САХА ЫРЫАТА
А.И. Софронов
Тыгын кырдьаҕас са5ыттан
Тымыр сыдьаан тылламмыт
Тырыттыбат ньыгыл дьыл5алаах
Тыйыс саха аатыран
Тыыллан үөскээн иһиэҕиҥ!
Хос ырыата
Саргы дьаалы улааттын,
Сахалыы саҥа сатараатын,
Саха омук сайыннын!
Уруй, уруй, уйгу,
Айхал, айхал, талба!
Үгүc элбэх үйэлэргэ
Үөрдүһэн-ханыылаһан үөскээбит
Ypүҥ дьөһөгөй өллөйдөөх,
Өрөгөй талаан үктэллээх
Өбүгэ саха буолабыт.
Хос ырыата
Халыҥ үгүс дьылларга Ханыылаһан-хассан үөскээбит Хаалбат сүппэт хааннардаах, Хасса буурай ханыылаах
Халыҥ саха буолабыт.
Хос ырыата
Самнан түспэт саргыга Салаллан-тэриллэн үөскээбит Сайаҕас-дьэҥкэ санаалаах,
Саргы бөҕө дьайыҥнаах
Саха урааҥхай буолабыт.
Хос ырыата
Урусхан уоттаах күннэргэ
Умуллан-самнан биэрбэтэх
Уруй-туску оҥоһуулаах,
Одун-буурай уруйдаах
Урааҥхай саха буолабыт.
Хос ырыата
Үлүгэр –алдьархай кэлиитигэр
Үүнэр-үрдүүр үгэстээх,
Үүлэр-күөрэйэр өрөгөйдөөх,
Үөмэн тиийбэт үрүттээх
Үтүө саха буолабыт.
Хос ырыата
Дьүрбүөн –дарбаан күннэргэ
Түһэн-охтон биэрбэтэх
Төлкө-түөрэх дьүөрэлээх,
Төрүт саха төрүөхтэрэ
Төбүрүөн түмсэн турабыт.
Хос ырыата.
Анемподист Иванович Софронов бу ырыатын норуот олоҕо тупсарыгар, сырдатар дьаһалларга кыттыһан, тэрийсибитинэн, салайсыбытынан барар уонна 1919 сыллаахха бу ырыатын суруйбута.
//А.И. Софронов Ырыа быстыыта хоһоон.-Якутск:Сахаполиграфиздат.-1996.-C.37-38.
