ЫТ ИЧЧИТИН ХАЙДАХ КӨРДӨӨБҮТЭ (Ненец остуоруйата)

ЫТ ИЧЧИТИН ХАЙДАХ КθРДθθБYТЭ

(Ненец остуоруйата)

Урут хаһан эрэ ыт тыађа сођотођун олорбут. Ол курдук олорон ыт тэһийбэт буолбут. Онтон ойуурга тахсан иччи кѳрдүү барбыт.

Баран испит, баран испит, утары куобах иһэрин кѳрсүбүт. Ыт эппит:

-Куобах, куобах, бииргэ олоруох.

-Буоллун дађаны, -диэбит куобах.

Ол курдук, ойуурга миэстэ булан, киэһээриитэ утуйардыы оңостубуттар. Куобах утуйан хаалбыт, оттон ыт утуйуон бађарбатах- үрэн баргыйбыт. Сонно куобах уута кѳтѳн хаалбыт.Ойон турбут уонна ыкка эппит:

-Тођо үрэђин? Иһиттэђинэ, бѳрѳ кэлэн, эн биһиккини сиэн кэбиһиэ.

Ыт саңарбат, ол эрээри иһигэр санаабыт: «Мѳлтѳх табаарыһы булуммуппун. Куобах куттас сүрэхтээх эбит, итинэн буоллађына, арааһа, бѳрѳ кимтэн да куттаммат буолуохтаах».

Ыт куобађыттан арахсар уонна бѳрѳнү кѳрдүүр.Ойуур устун баран иһэр. Эмискэ бѳрѳ иһэрин кѳрсѳр, бѳрѳђѳ этэр:

-Иһит эрэ, бѳрѳ, эн биһикки аны бииргэ олоруох.

Бѳрѳ этэр:

-Буоллун дађаны, кѳхтѳѳх буолуо.

Киэһэрэн барбыт, утуйардыы оңостубуттар.  Бѳрѳ утуйбут, ыт эмиэ сыппыт. Түүн үѳһээ ыт эмиэ уһуктан кэлбит уонна үрэн баргыйбыт. Бѳрѳ куттаммыт, кутталыттан кута куртађар түспүт, үѳхсэн барбыт:

— Тугу үрэђиний? Эһэ кэлэн иккиэммитин ѳлѳртүѳ.

«Ээ,- дии саныыр ыт,- эһэттэн куттанар, оччођо бѳрѳ да күүһэ суох эбит. Арааһа, эһэ бухатыыр барыларыттан күүстээх быһылаах».

Бѳрѳнү хаалларанбаран, ыт эһэни кѳрдүү барбыт. Эмиэ ойуур  устун баран испит. Барбахтаан иһэн, эһэни кѳрсүбүт. Киниэхэ уун-утары тиийбит уонна эппит:

-Ам, эһэ бухатыыр, бииргэ олоруох эрэ.

Эһэ сѳбүлэспит.  Күн устата олорбуттар, киэһэрбит. Эһэ утуктаабыт. Эһэ сѳбүлэспит. Күн устата олорбуттар, киэһэрбит. Эһэ утуктаабыт.Ыт эмиэ түүн үѳһэ үрэн баргыйбыт. Эһэ уһуктубут, уолуйан кута куртађар  түспүт. Ыты үѳхсэн барбыт:

-Айдаарыма, тођо үрэђин? Киһи истэн кэлэн биһигини ѳлѳртүѳ.

«Ээ,-дии саныыр ыт, -эһэ эмиэ хоргус эбит. Киһини кѳрдѳѳтѳххѳ сатаныыһы». Ыт эһэттэн эмиэ куотар.

Ыт бүтүн тыаны тилийэ сүүрэр – киһи ханна да суох. Кэмниэ кэнэђэс ыт ойуур сађатыгар олорон сынньаммыт. Ити кэмңэ түбэһэ киһи тыађа мас кэрдэ тахсыбыт. Онно, дьэ, ыт киһини кѳрсүбүт. Ыт киһини кѳрсүбүт. Ыт киһиэхэ сүүрэн тиийэр уонна этэр:

— Киһи, киһи, бииргэ олоруох эрэ.

Киһи эппит:

-Чэ, буоллун, барыах.

Киһи ыты дьиэтигэр илдьэ барбыт. Киэһэ буолбут, киһи утуйбут. Түүн үѳһэ ыт үрбүт. Оттон  киһи турбатах. Ыт күүскэ үрбүт. Киһи уһуктан эппит:

-Ээй, ытым, аччыктаабыт буоллаххына аһаа, киһи утуйарын мэһэйдээмэ. Онуоха ыт ах барбыт, аһаан баран утуйан хаалбыт. Онтон ыла ыт киһиэхэ хаалбыт уонна күн бүгүнүгэр диэри бииргэ олорор.

Манан остуоруйа бүтэр.

П.Д. Григорьев тылбааһа

Обновлено: 23.09.2024 — 15:57

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован.