ЭБЭЭ, ЭҺЭЭ

ЭБЭЭ

Пётр Одорусов

Эбээ эрдэ уһуктар,

Эбээ хойут утуйар.

Эбээ курдук түбүктээх,

Эбээ курдук үлэлээх

Ким да баарын билбэппин.

           ***

Эбээ дьиэтин дьаһайар,

Эбээ сиэнин харайар,

Эбээ курдук эйэ5эс,

Эбээ курдук сайаҕас

Ким да баарын билбэппин,

Кимин кыайан эппэппин.

           ***

Эбээ дьиэтэ ичигэс,

Эбээ аһа минньигэс,

Эбээ курдук үчүгэй,

Эбээ курдук дэлэгэй

Ким да баарын билбэппин,

Кимин кыайан эппэппин.

//Үрүйэчээн: алын кылаас оҕолоругар ааҕар кинигэ/ [хомуйан оҥордулар: Г.С. Гаврильева.-дьокуускай: Бичик, 2012.-С.16-17

Обновлено: 20.09.2024 — 05:17

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован.