-Дьокуускай, 2004.
Ахтыспычча, аргыый наллаан кэпсэтиэххэ: Ыстатыйалар. Этиилэр. Кэпсэтиилэр, 2009;
Ахтыылар. Ыстатыйалар. Этиилэр, 2003
Айымньылар. Т.1: Эйэттэн күндү суох бу сиргэ: хоһооннор, 2014.
Айымньылар. Т.2: Макбет.Гамлет. Лир Хоруол: тылбаастар, 2014.
Айымньылар. Т.3: Олох дууьабар ыллыа5а: Хоһооннор. Тылбаас. Тыл этиилэр, 2015
Ол улуу киьи барахсан: хоьоон //Оҕо литературатын антологията, 2017.- С.116; Сүүрбэһис үйэ хоһоонньуттара. Саха поэзиятын антологията.2000.-С.61;
Аал Луук мас: хоһоон // Сүүрбэһис үйэ хоһоонньуттара. Саха поэзиятын антологията.-С. 62-63;
Өйдөөр: хоһоон //Сүүрбэһис үйэ хоһоонньуттара. Саха поэзиятын антологията.-2000.-С. 62
Алааһым сибэккитэ хоһоон //Сүүрбэһис үйэ хоһоонньуттара. Саха поэзиятын антологията.-2000.-С.62
Сибэккилэр түһүүллэр хоһоон //Сүүрбэһис үйэ хоһоонньуттара. Саха поэзиятын антологията.-2000.-С.63
Тыыннаах диэн үчүгэй даҕаны:хоһоон //Сүүрбэһис үйэ хоһоонньуттара. Саха поэзиятын антологията.
.-2000С.64
Үтүө киһи барахсан: хоһоон //Оҕо литературатын антологията, 2017.- С.118
АЙЫМНЬЫЛАРА НУЧЧАЛЫЫ ТЫЛЫНАН
На берегах Синэ.-Москва, изд. «Современник», 1984.
Цветок аласа.-Москва, изд.-Советский писатель, 1989.